Бастатан, “үлэлээбэт” туруктаммыт 11 337 гектар иэннээх сири уонна 32 шлюз-регуляторы саҥалыы уларытан, өрөмүөннээн, чөлүгэр түһэрэн туһаннахха, кумааҕыга баар 23 954 гектардаах халытан нүөлсүтүллэр ходуһаттан 46 021,62 туонна от оттонуох этэ.
Иккиһинэн, хаһаайыстыбалар элбэх сыллаах оту хото ыһыналларын тэрийэр туһуттан управление иһинэн 7 (салаа аайы 1-дии) сиэйэлкэ атыылаһан сэбилиэххэ.
Үсүһүнэн, аһыҥаны сууһарарга Саха сиринээҕи ТХНЧИ дьоҕус киэптээх хаһаайыстыбаларга анаан оҥорбут табыгастаах ньыматын киэҥник туһаныахха.
Халытан нүөлсүтүллэр систиэмэ төһө көдьүүстээҕэ кураан дьылларга ырылхайдык көстөр. Холобур, Мэҥэ Хаҥалас улууһунааҕы “Хорообут” ХЭУо дириэктэрэ В.А. Колосов иһитиннэрэринэн, быйыл сайын Хорообут систиэмэтэ 20 сэнтиниэр үүнүүнү биэрбит буоллаҕына, айылҕаттан тутулуктаах көннөрү ходуһаттан дьон 0,3-түү, 0,5-тии эрэ сэнтиниэр оту ыллылар.
Маныаха нүөлсүтэр систиэмэ ким илиитигэр баара эмиэ быһаарар оруоллааҕын умнарбыт сатаммат. Ньурбаҕа муниципальнай, Үөһээ Бүлүүгэ 70 бырыһыана чааһынай бас билиигэ бааллар. Мэҥэ Хаҥаласка 1200 гектардаах систиэмэни бүтүннүү “Хорообут” хаһаайыстыба дьаһайан, былааннаахтык үлэлиир: уоҕурдууга, ыһыыга агротехнологическай дьаһаллары толору бэйэтэ ыытан, гектартан 30-35 сэнтиниэргэ тиийэ үүнүүнү ылары ситиһэр.
Тыа хаһаайыстыбатын култуурата, ол иһигэр дороххой от, сири тупсаран оҥорууттан быһаччы тутулуктааҕын бары удумаҕалатар курдукпут эрээри, ТХНЧИ учуонайа Сахаяна Павлова этэринэн, ходуһабыт 55 бырыһыанын дулҕаҕа, талахха былдьатан, быраҕан сытыарабыт. Саха сирин киин улуустарыгар сүөһү аһылыгар аналлаах култуураны, о.и. кукурузаттан, просаттан, подсолнухтан күөх маассаны, ыһыыны кэҥэттэххэ, өрөспүүбүлүкэ сүөһү иҥэмтэлээх аһылыгар туттар кээмэйин 50-тан тахса бырыһыанын бэйэтин күүһүнэн ылар ис кыахтааҕын учуонай ыйар.
Саха сиригэр 70 115 гектар иэннээх ходуһаттан ууну түһэрэн куурдар 131 систиэмэ баарыттан билигин 51 систиэмэтэ туһалыы турар, эбэтэр 26 423 гектардаах сир куурдуллар.
Ирдэбил быһыытынан култуурунай-тэхиньиичэскэй, агро-тэхиньиичэскэй үлэлэри кэлимник ыытан, 26 423 гектартан ортотунан 15,8 сэнтиниэр үүнүүнү, барыта 41 748,34 туонна оту бигэтик ылыахха сөп. Ону 2013 – 2020 сыллардааҕы кэтээн көрүүлэр бигэргэтэллэр. Холобур, 2013 с. өрөспүүбүлүкэҕэ гектартан ортотунан 10,3 сэнтиниэр от ылыллыбыт буоллаҕына, куурдуллар ходуһаттан – 15,8 сэнтиниэр. Бу көрдөрүү 2015 с. – 11,6/19,9 сэнтиниэр, 2020 с. – 10,9/16,1 сэнтиниэр.
Тугу оҥоруохха, хайдах дьаһаныахха?
Бастатан, туһалаабакка сытар 43 692 гектар иэннээх ходуһаттан уутун түһэрэн куурдуохтаах 80 систиэмэни хапытаалынайдык өрөмүөннээн, чөлүгэр түһэрдэххэ – билигин кумааҕыга ойууланар 70 115 иэннээх ходуһа сиртэн сыл аайы 110 781,70 туонна оту ылыахха сөп.
Иккиһинэн, тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар сиргэ үлэни ыытыыны управлениеҕа судаарыстыба биэрэр сорудаҕар туспа строканан киллэриэххэ. Быһааран эттэххэ, сир үксэ чааһынай бас билиигэ баарынан матыыптаан, ходуһаны талахтан, дулҕаттан ыраастыыр үлэ управление нөҥүө үбүлэнэн ыытыллан кэлбитин 2017 сылтан тохтоппуттара.
Үсүһүнэн, хапытаалынай өрөмүөн ирдэбил быһыытынан 6-лыы сыл арыттаан ыытыллар.Ол аата 1 617,24 км уһуннаах хорууну ыраастыырга эбии анал тиэхиньикэ уонна каадыр туһаныллаллара эрэйиллэр. Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар отторун улахан аҥаарын, Бүлүүгэ уонна Кэбээйигэ 90 бырыһыаныгар диэри уута түһэриллибит сирдэртэн ылаллар.
Управление салайыытыгар тыа хаһаайыстыбатын уунан хааччыйар 196 гидро-тэхиньиичэскэй тутуу баарыттан хапытаалынай оҥоһуулааҕа – 25 (13%).
Онтон уратылара – буор быһыттар. Олору сопхуостар тыа сирин уунан хааччыйарга анаан туттарбыттара, үгүстэрэ докумуона суохтар. Нэһилиэнньэлээх пууннары ууга ыыппат инниттэн 46 эбийиэккэ хапытаалынай өрөмүөн ыытылларын эбэтэр саҥалыы сөргүтүллэринкэм-кэрдии модьуйар. Маннык эбийиэктэргэ 7 сылга биирдэ хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыахтаах эрээри, эмиэ үпкэ-харчыга кэлэн иҥнэр.
Мелиорация управлениета 2020 с. Ростехнадзор Өлүөнэтээҕи управлениетын кытта гидро-тэхиньиичэскэй тутуулары Арассыыйа реестригэр киллэрэргэ холбоһуктаах былаан ылыммыта. Ол сүнньүнэн 2020 – 2021 сылларга Таатта, Чурапчы, Амма, Куорунай улуустарыгар уонна Дьокуускайга 129 эбийиэк чинчийиллибититтэн сурукка киллэрэргэ 11-гэр көҥүл бэрилиннэ. Быйыл Мэҥэ Хаҥалас, Амма улуустарыгар 61 эбийиэккэ үлэ ыытыллар.
Тыа сирин олохтоохторун олоххо-дьаһахха туттуллар уунан хааччыйар уонна ходуһа-мэччирэҥ сирдэри угуттуур сыалга 3 улахан уу ситимэ тутуллан үлэлиир.
Балар үһүөн курааҥҥа хаптарар илин эҥээрдээҕи улуустары хааччыйаллар. “Өлүөнэ – Туора Күөл” уу ситимэ 125 км усталаах, сылга 9,7 мөл. куб. м анньар кыамталаах, 10 479 киһи олорор 6 нэһилиэнньэлээх пууну хааччыйар. “Өлүөнэ – Мүрү” ситим 73,7 км усталаах, 8 831 киһи олорор 5 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа сайын устатыгар 1,6 мөл. куб. мууну Өлүөнэ өрүстэн быраҕар. “Бэдьимэ – Нал” ситим 19,3 км уһуннаах, Төҥүлүгэ, Тумулга сайыҥҥы уу ситимнэрин хааччыйар аналлаах. Бу ситим федеральнай бас билии реестригэр турар. Билигин эбийиэги өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр ыларга үлэ ыытыллар.
Улахан ситимнэри таһынан управление дьаһайыытыгар “Киэҥ Эбэ – Ытык Күөл” (Тааттаҕа), “Таастаах – Өргөлөөх” уонна “Бүлгүттээх” (Намҥа) диэн кыра ситимнэр киирэллэр.
Өлүөнэттэн уу ылар ситимнэртэн Уус Алдан ситимэ эрэ бырайыактаммыт толору кыамтатынан үлэлиир. “Өлүөнэ – Туора Күөл” хайысхаҕа үрдүк күүрүүлээх уот ситимэ кыайбат буолан, кыамтатын 25-30 бырыһыана эрэ туһаныллар: 4 носуостан 1 үлэлиир, түүнүн 2 холбонор.
Уопсайынан, 20-тэн тахса, үйэ чиэппэрин анараа өттүгэр тутуллубут эбийиэктэргэ элэктэриичэстибэ уотун биэрэр уонна ууну анньар тэриллэрэ эргэрдилэр. Онон, мантан инньэ саахала суох үлэлииллэрин хааччыйарга 3 улахан ситимҥэ үбүлээһини улаатыннарар, “Өлүөнэ – Туора Күөл” ситим кыаҕын толору туһанар туһуттан носуостарын уонна тэриллэрин саҥалыы сөргүтэр, уот ситимин кыамтатын улаатыннарар, “Өлүөнэ – Мүрү” ситим ыстаансыйаларыгар эниэргийэни биэрэр тэриллэри саҥаҕа уларытар наадата тирээтэ.
Салайааччы санаата
Мелиорация билиҥҥи туругун билистибит. Аны түмүк оннугар Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сири тупсаран оҥорууга уонна тыа хаһаайыстыбатын уунан хааччыйыыга управлениетын салайааччыта Дмитрий Махаров санаатын истиэҕиҥ.
Кини бу дуоһунаска быйыл олунньуттан ананан үлэлиир. Управление 188, ол иһигэр дьаһалтаҕа 23, үлэһиттээх. Сүрүн күүс 7 филиалга түмүллэр: Киин (Андрей Фирскин), Үөһээ Бүлүүтээҕи (Афанасий Бырдакаров), Бүлүүтээҕи (Михаил Алексеев), Илин эҥээрдээҕи (Иннокентий Егоров), Мүрүтээҕи (Семен Сивцев), Ньурбатааҕы (Алексей Васильев), Чурапчытааҕы (Николай Попов).
СӨ тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарыы тосхолун “Тыа хаһаайыстыбатын сирин мелиорациялааһын уонна тыа хаһаайыстыбатын уунан хааччыйыы” диэн хос бырагырааматын чэрчитинэн тэрилтэ дьаһаллары олоххо киллэрэригэр анаан 2012 – 2021 сс. 2 млрд 812 мөл. солк. көрүллэн, сылга 300 мөл. солкуобайы кыайбат харчынан үбүлэнэн кэллэ. Ити уматык, тутуу матырыйаалын сыаналара урутаан үрдүүллэрин, ону тэҥэ тиэхиньикэ-тэрил эргэрэннэр сапчаас атыылаһар ороскуот улаата турарын аахсыбакка эрэ.
Управление балаансатыгар 124 единица тиэхиньикэлээх. Мантан 100 тиэхиньикэтэ (80,7 бырыһыана) сүүс бырыһыан эргэрбит. Ол иһигэр экскаватор 26 баарыттан сүүс бырыһыан “сулууспалаабыта” – 25 (96,2%), 37 бульдозертан – 35 (94,6%), 10 таһаҕас тиэйэр массыынаттан – 7 (70%). Сүрүн үлэни толорор, сири-буору хаһар-анньар тиэхиньикэ 61 баарыттан 94 бырыһыана үйэтин моҥообут. Сүрүннээн, 2007 – 2009 сылларга атыылаһыллыбыт буоланнар, абырахтанартан ордубаттар. Онон, Дмитрий Дмитриевич 2024 сылга диэри 25 экскаваторы, 35 бульдозеры, 7-лии “Урал”, КамАЗ массыыналары уонна МТЗ, ХТЗ тыраахтардары, 19 УАЗ массыынаны, 28 вахта вагонун уонна 28 соһуллар емкоһы атыылаһан, саҥа тиэхиньикэнэн сэбилэннэххэ эрэ былааннаах сорудах толоруллар кыахтааҕын этэрэ оруннаах.
“Каадыр барытын быһаарар” диэн этии мелиорация билиҥҥи балаһыанньатыгар өссө сытыырхайан иһиллэргэ дылы.
Салайааччы саамай харыһыйара – өрөспүүбүлүкэ Омскайга, Москубаҕа мелиоратордары бэлэмниир кыһаларга анаан тус сыаллаах миэстэ ылан үөрэттэрбит эдэр исписэлиистэрэ, ону тэҥэ улахан тиэхиньикэлэргэ үлэлиир тырахтарыыстар. “Биһиэхэ киирэн кыратык үлэлии түһэн, уопутуран, ыстаастанан баран, үрдүк хамнастаах үлэҕэ көһөллөр уонна вахтаҕа үлэлии баран хаалаллар”, – диир Дмитрий Дмитриевич. Онон, инникини саныыр буоллахха, идэлээх каадыры олохсутар, бигэ солбугу иитэн таһаарар туһуттан тэрилтэҕэ хамнаһы үрдэтии уталытыллыбат сорук быһыытынан турарын салайааччы тоһоҕолоон бэлиэтиир.
Өрөспүүбүлүкэҕэ билигин 484,1 тыһ. гектар оттонуллар сир баарыттан урукку сылларга тупсаран оҥоһуллубута (ууну халытан нүөлсүтүллэрэ, уутун түһэриллибитэ) 19,8 бырыһыанын ылар эрээри, дьиҥ туһалыыра 8,6 бырыһыаҥҥа тэҥнэһэр. Онон сэдиптээн, кураан эбэтэр угут дьыллар тирээн кэллэхтэринэ, улуустар сүөһү аһылыгынан хааччыныыга ыктарар буоллулар. Ону сыччах быйыл сайын аһыҥа ыспыт Чурапчы, Уус Алдан, ууга барбыт Бүлүү, Кэбээйи холобурдарыгар даҕаны көрөбүт.
– Мелиорацияҕа ирдэнэр бары дьаһаллары толору туһаннахпытына, Саха сирин усулуобуйатыгар ходуһаттан үүнүүнү ылыы үрдээн, култуура көрүҥүттэн тутулуктанан, 18-25 сэнтиниэргэ тиийэр кыахтаах. Биһиги хаһаайыстыбалар туһаналларыгар анаан ууну халытан нүөлсүтэр систиэмэлээх сирдэрбитигэр элбэх сыллаах оту ыһарга былаанныыбыт. Бу үлэ Ньурба Сүлэтигэр ааспыт сылтан саҕаланан, олохтоох сиэмэни тарҕатар кыахтанныбыт, – диир Дмитрий Махаров.
Источник: Ulusmedia
СӨ ТХМ сайтыттан: https://minsel.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3333908