Бүгүн, ыам ыйын 20 күнүгэр, “Дьоҕус уонна орто урбаан итиэннэ урбаан саҕалааһынын өйөөһүн” национальнай бырайыак “Дьоҕус уонна орто урбаан субъектарын тэтимнээхтик сайыннарыы” эрэгийиэннээҕи бырайыагын пиэримэрдэри уона тыа сирин кэпэрээссийэтин гранынан өйүүр “Агростартап” куонкуруһун түмүгэ тахсан, кыайыылаахтар билиннилэр.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ куонкуруска кыттыан баҕалаахтартан сайаапкалары б.дь. кулун тутар 30 күнүттэн муус устар 29 күнүгэр диэри туппута. Барыта 158 сайаапка киирбититтэн сүүмэрдиир хамыыһыйа көрүүтүгэр 125 бырайыак аһарыллыбыта. Куонкурус хамыыһыйатыгар чунуобунньуктар эрэ буолбакка, уопсастыбаннай сэбиэттэртэн бэрэстэбиитэллэр эмиэ үлэлииллэр. Онон, грант үбүн анааһын, үллэрии аһаҕастык барар. Бу хайысхаҕа быйылгы бүддьүөккэ 61,6 мөл. солкуобай көрүллүбүтэ, мантан 45 мөлүйүөнэ – федеральнай хааһына үбэ.
Итиччэ үбү 18 кыайыылаахха үллэрдилэр. Пиэримэр ханнык салааҕа үлэлиириттэн уонна төһө сүөһүнү-сылгыны тэнитэр былааннааҕыттан тутулуктанан, өйөбүл кээмэйэ арыттаһар: саамай кырата – 1,8 мөл. солкуобай, улааппыта – 5 мөл. солкуобай. Үгүстэр бырайыактарын олоххо киллэрэллэригэр 3-4 мөл. солкуобайга суоттаналлар эбит. Граҥҥа тиксибиттэр 13 улууска, ол иһигэр 4 хоту эҥээргэ, үлэлииллэр. Кыайыылаахтартан үгүстэрэ, үгэс курдук, ынах сүөһү уонна сылгы иитэр пиэримэрдэр. Тигээйи мүөтүнэн уонна үүттэн-эттэн астааһынынан дьарыктанааччылар эмиэ бааллар.
Хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ, тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Афанасьев быйылгы куонкуруска кыттааччылар истэригэр эдэр дьон элбээбиттэрин уонна тыа сиригэр дьиҥ-чахчы үлэлиирдии тэриммиттэрин тыа хаһаайыстыбатын өрө көтөҕөргө, тыа сиригэр ыччаты олохсутарга үтүө чинчи быһыытынан бэлиэтээтэ. “Ол гынан баран, үбүлээһин кээмэйэ баҕалаахтарга барыларыгар тиийбэтэ хааччахтыырга күһэйэр. Харчы дэлэйэ буоллар, барыларын даҕаны өйүүрү сириэм суох этэ. Инникитин дьокутааттарбытын кытта чопчу маннык хайысхаларга үбүлээһин кээмэйин улаатыннарыыга үлэлэһиэхпит”, – диэтэ Николай Степанович.
Санатан суруйдахха, “Агростартап” куонкурус 2019 с. саҕаламмыта. Ааспыт үс сылга 113 саҥа тэриллибит бааһынай хаһаайыстыбата грант үбүнэн туһанна.
“Агростартап” иннинэ “Дьиэ кэргэн пиэримэтин сайыннарыы” гранын кыайыылаахтара биллибиттэрэ. Бу хайысхаҕа бүддьүөттэн 144,2 мөл. солк. кээмэйдээх үбүлээһин көрүллүбүтэ, итинтэн 119,5 мөлүйүөнэ федеральнай хааһына үбэ. Куонкуруска 41 сайаапка киирбититтэн хамыыһыйа көрүүтүгэр 37 бырайыак ааспыта. Сүүмэрдээһин түмүгэр 13 кыайыылаах быһаарылынна. Грант кээмэйэ эмиэ хаһаайыстыба үлэтин хайысхатыттан уонна бизнес-бырайыагыттан тутулуктаах. Кыччаабыта – 4,5 мөл. солкуобай, оттон өрдөөҕүттэн сүөһү иитэр бааһынай хаһаайыстыбалар 15-тии мөлүйүөҥҥэ тиийэ ылыахтара. Быйылгы кыайыылаахтартан 3-түү хаһаайыстыба сылгы иитиитинэн уонна сир үлэтинэн дьарыктаналлар. Онтон ордубут 7 бааһынай ынах сүөһүнү иитиигэ идэтийэр. Кинилэр ортолоругар Михаил Михайлов (Чурапчы, Одьулуун) уонна Александр Попов (Сунтаар, “Лоҥкур” бааһынай хаһаайыстыба) курдук уонунан сылларга бэйэлэрин көрдөрбүт уопуттаах пиэримэрдэр бааллара кэрэхсэбиллээх.
Эмиэ бу күннэргэ биир суолталаах куонкурус түмүгэ таҕыста. Тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтииптэрэ хотон, сайылык уонна хортуоппуй, оҕуруот аһын уурар-харайар эбийиэги туттубут итиэннэ саҥалыы сөргүппүт ороскуоттарын үбүнэн хааччыйарга өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн 2022 сылга 48 мөл. 560 тыһ. 300 солкуобай угуллубута (бу өрөспүүбүлүкэ бэйэтэ көҕүлээн үлэлэтэр бырагыраамата). Куонкуруска 15 кэпэрэтиип сайаапка киллэрбититтэн 2 эрдэ сыыйыллыбыта. Төрүөтэ: бырайыагынан көрдүүр суумаларыттан 10 бырыһыантан итэҕэһэ суох суумата бэйэлэригэр баарын бигэргэтэр докумуоннара суоҕа.
Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Прокопий Николаев бэрэссэдээтэллээх хамыыһыйа киирбит бырайыактары көрөн уонна куонкурус кыттааччыларын сирэй истэн баран, 7 кэпэрэтииби кыайыылааҕынан ааттаата. Балартан түөрдэ хотон туттубут ороскуоттарын толуйарга ыллылар: Бүлүү улууһун Тылгыны нэһилиэгэр тэриллибит “Мулу” тыа хаһаайыстыбатын потребительскай хааччыйар кэпэрэтиибэ 9,9 мөл. солк., Ньурба улууһун “Маалыкай” ТХПК 10 мөл. солк., Нам Үөдэйигэр үлэлиир “Сайдыы” ТХПК 9 мөл. солк. уонна Сунтаар улууһугар Аллаҥаҕа “Тэрис” нэһилиэктээҕи сүөһү иитэр потребительскай кэпэрэтиибэ 7,4 мөл. солк. кээмэйдээх субсидия үбүнэн ороскуоттарын оһорунуохтара.
Сайылык тутуутугар хара маҥнайгыттан 2 бырайыак киирбитэ иккиэн аастылар. Үөһээ Дьааҥыга Верхоянскай куоракка баар “Полюс холода” ТХПК
өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр. Үүтү тутар уонна астыыр тэрилтэ бэйэтэ сүөһүлээх. Кэпэрэтиип сайдыытын мэктиэлиир сүөһү иитиитин салаатын өйүүр туһуттан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 3 мөл. солк. кэриҥэ кээмэйдээх көмө үп тиийиэҕэ. Иккис сайылык Нам улууһугар Модукка “Саха” ТХПК-гэр тутуллубутун ороскуотун толуйарга 1,3 мөл. солкуобайы биэрэри хамыыһыйа биһирээтэ.
Сэттис эбийиэк – хортуоппуйу, оҕуруот аһын уурар-харайар тутуу,
Хаҥалас улууһугар Нөмүгүгэ “Якутские продукты” ТХПК тутунна. Өйөбүл кээмэйэ 7,9 мөл. солкуобайга тэҥнэһэр.
Василий Никифоров.
«Улус Медия» сайтыттан: https://ulus.media/article/57336