Аммаҕа ааспыт сыл сааһыгар мүөттээх ыҥырыаны иитээччилэр ассоциациялара тэриллэн салайааччынан Эльвира Пестерева талыллыбыта. Билигин түмсүүгэ 19 киһи киирэн биир сүбэнэн үлэлииллэр, бу салааҕа дьону көҕүлүүллэр.
«Аммаҕа мүөттээх ыҥырыаны иитээччилэр түмсэммит бары бииргэ сүбэлэһэн үлэлиибит, үөрэнэбит, уопуппутун атастаһабыт, бу салааҕа дьону көҕүлүүбүт. Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр ыҥырыаны иитээччи Марат Зальялов кэлэн барда.
Кини 57 ууһуур ыҥырыа дьиэ кэргэнин аҕалан дьарыктанар биирдиилээн дьоҥҥо тарҕатта. Улууспут салалтата ыҥырыалары Амур уобалаһыттан тиэйэн аҕалыыга тырааныспарынан хааччыйыыга көмө буолла, ол иһин махталбыт, үөрүүбүт улахан. Марат Рафаилович биһиэхэ анал куурустары, бэйэтэ көрдөрөн дьарыктары ыытар, туһалаах сүбэлэрин биэрэр, элбэх көмөнү оҥорор. Бу күннэргэ былырыын атыыласпыт уйабын «Zemlyanichka» турбазаҕа туруордубут, онон бастакы аптамаатынан үлэлиир ыҥырыа уйата баар буолла.
Маны тэҥэ мүөттээх ыҥырыаттан буоска, перга, куоппас, забрус, прополис, үөскэтэр үүт курдук бородууксуйаны ыларга эмиэ үлэлэһэбит», — диэн этэр мүөттээх ыҥырыаны иитээччилэр улуустааҕы ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ Эльвира Пестерева.
Алтана Артемьева
«Амма олоҕо» хаһыакка: https://xn--80aaaambpp4b1d.xn--p1ai/article/62472