Чурапчыттан Иван Петрович Пономаревтан ватсабынан кэллэ…

«БАДАРААН» ҮҮТ.

Сахабыт сиригэр сылга 26 млд.солк. суумалаах тыа х-тын бородууксуйата оҥоһуллар дииллэр.Итинтэн улахан аҥарыттан ордуга,кырата 70-80 %-на эт,үүт оҥоһуута ылара чахчы буолуо. Онтон итинтэн эмиэ аҥарыттан ордуга үүттэн киирэрэ эрэбил.Онон,сорохтор утардаллар даҕаны, биһиэхэ т/х-гар үүтү оҥоруу сүрүн үлэ,бородууксуйа буолар.
Оҕоҕо иһэрдэртэн,чэйи үүттүүртэн,араас аска туттартан саҕалаан биир да ыал үүтэ суох табыллыбат ини.
Онтон биһиэхэ үүт-эт аҥарын кэриҥин кэтэх ыаллар оҥороллор.
Ол эрээри,ордук кэннэки сылларга,үүт элбиирэ туһата суох диэбиттии,кэтэхтэр ынахтарын төбөтүгэр 35-37 тыһ.солк.биэрэн баран үүтү туппат кэриэтэ бэлиитикэ барда.
Биир тылынан,саамай аҕыйах ороскуотунан уопсай үүт-эт аҥарын курдугу оҥорор кэтэх ыаллары бары өттүнэн кыһарыйыы,күөмчүлээһин күүһүрэн иһэр.
Ол курдук тэлгэһэҕэ өлөрүллүбүт сүөһү этэ атыыланара бобулунна.Илиинэн ыаммыт үүт тутуллуо суохтаах диэн буолан эрэр.Ынахтарын кэпэрэти ипкэ киирдэхтэринэ,уопсай хотоҥҥо туруордахтарына эрэ үүттэрэ тэрээһиннээхтэри кытта тэҥ сыанаҕа тутуллуохтаахҕын курдук ирдэбил турда.
Ону таһынан сорохтор чааһынайдар үүттэрэ кирдээх,хотон(саах) сыттаах, өссө биир биллэр киһи тылын быыһыгар «пахай ол кэтэхтэр үүттэрэ «бадараан» буоллаҕа диэн этитэлээн ылар.
Мантан сиэттэрэн мин,кылгастык үүт соҕотуопкатын историятын хабан,хайа үүт ордугар,иҥэмтэлээҕэр,мингьигэһигэр санааларбын тиэрдэргэ соруннум.Ол иннигэр…

ҮҮТ ХАҺААҤҤЫТТАН СОҔОТУОПКАЛАНАР?

Былыр саха баайдара сэппэрээтэр суоҕар саха ынаҕын үүтүн туос чабычахтарга кутан, сөҥөрдөн баран, сүөгэйин холбуйан ылан арыы оҥорон мунньан,ыраах сирдэринэн илдьэн эргинэллэрэ.Онно кинилэр бэйэлэрэ буолбакка,үксүн ынахтарын төһө эрэ муунта,буут арыыга уостаан атын ыалларга ииттэрэллэрэ.Холобур Манчаары саҕана биһиги Кытаанахпыт Тандатыгар Туһалыыр /Местников/ диэн баай 1000 сүөһүлэнэ сылдьыбыт.Кини Манчаарыттан куттанан чуолҕаннардаах 2 этээстээх ампаара билигин даҕаны Баҕах диэн сиргэ сууллубакка турар.Өрөбөлүүссүйэ эрэ иннигэр олорон ааспыт Кытаанах сис баайа П.Собакин-Баайка Баһылай суол турдаҕына кыһын аайы элбэх көлөнөн эт-арыы тиэйэн Алдаҥҥа тиийэ илдьэн атыылаан кыһыл,үрүҥ көмүс манньыакка кубулутан аҕалара үһү.
Сэрии иннигэр-кэннигэр колхуостартан,чааһынай ыаллартан булглччулаах нолуок быһыытынан дьэнкир,ууллубут арыыны туталлара.
Үүтүнэн тутуу сопхуостар тэриллиэхтэриттэн саҕаламмыта.Онтон кэтэх ыаллартан үүтү тутуу 1977 сыллаахтан биһиги Чурапчы Кытаанаҕыттан саҕаламмыта диэхпин сөп.Мин ол саҕана нэһилиэккэ сэбиэттиирим.Онно биһиги нэһилиэк чааһынай ыаллартан ордор үүтү хомуйууга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыҥырыы таһаарбыппыт.Элбэх тэрээһин,өйдөтүү үлэни ыыппыппыт.Биир И.Е.Парфенов диэн киһини «Шасси» тыраахтардаан үүтү хомуйууга туруорбуппут.Кини сарсыарда аайы ыаллары кэрийэн, молокомерынан кээмэйдээн,биэдэрэ аҥара да буллар тутан бөтүөннэргэ кутан сыахха илдьэн туттарара.Оччолорго ыал үксэ сүөһүлээҕэ даҕаны 1-2,үллүбүтэ 3 ыанардаах этилэр.Ол саҕана киилэ үүтү 30 харчыга туттараллара.Онтон сэлээркэ 20 харчы этэ.Оччотугар билигиҥҥи сыананан 105 солк.тэҥнэһэр эбит.Оо! билигин үүтү ити сыанаҕа туталлара буоллар дьон барахсаттар төһө эрэ сүөһү ииттэ сатыыллар этэ.Ол биһиэхэ билигин «табыллыбат» буоллаҕа.
Бээ,туораары гынным.Ол сыл биһиги кытаанахтар ыҥырыыбытын чиэстээхтик толорон,былааммытын аһаран хайҕаммыппыт.Арааһа,онтон ыла мин үүт соҕотуопкатынан ыалдьабын быһылаах.
Онон биһиги диэки чааһынайдартан үүтү соҕотуопкалааһын саҕаламмыта 55 сыла буолбут эбит. Онтон…

ХАЙА,КИМ ҮҮТЭ ОРДУГУЙ?

Иҥэмтэтинэн,доруобуйаҕа туһалааҕынан.Илиинэн ыаммыт кэтэхтэр,эбэтэр киһи илиитэ таарыйбатах,нууччалыы,молокопроводынан ыаммыт үүт дуу? Биллэн турар,массыынанан ыаммыт,собуокка астаммыт үүт ырааһын,амтана ордугун ким да мэлдьэспэтэ буолуо.Аныгы үйэҕэ ханнык даҕаны аһы амтанын тупсарары,араастаан хиимийэлээн болдьоҕун уһатары сатыыр бөҕөлөр.
Собуокка оҥоһуллубут аҕыйах күн болдьохтоох пастеризованнай үүт улахан кыраадыска диэри сылытыллан оҥоһуллубута син балачча иҥэмтэлээх буолуон сөп.Онтон 6 ыйга тиийэр стерилизованнай үүт 140 кыраадыска диэри оргутуллан оҥоһуллубут буолан үгүс битэмииннэрин сүтэрбит «мертвое молоко» дииллэр эбит.
Онон бу үүттэр амтаннара үчүгэйин иһин иҥэмтэлэрэ,кыра буолаллара саарбаҕа суох.Маннык үүттэр биһиэхэ Саха сиригэр оҥоһуллубаттарын кэриэтэ.Тоҕо диэтэххэ атыттарга тэҥнээтэххэ усулуобуйабыт уустуга,атына бэрт.Киэн сиринэн ыһыллан олорор кэтэхтэр,бааһынайдар,КП-лар да үүттэрин сайыҥҥы куйааска араас сирдэртэн хомуйан астыыр сиргэ тиэрдиюххэр диэри кислотнаһа эҥин үрдүүрэ баар бөҕө буоллаҕа.Онон биһиги үүппүтүттэн үксэ арыы уонна араас үүт бородууксуйалара эрэ оҥоһуллаллар.Олорун ити «өлбүт»үүттээҕэр иҥэмтэлэринэн,туһаларынан быдан ордуктарыгар ким да мөккүспэт ини.
Онтон ити билигин олуһун дэлэйбит «Молочный дождик» диэннээҕэр ырааҕынан ордук буоллаҕа.Итиннэ үүт сыта да суох,пальмовай арыы бороһуогуттан оҥоһуллубут көннөрү утах дэнэр үһү.Ити «үүт» пакетын таһыгар аҥар өттүгэр сахалыы «13 саастарын туола илик оҕолорго көҥүллэммэт,аҥар өттүгэр нууччалыы «не рекомендуется детям до 3-х лет»диэн сурулла сылдьар.Тоҕо сахалыытыгар,нууччалыытыгар 10 сыл уратылааҕын төрүт өйдөөбөтүм.Тоҕо буолуой?
* * *
Онтон илиинэн да ыаннар кэтэх ыал хотонтон ыан киллэрээт тута,эбэтэр сайынын сөрүүн умуһахха,холодильникка хоннорбут үүтүн сылытан сэппэрээтэрдээбит сүөгэйэ,арыыта,күөрчэҕэ ,үрүҥ аһа собуот киэнинээҕэр быдан минньигэс буоларыгар утарар киһи суох ини.
Ол кэннэ илиинэн ыаммыт үүт кирдээх,саах сыттаах,»бадараан» буоллаҕа диэн аһара түһэрэр,сиргэнэр төрүт сыыһа.Тиэхиникэ сайда илигинэ аан дойдуга барытыгар,үксүгэр билигин даҕаны дьон-сэргэ илиинэн ыаммыт үүтүнэн аһаан-сиэн кэллэҕэ даҕаны оннук үүттэн сүһүрбүт, ыалдьыбыт түбэлтэни истэ иликпин.
Үүт үксэ сайыҥҥы кэмҥэ титииктэргэ ыанар.Онон саах сыттаммата чахчы.Биирдиилээн эмэ түбэлтэлэр баар буолурхтарын сөп эрээри,дьону барыларын кирдээхтик ыыллар диэн хоруотуур сыыһа.Ама хайдах бэйэлэрэ аһыыр,атыылыыр бородууксуйаларыгар кыһаммат буолуохтарай.
Өссө төгүл хатылыыбын. Ити 140 кыраадыска тиийэ оргутуллан үгүс туһалаах эттгиктэрин,битэмииннэрин сүтэрэн «өлбүт», эбэтэр ити этэллэринэн үүт сыта да суох, оҕолорго кутталлаах «Молочнай дождиктааҕар» бэйэ чааһынай ынах үүтэ иҥэмтэтинэн быдан ордук буоллаҕа диибин. Онно утарсар киһи баар дуо?

ТҮМҮК

.
Манан мин сүөһү үлэтигэр механизация киириитин, дуойканан ыаһыны төрүт утарбаппын. Ол киирэрэ сөп бөҕө. Ол эрээри, омуктары үтүктэн, илиинэн ыаммыт үүт тутуллуо суохтаах диэни төрүт утарсабын. Чааһынай үүтэ иҥэмтэтинэн, киһи доруобуйатыгар туһалааҕынан собуот үүтүнээҕэр быдан ордук диэн өссө төгүл бигэргэтэбин.
Ол иһин ыаллар/хаһаайкалар/ эһиги ыарахан сыанаҕа «өлбүт», эбэтэр оҕолорго иһэрдэр көҥүллэммэт «Дождик…» утаҕы атыылаһыахтааҕар олохтоох бэйэ үүтүн, арыытын, үрүҥ аһын атыылаһа сатаан диэ сүбэлиэм этэ.
Онтон үөһээлэр, ордук ТХМ-нар, «илиинэн ыаммыт үүт тутуллуо суохтаах», уопсай хотоҥҥо эрэ турбут ынах үүтэ тутуллуохтаах диэбит курдук көрдөбүлгүтүн тохтотуо этигит. Уопсай, эбэтэр чааһынай хотоҥҥо ыаммытыттан үүт уларыйбат ини. Онон элбэх ынахтаах кэтэх ыал 37 тыһ. ылбакка, үүттэрин 70 солк. туттараллара тоҕо табыллыбат? «Бадараан» диэн дуо?

Уйбаан Пономарев.
Чурапчы.

От adminNB

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *