Хамаанданы билсииттэн, аҕыйатыыттан.
Ити хамаанда диэн министиэристибэ аппараатын, салайар үлэһиттэрин туһунан этэбин. Ханнык даҕаны кыра-улахан тойон бэйэтин салайар салаатын, тэрилтэтин ис туругун, үлэһиттэрин туһунан кырдьыгы ситэ билбэт, биир санаалаах үлэһит хамаанданы түмпэт буоллаҕына улаханы ситиһэр кыаҕа суох.
Саамай кылаабынайа. Туохха барытыгар билии наада. Билбэт киһи тугу да оҥорбото, ситиспэтэ чахчы. Дьыаланы биир миниистир толору быһаарбат. Дьыаланы кини тулалыыр дьоно, салайар аппараата быһаараллар. Ол иһин аан бастаан салайар аппараатым үлэһиттэрэ туох-ханнык дьон буолалларын билэргэ уонна сөптөөх каадырдары сүүмэрдииргэ кыһаллыаҕым.
Ол инниттэн барыларыгар биир формалаах анкета толотторуом. Онно төрөөбүт сылларын-күннэрин, сирдэрин, үөрэхтэрин, ханна-тугу үлэлээбиттэрин, туох наҕараадалаахтарын, ойохторун-эрдэрин ааттарын, туох үлэһиттэрин, хас оҕолоохторун аадырыстарын, төлөпүөннэрин нүөмэрин киллэриэҕим. Олору төлөпүөммэр уган баттаатым даҕаны барыта тахсан кэлиэҕэ. Оччотугар наадыйдахпына, ханна да сырыттарбын эрийэн дьыаланы быһаарыаҕым. Кыратыттан ыллахха маннык билии үлэһиттэрим төрөөбүт күннэринэн эҕэрдэлииргэ, туох кыһалҕалаахтарын, олохторун усулуобуйатын билэргэ туһалыаҕа.
Маны таһынан сүрүн салайааччылары биирдилээн ыҥыран кинилэр туох үлэни ыыталларын, туох былааннаахтарын, кылаабынайа үлэни өрө тардарга туох этиилээхтэрин туоһулаһыаҕым. Ити курдук министиэристибэ ис туругун үчүгэйдик билсэн баран салайар аппарааты саҥалыы сүүмэрдээһиҥҥэ күүскэ ылсыаҕым. Онуоха каадыры талыыга билсиинэн-көрсүүнэн буолбакка, үлэһит төһө билиилээҕин, дьоҕурдааҕын, үлэтигэр төһө бэриниилээҕин учуоттуоҕум.
Ити кэнниттэн киин аппараат уонна улуустааҕы ТХУ-лар үлэһиттэрин ахсааннарын лаппа аҕыйатарга, салайыы ороскуотун кыччатарга күүскэ ылсыаҕын.
Баҕар сымыйа буолуо эрээри улуу Кытай т/х-тын үрдүкү салалтатыгар баара-суоҕа 15 (!) киһи үлэлиир үһү диэн истибитим. Онтон биһиги ТХМ-т бары салааларыгар оҥорон таһаарыыбыт таһымыгар, сүөһүбүт-сылгыбыт, табабыт ахсааныгар таһаардахха т/х-гар салайааччыбыт ахсаанынан эмиэ Гинесс кинигэтигэр киириэхпитин сөп диэн суруйан турабын.
Министиэристибэ сүрүн үлэтэ үбү тыырыы, сайдыы сүрүн хайысхаларын быһаарыы, ону хонтуруоллааһын, Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ тустаах салалталарын кытта үлэлээһин, харчыны-үбү була сатааһын буолуохтаах диибин. Ону хайдах ыытар туһунан санааларбын бу уһун-киэн ыстатыйам кэнники түһүмэхтэригэр (сэрийээллэригэр) сиһилии быһаарыаҕым.
Уопсайынан, оонньуута суох эттэххэ, биһиги т/хаһ-н сайыннарыахпытын баҕарар буоллахпытына салайыы систиэмэтин реформалааһыны хайаатар даҕаны ыытыахпытын наада. Бастатан туран салалта ахсаанын аҕыйатыыга уонна кинилэр эбээһинэстэрин чуолкайдааһыҥҥа. Ону тэҥэ салалта үлэһиттэрэ, ордук ТХУ-лар, сүүһүнэн нэһилиэктэрдээҕи т/х-н исписэлиистэрин хамнастара үлэлэрин түмүгүттэн сибээстээх буоларын ситиһиллиэхтээх.
Онтон билигин исписэлиис үлэлээтин-үлэлээбэтин, оччуотун түһэрдин даҕаны барыларыгар хамнастара тэҥ, ый аайы кэлэ турар. Бу – уларыйыахтаах. Хас биирдии үлэһит үлэтин түмүгэр материалнай интэриэстээх буолуохтаах.
Бу салалта ахсаанын аҕыйатыыга Ил Дархаммыт А.С.Николаев иллэрээ сыл чиновник ахсаанын 30% кыччатарга диэн этиитин олук оҥостуоҕум.
Ол сарбыйыыны өрөспүүбүлүкэбитигэр хас биирдиибитигэр олус туһалаах, наадалаах үлэһиттэрбитин – эмчиттэртэн саҕаламмыта сыыһа диибин. Холобур Арыылаах уонна мин Кытаанаҕым икки нэһилиэги хааччыйар баар суох балыаһабытын сабан кэбиспиттэрэ. Чиновник ахсаанын сарбыйыыны министиэристибэлэртэн, ордук ТХМ-тан саҕалыахха баар этэ.
Бээ, эмиэ туораары гынным, тиэмэбэр төннүөххэ. Миниистир эбитим буоллар иккиһинэн…
ТХМ «биригэдьиирдээн» бүтүөхтээх, албын аҕыйыахтаах.
Тыабыт хаһ-та таҥнары барыытын сүрүн төрүөтүнэн үбүлээһин аччаан иһиитэ уонна ол көрүллүбүт үп улахан көдьүүһэ суох туттуллуута, албын-көлдьүн аһара барыыта диэн бу 30 сылы быһа суруйдум, туруорустум. Холобур былырыын сайын «Туймаада» хаһыат икки нүөмэригэр «Кытаатын! Албынныырга үөрэнин!» (04.06.20, 11.06.20) диэн 22 түһүмэхтээх араас холобурдары аҕалан, ТХМ сороҕор баҕарбат даҕаны киһини албынныырга күһэйэр курдук дьаһайарын туһунан суруйбутум. Бу Саҥа Дьыл иннигэр ити 35 тыһ. солк. кэтэх ынахха бэриллэн, ол хайаатар да оччуоттаныахтааҕын утаран «Кэтэх сүөһүлээхтэр! Албынныырга бэлэмнэнин!» (26.11.20) диэн ыстатыйам киэн сэҥээриини ылбыта.
Онно аҕыйах холобурда аҕалыым. Холобур билигин бары оскуолалар, балыыһалар сыллааҕы туттар үптэрэ үөһээттэн тыырыллан туох тутуу, быстах эбэтэр хапытаалынай өрөмүөнү ыыталларыгар төһө харчы көрүллүбүтэ эрдэттэн биллэр, счетугар сытар. Эһиги биир эмэ оскуола дириэктэрэ, эбэтэр балыыһа кылаабынай бырааһа Дьокуускайга сырыы аайы тиийэн, быйыл туох эрэ тутууну эбэтэр өрөмүөн ыытыа этибит диэн үп көрдөһө сылдьалларын, ону оҥоттордохторуна харчытын эмиэ кинилэртэн киирэн ылаллара буолуо дуо? Суоҕа чахчы. Өйдөрүгэр да суох буоллаҕа.
Онтон биһиги (родной) ТХМ-гар оннук буолбатах. Үүт субсидиятыттан ураты 10-нан ааҕыллар араас көмөлөр: туппут хотонун, сылгын базатын, күрүөн, сааскы-күһүҥҥү хорутуун иэнин, үүннэрбит бурдугун ыйааһынын, банк кредитин %-н толуйуу уо.д.а. үлэлэр төлөбүрдэрин т/х-м бэйэтэ «биригэдьиирдээн» үөһэттэн төлүү олорбута. Онно туох даҕаны хонтуруол суоҕун кэриэтэ этэ. Үксэ үлэһит бэйэтэ төһө диэбитинэн төлөнөрө. Онно төһөлөөх элбэх үп-харчы сымыйаҕа, оҥоһуллубатах үлэҕэ, үлүннэриллибит сыыппаранан кураанахха төлөммүтэ буолуой? Киһи ааҕан сиппэт.
Холобур биир алааһы биир баҕананы туруорбакка эрэ иккитэ «күрүөлээн» харчы аахсыбыттарын туһунан хаста даҕаны суруйбутум. Эбэтэр атыылаһыллыбыт убаһаҕа 25 тыһ. солк. бэриллэр эрдэҕинэ хас сүүс, тыһыынча “кумааҕы” убаһа “атыылаһыллыбыта” буолуой?
Маннык бүрүкүрээтийэни бэйэм эппинэн-хааммынан билбит суолум. «Килэҥки» диэн сылгы кооперативын тэрийэн, сүүрүн-көтөн бэттээхэй саҥа сылгы базатын туттарбытым. Докумуоммун туга эрэ итэ5эс буолан куоракка иккитэ кырынан биир бастакынан туттарбытым. Биирдэ атын наадаҕа киирэ сылдьан эмиэ ыйыппытым. Ону «сотору көһөрүөхпүт» диэбиттэрэ. Онтом харчым төрүт кэлэн биэрбэтэ, атыттарга кэлитэлээн барда. Ыксааммын суол быстарыыта анал киирэн ыйыппыппар «докумуонун суох» диэн соһуттулар. Өйдөөн көрбүтүм кыра хосторун иһэ толору паапка бөҕө кырыы-кырыытынан, баппакка улахан түннүк холуодатыгар кыстанан аххан сыталлара. Ону бэйэм, син уһуннук көрдөөн, холуодаҕа кыстаммыт докумуоннар быыстарыттан булан, харчыбын син көһөрбүттэрэ. Арааһа, бэйэм киирэн булбатаҕым буоллар мэлийиэх эбиппин.
Өссө ити кырата. Тутууга, үпкэ сыһыаннаах хосторго киирдэххэ туох баар ыскааптарга, остуолларга, истиэнэ долбуурдарыгар симэ, түннүк холуодатыгар уура сатаан баран паапкалара баппакка, муостаҕа бугул курдук өрөһөлүү кыстаабыт буолааччылар. Буолумна. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн төһөлөөх элбэх бааһынайдар, к/п-лар кредит ылаллара, тутуу ыыталлара буолуой? Ону барытын ТХМ бэйэтэ эрэ быһаарар, харчытын төлүүр этэ.
Маны таһынан, үнүр суруйбутум курдук, республика үрдүнэн 2019 с. ортотунан биир ынахтан 2290 киилэ үүтү ыатыбыт, онтон 1166 киилэтин туттардыбыт, ол аата 1224 киилэтин бэйэбит испит, сайын устата 600-тэн тахса км. саҥа күрүөнү тутан 30 сыл устата Сир шарын аҥарыгар тиийдэхпит буолуо диэн оччуоттаабыттар. Ону итэҕэйэҕит дуо?
Эбэтэр хас сыл аайы соҕурууттан, Австрияттан тиийэ, аһылыгынан, сөптөөх усулуобуйанан хааччыйбат эрээри, сүүһүнэн сүөһүнү аҕалыыга төһөлөөх үп ороскуоттаммыта буолуой? Олорбут үксэ эстибиттэрэ.
Эбэтэр хас да сайын оттооһуҥҥа улахан тыраахтар эҥин бириистээх сымыйа күрэхтэри тэрийэ сылдьыбыттара. Ходуһа иэнин, оттоммут от ыйааһынын ким да мээрэйдээбэт буолбута 30 сыл буолла. Барыта остуолга олорон, төлөпүөнүнэн ыйытан уонна сэрэйэн көрөн оҥоһуллар. Биир сыл оннук оттооһуҥҥа «кыайан» тыраахтарга эҥин тиксибит улуус, саас ото тиийбэккэ атыылаһан дьылы нэһиилэ туораабыта. Ол улуус аатын этимиим. Сүрэ бэрт.
2011-2012 кураан, сут сайыннарга тоннатыгар 5 тыһ.солк. төлөөтөххүтүнэ оту босхо тиэйэн аҕалан бэрдэриэхпит, онтон дойдугутугар 25 км. ыраах оттоотоххутуна эрэ тиэйиитигэр кыра көмө оҥоруохпут диэн омсолоох уурааҕы таһааран дойдуга тирбэҕэлэһэн ким да оттооботоҕо. Туох акаары киһитэ 2,5 көстөөх сиргэ баран оттоон ороскуот бөҕөнү көрсүөй? Бэлэм оту 5 тыһ. солк. кыһын кыбыыгар аҕалан сүөкээн биэрэр буоллахтарына.
Чэ, итинник ТХМ бэйэтэ «биригэдьиирдээн» хас сүүһүнэн мөлүйүөн үп сымыйаҕа уонна көдьүүһэ суох туттуллубута буолуой? Ону бэйэлэрэ да билинэллэр. Ол туһунан миниистир Атласов былырыын мин 9-с ыйытыыбар бу курдук эппиэттээбитэ:
- Иван Петроивич баар суолу этэр, министиэристибэ сорох боппуруостарга «биригэдьиирдээһининэн» дьарыктанан кэлбитин мэлдьэһэр табыллыбат. Ол эрэн маны төрдүттэн көннөрөргө үлэ ыытыллар… диэбит. Олус үчүгэй. Онуоха мин элбэхтик суруйбутум, туруорсубутум, баҕар, кыратык олук буолбута буолуо диэн бүччүм санаалаахпын. Аны…
Мин хас биэлээхпиний.
Сүрүн баайдарбыт ынах, сылгы, таба ахсааныгар эмиэ эбэн суруйуу суоҕа буолуо диэҕи киһи тоҕо эрэ итэҕэйбэт. 10-ча сыллааҕыта саҥа төрүөх суотугар эҥин диэн үөһээттэн «сүбэлээн» букатын сүүһүнэн, тыһыынчанан сүөһүнү улуус аайы сыл киириитигэр эбэн суруйуу баара сымыйа буолбатах. Ол билигин көнө сатаабыт быһылаах даҕаны, кыралаан эбии суоҕа буолуо диэни саарбахтыыбын.
Онтон сылгы ахсааныгар бу 30 сыл устата биирдэ да дьиҥнээх ааҕыы, ревизия барбытын истибэппин. Биэ төбөтүгэр харчы кэлэр буолуоҕуттан көньүнэн өлүү наһаа аҕыйаата. Ону таһынан сылгы ахсааныгар киһи мунаарара элбэх. Онно бэйэбиттэн холобурдуум.
3 сыллааҕыта этэ дуу, Арассыыйа үрдүнэн т/х-тын биэрэпиһэ ыытыллыбата. Онуоха биирдэ дьиэбэр соҕотоҕун олордохпуна бэрэпиисчик дьахтар киирэн туох баайдаахпын ыйытта. Онуоха «биир биэлээхпин» диэтим. Суруйда. Онтон өйдөөн: — Бээрэ, ол биэм нэһилиэккэ сылгынан дьарыктанар ИП-га баар ээ. Бэйэм дьүһүнүн да үчүгэйдик билбэппин. Баҕар ол киһим миэнин эмиэ суруйтаран харчы ыла сылдьара буолуо дуо? Суруйтарыан сөп бөҕө буоллаҕа. Дьиҥнээх көрө сылдьааччы кини буоллаҕа дии. Хайаабыта буолуой? – диэн ыйыттым. Дьахтарым саарбахтаата, бэйэм эмиэ буккулуннум. Кини суруттарбыт буоллаҕына мин 2 биэлээх курдук буолабын ээ. Оччотугар мин хас биэлээх эбиппиний? Итинник төһөлөөх элбэх дьон чааһынай биэлэрин ИП-га, КП-га көрдөрө сылдьаллара буолуой? Олор сорохторо (барылара) икки хос ааҕыллыбатахтара буолуо дуо? Хоруйдаан эрэ.
Түмүк.
Онон мин миниистир буоллахпына ити албыны-көлдьүнү утары күүскэ охсуһуом этэ. Бастакы уочарат ынах-сылгы ахсаанын чуолкайдыырга сир аайы кэмииссийэлэри тэрийэн дьиҥнээх учуоту ыытарыаҕым. Ону тэҥэ олор учуоттарын бэрэбиэркэлиир анал дьону анаан албыннаабыт буоллахтарына, ол исписэлиистэр хамнастарын быһан, бириэмийэлэрин тохтотон, улахан буоллаҕына үлэлэриттэн устан «кэһэтэлиэм» этэ. Оччотугар начаас бэрээдэк олохтонуоҕа.
Маны таһынан, ити куруук суруйарым курдук, ТХМ «биригэдьиирдиирин» тохтотон көрүллүбүт үп үксэ быһаччы улуустарга, үлэһиттэргэ тиийэрин ситиһэ сатыаҕым.
Манна бииртэн кыһыйабын. Дьоннор ити албыны-көлдьүнү үксүн билэ-көрө сылдьаллар да кыһамматтар. Өссө биир бааһынайга бу туһанан кэпсээбиппэр “сатыыр буоллахтарына албыннаатыннар, уордуннар ээ” диэн этэн бэккиһэппитэ. Ол төһө эрэ чааһа киниэхэ кэлиэхтээх харчы буоларын, бэйэтэ ону төлөһө, албынната сылдьарын билээхтээбэт буоллаҕа.
Онно кинини буруйдуур да сөбө суох. Онуоха ТХМ сороҕор бэйэтэ күһэйэр курдук. Холобур ити быйыл кэтэхтэр ынахтарын төбөтүгэр 35 тыһ. ылан баран, араас ньыманан тэрээһиннээхтэр нөҥүө 60 солк туттаран икки хос харчы аахсыахтара суоҕа дуо?
Биири этэбин. Ити ТХМ «биригэдьиирдиирин» тохтоттоххо уонна албын-көлдьүн үксүн аҕыйатар киһи үүт сыанатын кырата 5-10 солк. үрдэтиэххэ сөп этэ.
2-с «сэрийээл» бүттэ. 3-с, 4-с сэрийээллэр наар сир оҥоһуутун, күрүөлээһин, өртөөһүн, аһыҥаны, курааны утары охсуһуу, сиилэстээһин, сенааһы, криокорманы бэлэмнээһин туһунан буолуохтара. Ол кэннэ бу суруйууларбын тула санааҕытын атыстаһаргыт, киэҥник тарҕатаргыт буоллар диэн баҕарабын.
Уйбаан Пономарев
Чурапчы.
Ватсап. 12.03.2021 с.