Уйбаан Пономарев.
Чурапчы.
СИРИ ОҤОРУУ -БЫЙАҤ ТӨРДӨ-12
Сиилэс-сүөһү сүрүн аһылыга
Сиилэс диэн бааһынаҕа үүннэрбит күөх үүнээйилэри,эбэтэр хонуу отун оҕустараат хомуйан, траншеяҕа уган тэбистэрэн,салгын киирбэт гына сабан баран баттатыллыбыт, кэнсиэрбэлэммит сүөһү аһылыга ааттанар.Ордук эбиэс гороҕу кытта булкааһа олус барсар.
Ол туһунан 9-с түһүмэхпэр суруйан турабын.
1987 с.Кытаанахпар Килэнки,Кылыыһыт сонуоктарыгар,Намылдьы алааһыгар горох-эбиэс былааһыгын С.Лазарев анал звенота 2,9 тыһ.тонна сиилэһи уган оройуон рекордун олохтообута.Ону кэлин «Мындаҕаайы» сопхуоска гос.премия лауреата Д.Ноев звенота 4 тыһ.тоннаттан тахсаны бэлэмнээн куоһарбыта.Ол кэмнэргэ оройуоммутугар 10-ча тыһ.тонна сиилэһи бэлэмниир этибит.Онтон 1996 сылтан 2017 сылга диэри,20(!) сыл устата, улууспутугар биир киилэ сиилэһи укпатахпыт.Арай 2018 сылтан «Мындаҕаайы» КП уонна «Комплекс» хаһаайыстыба дьарыктанан былырыын 1900 т сиилэс бэлэмнэммит. Бу-сиилэскэ ханан даҕаны улахан суолта биэрбэт буолуу көстүүтэ.Онтон 1 киилэ сиилэс иҥэмтэтэ 0,2 к.е.(кормоединицаҕа) тэҥ.Оттон от куурарыгар протеинын 50%- нын, уопсай иҥэмтэтин 30 %-нын сүтэрэр.Эбэтэр 1-2 күннээх ардахха ылларбыт,эбиитин ланха былаастаах хардан оппут иҥэмтэтэ 2-3 к.е. оппото буолуо.Онтон сахсаччы куурбут оттооҕор ыбылы тэпсиллибит сиилэс ыйааһына 2-3 төгүл ыарахана чахчы.Оччотугар,окко тэҥнээтэххэ, сиилэс иҥэмтэтинэн 2-3 төгүл ордуга саарбаҕа суох.
Дьэ,ол иһин аан дойду барытыгар ынах сүөһү сүрүн аһылыга сиилэс буоллаҕа.Дьэ,эһиги ханна көрбүккүтүй биһиги курдук сайыны быһа оттоон тахсар дойдуну,уобалаһы? Буларгыт уустук,суох да буолуо.Сиилэстээһин,окко тэҥнээтэххэ күнтэн-дьылтан улахханнык тутуллубакка бэлэмнэнэрэ кини биир сүрүн ордуга.Биһиэхэ сахаларга сиилэһи бааһынаҕа эрэ үүннэрэн,анал хамбаайынан эрэ быстаран,бетон траншеяларга эрэ бэлэмниир өй-санаа олохсуйан хаалбыт быһылаах.Ол төрүт сыыһа.Сэрии иннигэр-кэннигэр кыра холкуостар бары кыһыҥҥы фермалар тастарыгар хонуу отуттан ытыыстаах улахан дьаамаларга уган ааттаах үчүгэй сиилэһи бэлэмнииллэрэ.Онон билигин тиэхиникэ дэлэй кэмигэр кэтэхтэр,кыра бааһынайдар сиилэс угуохтарын сөп бөҕө.Оннооҕор мин’.
Уһаайбабар сиилэс оҥорбутум
Улуус киинигэр олоробун.Уһаайбабыт киэн.Ото-маһа элбэх.Олор быыстарын хаһан сайын аайы 4-5 бугул оту ылабыт.
Арааһа,10-ча сылааҕыта хаһыакка тыа хаһ-тын дуоктара А.Ф.Абрамов сиилэһи уһаайба да иһигэр бэлэмниэххэ сөп диэн кыра ыстатыйатын аахпытым.Онно кини сиилэһи кэтэх ыал да оту охсоот улахан салапаан куулларга уган бэлэмниэн сөп диэбит этэ.Ону боруобалыырга санаммытым. 5 устуука улахан,хара салапаан кууллары булан охсубут оппун олорго симпитим.Кырдьыгынан эттэххэ, улаханнык кыһаллыбатаҕым.Аҥарыгар диэри атахпынан,үөһээ өттүн илиибинэн симпитэ буолан баран баайталаан кэбиспитимОл куулларбын үрүт-үрдүлэригэр ууран баран көннөрү мастарынан баттаппытым.Сотору кэминэн олорбуттан аһара минньигэс сиилэс сыта дыргыйбыта.Күһүн биир куулу аһан көрбүтүм кыратык түүнүгүрбүт этэ.Ол төрүөтүнэн ол симэрбэр кытаанах эрбэһин төрдүлэрэ куулу тэһэ анньан салгын киирбитэ буолбут. Олорбун ынахтаах ыалларбар биэрээри гынан баран,сэрэхэдийэн,аппаҕа сүөкээбитим.Олортон икки аллараа куулларым отторо сап-саһархай,бэртээхэй сиилэс буолбут этилэр.Онно санаабытым.Туох гынаары кууллаан.Көннөрү сиргэ чөмөхтөөн дэлби тэпсэн,салапаанынан сабан баран, үрдүгэр сорох бугулларбын кэбиспитим буоллар син биир сиилэс буолуо этилэр диэн санаа киирбитэ.
Ол кэнниттэн кэтэх ыаллар,кыра бааһынайдар даҕаны хотоннорун таһыгар,чугас ходуһаларыгар сиилэһи бэлэмниэхтэрин сөп эбит диэн санаа киирбитэ.
Хайдах
Чэ,биир 2-3 ынахтаах кэтэх ыалы ылыаҕын.Билигин сир аайы хаарбах дьиэлэри көтүрүү үгүс.Олору үксүн аппаларга куталлар.Олортон аҕыйах маһы аҕалан хотонун таһыгар бэйэтин кыаҕынан 4-6-8-10…кв.м. иэннээх,миэтэрэ аҥара,миэтэрэ…үрдуктээх дьааһык курдук хайын оҥордун.Ол кэннэ тас өттүн кунустуон,бадараанынан сыбыан,эбэтэр ис өттүн салапаанынан бүрүйүөн сөп.Ол кэннэ окко киириэх иннигэр,оттуу да сылдьан оҕолорун,аймахтарын мунньан хантан баҕарар оҕустаран биир күн устата 3-5 тонна сиикэй оту тиэйэн аҕалан ол «дьааһыгар» томточчу кутар.Ону дэлби тэпсэн,салапаанынан сабан баран кур,эбэтэр саҥа оту үрдүгэр кэбиһэн кэбиһэллэр.Бүттэ!Сиилэс бэлэм! Аны туран төрүт да «дьааһыга»,хайыҥа суох,көннөрү сир үрдүгэр бэлэмниэххэ син буолуо.Эбэтэр оттуу сылдьан кылгас оттоох кырдал сири сиилэстииргэ анаан ордорон баран,ардах кэнниттэн от куурар кэмигэр угуохха сөп бөҕө.
Түмүк
Өссө төгүл хатылыыбын.Аҕыйах туонна сиилэһи биирдиилээн сүөһүлээх ыаллар бары,кыра да бааһынайдар бэлэмниэхтэрин сөп бөҕө.Оннооҕор мин ити уһаайбам иһигэр бэлэмнээбитим дии.
Үүтү элбэтии биир сүрүн төрдө сиилэскэ сытар.
Ону ааҕан, суоттаан көрүөҕүн.Мин хаһан даҕаны сыыппараҕа олоҕурбакка, үрдүттэн мээнэ куолулаан суруйааччым суох.
1 киилэ үүтү ыырга 1 к.е.аһылык наада.Оччотугар ити биир ыал биир күҥҥэ 3 т.сиилэһи бэлэмнээтэҕинэ онтукалара 600 к.е. тэҥнэһэр.Ону балаҕан ыйыгар мэччийэрин,кыһыары сиир отун таһынан эбии аһылык курдук сиэттэххинэ 600 киилэ үүтү эбии ылыаҕын.Ону 70-нуу солк.туттардаххына 42(!) тыһ.солк.эбии үбү аахсыан этэ.Ити баара суоҕа 1-2 күн үлэлээн.Ол даҕаны иһин аан дойду барыта үксүн сүөһүнү сиилэһинэн аһатар буоллаҕа.
Түмүгэр өссө төгүл бигэргэтэбин.Сиилэһэ суох аҥардас хардан отунан элбэх үүтү ыабаккын.Уотурбанан дэлэччи аһатыаххын сыаната ыараххана,үүт тутуллар сыаната кырата бэрт.
Онтон сиилэс угуутун хайдах көҕүлүөххэ сөбүй?Онуоха мин маннык быһаччы этиилээхпин.Ону,бука диэн,күлүү гыныман,сүөдүргээмэн.Бу кырдьаҕас таах куолулуур диэмэн.
Мин улахан тойон эбитим буоллар кэтэхтэр биир ынаххыт төбөтүгэр 1 тоннаттан итэҕэһэ суох сиилэһи бэлэмнээтэххитинэ эрэ 37 тыһ.солк.толору ылаҕыт.Онтон оччону бэлэмнээбэтэххитинэ 30 тыһ.эрэ ылаҕыт диир буоллар дьон начаас хамсаныа этилэр.Бу саҥа мэхэниисим киириэн иннигэр биһиэхэ 976 ыал үүт туттарар этилэр.Билигин биир да ыал туттарбат.Мин этэр усулуобуйам киирэрэ буоллар 1000 ыал 1-2 күн иһигэр 3000(!) тонна сиилэһи начаас бэлэмниэ этилэр.Бу-фантазия буолбатах.Кыаллар суол.Манна эбэн бары тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга эмиэ итинник көҕүлүүр дьаһалы киллэрэр буоллар улууспутугар сылга кырата 5-6 тыһ.сиилэс аҕыйах хонук иһигэр таах бэлэмнэниэ,үүт ыаһына быдан элбиэ этэ.Ол баҕас чуолкай,кыаллар суол.Өссө,үнүр суруйбутум курдук,ыаллар,бааһынайдар бары кыра да буоллар бааһына сирдээхтэрэ буоллар,онно күөх ыһыы ыһан сиилэстииллэрэ буоллар букатын ордук буолуо этэ.
Ханнык баҕарар оҥорон таһаарыыны ТЭРЭЭҺИН,КӨҔҮЛЭЭҺИН,ҮБҮЛЭЭҺИН быһаарар.
Бүтэһигэр элбэх сиилэһэ суох үгүс үүтү ыабаппытын ӨЙДҮӨХХЭ!