Уус Амма нэһилиэгэр журналистскай десант оҥоро сылдьан, элбэх туруу үлэһит дьону кытта кэпсэттибит.
Бу нэһилиэк биир уратыта – эр дьоно чөл туруктаахтара буолар, киһи киэн туттар бииртэн биир дьоһун эр дьону бэлиэтиэххэ сөп
Онтон биирдэстэрэ сүрдээх сэмэй көрүҥнээх, ордук хос саҥата суох, лоп бааччы, сиртэн чиҥ тирэхтээх, киһи эрэ ытыктыы көрөр эдэр киһитэ, баара суоҕа 38 саастаах, бааһынай хаһаайыстыбалаах Семен Семенович Хоютанов.Кинилиин кэпсэтиибитин саҕалыыбыт.
Семен Семенович, хас сыллаахтан бааһынай хаһаайыстыба тэриммиккиний?
— 2016 сылтан.
Бэйэҥ күүскүнэн тэринниҥ дуу, судаарыстыба көмөтө олук буолла дуу?
— 2017 сылга Начинающий фермер бырагырааммаҕа киирэн, гран ылан, техникабын онно ылыммытым.
Дьэ ол кэнниттэн биэс сыллаах үлэ ситиһиитэ туохханый?
— Бастатан туран, ынах сүөһүм ахсаанын 50-ҥа тиэртим, 20-н тахса ыанар ынахтаахпын.
Бу сүөһүлэри кыһыннары –сайыннары биир өрөбүлэ суох көрөргө, иитэргэ үлэһит наада буолуо? — — -Суох, барытын бэйэм кыһынын соҕотоҕун көрөбүн. Сайынын ынах ыырга балыстарым, бырааттарым куораттан кэлэн, көмөлөһөллөр.
Оттуургар көмө наадата чуолкай?
-Оннук бөҕө. Миэхэ табаарыспынаан икки көмөлөһөөччүлээхпин лиэхпин сөп.
Сайын устата уопсайа хас туонна оту оттоотоххутунан кыһыны туоруугут?
-100-н тахса туонна от тиийэр.
Атыыга оттуугут дуу?
-Суох, оннук атыыга анаан оттообоппут эрээри, наадыйбыт, кыһалҕатыйбыт дьоҥҥо атыылыыбын.
Ынах сүөһү кэннэ сылгыны тутаҕын дуу?
-Аҕыйах сылгылаахпын.
Дьэ сыл устата хас туонна үүтү туттараҕын?
-Сыл устата 36 туонна кэриҥэх үүтү туттардым, онтон сайынын 20-н тахса туоннаны.
Оччотугар кыһынын ынахтаргытын уолларбатыгыт?
-Суох, уолларбатыбыт. Баай ас кооперативын собуота кыһыннары үүт тутан, абыраата.
Ынахтарын төрөөн эрэллэрэ буолуо?
-Аҕыйах. Билигигн 4 ынах төрөөтө. Мантан саас элбиэҕэ.
Ынахтарыҥ тыыннаах кыыллар син доруобуйа өттүнэн кыратык да буоллар айгырыыллара баара буолуо?
-Баар бөҕө буоллаҕа, ол эрэн бөһүөлэккэ бэтэринээрдээхпит, онон эмтэтэбит.
Оччотугар үлэлээҥҥин дохуот аахсарыҥ үүтүҥ эбит.Эн үлэһит буолан туран, дохуоккун, барыскын, ороскуоккун ааҕынан эрдэҕиҥ. Онно син барыска тахсаҕын дуу?
-Барыстаах буолан , үлэлииргэ интэриэс баар буоллаҕа.
Сылынан бьылаан оҥосторуҥ буолуо. Быйылгы былааныҥ?
-Сылтан сыл төрүөх эбиллэр, онон ыанньык ынахтарым ахсааннарын элбэтиэхпин баҕарабын.
Дохуот аахсаргар биир саамай быһаарыылааҕа үүтүҥ сыата буоллаҕа. Былырыын, быйыл хаска тэҥнэстэ?
-4-4.5-5 буолар.
Дьэ, аны дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ эрэ.
-Ыалбын. Кэргэним оскуолаҕа саха тылын учууталынан үлэлиир. 4 оҕолоохпут. Икки кыыс уонна икки уол.
Дьэ оччоҕо тыа сиригэр олорор табыгастаах диир буоллаҕыҥ.
-Дьиэ-уот, кэргэн, оҕо-уруу, сөптөөх дохуот.
Оттон оттуур сириҥ барыта бэйэҥ бас билиигэр баар дуо?
-Сороҕо дьоммуттан хаалбыт оттуур сирдэр, бэйэм бас билиибэр бааллар. Ыраах үс көстөөх сиринэн арендаҕа сирдэрдээхпин.
Сайынын от оттуурга ардаабатаҕына төһө өр оттуугун?
-Дьыл этэҥҥэ буоллаҕына үс нэдиэлэ курдугунан син чөмөхтүүбүт. Ол эрэн ардаатаҕына тардыллабыт.
Сорох дьону кытта кэпсэттэххэ, рулон от илиинэн кэбиспиттээҕэр хаачыстыбата мөлтөһүөр дииллэр. Эн санааҕар?
-Мин санаабар, от оттонор кэмигэр хаачыстыбатыттан тутулуктаах. Сииктээхтик хомуйдахха рулонуҥ ла, кэбиһиилээх да отуҥ сытыйар буоллаҕа, онон итинник этэллэрин кытта сөбүлэспэппин.
Дьиҥ хара көлөһүҥҥүнэн үлэлээн, аскын-үөлгүн булуна сылдьар киһи туох ыарахаттары көрсөҕүн? Сахабыт өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын, Ил Түмэн дьокутааттарын болҕомтолоругар тиэрдиэҕи тугу этиэҥ этэй?
-Билигин өртөөһүн бобуллан, сир-дойду дулҕанан бүрүлүннэ, ходуһа , мэччирэҥ сирэ аччаата. Ордук сылгыга куһаҕан. Күһүнүн тымныыга уойан-тотон киирбэт, онон кыһын эстэн , мөлтөөн хаалар. Инньэ гынан хотоҥҥо турар ынах курдук эмиэ аһылыкка киирэр кыһалҕата үөскүүр. Дьиҥинэн, кини айылҕатынан өҥ, мэччирэҥ сир баара буоллар олус оҕустарыа суохтаах этэ. Онон былыргы өбүгэлэрбит курдук, сирбитин бэйэбит өртөөн, ыраастаан иһэрбит буоллар, сылгыбыт туруга тупсуо , ахсаана элбиэ этэ. Онон туруорсуум- өртөөһүнү көҥүллээһин.
Дьэ онон билигин бэйэ иҥэмтэлээх аһын дэлэтиҥ диэн этиллэр кэмҥэ, атын дойдулартан кэлэр аһы солбуйар аһы дэлэтии (импортозамещение) ирдэбилигэр тыа сирин олохтооҕо биир саамай улахан кыһалҕатынан сири оҥоруу, өртөөһүн хайаан да көҥүллэниэн наада диэн эппитин хаһыат нөҥүө Сахабыт сирин бырабыыталыстыбатыгар, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үлэһиттэригэр, Ил Түмэн дьокутааттарыгар тиэрдэбит, болҕомтоҕо ылыахтара диэн эрэлбитин биллэрэбит.
Анна Посельская
Таатта ъаһыат сайтыгар 2023 с. кулун тутар 17 к. : https://xn--80aaa3eca.xn--p1ai/article/92549