2022 сылга ыанар ынах төбөтүгэр бэриллэр 35 тыһыынча, эдэр туҥуй сүөһүлэр төрөөн ынахха көһөллөрүн учуоттаан, 2021 сыллааҕы курдук икки төгүл бэриллэрэ табыгастаах.

2021 сылга Ил Дархан А.С. Николаев дьаһалынан кэтэх ыалы өйүүр мэхэньиисим оҥоһуллубута. Ол курдук, ыаллар ыанар ынахтарын төбөтүгэр 35 тыһ. солк. бэриллэр буолбута уонна, Айсен Сергеевич бэйэтэ эппитин курдук быһа ханан да эргийбэккэ, ыалларга тус хармааннарыгар киирбитэ. Бу мэхэньиисим олоххо киирэригэр туһулаан, үүтү тутар-астыыр тэрилтэлэр өттүлэриттэн 10 солкуобайга кэтэх ыаллар үүт туттарыахтара суоҕа, онон сибээстээн, заготовка ситимэ айгырыыр боппуруоһа үөскээн тахсыа диэн бассаап нөҥүө утарар үлэни ыыппыттара. Маны таһынан, 35 тыһыынча солк. нолуоктанар уонна сир боппуруоһунан мэһэйдэр баар буолалларынан, бу механизм үбүлээһинэ уустуктардаах буолуон сөп диэн бассаапка тарҕаппыттара. 

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин  өттүттэн 35 тыһыынча төбөҕө бэриллэр субсидия нолуоктамматын туһунан, ону таһынан сир боппуруоһа күөрэйэн тахсыбытыгар сөптөөх быһаарыы оҥоһуллубатаҕа. Маннык буккуурдаах балаһыанньа тахсыбытын өйдөөн, Ил Түмэн дьокутаата М.Н. Христофорова «zoom» быһа сибээс нөҥүө СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта М.В.Никифоров, ТХМ миниистирэ А.П. Атласов, Экономика министиэристибэтин, нолуок, сир кэмитиэттэрин эппиэттээх үлэһиттэрин, нэһилиэк баһылыктарын үүтү соҕотуопкалыыр тэрилтэлэри кыттыһыннаран сүбэ мунньах оҥорон бу боппуруос сөпкө быһаарыллан, кэтэх ыаллар ыанар ынахтарын төбөтүгэр 35 тыһыынча субсидия сиртэн, нолуоктан тутулуга суох толору бэйэлэригэр быһа бэриллибитэ.

Бу мэхэньиисим киириитигэр тохсунньу 1 күнүгэр баар ыанар ынахха уонна эдэр туҥуй сүөһү төрөөбүтүн кэннэ тута ынахха көһөн 35 тыһыынча эмиэ бэриллибитэ, ыанар ынах ахсаана эбиллэригэр туһалаабытын таһынан, тыа сиригэр ордук көмөлөөх буолан тахсыбыта. Ынах, сылгы нэһилиэктэргэ баарынан сибээстээн, төһө ынах баарын уонна тыһаҕас төрүүрүн бэтэринээрдэр тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ бары чуолкай билэллэр, онон манна хайдах даҕаны албыннааһын тахсыбатаҕа чуолкай.

Тыа хаһаайыстыбатын өйүүр саҥа мэхэньиисиминэн 2022 сылтан тохсунньу маҥнайгы күнүгэр баар ынахтарга эрэ бэриллибитэ, ол кэннэ саҥа төрүүр эдэр туҥуй сүөһүгэ 35 тыһ. солк. төлөммөт оҥоһуллубута улахан сыыһа дьаһал буолбут. Былырыын, төрөөбүт тыһаҕастары учуоттаан, икки төгүл төбө харчыта бэриллибитэ олус сөптөөх быһаарыы этэ. Онон сылга иккитэ төлөнөрө төннүөхтээх. Дьон утарытынан толкуйдуур, эһиил ыларга хаһаанабын диэбэт. Ынах үксэ кулун тутар, муус устар ыйдарыгар сүрүннээн төрүүр. Онон, тохсунньу кэннэ төрөөбүт тыһаҕас отчуоттанар сылы быһа ыатар, бородууксуйа биэрэр, үүт да туттарбатаҕын иннигэр бэйэтин хаһаайыстыбатыгар ыанан туһаны аҕалар, ону таһынан ыаллар субсидия ылбыт ынахха көспүт туҥуй сүөһүлэрин эккэ туттубаттар.

Тыа сиригэр 2020 сылга дылы дьон оҕолорун үөрэттэрээри, атын да наадаларыгар, ынах баайтаһыйда даҕаны туттан харчы оҥостор этилэр. Тыа сирин ол-бу араас кыһалҕата баара өйдөнөр. 2021 сылтан эрэ олохтоох ынах этин сайын, күһүн тутталлара лаппа кыччаабыта, субсидия ылбыт сүөһүлэрин дьон туттубатаҕыттан ааспыт сылга ыанар ынах төбөтө элбээбитэ ону да көрдөрөр.

2022 сылга ТХМ,  62 тыһыынча туоннаҕа үүтү тутар былаан тиэрдэн, 3 млрд. 100 мөлүйүөн үбүлээһини  көрдө, маны таһынан кэтэх ыаллар  үүт туттардахтарына, 1 киилэтигэр    10 солкуобай субсидия бэриллэр буолла.

ТХМ 2018- 2019 — 2020 сс. отчуотуттан көрдөххө, от ыйыгар диэри ортотунан ыанар ынах 65 эрэ %-на от ыйынааҕы  отчуокка төрөөбүтэ көстөр. 2021 сылга от ыйынааҕы отчуокка үүт саамай ыанар кэмигэр 67 %, оттон  2022  сылга 71% төрөөбүт диэн ТХМ отчуоттаабыт. Ол аата, төбө харчыта 2022 сыл тохсунньу кэннэ төрөөбүт элбэх ынахха төлөммөккө хаалар.

Үүт тутар сыахтар сүнньүнэн балаҕан ыйыттан тохтууллар. 2022 сылга 78 тыһ. ыанар ынахтан 39 тыһ. кэтэх ыаллар ыанар   ынахтарын  төбөтүгэр  35-тии тыһыынча субсидия  бэриллибит. Хаалбыт 39 тыһ. тэрээһиннээх уонна бааһынай хаһаайыстыбаларыгар, ТХМ отчуотунан, 71% төрөөбүт буоллаҕына, 27 тыһыынча 690 эрэ ынах төрөөбүт. Бу тэрээһиннээхтэр уонна бааһынай хаһаайыстыбалар ыанар ынахтарын ахсаана тахсар.

Кэтэхтэр үүтү туттарбаттарын, арай  аҕыйах улууска  үчүгэйдик үлэ барарын туһунан ТХМ  информациятыгар этиллэр.  Былырыын Үөһээ Бүлүү Ороһу нэһилиэгин баһылыга Антонов көҕүлээһининэн, кэтэх ыалы өйөөн урбаанньыты кытта кэпсэтэн, кэтэх ыаллар төбөҕө 35 тыһ.ылбыттарын кэннэ биир киилэ үүтү 30 солкуобайга туттартарбыта. Ол түмүгэр, кэтэхтэртэн 30 тонна үүт тутуллубута, манна даҕатан эттэххэ, үүт туппут  урбаанньыт министиэристибэттэн «Возмещение части затрат сырого молока» диэн ааттанан кэлэр үүт субсидиятынан туһамматаҕа. Бу сонун саҥа туһалаах мэхэньиисими ТХМ хабан ылан өйөөбөтөҕө өйдөммөт.

2021 сылга  республика үрдүнэн 70500 төбө ыанар ынах баарыттан  36 тыһыынча төбөҕө субсидия бэриллибитэ, ол  кэннэ хаалбыт тэрээһиннээх уонна бааһынай хайаастыбаларыгар 35 тыһыынча ыанар ынахтан ТХМ отчуотунан үүт саамай ыанар кэмигэр от ыйыгар 67 % ынах төрөөбүт буоллаҕына 23 тыһыынчаттан тахса ыанар ынахтан тэрээһиннээх уонна  бааһынай  хаһаайыстыбаларыгар үүт ыан туттарыллар курдук көстөр.

Дьиктитэ-дьээбэтэ киһи муодарҕыыра баар — онтон-мантан от таһан, кыстыгы нэһиилэ туораабыт 23 тыһыынча эрэ тахса тэрээһиннээх уонна бааһынай хаһаайыстыбалар төрөөбүт ыанар ынахтарыттан  хас биирдиилэриттэн ортотунан 2-лии тоннаттан тахса үүтү ыан, туттаран  2021 с. 57 тыһ. тонна үүт былаанын аһары  толорбуттара дьону саарбахтатар, үөһэ бэлиэтээн аһарбытым курдук, 2022 сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 78 тыһыынча ыанар ынахтан 39 тыһыынча кэтэх ыаллар ынахтарын  төбөтүгэр  35 тыһ. солк. бэриллибит. Онтон хаалбыт 39 тыһыынча тэрээһиннээх уонна бааһынай хаһаайыстыбаларыгар ТХМ отчуотунан 71 % төрөөбүт буоллаҕына, 27690 тыһыынча  эрэ  ынах  от ыйынааҕы отчуоттуур кэмҥэ төрөөбүт. 

ТХМ төһө даҕаны үүт былаанын тиэртин, соҕотуопка тэрилтэлэрэ сатабыллаахтык “иккилии туонна үүтү ыан” тиэрдиллибит былааны син биир толорон кэтэх ыалтан үүт туппут аатыран быйыл даҕаны 65-68 тыһ. туонна үүтү туппут курдук отчуоттуулларыгар саарбахтааһын суох буолуо да буоллар, айах муҥунан арыы суох буолла, сыаната үрдээтэ диэн бассаап нөҥүө дьон айдаарыа турдаҕа.

Сэбиэскэй бириэмэҕэ ынаҕы буоһатыы хампаанньата баар этэ. Бу сүрүн суолталаах тэрээһини СР миниистирдэрин сэбиэтэ анал дьаһалынан бигэргэтэр этэ. Райкомтан, райсоветтан, тыа хаһаайыстыбатын салалтатыттан сопхуос кииниттэн боломуочунайдар кэлэн, ынаҕы буоһатар ыстаныакка киллэрэн оҕуһу көҕүтэн, остуолба төбөтүгэр олорон иһиирэн көмөлөһөллөр этэ. Билигин бу боппуруоска СӨ бырабыыталыстыбата ураты болҕомтону уран, тыа нэһилиэктэригэр үрдүк хааннаах племенной оҕустары аҕалтаан, хас биирдии ынахтан иккилии-үстүү туонна үүтү ыырга нэһилиэк баһылыктарыгар, сүрүн эппиэтинэһи тиэрдэн туран сорудах биэрэн, ол туоларын хонтуруоллаатаҕына, элбэх үүт ыанан элбэх бородууксуйа оҥоһуллуон сөп.

Холобур, Балаҕаннаах нэһилиэгэ Уус Алдан улууһуттан Үлэ дьоруйа Михаил Николаевич Готовцевтан икки эдэр племенной оҕуһу эдэр фермер Петр Владимирович Кардашевскай аҕалбыта — биирэ бэйэтигэр, иккиһэ фермер Егоров Иван Алексеевичка тураллар уонна нэһилиэк кэтэх ынахтарыгар эмиэ үлэлииллэр. Бу оҕустар оҕолоро, сотору уруу-аймах буолан бардахтарына, атын сиргэ көһөн уларыйыахтарын наада. Бу племенной үлэни ТХМ көрөн-истэн, улуус нэһилиэктэрин кытары үлэлэһэн, племенной оҕустар кэлэллэрин быһаардаҕына, тыа сиригэр баар ынах боруодата хаан уларыйыытыттан тупсан, үүт-ас боппуруоһа эмиэ кэскиллээх буолуон сөп.

Түмүктээн эттэхпинэ, үүтү тутар-астыыр соҕотуопка тэрилтэлэрэ иккилии-үстүү нэһилиэктэри холбоон, тус-туһунан тэриллэн үүтү тутан бэйэлэрин истэригэр конкуренция баара буоллар, дьон ханна табыгастаах, түргэнник дьону кытта аахсар тэрилтэҕэ тиийэн, үүт туттарар интэриэстээх буолуо этилэр. Тыа хаһаайыстыбатын боломуочуйата 2011 сылга ТХМтан арахсан улуустарга бэриллибитигэр Үөһээ Бүлүү улууһун тыатын хаһаайыстыбатын департамена, үүт субсидиятын ол кэмҥэ үлэлии олорбут СПОК «Чолбон” тэрилтэҕэ үүт субсидиятын кини счетугар ыыппакка, нэһилиэктэргэ тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кооперативтарын тэрийэн, үүт субсидиятын онно ыытар гына балаһыанньа оҥорон, улуус мунньаҕар киллэрэн бигэргэтэн, баһылык Поскачин В.С. дьаһалын таһааран, саҥа сонун уонна туһалаах мэхэньиисими 2012 сылтан олоххо киллэрбитэ.

Манна даҕатан эттэххэ, 2012 сыллаахха 1 киилэ үүккэ бэриллэр соҕотуопка тутар сыаната 4 солк. этэ. Үүт субсидията СПОК «Чолбон» бэриллибэтэҕин быһыытынан, бу тэрилтэ аҥаардас 4 эрэ солкуобайга туппут үүтүн астаан, бородууксуйа оҥорон, ону батаран тэрилтэтин хааччыллыытын, дьонун хамнаһын төлөһөн, кэлин үүтү тутар сыаната 7-10 солк. буолбутугар ол суотугар 2015 сылга дылы үлэлээн олорбута. Ити сыллар усталарыгар СПОК «Чолбон» «Возмещение части затрат сырого молока» диэн ааттаах үүт субсидиятынан үлэлиир кэмигэр туһамматаҕа. Дьиҥэр, саамай табыгастааҕа мантан көстөрүнэн, үүт субсидията нэһилиэк дьаһалталарыгар анал счет арыллан кэлэрэ ордук буолуо этэ. Онтон үүт тутар соҕотуопкалыыр тэрилтэ, конкуренция баар буоллаҕына, тыа ынахтаах ыалыттан бэйэтэ кэлэн, этэргэ дылы эккирэтэ сылдьан үүтү тутар буоллаҕына, тыа дьоно ким табыгастааҕыттан көрөн үүт туттаран үп-харчы киллэриниэ этилэр.

Үөһээ Бүлүү улууһун  Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга,

СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ СТЕПАН ДМИТРИЕВ

«Кыым» хаһыат сайтыттан:

https://kyym.ru/sonunnar/tya-sire/9703-yanar-ynakh-kharchyta-sylga-ikkite-t-l-n-r-t-nn-khteekh

От adminNB

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *