06.02.2022
Кыстык кэмигэр нэһилиэктэр исписэлиистэрэ хас нэдиэлэ аайытын суһал субуокка биэрэллэринэн, былырыын баччаҕа 96 төбө туһата суох өлбүт эбит буоллаҕына, быйылгы кыстык 4 ыйыгар, эбэтэр, дьыл оройугар, улууска ынах сүөһү туһата суох өлүүтэ 74 төбө бэлиэтэннэ. Ордук элбэх көнньүнэн өлүү Төхтүргэ Дьанхаады бааһынай хаһаайыстыбатыгар уонна Нуораҕана кэтэх хаһаайыстыбаларыгар бэлиэтэнэр. Онтон биирдиилээн-иккилээн сүөһү көнньүнэн өлүүтэ Павловскайга, Лоомтукаҕа, Хараҕа, Маттаҕа, Чыамайыкыга, Табаҕаҕа, Бэдьимэҕэ, Хорообукка, Таракка тахсыталаата.
Быйылгы дьылга күөллэр дэлби уоланнар, уулара сытыйан-ымыйан, онно эбии ньирэйдэр ийэлэрин кытары устар сайыны-күһүнү быһа бииргэ сылдьаннар, онтон күһүөрү дэлби тымныйаннар, үөһүрэннэр, истэрэ тоҕо баран, онтон сэдиптээн, дэлби сыптарыйаллар, ыалдьаллар.
Ол иһин мөлтөх туруктаах, ыарытыган борооннор биирдиилээн да буоллар хаһаайыннааһын бары көрүҥнэригэр бааллар. Ол охсуута, бириэмэтигэр көрдөрбөтөххө уонна тутатына эмтэппэтэххэ, хойуккааҥҥа дылы салҕанан барааччы. Аны рулоннаммыт от барыта пресс быанан бааллар. Сенажпыт эмиэ салапаанынан бүрүллэр буолла. Сүөһү тылынан ньалбаан сиир буолан, оннугу барытын иһирдьэ диэки атааран иһэр.
Холобура, оннук пресс быаны, салапааны дэлби сиэннэр, таҥкычахтара хатан, ханнылара үлэлээбэт буолан, Төхтүргэ элбэх бороон оҕунна.
Ынах сүөһү торбостооһуна, өлбүт сүөһүттэн патологическай матырыйаал, төһө кыалларынан, лабораторияҕа киллэриллэн көрүллэн иһэр. Ол түмүгүнэн, ынах сүөһүгэ сыстыганнаах ыарыы баара бэлиэтэммэтэ. Ити сыстыганнаах диэн киһиэхэ уонна сүөһүгэ тэҥҥэ сыстар ыарыылар, холобура, сотуун, бүрүсүлүөс, түбүркүлүөс, лейкоз, лептоспироз курдуктары ааттыыбыт.
Маны таһынан, сүөһү бэйэтэ эрэ ыалдьар, эмиэ сыстыганнаах ыарыыта балай эмэ элбэх.
Холобура, хааһырҕас ыарыы, кыһыылаах ымынах, атахсыт, онтон да атыттар.
Сылгы кыстыгар киирдэххэ, оттоох хаһаайыстыбалар бары кэриэтэ аһылыкка киллэрэн, аһата сылдьаллар. Оттон уопсай хартыынаны көрдөххө, алаас эҥээрдээҥилэргэ кырдьаҕас уонна ыччат сылгылар хото аһылыкка киириэхтэрин наада. Өрүс эҥэрдээҥилэр арыыга киирэ-тахса сылдьаллар.
Сэтинньи ортотуттан, ахсынньы, тохсунньу ыйдарга улаханнык хаардаабата, онон, быйыл хаарбыт хаһааҥҥытааҕар да чараас буолан, сылгы сүрдээҕин хаамта, ыырын кэҥэттэ.
Сорох нэһилиэктэргэ биирдиилээн быраҕыы баара бэлиэтэнэр. Ити үксүн ыччат сылгылар уонна кырдьаҕас биэлэр кулуннаатылар.
Былырыын Тараҕай нэһилиэгэр биир кэтэх хаһаайыстыбаҕа сылгы сыстыганнаах кулуннааһына эбэтэр нууччалыыта сальмонеллезный аборт кобыл диэн ыарыы бэлиэтэммитэ уонна күһүөрү үтүөрдүллүбүтэ. Маннык ыарыы урукку да сылларга биирдиилээн көстөөччү.
Быйылгы кыстыкка барыта 11 сылгы туһата суох өлүүтэ таҕыста. Былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ 8 төбөнөн аҕыйах. Ол курдук, ыаллыы сытар Амма, Алдан улуустарын кытары быысаһа сытар Чыамайыкы нэһилиэгэр 6 сылгыны бөрөлөр тартылар. Итинник хартыына хатыламмыта тэйиччи сытар Тиэлиги, Чыамайыкы нэһилиэктэригэр хаһыс да сыла. 5 сылгы араас дэҥтэн- оһолтон өллүлэр. Ол иһигэр саанан да ытан өлөрүү, суолга түҥнэри көтүү да бааллар.
Алаас эҥэрдээхтэр сылгыларын маассабай аһылыкка киллэрэн эрэллэр, тоҕо диэтэххэ, сайынын аһары кураан уонна сиигэ суох буолан, мэччирэҥ балай да халтаҥнаабыта. Оттон өрүс, үрэх эҥэрдээҥилэр, син хаһыы баар буолан, аһылыкка хото киллэрэ иликтэр. Бурдугунан дьарыктанар хаһаайыстыбаларбыт, Майа (Борисов А.А.) уонна Төхтүр (Попов А.Н.), сыана аҥарыгар 100 тн. эбиэһи тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга атыылаан, эмиэ биир улахан көмөнү оҥордулар.
Мантан саас отунан тииммэт нэһилиэктэрбитигэр атыы ото тиэллэн кэлиэхтээх. Ол курдук, Хаҥаластан, Кэбээйиттэн, Тааттаттан, Амматтан, Ньурбаттан уонна куорат арыыларыттан оттор тиэллиэхтээхтэр. Барыта 6189 тн. от тиэллиэхтээх. Бу күннэргэ 3674 тн. от тиэллэн кэллэ.
Сылгыга саамай эппиэтинэстээх уонна быһаарыылаах кэминэн сааскы ыйдар буолаллар. Мантан саас саамай тыын боппуруоспут отунан хааччыллыы буолар. Оттон бурдук чааһыгар хаһаайыстыбалар бэйэлэрэ көрүнэн, хааччыныахтарын сөп, ол кыаллар боппуруос. Онон,
сааспыт уһаабата, тымныйбата, өлгөмнүк хаардаабата уонна тибиилэммэтэ буоллар, хороҕор муостаахпыт, сыспай сиэллээхпит күөххэ этэҥҥэ үктэнэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.
Николай Лукин, ветуправление сүрүннүүр исписэлииһэ
«Улус Медия» сайтыттан: https://ulus.media/article/40866