Ааспыт сырыыга аһыҥаны утары охсуһуу туһунан суруйбутум. Ону өссө төгүл бигэргэтэбин. Аһыҥа саҥа туран эрдэҕинэ сүүһүнэн, тыһыынчанан ходуһалаах дьон эмтииллэрэ буоллар ити үөнү уодьуганныахха сөп бөҕө диибин.
Онтон бу сырыыга…_
Сукка-курааҥҥа от аһара үүнүөҕэ
Тута билинэбин. Кылгастык төрүт сатаан суруйбат эбиппин. Ол оннугар мантан инньэ кыра-кыра төбөлөрдөөн суруйарга быһаарынным. Чэ, онон…
Сылаас, сырдык, салгын, сиик суолталара
Ханнык баҕарар үүнээйи торолуйа ситэригэр аһылыгын таһынан бу С букубаттан саҕаланар 4 тыл (сылаас, сырдык, салгын, сиик) – сүрүн төрүөт, усулуобуйа буоларыгар ким да мөккүспэтэ буолуо.
Учуонай Г.Угаров этэринэн хайа даҕаны үүнээйи 4 кыраадыс итиигэ үүнүүтэ тохтуур. Салгыы үүмэт, тоҥмот даҕаны.
Ити 4 С-тан хайалара ордук үүнээйигэ туһалааҕый? Мин саныахпар төрдүөн тэҥ суолталаахтар. Тымныыга, салгына, уута суох туох да үүммэт. Арай сырдыга суох умуһахха сытар хортуопуй маҥан араскыланарын билэбин.
Онтон, доҕоттоор, кураан сайын сылааһа, былыт аҕыйах буолан сырдыга дэлэй бөҕө. Салгын куруук баар. Ол иһин курааҥҥа сиигин (уутун) хааччый даҕаны үүнээйи, этэргэ дылы, хамсыы-хамсыы тахсар буоллаҕа. Ол иһин кураайы сирдэргэ, сут-кураан дьылларга бары үүнээйилэри уунан хааччыйыы-нүөлсүтүү сүрүн оруолу ылара өйдөнөр. Ол иһин быһыттары оҥорон ууну хаһааныы, нүөлсүтэр, ардахтатар систиэмэлэри оҥоруу, сөмөлүөтүнэн былыты «ытыалаан» ардах түһэрии уо.д.а. араас ньымалар туттуллаллар. Оннооҕор биһиги өбүгэлэрбит туох да сайдыы суох кэмигэр араастаан ходуһаларын нүөлсүтэ сатыыллар эбит. Онно икки холобуру кэпсиим.
Эһэм Наҥнаһын мас носуоһа, «дьыыгырдара»
Мин эһэм Пономарев П.Г. – Наҥнаһын Бүөтүр (1879-1962 сс.) былыр чаччыына кинээстии эҥин сылдьыбыт ааттаах мас, тимир ууһа, «куотан» хаалыа диэн пааспара суох ыстахаанабыс колхуостаах, араатар бэрдэ оҕонньор этэ. Мин бырааппыныын эһэлээх, эбээбитигэр иитиллэн киһи-хара буолбуппут.
Эһэм былыр сут дьылларга бэйэтэ толкуйдаан масс «носуос» оҥорон мас хоруудаларынан ходуһатыгар сүүрдэн син балачча оттоон сүөһүтүн наһаа көҕүрэппэтэҕэ үһү.
Онтон 1939-1942 cc. курааҥҥа сир аайы, бэйэтэ кэпсииринэн, «дьыыгырдары» маастардаан туттарбыт эбит. Ыҥырыыга сылдьара үһү. Ол үлэтигэр кыра бурдук биэрэллэр эбит. Ол бурдугун, мин ийэм колхуос сүөһүтүн көрөн «от сии» Таатта Баайаҕатыгар (Мандар Уус дойдутугар) олордохпутуна, салааскаҕа соһон тиэрдэрэ үһү. Баҕар, ол бурдугу сиэн, хоргуйан өлбөккө бу суруйа олорорум буолуо.
Ити кэмҥэ сир аайы колхуостарга оҕуруот олоттороору кэриэйдэри аҕалбыттар. Онно ити «дьыыгырдар» ууларын туһанан оҕуруот аһа бөҕөнү үүннэрбиттэр эбит.
Онтон эһэм носуоһун, «дьыыгыр» оҥоһуутун кэпсии барбаппын. Уруһуйун көрдөххүтүнэ өйдүөххүт. Мантан аллара сут дьылга, от аһара үүнэригэр бэйэм көрбүт холобурдарбын аҕалыам.
Биир күрүөҕэ – 40(!) от
2012 – сут сайын. Мин «Чурапчы» ТХПК пресс-киинигэр үлэлиирим. Күһүөрү сайын кэпэрэтиип Мэҥири үрэҕэр герофорд сүөһүлэригэр уотурба киллэрэллэригэр барсыбытым. Мэҥири диэн Амма Чурапчы улуустарын икки ардыларыгар сытар Сэргэ Бэскэ түһэр соччо улахана суох үрэх.
Аара алаастары аһыҥа үөн сиэн кубарыччы кууран сыталлара. Онтон Таатта үрэх сиһин туораан Мэҥиригэ киирбиппит, итэҕэйиэххит суоҕа, биир күрүөҕэ 40(!) от кэбиһиллибит этэ. ¥йэбэр оннук элбэх оттоох күрүөнү көрө иликпин. Соччо улахана суох биир баҕарахтан оччо оту баспыттар. Биричиинэтэ биллэр. Ол иннинээҕи сайыннарга үрэх икки өттүнээҕи тыаларын баһаар уота ньимси сиэбит. Ол түмүгэр үтүмэннээх уу тыаттан киирэн угуттаабыт.
Манна биир сыыппараны өйдөтүүм. Сир шарын, аан дойду уутун 97(!) %-на киһи испэт акыйааннар, муоралар уулара эбит. Хаалбыт 3 %-тан 2(!) %-на сир анныгар сытар үһү. Куһаҕан да үчүгэйдээх. Оччотугар ити ааспыт сайыннар баһаардарын кэннилэриттэн үрэхтэргэ-үрүйэлэргэ уу бөҕө киириэҕэ. Олору быстах быһыттаан эҥин туһана сатыа этигит диэн сүбэлиибин.
Манна биир холобуру аҕалыым. Ол 2011-2012 сс. курааннарга биир соҕуруу нэһилиэк киһитэ (ааппын суруйумаар диэбитэ) оннук баһаар барбыт үрүйэ үөһэ өттүгэр быһыттаан кытай тыраахтара көстүбэт хойуу от үүммүтүн оттообутум диэбитэ.
Помпанан ыстаран, тиити туора состорон
Ити кураан сайыннарга Чакыр нэһилиэгин сылгыһыта Афанасий Филиппов диэн киһи алааһын күөлүттэн 10-ча хонукка эргийэ сылдьан помпанан ыстаран көннөрү сыллардааҕар элбэх оту ылбытын туһунан хаста да суруйбутум. Кини ыала Н.Кириллин маҥнайгы сайыныгар (2011 с.) алааһыттан аһыҥаттан былдьаһан биир бырысыап оту ылбыт. Иккис сайыныгар помпа атыылаһан, эмиэ Афанасий курдук алааһын төгүрүччү ыстаран 4(!) чээлэй күөх оту кэбиспит. Тэҥнээн көрүн! Хайдаҕый?
Ити кураан сайын Сылан Уһун Күөлүгэр биллэҕим Афанасий Говоров Түөйэ үрэх төбөтүгэр сытар Орто Күөл диэн сирин тоҕоостоох миэстэтигэр 2 тиити туора состорон ууну хаайан 8(!) оту ылбыта. Быһыттаабатаҕым буоллар 2-3 оттон ордугу ылыа суоҕа этим диэбитэ. Ити иннинээҕи сайын үрэх төбөтүгэр Бэрэ диэки тыа баһаара баран үрэх кыратык сүүрдүбүтэ үһү.
Өссө өрдөөҕүтэ Прокопий Захаров диэн Кытаанах биир маҥнайгы бааһынайа Таба Баалы диэн Баайаҕа үрэҕэр эмиэ тииттэринэн быһыттаан балачча оту ылбыт. Ити курдук сукка-курааҥҥа ньүөлсүтүүтүн кыайдахха от аһара үүнэрин туһунан төһө баҕарар холобурдары аҕалыахха сөп.
В.С.Поскачиҥҥа махтанабын
Ити (2011-2012) сылларга аһыҥаны утары охсуһуу, ньүөлсүтүү туһунан суруйа, кэпсии сатаан биэрбитим даҕаны биир даҕаны киһи, тойон-хотун сэҥээрбэтэҕэ. Хата, кистиир курдук этилэр. Ол «кистииллэрэ» аҥар өттүнэн сөп курдук эбит. Тоҕо диэтэххэ, эрдэ суруйбутум курдук, ити сылларга «дойдугутугар оттоомон» диэн бэлиитикэ барбыта. Миэстэтигэр 25 км ыраах баран оттоотоххуна эрэ тиэйиитигэр кыра көмө оҥоруохпут. Тоннатыгар 5 тыһ солк төлөөтөххүтүнэ кыһын атын сирдэртэн босхо тиэттэрэн аҕалан биэриэхпит диэн «улуу» дьаһал кэлбитэ. Оччотугар туох өйдөөх киһитэ 2,5 көс сиргэ тиийэн тирбэҕэлэһиэй, помпа атыылаһан ходуһатын ньүөлсүтэ сатыаҕай? Бэлэм, чэпчэки сыаналаах оту аҕалтарар барыстаах бөҕө буоллаҕа.
Мин 2012 с. күһүнүгэр, от үлэтэ бүппүтүн кэннэ, култуура үлэһиттэрин кытта олохтоох тэлэбидиэнньэ операторын көрдөһөн Чакырга илдьэ барбытым. Онно ити суруйар сылгыһыт Афанасий Филипповка тиийбиппит киһибит суох этэ. Ону биир киһини көрдөһөн Афанасий помпатын, сылаангаларын ылан алааска барбыппыт. Помпата икки, биир да киһи кыайар урукку киинэҕэ уот биэрэр курдук кыра мотуор этэ.
Алааска тиийэн күөл кытыытыгар ууран баран аҥар өттүн ууга уган мотуору эспитигэр аҥар сылаангатыгар киһи нэһиилэ тутар уу бөҕөнү ыһар этэ. Ол видеоны НВК «Саха» ханаалынан хаста да көрдөрбүттэр эбит.
Арай биир кыһын, 2014-2015 сылларга буолуо. Якутзолото балыыһатыгар эмтэнэ сыттахпына утары хоско сытар ¥өһээ Бүлүү баһылыга В.С.Поскачин балаатабытын өҥөйөн «тэлэбиисэргитин холбоон эрэ» диэн баран мүчүк гынна. Арай холбооппуппут мин шланганы өрө тутан баран уу ыстара аххан сылдьар эбиппин. Аттыбар уу халыйбыта килэйэн көстөр. Сотору бүттэҕэ дии.
Ону көрөн баран улаханнык сыыстарбыппын өйдөөтүм. Билбэт дьон күнү быһа сылаанганы өрө тута сылдьан ардах курдук ыстараллар эбит диэн өйдүөхтэрин сөп. Төрүт оннук буолбатах эбит.
Кэлин Афанасийы көрсөн кэпсэппиппэр туох ааттаах киһитэ күнү быһа күүстээх ыгыылаах сылаанганы өрө тута сылдьыаҕай. Көннөрү сиргэ быраҕан кэбиһэҕин уонна уларытан иһэҕин. Сылаанган тиийбэтэҕинэ уулаах аппа сиргэ буолунай ыстаран баран мотуорбун аҕалан салгыы ыстарарым. Ол кэннэ биир да сири ордорбокко алааһы бүтүннүү хайдах ыстарыахпыный. Хайдах эрэ бэйэлэрэ тардыстан от кэлимсэ үүнэр быһылаах диэбитэ.
Кырдьык, оннук буолуо. Ыстарыллыбыт ньүөл сиртэн сиик көтөн онтон «аһаан» ньүөлсүтүллүбэтэх даҕаны өттө балачча үүнэр буоллаҕа.
Онон мин Владимир Семеновичка улаханнык махтанабын. Кини эппэтэҕэ буоллар ону көрбөт, сыыһаларбын көннөрбөт. Ити Афанасий кэпсээнин суруйбат этим буоллаҕа.
Манна биири эбиим. Арба даҕаны ити Афанасий Филиппов, ити 4 оту ылбыт Н.Кириллин даҕаны аһыҥаны төрүт эмтээбэтэхтэр эбит. Арааһа, ити уунан ыбылы ыстарыыга аһыҥа үөн кытта сытыйан өлөр быһылаах. Онон итинник помпанан ньүөлсүтэр дьон аһыҥаны эмтээбэтэхтэринэ даҕаны оту дэлэччи үүннэриэхтэрин сөп эбит диибин.
Мин сүбэлэрим
Өрөспүүбүлүкэҕэ оҥоһуллар эт-үүт 80 %-н чааһынай бас билиилээх тыһыынчанан кэтэх ыаллар уонна дьоҕус бааһынайдар оҥороллор. Кинилэр бары ити А.Филиппов курдук помпа атыылаһан, булан ходуһаларын ньүөлсүтэллэрэ буоллар аһыҥаны, суту соччо билиниэ суоҕа этилэр диэн эрэллээхтик этэбин.
Бу помпалары курааҥҥа эрэ буолбакка көннөрү дьылларга туттуохха сөп бөҕө. Мин өйдүүрбэр улуу өҥнөр 1943, 1953, 1967, 1980, 1995, 2006 сс. буолан ааспыттара. Онтон ылбат-биэрбэт, орто сылларга алаастар кытыылара, хордоҕой сирдэр аанньа үүммэттэрин бары билэҕит. Олору мотуорунан уу ыстаран биэрэр буоллар төһө эрэ үүнүүлэрэ үрдүүр этэ. Маны таһынан помпанан уу ситимэ суох күөл аттыгар олорор ыаллар төһө баҕарар ууну иһиттэргэ (емкостарга) куттаран оҕуруокка туттуохтарын сөп бөҕө.
Ол эрээри помпа сыаната син ыарахан, соһо сылдьарга бодьуустаах соҕус. Онуоха кытай кыра тыраахтарын кэннигэр буомунан холбонор быыкаайык помпалар өссө ордук буолуо этилэр. Сүүрдэ сылдьан төһө баҕарар ыстарыахха сөп. Элбэх сылаанганы эрэ булуохха наада. Бу тэриллэри нэһилиэгинэн, улууһунан сакаастаан кууһунан өссө аҕалыытын ороскуотун уйунан аҕалтарыахха сөп. Кытайга, Амур, Приморье диэки оннук помпалары олус тутталлар диэн кэпсииллэр.
Түмүгэр, сукка-курааҥҥа от аһара үүнэригэр итэҕэйин. Онуоха итинник ньүөлсүтүү суолтатын өйдөөһүн, кыһамньы, сүрэх эрэ наада.
Уйбаан Пономарев.
Чурапчы.