ҮҮТТЭРИН ЫТЫНАН СОСТОРОН

Урукку архыыптарбын хасыһа сылдьан итинник ааттаах кыра, 20-чэ сыллааҕыта суруйбут ыстатыйабын булан аахтым.
Онно кыыһым Мэҥэ Бүтэйдээҕин уолугар ойох тахсан көрсүһүүгэ сылдьыбыт эбиппин. От ыйын ортотун ааһыыта.
Көрсүһүү сарсыҥҥы күнүгэр төннөрбүтүгэр Бүтэйдээх кытыытыгар арыы сыаҕын таһыгар кыра-улахан тыраахтардар, кэлээскэ матассыыкыл бөҕө тоҕуоруспут этилэр. Онуоха бу үлүгэр от үлэтин үгэнин саҕана үксэ эр дьон бөтүөннээх үүттэрин астатан баран күөх үүттэрин ылаары бириэмэ бөҕөлөрүн сүүттэрэллэр эбит дии санаабытым.
Салгыы Өлөчөй дэриэбинэтигэр тииийбиппитигэр биир эдэрсин дьахтар бөтүөннээх үүтүн кыра оҕо кэлээскэтин курдук тэрилгэ ууран баран, ытынан состорон, тэйиччи көстөр арыы сыаҕын диэки баран эрэрэ. Ыта сайыҥҥы куйааска тылын былас таһааран дьүккүйэн аххан иһээхтиирэ. Кэнниттэн дьахтар сүүрэ-хаама былаастаан дэгэйэн иһэрэ.
Итинтэн ааҕан бараммын дьон, ордук 1-2 ынахтаахтар, үүтү туттарбат сүрүн биричиинэлэринэн ити, биир эбэтэр бөтүөн быһаҕаһа үүттэрин арыы сыаҕар илдьэн уочараттаан астатан, күөх үүттэри ылаары кэтэһэн, бириэмэ бөҕөлөрүн сүүттэрэллэрэ буолар эбит диэн түмүккэ кэлбитим. Аны эр дьон оттуу бараннар, ыксаан, ити дьахтар ытынан состороохтуур буоллаҕа.
Ити барыта үгүс улуустарга соҕотуопсуктар үүтү кииннээн тиэйтэриини тэрийбэттэригэр сытар быһылаах. Оннооҕор Уус-Алдан Арыылаах дэриэбинэтиттэн төрүт даҕаны үүтү туппаттар, таспаттар диэн миэхэ биир киһи эрийбитэ. Бүлүү да эргин таһыы-тиэйии соччо тэриллибэт, онон туттарбат ыал аҕыйаҕа суох буолуон сөп. Ол даҕаны иһин кинилэр дэлби үөһээ туруорсаннар, тылларыгар киллэрэн ити кэтэхтэртэн үүтү туппакка, ынах төбөтүгэр 35-тии тыһ солк биэрии омсолоох дьаһала таҕыста быһылаах. Ордук Үөһээ Бүлүү Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга Дмитриев С.В. диэн киһи 35 тыһ барыстааҕын туһанан бассаабы толордо.


Онтон бэйэ астыаҕынааҕар үүтү туттарыы быдан судургу, барыстаах буолара чуолкай. Холобур 1 киилэ ынах арыыта 24 киилэ үүттэн кэлэр. Ону 60 солк туттаран 1420 солк аахсан 2 киилэ бэлэм арыыны таһынан төһө эмэ үүт, атын да аһы, малы атыылаһыаххын сөп. Онтон ити 24 киилэ үүтү хаһаайка үүтүн сылытан, сэппэрээтэр иитэн-сууйан, сүөгэй ылан, ону иирдэн, арыы оҥорон таптайан бэлэмнииригэр төһө сыралара, күннэрэ бараныай? Чэ, баҕар, бэйэлэрэ астаатынар даҕаны. Саамай уустуга батарыытыгар, астааһыныгар сытар. Тыа сиригэр, үп-харчы кэмчи. Онон мээнэ атыыласпататтар. Син элбэх ыал бэйэлэрэ сүөһүлээхтэр. Аны туран, үнүр суруйбутум курдук, биһиэхэ Чурапчыга кэпэрэтиип этэ-арыыта, үрүҥ аһа маҕаһыыннарга толору тардыллан турар. Манна эбэн кэтэх ыал санитарнайга көрдөрбөккө быһа атыылыыра сокуонунан көҥүллэммэт. Барыта сэрэнэн, уора-көстө оҥоһуллар. Ол төһө сөбүй?


Ол түмүгэр быйыл олохтоох ынах арыыта биллэ аҕыйыыра чуолкай. Холобур биһиэхэ «Чурапчы» ТХПК-ҕа былырыын баччаларга 100 тонна арыы баара, быйыл 30 эрэ тонна хаалбыт. Покровскайга бэлиэр бэйэ арыыта атыыламмат буолбутун, бу кэмҥэ «Хаҥалас-Ас» ааспыт сыл 17 тонна саппаастааҕа быйыл төрүт суоҕун туһунан суруйбуттарын ааспыт сырыыга ахтан турабын. Маннык балаһыанньа сир аайы үөскээтэҕэ.
Олохтоох арыы биллэрдик аҕыйаабыта саарбах хаачыстыбалаах кэлии пальмовай арыы элбииригэр, сыана үрдүүрүгэр, астыыр-үөллүүр салаа үбэ-харчыта аччыырыгар олук буолара туох да мөккүөрэ суох. Үүтү туттарбат буолуу кимиэхэ барыстааҕый? Ол, биллэн турар, 1-2 ынахтаах үүт туттарбат ыалларга эрэ ордук бөҕө. Онтон кинилэр ахсааннара сүөһүлээх ыал 10-15 %-тан ордубаттара буолуо диэн сырыы аайы суруйабын. Кинилэр да туттарыахтарын үксүлэрэ таһыыта эрэйдээҕиттэн аккаастанар буоллахтара.
Үүт таһыыта биһиэхэ Чурапчыга хайдах тэриллэрий? Хара маҥнайгыттан «Чурапчы» кэпэрэтиип таһар дьону, тиэхиникэни булан бэйэтэ тэрийэр. Үүт туттарааччы сарсыарда аайы ыабыт бөтүөннээх үүтүн олбуор утары уулуссаҕа таһааран анал эстакаадаҕа уурар. Ону кэлэн тиэйэн бараллар, киэһэлик ол бөтүөҥҥэр күөх үүккүн аҕалан хааллараллар. Олус судургу, эрэйэ суох. Кыһынын ыраах сирдэртэн тоҥ үүтүнэн туталлар. Эбэтэр чугастааҕы дэриэбинэлэртэн үүт тутар пууннарга илдьэн ыйатан туттараллар. Онон кэпэрэтиип сылы эргиччи үүтү тутар. Ким да үүтүн арыы сыаҕар илдьэн эрэйдэммэт, бириэмэтин сүтэрбэт. Тиэхиникэтэ суох буолан ытынан состорбот.


Түмүгэр өссө төгүл хатылыыбын. Үүтү туттарар 2-2,5 төгүл барыстаах. Ону таһынан бириэмэн барбат. Онон бу ЛПХ-тан үүтү туппат буолуу барыбытыгар, сүөһүтэ да суохтарга, ордук астыыр-үөллүүр тэрилтэлэргэ охсуулааҕын өйдүөххэ баар этэ. Ол кэннэ быйылгыттан бу дьаһалы тохтотуохха диэн өссө төгүл туруорсабын.


Уйбаан Пономарев.
Чурапчы.

«Кыым» Сурук киирдэ

От adminNB

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *