“Бэйэм мастары олус сөбүлүүбүн. Ханнык да кэмҥэ кинилэр үүнэн-силигилээн тураллара – киһи үөрэр көстүүтэ. Онон урут-уруккаттан тэлгэһэм барыта күөх суугун буолуон баҕарар этим. Ол баҕа санаабын бу уһаайба туттуохпуттан кыра-кыралаан олоххо киллэрэн, билигин 10-тан тахса араас мас оннун булан үүнэ тураллар”, – диэн Валентина Шадрина күөх тэлгэһэтигэр көрсөн, кэпсэтиибит саҕаланна. Валентина Николаевна Шадринаны Мүрү нэһилиэгэр билбэт киһи аҕыйах буолуо. Үлэни-хамнаһы кыайа-хото тутар, дьаһаллаах салайааччы, түмээччи буолан, уруккаттан сүрүн үлэлэрин таһынан уопсастыбаннай үлэни иилээн-саҕалаан кэллэ. Ол курдук, Мүрү нэһилиэгэр дьахталлар сүбэлэригэр үлэлэспитэ 30-ча сыл буолла. Маны таһынан олорор” “Маяк” түөлбэтин солбуллубат дьокутаата буолан, көхтөөх, таһаарыылаах үлэни тэрийээччи.
Үлэҕэ бастыҥ Далбар Хотуттар дьиэлэригэр-уоттарыгар эмиэ соннук кыайыылаахтык-хотуулаахтык дьаһанан, дьон-сэргэ холобур оҥостор ыала буолааччылар. Валентина Николаевна араас түмсүүлэргэ, түөлбэ үлэтигэр сүрүннээн эдэр ийэлэри, хаһаайкалары, ыаллары кытары үлэлэһэр буолан, туруктаах дьиэ кэргэн олоҕо – тэлгэһэтиттэн саҕаланар диэн өйдөбүлү киэҥник тарҕатар. Кини өрүү оҕуруоту, үүнээйини уонна чуолаан тэлгэһэ иһигэр күөх маһы олордорго сүбэлээн, күүс-көмө буолар, ыйан-кэрдэн да биэрэр.
Тэлгэһэ ийэ күөҕүнэн туруохтаах
– Мин тэлгэһэ иһигэр араас плиталары, матырыйаалы тэлгэтэри сэҥээрбэппин, кылгас сайыҥҥа күөх ньаассын отунан хаамартан ордук туох кэлиэй? Сол курдук үйэлээх уонна өрүү тыллан силигилиир мастары сөбүлүүбүн.
Аан бастаан тэлгэһэбэр талымаһа суох бузинаны үүннэрэн саҕалаабытым. Манна түбэһиэх сиргэ бастаан олортум дуу диэбитим, билигин анал сир буолан, мастарбын барытын бузинам тула олортум. Кини тула рябина икки көрүҥэ (черноплодная рябина), иккилии яблоня, акация, вишня, слива, сакура, сирень, черемуха, боярышник, хатыҥ, калина красная, рябинник үүнэллэр. Мастарбын барытын сакаастаан эбэтэр дьонтон атыылаһан ылабын. Билигин олох эдэрдэрим диэн слива, вишня, сакура – иккилии-үстүү сыллааҕылар. Атыттар бары 7-8 сыл буоллулар, умнастара соноон, кыахтарын ылан эрэллэр. Аны өрүү мастарбын иккилии гынан үүннэрэбин. Санаабар “доҕордоох” буоллахтарына быдан үүнэллэр.
Маһы үүннэриигэ кыра сүбэлэр
– Оҕуруоту, сибэккини таһынан ыаллар маһы олордууну баһылыахтарын наада. Быйыл мин сорох сибэккилэрбин, кохияны, чудо-деревоны күрүөтэ-хаһаата суох ийэ буорга ыстым. Көҥүл сиргэ олорбут буолан үүнүүлэрэ улахан уонна элбэх буолла. Чудо-дерево өрүү сиэмэтиттэн төрөөн, хойдон тахса турар. Онон сибэккилэри инник ыһан олордуохха сөп эбит.
Мастарбын күһүн олордобун. Интэриниэттэн маһы олордууга буоругар кумаҕы, хара буору эбэн биэрэр туһунан араас сүбэ элбэх. Ону туһаныаххытын сөп. Мин олордубут мастарбын бастаан кыра эрдэхтэринэ, кыһын тоҥмотун диэн, хайаан да таҥаһынан бүрүйэн сабабын. Барыларын оннук бүөбэйдээн кыстатабын. Сайынын уутун кыайа-хото кутуохха наада. Билигин сайыҥҥы уу ситимэ хас биирдии ыалга баар. Аны банан эбэтэр сымыыт хаҕын ууга суурайан мастарбын аһатабын. Биллэн турар, вишня, слива, сакура мастара хаппырыыс соҕустар, оттон яблоня, сирень, акация усулуобуйалара табылыннар эрэ үүнэллэр. Быйыл яблоняларым, сиреннэрим сибэккилээн тэлгэһэм иһэ киэркэйдэ. Онон көрүүтүн, уутун кыайа куттахха уонна мин санаабар сэдэх, итии дойдуну сөбүлүүр мастары, кыахтарын ылыахтарыгар диэри, кыһынын суулаан кыстаттахха үүнэллэр эбит.
Ураты үүнээйилэри сөбүлүүбүн
– Ханнык баҕарар оҕуруотчут үүннэрэн истэҕин аайы саҥаны-сонуну көрдөөн барар. Син ол курдук, тыаҕа сырыттахпына сэргии көрбүт үүнээйилэрбин эбэтэр интэриниэттэн сонун көрүҥнэри сакаастаан үүннэрэн көрөбүн. Оннук кырсаада сибэккини (жарки, купальница) Өлүөхүмэттэн ыыттаран олордубутум, рябиннигы кумахтаах сиртэн түөрэн аҕалан үүннэрбиппит, бэйэтиттэн-бэйэтэ төрөөн бара турар эбит. Оҕонньор отун (вероника седая) уонна охта эмиэ үүннэрэбин. Тмин черный диэн эмиэ биир сэдэх сибэккини сакаастаан олордубутум. Хатыҥнарбын, суол оҥоруутугар буору кытары кэлсибиттэрин, түөрэн аҕалан олордубутум, хата үүннүлэр, улаатан эрэллэр. Тэлгэһэм барыта кэлин сад буолан, мастара улаатан, хойуутук үүнүөхтэрин баҕарабын. Киһи бэйэтин тэлгэһэтигэр олорон сынньанар, дуоһуйар гына оҥостон, тэринэн олороро үчүгэй бөҕө буоллаҕа дии. Онон эдэрдэргэ, кытаатыҥ оҥостуҥ, оҕолоргутун эмиэ сыһыаран үөрэтиҥ, алаһа дьиэҕит өрүү сылаас уонна кэрэ көстүүлээх, киһи куттуун-сүрдүүн сынньанар, дьоҥҥут түмсэр сирэ буоллун диэн баҕарабын.
Екатерина Захарова
Мүрү саһар5ата: https://xn--80aahjj1a2au6hb.xn--p1ai/article/69768