Ынах сүөһүнү, сылгыны иитиигэ саамай тыҥааһыннаах уонна сындалҕаннаах кэм – кыстык. Сыл түөртэн үһүн кэриҥин ылар кэмҥэ сүөһүнү хотон иһигэр туруоран аһатаҕын, онно эбии мөлтөх хаһыылаах дьылга сылгыны аһылыкка эрдэ туруораҕын. Ааспыт сайын курааннаан, элбэх улуус кыстыкка татым оттоох киирбитэ. Онон элбэх сиргэ, этэргэ дылы, сыарҕа үрдүттэн салҕанан кыстыгы туораан эрэллэр. Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Афанасьев бүгүн, муус устар 4 күнүгэр, кыстык хаамыытын билиһиннэрдэ.
– Халандаарынан кыһыммыт бүттэ эрээри, сүөһү кыстыга түмүктэниэ өссө даҕаны ыраах, – диир Николай Степанович. – Сүөһү күөххэ, сааспыт хаамыытыттан тутулуктанан, ыам ыйын иккис аҥаарыгар эбэтэр бэс ыйын саҥатыгар үктэнэр. Сайылыкка күргүөмүнэн тахсыы эмиэ ол кэмҥэ саҕаланар. Билигин сир ахсын ынах төрүөҕэ элбээн, үүт ыама үрдүү турар. Бүгүҥҥү туругунан, 18 675 ынах төрөөтө, бу бүттүүн ынах ахсаанын 24,4 бырыһыаныгар тэҥ. Онон, тирээн турар сүрүн сорук – саҥа төрүөҕү энчирэппэккэ иитии.
Б.дь. кулун тутар 31 күнүнээҕи туругунан, бары киэптээх хаһаайыстыбаларга 194 887 ынах сүөһү, ол иһигэр 76 625 ынах итиэннэ 182 563 сылгы, ол иһигэр 118 513 биэ, көрүллэн-харайыллан тураллар. Сылгы баайтан 62 108 төбө (34 бырыһыана) аһылыкка киирэн турар. Саамай элбэх сыспай сиэллээх Сунтаарга (10719 төбө, баар сылгыттан 85,4 бырыһыана) сүөһүлүү аһатыллар. Бу көрдөрүү Куорунайга – 3450 сылгы (73,2%), Ньурбаҕа – 7360 (66,7%), Үөһээ Бүлүүгэ – 5818 (65,9%), Кэбээйигэ – 1862 (56,3%), Чурапчыга – 7551 (45,8%), Мэҥэ Хаҥаласка – 7229 (45,3%). Былырыын баччаҕа 64 263 сылгы (35,3 бырыһыана) аһылыкка киирбитэ.
Николай Афанасьев этэринэн, бу күҥҥэ 128 470 тыһ. туонна от хаалла. Миниистири солбуйааччы отторо тиийбэт хаһаайыстыбалар өрүһү мууһунан туоруур суол сабылла илигинэ тиэйтэрэ охсоллоругар сүбэлиир. Быйылгы кыстыкка 47232 туонна от тиэйиллэрэ былааннаммытыттан 39397 туонната (83 бырыһыана) тиксэриллибит. Ол эбэтэр 7800-чэ туонна от билигин даҕаны оннун була илик.
Василий Никифоров
«Улус Медия» сайтыгар: https://ulus.media/article/49319