Эмис нэһилиэгин олохтооҕо, элбэх оҕолоох ийэ Матрена Тимофеева оҕуруотун рассадалара ситэн ырааттылар. Дьон-сэргэ номнуо сакаастаһан олорор. Уопуттаах оҕуруотчут быйыл дьэ тугу үүннэрэр былааннааҕый, туох сүбэлэрдээҕий?

“Хаһан да буоларын курдук көрүҥнэринэн көрөн сиэмэлэри олунньу ый ортотуттан саҕалаан буорга уган барабын. Теплица иһигэр олордор көрүҥнэрбин перец, помидор, оҕурсу олордуталаабытым.

Хаппыыста рассадатын таһырдьа туруорбутум нэдиэлэ буолла. 500 ук июньскай, 500 ук хойут ситэр хаппыыста рассадалаатым.

Түүнүн лутрасил диэн сылааһы тутар матырыйаалынан сабабын.

Быйыл атырдьах ыйа олус ардахтаах буолар диэн сабаҕалыылларынан, хаппыыстаны

элбэҕи олордор былааннаахпын.

Урукку да сылларга 100-120 кочаны олордорум. 400 устуука курдук хортуоппуй рассадатын закаляйдыы сылдьабын, түүнүн теплицаҕа киллэрэбин. Билигин дьон перец, помидор, оҕурсу рассадатын ылан олордо сылдьаллар. Хаппыыстаны сирдэрэ бэлэм буоллаҕына ылааччылар.

Аны арыый атын үүнээйи диэн кукуруза олорпутум былырыын, уктан үстүү початок ылбытым. Онон быйыл эмиэ рассадалаатым.

Быйыл помидор ардахха куоппаһырбакка аһа мөлтөх буолуо, ол оннугар таһырдьа үүнэр оҕурсу бэркэ астанара буолуо дии саныыбын. Үүнээйини сиир үөннэртэн харыстыыр сыаллаах “Горчичный жмых” туттабын.

Олус бэртээхэй, көмөлөһөр. Быйыл патиссон, дыня боруобалыам, сэҥээрдэхпинэ эһиил нэһилиэнньэҕэ рассадалыам.

Билигин үүннэрэр, туруорар сирим кыараҕас курдук. Онон инникитин өссө кэҥэтэн, доруобай, элбэх көрүҥ үүнээйи рассадатын элбэтэр баҕа санаалаахпын. Тыа сирин олохтоохторо сайыҥҥы кэмҥэ оҕолорун оҕуруот үлэтигэр сыһыаран сир ийэттэн өлгөм үүнүүнү ылалларыгар, байылыат, дэлэгэй сандалылаах буолалларыгар баҕарабын. Ону сэргэ сайын куораттан дэриэбинэҕэ сайылыы тахсар дьоҥҥо оҕуруотунан дьарыктанар, бэйэ туһалаах, битэмииннээх аһын олордон ылар эмиэ туһалаах буолуо этэ дии саныыбын”, — диэн Матрена Николаевна санаатын үллэһиннэ.

Оҕуруот аһын сэргэ Матрена Николаевна өссө сибэкки арааһын олордон, сайын устата ол сибэккилэрэ олбуорун иһин киэргэтэллэр, дууһатын сынньаталлар.

Амма олоҕо сайтыттан: https://амгагазета.рф/article/97445

От adminNB

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *