Сахабыт өрөспүүбүлүкэтин Тыатын хаһаайыстыбатын министерствотын (ТХМ) сүрүн соругунан нэһилиэнньэни олохтоох, киһи доруобуйатыгар олус туһалаах, экологическай өттүнэн ыраас аһынан-үөлүнэн, ордук үүтүнэн, этинэн хааччыйа сатыахтаах этэ буолбатах дуо? Онтон кэнники кэмнэргэ, мин саныахпар, кини төттөрү бэйэ үүтүн-этин аҕыйатар туһугар улаханнык кыһаллар курдук. Хайдах?
Билэргит курдук, иллэрээ сыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 80(!) тыһ. т үүтү соҕотуопкалыырга былаан түспүтэ. Онно киилэ үүккэ 35 солк. субсидия көрүллэн барыта 2,8 млрд. үп көрүллүбүтэ. Былаан сүнньүнэн туолбута. Өйдөөҥ эрэ. Ити үүт аҥаарын (!) кэтэх ыаллар, ол эбэтэр ЛПХ-лар туттарбыттара.
Онтон былырыыҥҥыттан «биһиэхэ үүт элбиирэ туһата суох» диэбиттии, чааһынайдартан үүтү туппакка, ынах төбөтүгэр 35-тии тыһ. солк. биэрэргэ уонна үүттэрин, күлүү гыммыт курдук, 10 солк. кырата суох сыанаҕа туттарыахтарын сөп диэн «улуу» уураах тахсыбыта. Түмүгэр былырыын, иннинээҕи сылтан 23(!) тыһ. т үүтүнэн кыра, уопсайа 57 эрэ тыһ. т үүтү тутарга былаан түспүтэ. Ону 58 тыһ. тоннанан толордубут.
Бу саҥа механизм киирэн төһө барыстанныбыт, үүппүт-эппит элбээтэ дуо? Тута «баһаам» барыстанныбыт диэххэ наада.
Ол курдук 2020 сыллааҕар 22(!) тыһ. тонна үүт итэҕэс соҕотуопкаланна. Ити үүттэн 916(!) тонна олохтоох ынах арыыта кэлиэ этэ. Итиччэ элбэх арыыттан мэлийдэхпит дии. Ол түмүгэр дьон сир аайы бэйэ арыыта бүтэн, киһи доруобуйатыгар буортулаах, үүт сыта да суох, араас химиялаах «рама» уонна пальмовай арыыга көһөллөрүгэр тиийдилэр. Аны уопсай ынах сүөһүбүт ахсаана 3 тыһ. төбөнөн аҕыйаабыт. Ону кураан охсуута буолуо диэн өссө өйдүөххэ сөп.
Сибиинньэбит ахсаана 9 ый түмүгүнэн 17,5% аҕыйаата диэн хаһыакка суруллубута. Ол хас тыһыынчата биллибэт. Үүт туттарбат, күөх үүтэ суох ыал аҥаардас уотурбанан аһатан хайдах иитиэхтэрэй? Холобур, мин саас аайы эрдэ сибиинньэ оҕото атыылаһан, чугас нэһилиэккэ олорор аймахтарбар ииттэрэн, күһүн аайы ортотунан 80 киилэ эттээх эмис сибиинньэ идэһэлэнэрим. Быйылгы дьылга мэлийдэҕим дии. Оннук төһө ыал мэлийбитэ буолуой?
Аны туран бу саҥа механизм киирэн бары соҕотуопкалыыр тэрилтэлэр киллэриэхтээх үптэрэ аччаабыта туох да мөккүөрэ суох. Кэтэхтэр үүт туттарбат буолан үгүс нэһилиэктэргэ, учаастактарга үүт сыахтара сабыллан эрэллэр. Ол төһө үчүгэйий?
Салгыы суруйдахха бу дьаһал олохтонон бары кэриэтэ кэтэх ыалларга сокуону, роспотребнадзор ирдэбиллэрин кэһэргэ, албынныырга-көлдьүннүүргэ ук биэрдилэр. Хайдах?
Үгүс ыаллар доруобуйаларын көрдөрбөккө, көҥүл ылбакка, нолуок төлөөбөккө бэйэлэрэ сэппэрээтэрдээн арыы, сүөгэй, атын да аһы оҥорон уора-көстө чугас эргин атыылааһыннара таҕыста аҕай. Бу – сокуону кэһии буолбатах дуо? Өссө элбэхтик кэһиэхтэрин тыаҕа харчы аҕыйаҕа, син сүөһүлээх ыаллар бааллара үүттэрин-астарын кыайан батарбакка, ынахтарын үксүн эрдэттэн оҕолору ыыталаан кэбиһэн, суобастара уоскуйдаҕа. Киһи хараастар. Сайын ортотуттан тыһыынчанан ынах ыаммакка көҥүл сылдьаллара, туох иһин сүөһүнү иитэбит диэн курус санааҕа тиэрдэр.
Аны туран 35 тыһ. ылан баран сорох үүттэрин бааһынай аатынан туттаран эбии харчыласпыт дьон суохтара буолуо диигит дуо? Баар бөҕө буоллахтара. Кинилэр кыраамы уорбакка, хара көлөһүннэрин тоҕон дьону аһаттахтара. Онон кинилэри уонна дьиэлэриттэн быһа атыылаан сокуону кэһээччилэри буруйу оҥорооччулар диэҕи киһи тыла тахсыбат.
Аны туран үүт туттарбат буоллаҕына кэнэн эрэ киһи сүүнэ улахан боруода ынаҕы иитиэҕэ? Оччотугар бу механизм уһаатаҕына кэтэхтэр сүөһүлэрэ сыыйа кэхтэн барарыгар мөккүөр суох. Ол төһө сөбүй?
Маннык дьаһаныы киирэн ордук биһиги чурапчылар оҕустардыбыт. Иллэрээ сыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саамай элбэх 7400 тонна үүтү соҕотуопкалаабыппыт. Былырыын 5260 эрэ тонната субсидия биэрбиттэрин 400 тоннанан кыайбакка былааммытын 92%-н эрэ толордубут. Онно «Чурапчы» ТХПК, ыаллар да буруйдара суох. Урукку сылларга кэтэхтэр бары кэриэтэ, 1000-ҕа чугаһыыр ыал үүт туттараллара. Былырыын биир да ыал туттарбата. Букатын эстиэхпитин, хата, элбэх ынахтаах, харчыга наадыйар, сүрэхтээх өттүлэрэ ИП буоланнар итиччэни туттардыбыт. Ол түмүгэр быйыл 74 т арыынан аҕыйаҕы оҥорон урукку өттүгэр алаас араҥас арыытын дьааһыгынан «бырахсар» буоллахпытына, билигин киилэнэн кэмчилээн атыылыыр буоллулар. Олус «үчүгэй» дуу?
Онон бу саҥа механизм киирэн былырыын үүт соҕотуопката уруккуттан 22(!) тыһ. тоннанан (27%-нан) кыччаата, ынах сүөһүбүт 3 тыһ. төбөнөн аҕыйаата, онтон төһө тонна эт, ордук сибиинньэ этэ көҕүрээбитэ биллибэт. Ол иһин этэбин. Биһиги родной ТХМ-быт үүтү-эти аҕыйатар туһугар үлэлиир дуу диэн. Оннук буолбатах дуо?
Онтон, арай, маннык дьаһаммыт буолуоҕуҥ?
Ити үүккэ уонна ынах төбөтүгэр көрүллүбүт 4,2 млрд. солк. барыларыттан 60 солк. үүт туппут эбитэ буоллар, биир солк. эбиитэ суох 80(!) тыһ. т үүт былдьаһыгынан, тааҕы-таах тутуллан арыы, үрүҥ ас дэлэйбит бөҕө буолуо этэ. Ил Дархаммыт дуоһунаһыгар киирээт, нэһилиэнньэни үүт аһынан хааччыйыыны 61%-ҥа тиэрдэргэ диэбит соруга аһара барыа этэ. Бээ, эрэ. Ол туох куһаҕаннаах буолуо этэй? Оннук дьаһаныы сыыһатын дакаастаан суруйуҥ эрэ.
Манна биири өйдөтөн ааһыым. 1 киилэ арыы 3,4%-х базовай сыалаах 24 кг үүттэн кэлэр. Ону 60 солк. туттардаххына 1440 солк. туруоран 2 киилэ бэлэм арыыны таһынан эбиитин талбыт үрүҥ аһы, эбэтэр туох эмэ атын табаары атыылаһыаххын сөп. Хайата барыайаҕый?
Ол эрээри эһиги, куорат-тыа дьоно, төрүт санаарҕаамаҥ. Т/х-гар былырыыҥҥы көрдөрүүлэрбит үчүгэйдэр. Өссө сорохторо аһара «үчүгэйдэр» диэххэ сөп. Холобур т/х-тын миниистирэ А.Атласов «АПК. Сыл түмүктэрэ» диэн («Кыым» 23.12.21) интервьютугар былырыын уопсайа валовойунан 162,0(!) тыһ тонна үүт ыанна диэбит. Ону отчуоттааммыт 73,5 тыһ. ынахха түҥэттэххэ биир ынахтан ортотунан 2200(!!!) киилэ үүтү ыабыппыт. Онтон ынахпыт аҥаара кэтэхтэргэ баарын, кинилэр үүт туттарбатахтарын, үгүстэрэ эрдэттэн ыабакка ыыталаан кэбиспиттэрин ааҕыстахха, биир ынахтан 4500 киилэни үрүлэппиппит. Букатын сөҕүмэр көрдөрүү! Эбэтэр 162 тыһ. ыабыт үүппүтүттэн 58 тыһ. эрэ туттарбыппыт. Ол аата 104 тыһ. т үүтү дьон бэйэлэрэ иһэннэр, букатын үүккэ «сөтүөлээбиттэр». Бу баҕас аһара сүрдээх! Сымыйа ини. Александр Павлович, саха киһитэ, ити сымыйатын өйдүүрэ буолуо. Арааһа, хаһыаттар сыыспыт (опечатка) буолуохтарын сөп.
Аны кини былырыын үүт соҕотуопкатын былаанын 0,9%-нан аһардыбыт диэн астыммыттыы эппит. Ити сыыһата суох, сөп. Ол эрээри иннинээҕи сылтан 18(!) тыһ. тоннанан кыччатан баран, былааны аһардыбыт диэн кэпсэнэр төһө сөбө эбитэ буолла? Мин миниистир эбитим буоллар кыбыстыам этэ.
Салгыы кини ынах сүөһүбүт 3 тыһыынчанан аҕыйаабытын үрдүнэн (ону эппэтэх) ыанар ынахпыт 7(!) тыһ. төбөнөн эбилиннэ диэбит. Ону утарбаппын. Ол эрээри былырыын «Ынах диэн туох сүөһүнүй?» диэн хаһыатынан ыйыппыппар кытарах ынах ынахха киирсэр, ол эрээри төрөөбүт эрэ сүөһү ынах дэнэр диэн хоруйдаабыта. Оччотугар ити 7000 эбиллиибит ынахтар ахсааннарыгар төрүү илик улахан тыһы тиҥэһэлэр, тыһаҕастар киирбэтэхтэрэ буолуо дуо диэн сэрэхэдийэбин. Бука, аҕыйаҕа суох бааллара буолуо диибин.
Аны миниистир ити хаһыакка чооску оҕото 3,8 тыһ. атыыланан былырыыҥҥыттан 5,3% эбилиннэ диэбит. Онуоха соһуйдум. Бу иннигэр сибиинньэ ахсаана 17,5% аҕыйаата диэн суруллубут этэ. Хайдах-хайдах баҕайыный дии санаатым. Онтон сирийэн аахпытым «Хатас» сибиинньэ комплекса уонна «Сибиир» КТФК эрэ итиччэ төбөнү атыылаан эппит эбиттэр.
Балары билбэт киһи аахтаҕына, иһиттэҕинэ ТХМ синэ суох үчүгэйдик үлэлиир эбит диэн өйдөбүл үөскүүрэ эрэбил. Дьиҥэр буоллаҕына, аахпыккыт курдук үүтү-эти аҕыйатар, ЛПХ-ры, кыра фермердары күөмчүлүүр үлэни ыыта олороро сымыйа буолбатах.
Аны бииргэ тохтуум. Сэтинньи ыйга быһыылааҕа, Саха араадьыйатын күнүскү, П.Хабаров ыытар т/х-тын туһунан биэриигэ миниистир А.Атласов «кэтэх ыаллар улахан аҥаардара үүтү син биир туттарбат этилэр» диэн 35 тыһ. киирбитин хайгыырдыы этэн аһарбыта. Бу баҕас адьас дьиҥнээх балаһыанньаны билбэттэн, эбэтэр соруйан дьону бутуйаары этии диибин. Оччотугар соҕотуопкаланар үүт аҥаарын (40 тыһ. т) кэтэхтэр туттарар буоллахтарына, кинилэр чиэппэрдэрэ 20-25%-ра эрэ итиччэ үүтү туттараллар этэ дуо? Үллүбүтэ сүөһэлээх ыаллар 10-15 эрэ %-ра үүт туттарбаттара буолуо. Кинилэргэ ити 35 тыһ. солк., куруук суруйарым курдук, түһээн да баттаппакка сырыттахтарына, буор-босхо итиччэ харчы түһэн кэлэрэ туох куһаҕаннаах буолуой? Бу – дьону босхоҕо, бэлэмҥэ суудайыы өйүн күөртээһин, үлэттэн тэйиитин холобурдара буолара саарбаҕа суох.
Онон биир этиилээхпин. ТХМ ити кэтэхтэр кыһаллыбат, ынахтарын ыабат да буоллахтарына 1,2 млрд. харчыны босхо түҥэттэ. Ону тэҥэ 12,5 млрд. көрүллэр үптэн кырата 4-5 млрд. харчыны эмиэ уонунан араас көрүҥнээх субсидия быһыытынан, үксүн улахан хаһаайыстыбаларга эмиэ босхо үөһэттэн быһа биэртэлиир. Ол иһин родной министиэристибэбитин «Саха өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын уонна тыа дьонун социальнай хааччыйыы министиэристибэтэ» диэн уларытан ааттыаҕыҥ диэн этии киллэрэбин. Оннук буолбатах дуо? Эт-үүт соччо наадата суох, кылаабынайа тыа дьонун дохуотун үрдэтиэхтээхпит диэн политика барар буолбатах дуо?
Аны болҕойуҥ эрэ. Бука диэн бүтүөр диэри ааҕыҥ. Тоҕо диэтэххэ, бу сүөһүтэ суох дьоҥҥо кытта сыһыаннаах.
Эмиэ ааспыт сэтинньи ыйга быһыылааҕа. Биир сарсыарда Саха араадьыйатын тиһэх сонуннарыгар В.Путин кэтэх хаһаайыстыбалары өйүүр туһунан этии киллэрдэ диэх курдук кэпсээтилэр. Дьиэттэн быһа атыылыыр кытта көҥүллэнэр курдук эттилэр. 2-3 хаһыаттарга суруллара буолуо диэтим. Онтукам – молчок. Ханна даҕаны ахтыллыбата, суруллубата. Кэнникинэн сыыһа истибит буоллаҕым дуу диэн саараҥнаан бардым.
Онтукам РФ премьер-миниистирэ М.Мишустин илии баттааһыннаах кэтэх хаһаайыстыбалары өйөөһүн туһунан 2451 №-дээх ахсынньы 24 күнүнээҕи уурааҕа тахсан соһутта, үөртэ. Онно кэтэхтэр самозанятай буолан учуокка турдахтарына бэйэлэрин бородууксуйаларын, ол иһигэр үүтү-эти атыылыыллара көҥүллэнэр. Өссө кинилэргэ бырабыытылыстыба субсидия биэрэн көмө оҥоруохтаах дэммит. Олус үчүгэй! Оччотугар ынахтаах ыаллар ол-бу ИП (фермер) буолбакка, элбэх нолуок, отчуота суох самозанятай буоллулар даҕаны үүттэрин 60 солк. туттарар бырааптанар курдук буолаллар. Самозанятай киллэрбит дохуотуттан 6 эрэ %-н нолуогу төлөөтөҕүнэ бүтэр курдук. Холобур 100 тыһ. солкуобайтан 6 эрэ тыһыынчаны. Бэрт да буолуо эбит. Оччотугар ыал үксэ үүт туттаран үүппүт-аспыт элбиирэ эрэбил.
Ол биһиэхэ наада, туһалаах дуо? Арааһа, суох быһыылаах. Тоҕо диэтэххэ үрдүкү салалтабыт – родной ТХМ-быт ити Путин этиитин Мишустин уурааҕын туһунан биир тылы эппэтилэр, суруйбаттар. Арааһа кистиир быһыылаахтар.
Куруук суруйабын. Кинилэр уруккулуу, сэбиэскэйдии барыта улахан, уопсай буолуохтаах диэн өйдөрө-санаалара намтыахтааҕар өссө күүһүрэн иһэр. Холобур 100 ынахтаах, 300 гектар ыһыылаах эрэ буоллаххына улахан көмө оҥоһуллар. Аны нэһилиэктэр 50 төбөттөн итэҕэһэ суох сүөһү турар хотоннору тутан кэпэрэтиип тэриннэххитинэ эрэ үүккүтүн 60 солк. туттараҕыт диэн, арааһа, бэйэлэрэ «айбыт» дьаһалларын таһаардылар. Барыта бобуу-хаайыы, улаатыннарыы ЛПХ-ры аҕыйатар, уопсайдааһын өйө-санаата баһыйар.
Оччотугар президент Путин этиитин, премьер Мишустин уурааҕын утарабыт, толорбоппут дуо? Тоҕо ТХМ үүтү-эти аччатар үлэни ыытарый? Онно хоруйдааҥ эрэ. Санааҕытын этиҥ, суруйуҥ. Сатаатар бассаабынан «Бу оҕонньор букатын хой баһын туойар, босхо харчы ыларбыт быдан ордук этэ, онон утарабыт» диэн. Күүтэ хаалабын (8-984-100-12-51).
Уйбаан ПОНОМАРЁВ. Чурапчы.
“Туймаада” хаһыат,13.01.2022 с.