Бүгүн, Эргэ саҥа дьылга, Сахабыт сирин балай эмэ ый устата атыйахтаах уу курдук дьону-сэргэни аймаабыт “Өрөгөй” сүүйүүлээх оонньуу “Саха” НКИХ ханаалын нөҥүө буолан түмүктэннэ.
Ити икки ардыгар биһиги дьоммут ортотугар хайалара 10 мөл. суумманы сүүйбүтүн туһунан улахан мөккүөр тахса сырытта. Маҥнай утаа Чурапчы Сылаҥа диэбиттэрэ, онтон салгыы Нам 1-кы Хомустааҕыттан бокса тириэньэрэ диэн тардыалаһыы, былдьаһыы буолан ылла.
Дьэ ол иһин, туох ханныгын билээри Сылаҥ нэһилиэгин Улахан Күөл учаастагын биир бас-көс бааһынай хаһаайыстыба баһылыгар Сэмэн Макаровка быһа сибээскэ тахсан тугун-ханныгын туоһуластым. Сэмэн улаханнык аймаммакка, лоп-бааччы: “Бу мин хаһаайыстыбабар үһүс сылын күүс-көмө буолар үлэһитим Гаврил Егорович Терентьев сүүйдэ. НВК ханааллара быһа сибээскэ тахсаннар видеозвонок оҥоро сырыттылар. Гаврил билигин сааһа 54-дэ. Миллионер киһи инники үлэтин бэйэтэ быһаарыныа турдаҕа”, — диэн бигэргэттэ.
Дьээбэлээх дьон, номнуо арааһынайдаан кэпсэл-ипсэл тарҕата оҕустулар. Гаврил бэйэтэ, билиэт ылыан иннинэ ол да кэнниттэн тугу даҕаны эппэтэх-тыымматах киһи, онон этэрбэс араадьыйатыгар итэҕэйбэккитигэр ыҥырабыт.
Оттон Чурапчы миллионерын өссө төгүл биһиги эрэдээксийэбит аатыттан итиитик истиҥник эҕэрдэлиибит. Үлэ сылыгар үлэһит киһи сүүйдэ!
Сэмэн Жендринскэй
«Улус Медия» сайтыттан: https://ulus.media/article/86020