Бу ый сэтинньи 30 күнүгэр Ил Түмэннэр СӨ 2023 сыллаах бүддьүөтүн бүтэһик ааҕыыга бигэргэтэллэр диэн буолла.
Онно тыа хаһаайыстыбатыгар төһө үп көрүллэриттэн төрүт дьарыктарбыт: ынах, сылгы ,таба иитиитэ, сир-бааһына үлэтэ, оҕуруот аһын үүннэриитэ, бултааһын улахан тутулуктаахтара өйдөнөр. Ол эбэтэр ити үптэн тыа сирин уопсай сайдыыта, ордук хотон-хонуу үлэһиттэрин дохуоттара-хамнастара, олохтоох аһы-үөлү дэлэтии быһаччы сибээстээхтэр.
Хатылаан кэриэтэ өйдөттөххө т/х-тын сайдыытыгар В.А.Штыров саҕана уопсай бүддьүөттэн 13,4 %-на бэриллэн өрө тахсыах курдук буолбуппут. Онтон Е.А.Борисов кэмигэр 5,6 %-ҥҥа диэри түһэн таҥнары курулаабыппыт. Бу ааһан эрэр сылга 12,5 млрд. солк./4,9 %-на көрүллэн биир сиргэ тэпсэҥниир курдукпут. Ол эрээри сыл устата үбүлээһин эбиллэн 13,5 млрд.солк тиийдэ диэтилэр.
Аны туран «Саха сирэ» хаһыакка /10.11.22./ сүрүн эрэдээктэр Чокуур Гаврильев СӨ үпкэ миниистирин 1-кы солбуйааччы Иван Алексеевтан интервью ылбыта икки балаһанан тахсыбыт.
Онно кини: — Бүддьүөт сылга түөртэ уларыйар. 2022 сыллааҕы бүддьүөт бастаан 240 млрд. солк. этэ. Онтон төрдүс уларытыыга 354 млрд. солк. тиийэн 100-тэн тахса млрд. улааппыт. Бу үрдээһин федеральнай үп уонна нолуок киириитин кытта сибээстээх. Бу экэниэмикэ этэҥҥэтин көрдөрөр — диэбит.
Киһи мантан үөрэр эрэ. Баһаам үрдээһин! Сыл устата бүддьүөппүт 114 (! ) млрд. эбиллибит. Бу үөһээҥҥи салалтабыт Киини кытта сөптөөхтүк үлэлээһинин уонна сүрүн нолуогу төлөөччүлэр үлэлэрэ сэргэхсийбитин түмүгэ буолара саарбаҕа суох. Ол эрээри ити элбэх үп киирэрэ эрдэттэн сабаҕаламматын киһи муодаргыыр. Сэрэхэдийэн бастаан кыраттан саҕалыыр буоллахтара. Ол гынан баран ити 114 млрд. эбиллииттэн т/х-тын сайдыытыгар 1 эрэ млрд. эппииттэрин «балысхан» эбиллии диэҕи киһи кэрэйэр. Эбэтэр сыллааҕы бүддьүөтү 354 млрд. солк. суоттаатахха т/х-тын сайдыытыгар бүддьүөт 3.5 %-на эрэ бэриллибит курдук буолан тахсар. Ити барыта бу салаа көйгөтүллэрин, ситэ суолта бэриллибэтин туоһута диэтэххэ улахан сыыстарыы буолбат ини.
Маны таһынан ити хаһыакка И.Алексеев: — Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан тыа хаһаайыстыбатын эһиилги ороскуота быйылгытааҕар кыра буолуо суохтаах. Биһиги маны хайаан да толоруохтаахпыт — диэн туспа араарыллан көстөр гына бэчээттэммит.
Ол аата эһиилги бүддьүөккэ быйылгы саҕа, 13.5 млрд. солк. көрүллүөх курдук буолбут диэн өйдүөххэ сөп эбит. Оччотугар харчы элбэҕэ быһаарбат, атыылаһар дьоҕура быһаарар диирбинии кырата 4 млрд. солк. курдугунан аччаабыт курдук буолар. Тоҕо диэтэххэ былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ бары тиэхиникэ, тутуу матырыйааллара, ипотека, көрүүчэй, ас-үөл, бары өҥөлөр… сыаналара ортотунан 30 %-н үрдээтэхтэрэ буолуо диибин.
Аны биир үчүгэй сыыппараны аахпыппын ахтыым. «Саха сирэНь хаһыат /17.11.22./ нүөмэригэр «2022 сыллаах өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр уларыйыылар киирдилэр» диэн кыра ыстатыйаҕа эһиилги бүддьүөппүт 318 млд. 750 мөл. солк. буолбут диэн суруллубут. Ол аата былырыыҥҥыттан 71 млд.75 мөл. солк. эбиллибит. Сыл бүтүөр диэри өссө эбиллэрэ буолуо. Бу уустук кэмҥэ кырата суох улаатыы.
Итинтэн тыктардахха т/х-тын үбүлээһинин, ама, быйылгы таһымҥа хаалларбаттар ини диэн эрэнэ күүтэрбитигэр тиийэбит.
Үбүлээһини оннунан хааллардахтарына, эбэтэр дуона суоҕу эптэхтэринэ үрдүкү салалтабыт, Ил Түмэннэрбит олохтоох ас-үөл дэлэйэригэр, хотон-хонуу үлэһиттэрин дохуоттара — хамнастара үрдүүрүгэр, төрүт дьарыкпыт сайдарыгар, онтон сиэттэрэн нэһилиэнньэ доруобуйатыгар, үлэнэн хааччыллыга, сахабыт тыла, төрүт култуурабыт, үгэстэрбит сайдыыларыгар ситэ суолта биэрбэттэр, соччо кыһамматтар эбит дииргэ тиийиллэр. Бу-куттаан этии буолбатах. Баар чахчы.
Тоҕо диэтэххэ үбүлээһин биллэрдик эбиллибэтэҕинэ сүөһү-сылгы биллэ аҕыйыыра мөккүөрэ суох. Биир киһи суруйбутунуу:
Сылгы-сүөһү эстиэ — саха эстиэ.
Сылгы-сүөһү сайдыа- Саха сайдыа!
Олохтоох строкалар. Биһиги салалтабыт оннукка тиэрдибэт ини диэххэйин.
Түмүгэр бу кылгас суруйуум атыылаһан аһыыр дьоҥҥо барытыгар сыһыаннааҕынан ааҕын, сыаналаан, санааҕытын суруйун ,туруорсун уонна төһө кыалларынан тарҕата сатаан диэн көрдөһүүлээх түмүктүүм.
Уйбаан Пономарев.
Чурапчы.