“Туймаада» хаһыат ааҕааччыларыгар тыабыт хаһаайыстыбатын хайдах сайыннарабыт, саха омугун быһыытынан бу балысхан сайдыыга хайдах ордон хаалабыт диэн суруйбут ыста-тыйаларбын ааҕааччылар ыра санаа эрэ курдук сыана-лаатылар быһыылаах.
Хаһыакка тыа хаһаайыстыбатын сайын-нарыы туһунан элбэх ыста-тыйа таҕыста да, үксэ урукку сэбиэскэй-партийнай үлэҕэ уһуннук үлэлээбит ытыктыыр кырдьаҕастарым суруйаллар. Онтон эдэр ыччат өттүттэн су-руйуу отой суоҕун тэҥэ, онон мин суруйууларым арыый эрдэ соҕустар дуу дии санаатым. Онон сиргэ түһэн, билиҥҥи балаһыанньага сөптүбэһэн өссө төгүл алаастарбытыгар төннүүнү ырытан көрүөххэ.
“Биһиги киин сиртэн ыраах Саха сиригэр олорон.IT технологияны сайыннарарбытынан киэн туттабыт. Урукку өттүгэр биһиги өоөслүүбулүкэбит сиртэн хостонор баайынан, алмааһынан сураҕырар буоллаҕына, аны билигин инникилээн иһэр саҥаны арыйыылар уонна IT төхнологиялар кииннэрин быһыытынан кэпсиир буолан эрэллэр. Кэнники сылларга Саха сиригэр IT урбаан көрүҥэ түргэн тэтимнээхтик сайдан эрэр, улуустар ки-иннэригэр 1Т кииннэр баар бу-олан эрэллэр, эдэрдэр саҥаны айыынан дьарыктаныылара кэҥээн иһэр. Бу салаа сайдарын өрөспүүбүлүкэ салалтата күүскэ өйүүр».
Бу Уус-Алдан улууһун «Мүрү саһарҕата» хаһыакка (кулун ту-тар 29 күнэ,2019 с. N812) тахсы-быт ыстатыйаттан быһа тардан билиһиннэрдим. Бу ыстатыйага 1Т төхнология туһунан ахтыллар, ону кылгастык сахалыы быһаардахха интөрнөт көмөтүнэн компьютөр нөҥүө аан дойду үрдүнэн туох саҥа оҥоһук, толкуй баарын ылан бэйэҕэ туһаныы уонна ону сайыннарыы.
Холобура диэн эттэххэ помидору үүннэриигэ туох саҥа арыйыылар баалларын билэ ох-сон.ону бэйэ сирин усулуобуй-атыгар хайдах сайыннарыахха сөбун биһиги эдэр сайдыылаах ыччаттарбыт IТ төхнология көмөтүнэн ити этэр алааспыты-гар үүннэриэхтэрэ.онон олохтоох нэһилиэнньэни хааччыйыахтара уонна өссө сайыннаран боро-дууксуйаларыттан барыс ылан үлэлэрин кэҥэтэн иһиэхтэрэ. Оччотугар ити ыраах сиртэн помидор аҕалан атыылыыр айдааннаах миграннарбыт суох буолуохтара.
Бу фантазия буолбатах -олохпут сайдыыта. Ону олоххо киллэрэр туһунан толкуй билиҥҥиттэн саҕаланыан на-ада дии саныыбын, атыттартан инники түһэн. Оччотугар тыабыт хаһаайыстыбатын бу суолунан сайыннарар кыах баар буолуо, алаастарбытыгар-үрэхтэрбитигэр төннүөхпүт дии саныыбын. Сахалар омук быһыытынан сүтүөхпүт суоҕа.
Убаастабыллаах сэбиэскэй кэм сибиряковтара, пономарёвтара! Эһиги этэр коопөрация энин нөҥүө тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар этиилэргитин билиҥҥи олох балысхан сайдыытыгар, биһиги кытаанах усулуобуйалаах Са-хабыт сиригэр сөп түбэспэттэр дии саныыбын. Баҕар сылаас дойдуларга син буолуо. Урук-ку совхозтары хаттаан тэрийии кыаллыа суоҕа.киһи аймах өйө-санаата син биир тус бэйэтигэр туһалаах, барыыстаах өттүгэр охтор. Онон коопөрация эҥин диэни толкуйдаабакка, алаа-старбытыгар төннөрбут ордук буолаарай?
1990-с сыллар сагаланыыларыгар бааһынай хаһаайыстыбалара тэриллэн үлэлээн испиттэрэ да, судаарыстыба өттүттэн улаханнык өйөммөтөхтөрө. Ол оннугар урукку совхозтартан ордон хаалбыт хаһаайыстыбалары өйүү сатаабыттара. Ол тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга улахан көдьүүһү аҕалбатаҕа, төттөрүтүн таҥнары түһүүгэ көмө-күүс буолбута. Өскөтүн судаарыстыба аҥаардас бааһынайдары өйөөбүтэ буоллар хартыына баҕар атын буо-луо этэ.
Билигин барыта үптэн туту-луктаах буолла, эбэтэр нуучча-лыы эттэххэ инвөстицияттан. Ханнык баҕарар сайдыы инвө-стицияттан тирэх ылар, инвөс-тицияны биэрээччилэр онтон барыс киллэринэллэр. Ону сай-дыылаах дойдулар холобурдара көрдөрөр Холобур, кытайдар сайдыыларыгар эмиэрикэлэр укпут харчылара көмөлөспүтэ сымыйа буолбатах. Онон хар-чы харчыны оҥорор үйэтигэр олорорбутун өйдүөх уонна ону туһаныах тустаахпыт.
Онон тыабыт хаһаайыстыбатын сайдыытыгар чааһынай бас билиилээхтэргэ судаарыстыбаттан өйөбүл, кы-ахтаах баай тэрилтэлэртэн инвестиция баар буоллаҕына улахан көмө буолуо этэ. Билиҥҥи балаһыанньаҕа бастатан туран суоллаах, элөктричөстволаах чугас алаастары сайыннаран саҕалыахха сөп. Алаастарыгар төннөн үчүгэйдик улэлии сылдьар дьон аҕыйах да буоллар бааллар. Холобур, сахалартан Россия үлэтин Гөройа Михаил Готовцөв. Кини бааһынай хаһаайыстыбатыгар судаарыстыба уотун, суолум, хотонун, гаражтарын уонна дьиэтин тутан биэрдэ, онон кини хаһаайыстыбатын сайыннана-рыгар кыах үөскээтэ.
Биллэн турар, судаарыстыба бааһынай хаһаайыстыбалары барыларын босхо итинник хааччыйар кыаҕа суох. Кини хаһаайыстыбаларга кыра бырыһыаннаах крөдиттэри биэриэн.сокуон өртүттэн чэпчэ-тиилэри оҥоруон уонна, биллэн турар, инвөстор буолар дьону булалларыгар көмөлөһүөн сөп. Оччотугар бааһынайдар ити инники эппит IT-технологияларым көмөлөрүнэн атахтарыгар туруо. сылтан сыл алаастарга тахсааччы бааһынайдар элбээн иһиэ этилэр.
Ол барыта тутатына кыаллыа суоҕа, өскөтун судаарыстыба тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар саҥалыы көрүүнү олохтооботоҕуна.
Мин бу ыстатыйаларбын кимиэхэ да соҥнуу сатаабаппын, хас биирдии кипи олохпут сайдарыгар бэйэтэ тус көрүүтүн этэрэ көҥүл диэн санааттан суруйдум.
Аркадий ОХЛОПКОВ.
«Туймаада» хаһыат.
Аркадий Охлопков бу сайтка ыстатыйалара: