Уйбаан Пономарев ватсабынан ыыппыт ыстатыйата. Чурапчы.

«Саҥа олох» хаһыакка.

СИРИ ОҤОРУУ —
БЫЙАҤ ТӨРДӨ — 8.

Ходуһаны тупсарыы үлэлэрэ

Бу 8-с түһүмэхпин ходуһаны тупсарыы үлэлэригэр аныыбын.Ол эбэтэр нууччалыы «поверхностное улучшение лугов» диэн тиэмэни сырдата сатыам.
Ол иннигэр биири этэн ааһыым.Мин үөрэхпинэн туох да агроном эҥин буолбатахпын.Мин-практикпын.Арай 1977 сыллаахха Хабаровскай куоракка 3 ыйдаах отделение управляющайдарын куурустарыгар үөрэммитим.Киһиргээбэппин.Онно курсовойбар куорат таһыгар баар Ленин аатынан сопхуос экономикатын туһунан ырытан суруйан туйгуннук көмүскээбитим.Ол үлэбин кэлин образец курдук көрдөрөллөрүн туһунан истибитим.Ол кэннэ хас да сыл отделенияны салайан,нэһилиэккэ сэбиэттээн,10-ча сыл бааһынайдаан, 4 сыл сылгы кэпэрэтиибин тэрийэн үлэлээн,онуоха эбэн тыа хаһ-тын туһунан элбэҕи хасыһан аахпыппар олоҕуран бу суруйа сатыыбын.

Ходуһаларбыт туруктара уонна 5 «С» суолталара

Мин манна туох да
саҥаны арыйбаппын.Ханнык баҕарар үүнээйи толоруйа ситэригэр аһылыгын таһынан 5 «С» буукубаттан тахсар усулуобуйалар наадалар
Олор ханныктарый?
1.СЫЛААС
.Тымныыга туох да үүммэтэ биллэр.Учуонай Г.Угаров этэринэн 4 кыраадыс итиигэ хайа баҕарар үүнээйи сайдыыта тохтоон хаалар.Ол аата салгыы үүммэт да,кэхтэн хагдарыйан барбат даҕаны.

  1. СИИК.
    Эбэтэр уу. Кыра сиигэ,
    уута суох туох
    да үүммэтэ мөкүөрэ
    суох.
  2. САЛГЫН.
    Салгына суох ханнык баҕарар тыыннаах харамай,үүнээйи уһаабаттара эмиэ чуолкай.
    4.СЫРДЫК.
    Хараҥаҕа хайа да үүнээйи сайдыыта харгыстанара эмиэ биллэр.Арай умуһахха хортуопуй үрүҥ араскыланарын билэбит.
  3. Төһө да ити 4 усулуобуйаны тэрийдэргин сиэмэтэ суох туох даҕаны быгыа да суоҕа.Аны туран сиэмэн хаачыстыбатыттан үүнээйин торолуйара быһаччы тутулуктаах
    .Онон бу 5 усулуобуйан
    ы толору тэрийдэххинэ эрэ өлгөм үүнүүнү ылыаҕын.
    Онтон биһиэхэ…

Ходуһаларбыт туруктара хайдахтарый?
Ордук оту тиэхиникэ көмөтүнэн оттуур буолуохтан,үйэ аҥарыттан ордук кэмҥэ ходуһаларбыт ньуурдарын араас от охсор,мунньар,урулуоннуур тиэхиникэлэр көлүөһэлэринэн,олору соһор тимир тиһилтктээх,көлүөһэлээх тыраахтардарынан,эбиитин от кэбиһэр налбаларынан өтүүктээн сиэрэ суох чиҥэтэн,сиик, уу да ситэ киирбэт гына оҥордубут.Ити өссө кырата. Былыргы үйэттэн хас эмэ тыһыынчанан сылгы-ынах туйахтарынан төһөлөөх батарыта үктээн чиҥэппиттэрэ буолуой?Сахаҕа «сүөһү туйаҕа уот»диэн мээнэҕэ эппэттэр.Ордук алаастар кытыылара,үрдүк сирдэрэ,үрэхтэр кырдаллара,сайылыктар мэччирэҥ сирдэрэ аһара чиҥээбиттэригэр мөккүһэр киһи суох ини.
Ол чиҥээбит сирдэри тимир тарааҕынан (борона),эбэтэр диискэнэн көбүтэн биэрдэххэ от үүнүүтэ быдан элбиирэ чахчы.Тоҕо?

Таратыы туох туһалааҕый?

1.Сир сииги,ууну иҥэриитэ күүһүрэр
Холобур тимир тараах тиистэрэ хас эмэ көһүнэн усталаах кыракый ханаабалары үөскэтэн,си ри көбүтэн хаар-ардах уутун иҥиитин быдан күүһүрдэр.Иҥнэри да сирдэртэн уу таах сүүрэн хаалбат.

  1. Буорга салгын киириитин быдан эбэр.
    3.От үүнүүтэ хойдор Билэр дьон этэллэринэн от силиһэ хас сиринэн быстар даҕаны олортон саҥа от үүнэн тахсар дииллэр.Ол чахчы буолуо.Тараах,диискэ тииһэ турута-хайыта тардара баһаам буоллаҕа.
  2. Ходуһа сылааһы иҥэриниитэ быдан улаатар.
    Бары билэҕит.
    Саас кусчуттар эрдэ уу таһаараары күлү,кумаҕы ыһалларын.Эбэтэр халаантан сэрэнэн саас өрүскэ кумаҕы,шлагы ыстараллар.
    Саас, ордук күһүн таратыллыбыт ходуһа итиини күүскэ иҥэринэр буолан, мин саныахпар,от тахсыыта нэдиэлэ кэриҥэ түргэтиир.Оччотугар сир сииги көтүтүүтэ бытаарар,от үүнүүт элбиир.Холобур саас өттөммүт сир тута көҕөрбүтүнэн барарын бары да билэр инигит.
  3. Ходуһаны уоҕурдар
    Ханных баҕарар,ордук дэриэбинэ таһынааҕы ходуһалар,сайылыктар мэчсирэҥнэрэ тыһыынчанан сылгы-ынах,көтөр сүүрэр саахтарын («лэппиэскилэрин»,чөмөхтөрүн) бытарытан,ыһан уоҕурдан үүнүүнү үрдэтэр.
    6.
    Аһыҥаны аҕыйатар
    Аһыҥа курдук оттоһуҥҥа охсуулаах кыра үөн баарын билбэппин.Кини күһүн сымыытын ходуһаны,алааһы биир гына баттабат эбит.Наар уу ылбат үрдүк, хордоҕой сирдэргэ хойуутук сымыыттаан саас сөптөөх усулуобуйа көһүннэҕинэ кыра сирдэртэн тэнийэн, уот курдук салаан барар.Ол сирдэри күһүнүн,саас эрдэ даҕаны ыбылы хараарыар диэри тараттахха ыһыллан сорох сымыыттара үөһээ тахсан тоҥон,сорохторо дириҥҥэ көмүллэн аҕыйыыллара,суох буолаллара эрэбил буолуо.
    Аахпыккыт курдук ходуһа ньуурун таратыы 6ары өт түнэн эргиччи туһалаах.Онно холобурдаталым.
    Тоҕо аччатан суруйдун?
    Бу таратыы туһунан 2011-2012 сс курааҥҥа олохтоох хаһыаппар суруйбутум.Ол кэнниттэн,арааһа, 2013 сыллаахха быһылааҕа,дойдубар Кытаанахха «Балаҕаннаах» б/х (сал.Пономарев А.Н.)»Үчүгэй»диэн 20-чэ гаалаах алааһын күһүн бүтүнүү диискэлэтэн кэбиспит этэ.Урукку өттүгэр ортотунан 10-ча эрэ оту ылар сириттэн,сыыһа истэммин,16 оту ылбыт диэн суруйбутум.Онуоха Өлөксөй биирдэ көрсөн:-Тоҕо 16-та эрэ диэн суруйдун.23 оту ылбытым ээ -диэн хомойбут курдук эппитэ.Ол курдук ходуһатын көбүппүтүн түмүгэр алааһа сатала суох үүммүт этэ.
    Иккис холобур
    Улууспутугар биллэр оскуола дириэктэринэн,УНО сэбиэдиссэйинэн эҥин үлэлээбит биир дойдулааҕым Коркин В.Н. диэн киһи биэнсийэҕэ тахсан баран сылгы иитиитинэн дьарыктанара.Онно мин суруйуубун ааҕан баран, аҕыйах тимир тараах булан,тиистэрин болгаарканан сытыылаан баран ходуһатын хараарыар диэри кыра кытай тыраахтарынан тараппыт.Түмүгэр баһаам оту ылан сороҕун курулуур буоллум диэн миэхэ кэпсээбитэ.Маннык холобурдары өссө да аҕалыахха сөп бөҕө. Түмүк
    Аахпыккыт курдук,ходуһа ньуурун таратыы(диискэлэтии) саамай кыра ороскуоттаах,ол кэннэ от үүнүүтүн быдан (аһара) элбэтэр судургу ньыма буолар.Таратыыны күһүн ыытар ордук буолуо.Саас эрдэ да ыытыахха син.Саатар ходуһа кытыыларын.үрдүк сирдэрин.Билигин КП-ры,бааһынайдары эппэккэ да туран,хас сүөһүлээх ыал аайы кыра-улахан тыраахтар арааһа дэлэй.Арай биһи диэки тараах (борона) улахан дэписиит.Мээнэ көстүбэт.Тоҕо диэтэххэ айдааннаах,ыһыллыы кэмигэр,90-с сылларга барытын кэриэтэ хаарбах тимири туттарыы үлүскэнигэр тиэйэн илдьэ барбыттар.Онон биирдиилээн ыаллар,кыра бааһынайдар даҕаны кыттыһа-кыттыһа итинник тимир тараахтары булуна сатыа этигит диэн сүбэлиэм этэ.Бу дьыаланы улууспут салалтата (ТХМ) сайаапка быһыытынан кииннээн да булууну,аҕалыыны тэрийиэн сөп этэ.Бу сыбаарка дэлэй үйэтигэр бэйэ да оҥостуон сөп буолуо этэ.Холобур эргэ да турбалары ортотунан туорайдардаах түөрт муннуктуу сыбааркалаан баран алын өттүнэн от охсор хотуур тиистэрин,төгөрүк уһуктаах тимирдэри тоһоҕо курдук иһэрдэн кэбистэххэ тоҕо тараах буолбат буолуой?
    *Түмүгэр,бары ходуһаҕытын таратаргыт буоллар төһөлөөх элбэх эбии оту ылыа этигитий диэн баҕа санаалаах бу суруйуубун түмүктүүбүн.Онно баҕа уонна сүрэх эрэ наада.Тараттахха от үүнүүтэ быдан үрдүүрэ туох да мөккүөрэ суох. Ол эһиэхэ наада дуо?

От adminNB

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *