Үчүгэй нэһилиэгин кэрэ аҥаара Ая Охлопкова бу нэһилиэккэ төрөөбүтэ, улааппыта. Кини быраатынаан Колялыын манна оскуолаҕа үөрэммиттэрэ, аҕалара Ананий Прокопьев ыраах ыстаадаҕа сылдьан үлэлиир-хамсыыр табаһыт этэ.

Ая олоҕун аргыһа Эдуард эмиэ Үчүгэй нэһилиэгин төрүт олохтооҕо, төрөппүттэрэ тыа дьонун сиэринэн үлэни өрө туталлара.

Охлопковтар ыал буолан, алаһа дьиэ тэринэн уоллаах кыыска күн сирин көрдөрбүттэрэ. Кинилэр билигин номнуо 5 сиэн тапталлаах эбэтэ, эһэтэ буоллулар.

Иллэҥ кэмигэр Ая Ананьевна иистэнэрин сөбүлүүр. Ону таһынан кини балыксыт уонна булчут диэххэ сөп. Ол курдук кини булчут кэргэнинээн өрүү айылҕаҕа бииргэ сылдьалларын сөбүлүүллэр, ыал ийэтэ уһуйааҥҥа үлэлиир.

Охлопковтар бэйэ хаһаайыстыбатын тэринэргэ сананан, 2022 сыллаахха улуустааҕы нэһилиэнньэ көмүскэллээх буолуутун управлениетыгар социальнай хантараак түһэрсэргэ көрдөһөн сайаапка суруйбуттара. Кинилэр ынах сүөһү атыылаһан иитэр былааннаахтарын туһунан биллэрбиттэрэ.

Ити курдук Охлопковтар бизнес-былаан оҥостон, судаарыстыбаттан көмө харчы ылары ситиспиттэрэ. Ол дьыл ыам ыйыгар тустаах хамыыһыйа кэтэх хаһаайыстыба (ЛПХ) хайысхатынан Охлопковтарга үбүлээһин оҥорорго быһаарыы ылыммыта. Онон бу ыал ыанар ынах уонна 2 торбос ылбыттара.

— Социальнай хантараак көмөтүнэн биһиги ааспыт сыл бэс ыйыттан кэргэним төрөппүттэрин эргэ хотоннорун чөлүгэр түһэрэн, ынах сүөһү иитиитинэн дьарыктанан эрэбит. Кэтэх хаһаайыстыбалаах буолан, дьиэ кэргэн дохуотун хаҥатынабыт, — диир Ая Ананьевна.

Кини түгэнинэн туһанан, олохтоох дьаһалта, нэһилиэнньэ көмүскэллээх буолуутун управлениетын үлэһиттэригэр барҕа махталын тириэрдэр.

Евдокия Егорова

«Северная заря» хаһыат сайта: https://xn--90adptbcs3gya.xn--p1ai/article/91569

От adminNB

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *