Бу күннэргэ сылгы, сүөһү иитиитигэр эбии аһылыкка диэн анаан Бүлүү улууһун саамай хоту уһугар сытар Үгүлээт нэһилиэгэр бааһына сирин чөлүгэр түһэрдилэр: хоруттулар, боронолоотулар, күрүөлээтилэр. Үгүлээт дьаһалтатын үлэһиттэрэ субуотунньук тэрийэн, 5 гектардаах бааһынаҕа түргэнник ситэр эбиэс ыстылар.
Олохтоох дьаһалта баһылыга Октябрь Лукин 30-ча сыл буолан баран, бааһынаҕа эбиэс ыһыытын туһунан санаатын бу курдук үллэһиннэ:
— Нэһилиэнньэ сылгы, сүөһү ииттэригэр көмөлөөх буолуо диэн эбии аһылыкка туттарга «Күүлэт» сопхуос тохтуоҕуттан аан маҥнай бааһына оҥостон, эбиэс ыстыбыт, Үгүлээт дьаһалтатын уонна «Хотугу Бүлүү» МАУ үлэһиттэрэ субуотунньук тэрийдибит. Балаҕан ыйын ортото хомуйар санаалаахпыт, биһиги курдук кылгас сайыннаах, хотугулуу күннээх-дьыллаах дойдуга аны күһүн тугу көрдөрөр?
Николай КУПРИЯНОВ.
«Олох суола» хаһыат сайтыгар: https://ulus.media/article/65201