Это изображение имеет пустой атрибут alt; его имя файла - 20220407_171815.jpg
Хаҥалас улууһун фермердара

Дьиҥэр бу санааларбын Ил Дархан А.С.Николаевка ыыппыт «Аһаҕас сурукпар» ахтан турабын. Ол эрээри бу сырыыга ону кэҥэтэн суруйарга сананным. Ону быһаарыыбын «Ил Түмэн» хаһыакка ыытабын. Тоҕо диэтэххэ бу туруорсууларбын сүрүн олоххо киллэрээччилэринэн сокуону таһаарааччы, үбү-харчыны тыырааччы Ил Түмэн дьокутааттара буолаллар.
Онтон тоҕо хотон-хонуу үлэһиттэрин түөскүтүн мөтөтүн диибиний? Ол манныктан.


*Маҥнайгытынан. *
Кинилэр – дьону-норуоту аһынан хааччыйааччылар.
Сэттэтэ да мөккүспүппүт, куолулаабыт, үөхсүбүппүт иһин аан дойду тыынар тыыннааҕа, ол иһигэр икки атахтаах киһи бастатан туран тыыннаах сылдьарыгар аһыыр-аһын булунуохтаах. Бу – Ийэ айылҕа сокуона. Онно улуу француз өйдөөҕө Жан-Жак-Руссо (1712-1778): — Ханнык даҕаны судаарыстыба тутулуга суох буолуутун төрдө – тыа хаһаайыстыбата. Аан дойду бары баайын бас билэр да буоллаххына – аһыыр аһын суох буоллаҕына эн атыттартан тутулуктаах, көҥүлүн суох буолар – диэн кынаттаах этиитин өйдүөхпүн баҕарабын.
Онон Эн, хотон-хонуу үлэһитэ, дьону-норуоту олохтоох, олус иҥэмтэлээх аһынан хаачыйсарын таһынан Арассыыйаҕа, СӨ атын дойдулартан тутулуга суох буолуутун, көҥүлүн иһин охсуһааччы буоларгын умнума.
Сопхуостар саҕана 438 тыһ ынах, 200-н тахса тыһ. сылгы сүөһүлээх этибит. Билигин 180 тыһ ынах, биир оччо сылгы сүөһү ордунна. Онон өрөспүүбүлүкэбит эккэ наадыйыытын 26, үүт бородууктатын 57%-н хааччыйабыт диэтилэр. Ол аата аһыыр аспыт улахан аҥарын тастан киллэрэн төһөлөөх элбэх үппүт-харчыбыт атын сирдэри, дойдулары сайыннара, байыта сылдьара буолуой?
Оо! Саатар аһыыр аспыт биир 60-70 %-нын бэйэбит оҥорорбут буоллар баһаам харчы-үп бэйэбитигэр хаалан сайдыыны түстүү, олохпутун тупсара сылдьар буолуо этэй? Эбэтэр ол сыыһа дьаһаныы буолуо этэ дуу?


Иккиһинэн. Кинилэр – эмчиттэр
Манна эмчиттэр диэн тылы кавычкаҕа ылбаппын. Хотон-хонуу үлэһиттэрэ дьиҥнээх эмчиттэр буолаҕыт. Тоҕо? Хайдах?
Учуонайдар этэллэринэн киһи доруобуйата 70%-на аһыыр аскыттан тутулуктаах дииллэр. Онно мин толору сөбүлэһэбин. Холобур 98-х бензининэн барар күндү омук массыынатыгар 76-х, эбиитин мөлтөх хаачыстыбалаах арыынан сапараапкалыыр буоллаххына төһө өр бараахтыай, тардар күүһэ-уоҕа мөлтүүрэ эрэбил буоллаҕа. Син ол кэриэтэ үксүгэр бүтүннүүтэ араас химиянан сутуллубут, эбиитин геномодифицированнай аһынан аһыыр буоллаххына үйэн төһө уһаахтыай, улахан эрчимнээх буолуоххунуй?
Оо! Онтон химия сыта да суох бэйэбит алаастарбыт, үрэхтэрбит ньаассын күөх отторунан аһылыктаммыт олохтоох ынахпыт-сылгыбыт этэ-аһа, үүтэ-кымыһа хайдахтаах курдук иҥэмтэлээхтэрин, киһи иммунитетын бөҕөргөтөн бары ыарыылартан харыстаһар эмп оруолун толороллорун киһи ааҕан сиппэт.
Онно бэйэбиттэн холобурдуум. Ааспыт күһүн алтынньыга мин 83 саастаах оҕонньор хамсыкка ыараханнык ыараханнык хаптаран атахпын тэҥнии сыспытым. Онно эмчиттэр абыраабыттара эрээри, арааһа, улахан оруолу аһылыгым ылбыт буолуон сөп. Мин сылы эргиччи наар олохтоох ынах, убаһа этинэн уонна «Чурапчы» кэпэрэтиибим үрүҥ аһынан (суоратынан, кефиринэн, быыппаҕынан, творогунан, йогурунан, чохоонунан, көбүөрдээх лэппээскитинэн) онтон да атын аһылыктарынан аһылыктанабын. Ол балыыһаҕа ыксаан да сытан бэйэбит халбаһыбытын, быыпахпытын, суораппытын сии сатыыр этим.
Ол кэмҥэ хамсыктан хас да үөлээннээхтэрим, билэр дьонум бараахтаабыттара. Олору билигин кэлэн санаатахпына бары кэриэтэ сүөһүтэ суох, маҕаһыынтан эрэ аһааччылар эбит. Хотон үлэһитэ ыалдьыбытын, өлбүтүн соччо билбэппин, истибэппин.
Иккис холобур. 3,5 мөл ахсааннаах монгуоллар 70(!) мөл ынах-сылгы, хой, бараан сүөһүлээх, наар бэйэлэрин олохтоох, төрүт астарынан аһыыр буоланнар ити ынырык ыарыылартан төрүт кэриэтэ эмсэҕэлээбэтэхтэр диэн аахпытым.
Онон, хотон-хонуу үлэһиттэрэ!
Эһиги дьон, бүтүн норуот доруобуйатын туһугар үлэлээччи, охсуһааччы олус туһалаах дьон буоларгытын төрүт умнумаҥ! Онон киэн туттун!


Үсүһүнэн. Эһиги үлэ миэстэтэ таһаарааччы буолаҕыт
Хас биирдии хотон-хонуу үлэһитэ (сүөсүһүт, сылгыһыт, табаһыт, сир үлэһитэ, оҕуруоччут, балыксыт), бары киһи сиир аһын оҥорооччулар элбэх дьоҥҥо үлэ миэстэтин таһаарааччы, эбии дохуот, харчы оҥостоллоругар көмөлөһөөччү буоларгытын адьас умнуман.
Эһиги оҥорбут бородууксуйаҕытын соҕотуопкалыырга, астыырга-үөллүүргэ, батарарга-атыылыырга, тиэйэргэ-таһарга… төһөлөөх элбэх киһи үлэлиирэ, эбии хамнастанара буолуой? Холобур ити Хоту улуустарга ас-үөл, Амууртан от таһар суоппардары да ылан көрүн. Маны таһынан кинилэри салайаары тыһыынчанан хотун-тойон, чиновник, кинилэр суоппардара, хонтуора харабыллара, остуорастара… баар бөҕө буоллахтара. Аны кинилэргэ көмө буолар буолунай элбэх бэтэринээрдэри, племүлэһиттэри, урбаанньыктары, кинилэр илии-атах үлэһиттэрин эбэн кэбиһин.
Өссө ити кырата. Сүөһү, таба суоҕа буоллар ити тыа сирин кырыы учаастактара кыра нэһилиэктэрэ бары кэриэтэ эстибит буолуо этилэр ол – чуолкай. Ол иһин кыра сокуолалар учууталлара, уһуйааннары иитээччилэрэ, бары бюджет, таарыччы ЖКХ үлэһиттэрэ олорго олорор сүөһүлээх дьоҥҥо барыларыгар махтаныах тустааххыт. Биһигини үлэнэн хааччыйаллар диэн.
Манна биири өйдөөн. Холобур ханнык эрэ улахан-кыра тойон, дьокутаат, үрдэ суох элбэх чиновник үлэлэриттэн уурайдахтарына кинилэр миэстэлэрэ – улахан былдьаһык. Онтон сүөһү көрөөччү – уурайдаҕына солбугу булар уустук. Онон сүөһү эһиннэҕинэ ити үөһээ ахтыбыт дьонум тойоннуун-хотуннуун бары үлэтэ суох хаалаллара эрэбил, сүөһү аҕыйаатаҕына кинилэр эмиэ аҕыйыыллар.
Ол иһин кинилэр бары сүөһү эстибэтин, аҕыйаабатын туһугар ис сүрэхтэриттэн кыһаллыахтаахтар.


Төрдүһүнэн. Кинилэр – саха тылын, үгэстэрин араҥаччылааччылар
Соторутааҕыта «Кыым» хаһыакка «Куорат дьоно тоҕо ситэ сайдыбаттар» диэн ыстатыйаны суруйан элбэх сэҥээриини ылбытым. Онно «куоракка төрөөбүт, улааппыт сахалартан биир эмэ биллэр-көстөр киһи баар дуо?» диэн ыйыппытым. Оннук биир да киһини булбатым диэбитим. Ол кэннэ туох баар саха улахан салайааччылара, учуонайдара, суруйааччылара, артыыстар, оннооҕор эстрада ырыаһыттара… бука бары тыа сириттэн төрүттээхтэр эбит диэбитим.
Ол түмүгэр сахабыт тыла, төрүт үгэстэрбит тыыннаах хаалбыттарыгар эһиги сыраҕыт улахаг суолталааҕын эмиэ өйдөөн.


Бэсиһэ. Саамай туһалаах уонна сыралаах үлэ
Орто дойдуга туһата суох үлэ, идэ да баара биллибэт. Олортон мин биир саамай туһалаахтарынан хотон-хонуу үлэһиттэрин ааҕабын. Тоҕо диэтэххэ кинилэр киһи аһыыр аһын оҥороллор. Онтон аһаабыакка киһи тыыннаах сылдьыбат.
Онон эһиги, хотон-хонуу үлэһиттэрэ, норуоту аһатар, эмтиир, элбэх киһини үлэнэн хааччыйар, омукпут тылын, үгэстэрин араҥаччылаһар, биир тылынан дьон-сэргэ тыыннаах, этэҥҥэ олороллорун, ордук сахабыт норуота симэлийбэтин туһугар туруулаһар үтүө үлэлээх дьоммут диэн түөскүтүн мөтөтүн, киэн туттун диибин. Ол иһин бары эһигини ытыгылыы көрүөхтээхтэр. Ол эрээри…


Мин туохтан хомойобун?
Ити курдук туһалаах, үгүстэрэ, сылга биир күн өрөөбөт, уоппуска диэни билбэт, дуона суох хамнастаах, дохуоттаах туруу үлэһиттэргэ биһиги салалталарбыт ситэ суолта биэрбэттэриттэн хоиойо саныыбын. Ол иһин туруулаһабын. «Чэпчэки сыаналаах («дьааттаах». Ааптар) кэлии ас-үөл дэлэй», «ночооттоох салааҕа тоҕо элбэх үбү-харчыны кутуохпутуй?» дии саныыр, саҥарар тойоттор суох буолбатахтар.
Онно эбэн сорох «өйдөөхтөрбүт» «сахалар сүөһүбүтүн эстэхпитинэ, күүскэ куораттарга көстөхпүтүнэ сайдыахпыт», «илиинэн ыаммыт, кэпэрэтиипкэ киирбэтэх кэтэхтэр үүттэрэ тутуллуо суохтаах» дииллэриттэн иһим буһар.
Ол даҕаны иһин ааспыт ыҥырыылаах Ил Түмэн дьокутааттара хомуньуус П.Аммосов икки төгүл үүт сыанатын үрдэтэргэ туруорсубутун үгүстэрэ утары куоластыыр, сүөһү иитиитигэр суолта биэрбэт буоллахтара.
В.А.Штыров т/х-тын сайдыытыгар бюджет 13,4%-н бэрдэрэн хамсааһын тахсан испитэ. Өссө үбүлээһини 15%-ҥа тиэрдэргэ туруорсара. Ол түмүгэр сылгы, таба төбөтүгэр баччааҥҥа диэри Киинтэн кэлэ турар көмө көрүллүбүтэ, сир аайы МТС-тар тэриллэн барбыттара, мелиорацияҕа, сир оҥоһуутугар үп көрүллүүтэ улааппыта, сылгыһыттарга кыһыҥҥы 3 ыйга эбии хамнас көрүллүбүтэ, босхо спец. таҥас бэриллэр буолбута, саха сүөһүтэ боруода быһыытынан эстээри гынна диэн анал онон дьарыктанар «Тускул» диэн ГБУ тэриллибитэ. Тыа дьоно төрүт кыра пенсияҕа тахсыыһыктар диэн 20 тыһ солк диэри уктахтарына (оччолорго кырата суох харчы этэ) биир оччону бюджеттан угар «Эрэл» диэн фонда тэриллибитэ уо.д.а. үлэлэр баран испиттэрэ.
Олор түмүктэригэр, чуолкай өйдүүбүн, бүтэһик сылга ынах сүөһүбүт ахсаана 299 тыһыынчаттан 302 тыһ тиийэн эбиллиэх курдук буолбута.
Онтукайбыт ханна баарый? Салгыы кэлбит салалта т/х-тын үбүлээһинин 5,6(!) %-ҥа диэри таҥнары түһэрбитэ. Ол содулугар ити этиллибит үлэлэр, өҥөлөр бары суох оҥоһуллубуттара. Арай федерацияттан кэлэр сылгы, таба төбөтүгэр бэриллэр үп эрэ хаалбыта.
Онтон билигин т/х-тын сайдыытыгар уопсай бюджет 4,7 %-на эрэ бэриллэр. Олор түмүктэригэр В.Штыров саҕаттан ынах сүөһүбүт ахсаана 120(!) тыһ төбөнөн аҕыйаата. Онуоха эбэн родной ТХМ-т киилэ үүт ороскуота 59 солк 50 харчы (онтон элбэҕэ эрэбил. Аап.) диир эрээри 5 сылы быһа 45 солк тутан кэлбитэ. Былырыын саҥа мэхэниисими киллэрэн үүт бородууксуйатын 15%, арыы оҥоруутун 30%-н аччаппыттарын бэйэлэрэ билинэллэр. Куруук суруйарым курдук, ТХМ бу 30 сылы быһа көрүллэр үп кыра аҥарын бэйэтэ «биригэдьиирдээн» үөһэттэн быһа түҥэтэн албын-көлдьүн бөҕөнү таһаарда, социальнай тэрилтэҕэ кубулуйан иһэр.


Түмүк
Мин өйдөбүлүм маннык. Сүөһү баар – тыа сирэ, саха баар. Төрүт дьарыгын сүтэрбит, аҕыйаппыт омук сайдыыта бытаарар, сыыйа эстиигэ барар диэн. Онно ким мөккүһэрий? Сымыйа дуо? Ханнык даҕаны сайдыы үбүлээһинтэн тутулуктаах. Онтон маннык сэнэбиллээх, кыра үбүлээһининэн тыабыт хаһаайыстыбата өнүйбэтэ, олохтоох аспыт-үөлбүт эбиллэн кэлбэтэ туох да мөккүөрэ суох.
Ол эрээри мин… Аныгы үрдүкү салалтабыт, Ил Түмэммит дьокутааттара дьиҥнээхтик, ис сүрэхтэриттэн дьоннорун-сэргэлэрин доруобуйаларын, ордук тыа дьонун олохторун уйгута тупсарын, саха тыла, үгэстэрэ эстибэтин туһугар баҕарар буоллахтарына экология өттүнэн олус ыраас, иҥэмтэлээх, олохтоох ас-үөл дэлэйэригэр кыһаллыахтара, үбүлээһини биллэрдик элбэтиэхтэрэ диэн эрэнэбин.
Бары даҕаны онно эрэниэҕин!


Уйбаан Пономарев.
Чурапчы.

Получено по ватсап.

Мои посты на тему фермерского хозяйства:

Семейная экономика — наш ответ коронавирусу covid-19!

Клубника во дворе! Лето 2020 года!

Новые технологии для усадебных хозяйств Якутии.

О новом механизме субсидирования личных подсобных хозяйств по производству молока в Республике Саха (Якутия)

Новые технологии для усадебных хозяйств Якутии — 2.

Национальная идея народосбережения — основа обращения Первого Президента РС(Я) М.Е.Николаева в марте 2020 года

Мои вопросы на пресс-конференции спикера Ил Тумэн РС (Я) Петра Гоголева

Посадить облепиху в Якутии!

Усадебное хозяйство в Якутии!

Проект «Сайдыы» (Развитие) и новый сайт об усадебном хозяйстве Якутии

Национальная идея народосбережения Республики Саха (Якутия)

Доклад члена Высшего Совета Старейшин (Ытык Субэ) Республики Саха Иннокентия Аммосова

Эволюция системы расселения Якутии: долгосрочные тренды и видение будущего

Электричество и интернет в тайге и тундре! Традиционная хозяйственная деятельность и инновации

Национальная идея народосбережения. О новом облике и стимуле для экономического развития якутского села!

Направления развития МР «Намский улус». 24.02.2021 г.

Демография села в Республике Саха (Якутия): 46% детей рождаются вне брака, высокая мужская смертность, безбрачие…

Иван Горохов об усадебном строительстве в Арктике

Предложения помощника Первого Президента Республики Саха!

Михаил Николаев: «Дойти до каждого человека!»

Сбудется ли светлая мечта народа?

Ботанический сад СВФУ. Купил еще 3 саженца облепихи!

С Николиным Днем! С Днем сайылыка!

Размышления о прошлом, настоящем, будущем родного села

О первых поселенцах на ямщицкой станции Жура

«Саханами» в Ботаническом саду СВФУ!

Холомо Анатолия Чомчоева. Технологии предков в XXI веке!

Сезон 2021 года: купил системы полива фирмы «Жук»!

Агая Шадрина Сиинэҕэ торт оҥорон атыылыыр

Дмитрий Климовский об участии в программе «Агростартап» и о получении социального контракта

Турбаза «Ямщицкое подворье» в Синске!

Якутская вишня в программе «Подворье» телеканала «Якутия24»

Выращивание микрозелени в программе «Подворье» телеканала «Якутия24»

Фермер Александр Иванов о своем хозяйстве, о получении гранта на развитие семейной фермы

Новые технологии: Круглогодичная теплица для клубники в селе Немюгюнцы Хангаласского улуса!

Хахсык. Впечатления от сайылыка (летника)

Красота для якутского села! Александра Павлова строит свою мечту!

Лето продолжается: республика встречает новые вызовы.

Сайылык, где работал Гаврил Чепалов!

Агростартапы из Булгунняхтаха!

Новости нашей дачи. Сезон 2021 года.

Департамент сельского хозяйства Хангаласского улуса приглашает на Ярмарку выходного дня!

В Покровске состоялась выставка-ярмарка выходного дня

Поздравляю победителей конкурса «Агростартап-2021»!

Поздравляю победителей конкурса «Развитие семейных ферм — 2021»!

«Туймаада» Агрохолдинг икки саҥа программалара — Идэһэ уонна Откорм!

Наконец-то похолодает! Наступает сезон забоя скота (Идэһэ)!

Жители села демонстративно жгут некачественное сено из Амурской области.

Нелли из Амги снова в списке невест на выданье!

О новых технологиях в сельском хозяйстве

Идэһэ — 2021! Конезавод «БЭРТЭ» реализует нежнейшую говядину высшего сорта!

Почему якутяне все чаще выбирают местную продукцию?

Продолжается 10-летие семейных фермерских хозяйств ООН

В Якутии прием заявок на конкурс грантов «Агростартап» стартует в начале 2022 года

Рассказ Ивана про Агростартап!

Самозанятый Семен Ефремов открыл для себя перспективную отрасль животноводства

Наталия Мир: Сити-фермерство – это способ обеспечить северный регион качественной продукцией

«Сельская семья – залог сохранения традиционного уклада жизни якутян»

Семейная экономика в Якутии: опыт 2020 — 2021 гг.

В мире голодает 1 млрд. человек, в России — 9 миллионов: мнение Алексея Гордеева

Евдокия Вензель: Мы решились на участие в конкурсе «Агростартап-2022»

Фермер Розалия Петрова о выращивании картофеля

Капельное орошение картофеля в Якутии на примере с. Едяй Хангаласского улуса

Жизнь в селе. Едейцы не ищут легких путей и смотрят в будущее с оптимизмом

Призыв фермера Сергея Латышева к населению!

Поддержка молодых специалистов АПК в Якутии в 2022 году!

Начался прием заявок на грант «Агростартап»!

Фермердар ыйыталлар…

Поездка в южные наслега Хангаласского улуса 6.04.2022

Крупнейшее в республике овощехранилище — склад «Пятитысячник» АО «Якутоптторг»

Мой сайт: https://nikbara.ru/

Сайт об усадебном хозяйстве в Якутии https://usadbaykt.ru/

Мой канал в «Яндекс Дзен» — NikBara

Мой блог в “Блогах Якутии” https://blogi.nlrs.ru/author/88287

Содержание моих дневников в архиве Якт.ру https://dnevniki.ykt.ru/NikBara/1081021#more

Просьба подписаться на мой канал «Николай Барамыгин» на Ютуб!

https://www.youtube.com/c/НиколайБарамыгин

И на мои аккаунты в социальных сетях!

«Одноклассниках» https://ok.ru/profile/500676253992

«В контакте» https://vk.com/nbaramygin

Мой канал в «Телеграм» https://t.me/nikbaraykt

 «Твиттер» https://twitter.com/NBaramygin

От adminNB

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *