Бүлүү куоратын олохтооҕо Елизавета Загитова кэккэ сылларга дьиэ көтөрүн иитиинэн дьарыктанар. Билиҥҥи уустук кэмҥэ көтөр этэ, сымыыта дьиэ кэргэн күннээҕи аһылыгар олус иҥэмтэлээх, минньигэс, туһалаах эбилик буоларын ким да мэлдьэспэтэ буолуо.
Елизавета Георгиевна былырыыҥҥыттан биһиги эҥэрбитигэр сонун көрүҥү – индюгу иитэр буолла.
— Мин кууруссаны кытта хааһы да, куһу да тута сырыттым. Уонна кэтээн көрбүппүнэн кууруссаны уонна индюгу отой ордордум. Куурусса хайдаҕын бары да уруккуттан билэр буоллахпытына, индюгу дьоннор улаханнык билбэттэр эбит. Онон бу көтөр туһунан кыратык кэпсиэм.
Индюк сымыытын атыылаһан ылан инкубаторга таһаарбытым. 70-80% тахсыбыттара, ити үчүгэй көрдөрүү. Аһылыкка улахан бырыынчыктара суох эбит. Хайдах үөрүйэхтииргинэн аһыыллар, оту сииллэр, оҕуруот аһа, фрукта тобохторун, комбикорму, сорох кэмҥэ сибиинньэ комбикормунан аһаппытым. Кус-хаас курдук чанчарык буолбатахтар. Уонна майгылара да сымнаҕас. Холобура, төһө да улахан буолбуттарын иһин, кууруссалары атаҕастаабаттар, бииргэ эйэ-дэмнээхтик сылдьаллар, аһыыллар, утуйаллар. Хаһаайыннарын түргэнник билинэллэр, батыһа сылдьаллар. Уонна саамай кылаабынайа, биһиги кылгас сайыммыт иһигэр ыйааһыннарын эбиллиилэрэ олус үчүгэй. Холобура, күһүнүн 20 киилэттэн тахса 30-ча киилэҕэ диэри тиийэллэр. Эттэрэ минньигэс, быраастар этэллэринэн, диетическэй, гипоаллергеннай.
Онон дьиэ таһынааҕы учаастактардаах, тыаҕа олорор дьоҥҥо индюгу иитэллэригэр сүбэлиэм этэ. Биир бэйэм отой кэмсиммэтим.
Изольда Загитова
Подробнее: https://ulus.media/article/48132