“Саха сиригэр дьиэ кыылын-сүөлүн ортотугар сыстыганнаах ыарыы туран тарҕанарын бохсор инниттэн отчуоттанар кэмҥэ былааннаммыт сэрэтэр-өйдөтөр дьаһаллары уонна ыарыы төрдүн-төрүөтүн быһаарар-чинчийэр үлэлэри барытын толордубут”, – диир өрөспүүбүлүкэтээҕи бэтэринээрийэ департаменын салайааччыта Петр Петров.
Ааспыт 2022 сылга сыстыганнаах ыарыы баара бэлиэтэммит 61 пууҥҥа үлэ ыытыллан, 34-гэр(52%) хааччахтыыр дьаһаллар уһуллубуттар. Сыл бүтүүтүгэр өссө даҕаны 27 пууҥҥа (13 –
дьиэ табатын бүрүсүлүөһэ, 4 – ыт бүрүсүлүөһэ, 5 –лептоспироз, 3 – биэ сальмонеллезтан кулуннааһына, 2 – ынах сүөһүгэ хаан ыарыыта) харантыын салҕанар. Былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, көрдөрүү биир пуунунан аҕыйаабыт.
Ыалдьыбыт дьиэ кыылын-сүөлүн эмтээһин көдьүүһэ сыл устатыгар 94,6 бырыһыаҥҥа тэҥнэcпит, оттон 2021 с. 94,4% көдьүүстээх этэ, онон көрдөрүү 0,2 %-нан тупсубут. Эмтээһин көдьүүһүн ырыттахха, 2018 сылтан 0,1 %-нан үрдээбит: сылгыны эмтээһиҥҥэ – 0,2, дьиэ табатыгар – 0,5,
түүлээх кыылга – 0,3, көтөргө – 0,5 бырыһыанныынан.
Лабораторнай чинчийии 28 бэтэринээрийэ тургутар лабораториятыгар оҥоһуллар. “Аккредитация национальнай тиһигэр бэтэринээрийэ лабораторияларын аккредитациялааһыҥҥа судаарыстыба өйөбүлэ” дьаһалынан 2022 с. Дьокуускайдааҕы өрөспүүбүлүкэ бэтэринээрийэтин тургутар лабораторията 8,5 мөл. солкуобайга лаборатория тэрилин ылла. Онно тоҕооһуннаран, “СӨ АПК-ын бородууксуйатын таска таһаарыы” диэн эрэгийиэн бырайыагын олоххо киллэриинэн өрөспүүбүлүкэ лабораториятыгар 53 ньыманан чинчийиигэ аккредитацияны кэҥэтии бигэргэннэ.
Сыл түмүгүнэн ынаҕы искусственнайдык сиэмэлээһин былаана 82,5%(19 667 төбө) туолла. Бу иннинээҕи сылы кытта тэҥнээтэххэ, көрдөрүү 7,05 %-нан ордук. Быһаара таарыйа, манна сыһыаран суруйдахха, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн искусственнай сиэмэлээһин бүттүүн көрдөрүүтүн “Сахаагроплем” тэрилтэ отчуоттуур:2022 сылга искусственнай сиэмэлээһининэн 36,5 тыһ. ынах хабыллара былааннаммытыттан 28 772 ынах буоһатыллан, былаан 78,7 бырыһыана туолбут. Иллэрээ сыл 28 725 ынах искусственнайдык сиэмэлэммитэ. Исписэлиистэр ааҕалларынан, төрүү илик тиҥэһэни киллэрбэккэ туран, өрөспүүбүлүкэҕэ 72 473 төрүүр ынах баар, мантан хотугу улуустары уонна суола суох, ыраах сытар нэһилиэктэри аахпатахха – 61 636 ынах искусственнай сиэмэлээһининэн хабыллар кыахтаах.
“Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2020 – 2024 сс. тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы итиэннэ тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын, сырьетун уонна аһын-үөлүн ырыынактарын сүрүннээһин” судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн ынах сүөһүнү уонна ыттары маркировкалааһын ыытыллар. Тыа хаһаайыстыбатын кыылын-сүөлүн “РегАгро” учуот уонна регистрация национальнай тиһигэр киллэрэллэр. “РегАгро” автоматизированнай тиһиккэ үс сыл устатыгар кыылы-сүөлү иитэр-тутар 20962 киһи уонна 153857 тыа хаһаайыстыбатын харамайа, ол иһигэр 151607 ынах сүөһү, 17 коза, бараан, 48 сибиинньэ, 2 173 сылгы, 12 таба, бэлиэтэннилэр. Ыттары уонна куоскалары “Бары кыыллар” порталга регистрациялыыллар: онно 30 093 ыт уонна 1 497 куоска (барыта – 31 590 кыыл) киллэрилиннэ.
Ил Дархан сорудахтарын испииһэгэр киирбит пууннары толорон, биэ сальмонеллезтан кулуннааһынын утары 39 473 өлүүскэ вакцина атыылаһылынна, ону тэҥэ дьон иитэр кыылыгар, ол иһигэр иччитэ суох дьэллик ыттарга, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһарыгар тосхоллоох 5 социальнай бырайыак олоххо киллэрилиннэ.
Бэтэринээрийэ куораттардааҕы уонна улуустардааҕы управлениеларыгар “Ууһаабат оҥоруу – соҕотох гуманнай ньыма” аахсыйа сыл устата чэпчэтиилээх ыытылынна. Сыл түмүгүнэн бэтэринээрдэр барыта 1 142 дьиэ кыылын (ыты, куосканы) аттаатылар уонна ууһаабат гыннылар. Онон, 2021 сыллааҕыны кытта тэҥнээтэххэ, 21,6 %-нан элбэх эпэрээссийэ оҥоһулунна.
“Приюттан ылан, тыыннаах хааллар” аахсыйа суотугар саҥа хаһаайыннаммыт ыт ахсаана иллэрээ сыллааҕыттан икки төгүл элбээтэ: 2021 сылга 1 250 төбө буоллаҕына, 2022 сылга – 2 694.
“Доҕоргун сүтэримэ” аахсыйанан бэтэринээрдэр 3 885 ыты босхо чиптээтилэр. Инньэ гынан, чиптэммит ыт бүттүүн ахсааныттан 58,7 бырыһыана отчуоттанар сылга ситиһилиннэ.
Иччитэ суох, бэйдиэ сылдьар ыттарга дьон болҕомтотун тардаары “Дьэллик ыттарга аһымал уйалара” аахсыйа ыытыллан, ыттары быстах кэмҥэ тутар пууннарга уонна приюттарга дьон 55 будканы биэрдилэр.
Бэтэринээрийэ департамена дьон иитэр кыылларыгар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһалларын ситиһэр инниттэн өйдөтөр-сырдатар үлэни утумнаахтык ыытар. Ол курдук, департамент исписэлиистэрэ “Дьиэтиппит кыылбытыгар биһиги эппиэттиибит” социальнай бырайыагы олоххо киллэрээри “Ыты таһырдьа дьаарбатыы быраабылатын тутуһуу туһунан” социальнай видеоролигы оҥорон таһаардылар, 34 лиэксийэни аахтылар уонна оскуолаларга 1822 кылаас чааһын ыыттылар. Иниспиэктэрдэр уонна бэтэринээрдэр ыттаах дьону кытта 40 тыһ. тахсата бэсиэдэлэстилэр, 51 тыһ. тахса бэлиэтэниини (памятканы) уонна 303 бэтэринээрийэ санбюллетенин туттардылар.
Иччитэ суох ыттарга сыһыаннаах үлэ дьэллик ыттары быстах кэмҥэ тутар 10 пуун уонна13 приют нөҥүө ыытыллар. Ааспыт сылга олохтоох салайыныы уорганнара бэйдиэ сылдьар ыттары тутан көрөллөрүгэр-харайалларыгар анаан өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 93 мөл. солкуобай көрүллүбүтэ. Ити көмө үптэн муниципальнай тэриллиилэр 89,3 бырыһыанын туһаннылар. Сыл устатыгар дьэллик ыттары быстах кэмҥэ тутар пууннарга уонна приюттарга иччитэ суох 6 640 ыт киирдэ. Бу сыыппара 2020 сыллааҕыттан 2252, оттон 2021 сыллааҕыттан 927 төбөнөн элбэх.
Бэтэринээрийэ департаменын судаарыстыбаннай иниспиэктэрдэрэ 2022 сыл түмүгүнэн кыылы-сүөлү тутуу быраабылатын кэһии иһин Административнай бырааптары кэһии туһунан СӨ кодексын 5.4. ыстатыйатынан 140 уурааҕы таһаардылар: 48 киһиэхэ сэрэтии биэрдилэр, 92 киһини холбоон 104,5 тыһ. солкуобайга ыстарааптаатылар.
Саха сирин бэтэринээрдэрэ Үлэ сылыгар өссө улахан соруктары толорорго бэлэмнэр. Департамент салайааччыта кыыл-сүөл сыстыганнаах, ол иһигэр дьоҥҥо-сэргэҕэ кутталлаах, ыарыыларын бохсор, суох оҥорор уонна сэрэтэр-өйдөтөр үлэлэри кэлимник быһаарарга дьулуһалларын, чуолаан, дьэллик ыттар боппуруостарыгар салгыы үлэлэһэн, хонтуруоллуур-кэтиир дьаһаллары күүһүрдүөхтэрин ыйар. “Быйыл бэтэринээрийэ сулууспатын матырыйаалынай-тэхиньиичэскэй базатын бөҕөргөтүү чэрчитинэн тэрилтэлэрбитин анал оҥоһуулаах массыыналарынан хааччыйарга итиэннэ исписэлиистэр идэлэрин үрдэтэргэ, эдэрдэр үлэлии кэлэллэрин ситиһэргэ соруктанабыт”, – диир Петр Лукич.
Василий Никифоров
«Улус Медия» сайтыттан: https://ulus.media/article/87133