Бу күннэргэ Саха өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев сорудаҕынан Өлүөхүмэ, Таатта, Чурапчы, Хаҥалас, Уус Алдан, Ленскэй, Нам, Горнай улуустарыгар сылдьан, дьон хайдах дьаһанан олорорун билсэн, дьону, нэһилиэк, улуус баһылыктарын кытары кэпсэтэн, санаа атастаһан кэллибит. Сүрүн сорук—“кыра дохуоттаах дьон олоҕун хайдах тупсарыахха сөбүй”, диэн ыйытыыга хоруйу торумнааһын этэ. Ити ыйытык бүгүн эрэ күөрэйбит буолбатах. Киһи-аймах баарын тухары баай—дьадаҥы, үлэһит—сүрэҕэ суох диэн арахсыы баар. Бэл, Сэбиэскэй былаас да кэмигэр үрдүк хамнастаах, сололоох дьон уонна кыра хамнастаах, “кыра-хара дьон” диэн баара.
Ити арахсыы билигин өссө дириҥээбитин бары билинэбит. Хомойуох иһин, оннооҕор официальнай статистика этэринэн, Саха сирин олохтоохторун 19%-нын дохуота киһи тыыннаах олороругар даҕаны тиийбэт. Ол аата, былыргылыы эттэххэ, быстар дьадаҥыбыт ахсаана икки сүүс тыһынча киһи. Онтон улахан аҥаара оҕолор. Итини бары көрө, билэ сылдьабыт. Үлэтэ суох, биитэр, быстах үлэлээх, эбэтэр, олох кыра хамнастаах дьоммут биллэрин курдук, үксүн тыа сиригэр олороллор. Билигин нэһилиэккэ дьон тугунан дьарыгырарый? Бастатан туран, оҕолор бааллар, кинилэр үөрэнэллэр. Ити нэһилиэнньэ үс гыммыттан биирэ. Пенсионердар бааллар, нэһилиэнньэ үс гыммыт биирин ылаллар. Дьэ, уонна үлэһит дьоммут бааллар. Тыа сиригэр, нэһилиэккэ ОДЬУоКХ, хонтуора, оскуола, биэбэйик, балыыһа, МЧС, маҕаһыын, кулууп, бибилэтиэкэ, бэкээринэ, тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтэ курдук үлэ миэстэтэ, хамнас аахсар тэрилтэлэрэ бааллар. Онно улахан нэһилиэктэргэ үлэлиир кыахтаах дьон үс гыммыт иккитэ, кыра нэһилиэктэргэ икки гыммыт биирэ үлэлиир. Уоннааҕылар эбэтэр үлэтэ суох сылдьаллар, эбэтэр, вахтанан дуу, наймылаһан дуу, ханна эрэ атын сиргэ баран үлэлииллэр. Кэтэх хаһаайыстыбанан сылгы-сүөһү ииттэн олорор дьон эмиэ аҕыйаҕа суохтар. Кинилэр оҥорон таһаарбыт эттэрэ, үүттэрэ тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар оҥорон таһаарбытттарынааҕар итэҕэһэ суох. Сороҕор ону куоһарар эрээри, кинилэр аахсар дохуоттара бэрт дуона суох. Ол курдук, сүүрбэ, онтон уончата ыанар ынахтаах киһи сүөһүтүн үүтүн, этин атыылаан, туттаран аахсар дохуота ыйга сүүрбэ тыһынчаны кыайбат. “Дьоммут байдылар-тайдылар, сүөһү-ас, тиэхиникэ дэлэйдэ”, диир дьон нэһилиэктэри кэрийэн, дьон тугу аһаан-сиэн, тугу таҥнан, дьиэлэрин-уоттарын, күрүөлэрин-хаһааларын хайдах тутан олороллорун көрүөх, билиэх тустаах.
Олохпут биир чахчыта хомойуох иһин, үлэһит, үлэни кыайар кыахтаах да дьоммут быыстарыгар быстар дьадаҥытык олорооччу аҕыйаҕа суох. Билигин ыалга баар хас биирдии киһиэхэ ыйга тиксэр харчы уон тоҕус тыһыынчаттан кыра буоллаҕына, ол ыал быстар дьадаҥы ахсааныгар киирэр. Ол эбэтэр, үс оҕолоох ыал аҕалаах-ийэлэрэ өлөрөр харчыта ортотунан сүүс тыһынчаны кыайбат буоллаҕына, бу ыал ылар дохуота олоруу алын кээмэйиттэн кыра аатырар уонна ыал дьадаҥы диэн буолар. Судаарыстыба даҕаны, нэһилиэк, улуус дьаһалтата эмиэ, наукабыт да өттүттэн ити мөкү көстүүнү тосту уларытар туһуттан элбэх үлэ ыытыллар. Эҥин араас площадкаларга, хаһыатынан да, тэлэбиидэнньэнэн да элбэх кэпсэтии барар, этиилэр киирэллэр. Сүүмэрдээн, наардаан эттэххэ, тыа сиригэр олорор дьону үлэнэн хаачыйыахха, олорор ороскуоттарын аччатыахха, эбэтэр, көрүллэр көмө кээмэйин үрдэтиэххэ диэн буолар. Ону сэргэ дьону хомуйан ылан, промышленноска ыытыахха, хоту олорор дьону нолуоктан босхолуохха уонна хааччыллыылаах базовай дохуоттуохха, диэн буолар. Ити оруннаах этиилэр уларыйан-тэлэрийэн да буоллар, нолуок сынньалаҥа, субсидия, дотация, профориентационнай үлэ быһыытынан олоххо киирэ тураллар.
Сатаан үлэлээбэт буолуу даҕаны бэйэтэ төрүөттээх. “Сүрэҕэлдьэс, муҥкук, түҥкэтэх, ол иһин куһаҕаннык олорор”, диир төрүөппүт суоҕа буолуо. Өрөспүүбүлүкэттэн тахсары ааһан, бэйэтин улууһуттан да тахса илик, үрдүк үөрэҕи буолуохтааҕар, орто анал да үөрэҕэ суох, ааҕары, суруйары эрэ баһылаабыт дьоммут хомойуох иһин, үксээн иһэр. Ыал ыалынан, хас да көлүөнэ үрдүк үөрэх диэҥҥэ санаммат дьоммут эмиэ аҕыйаҕа суохтар. Сотору ити көстүү тэнийэр, элбиир кутталланан эрэр. Бу балысхан сайдыы үйэтигэр национальнай бырайыактар, уустук нолуок ситимэ, цифровой эйгэ олохпут арахсыбат аргыһа буолбут кэмигэр ааҕары-суруйары эрэ баһылаабыт киһи ХХI үйэ “грамотнайа суох” киһитигэр тэҥнэһэр кэмэ кэллэ. Хомойуох иһин, сорох УСХ специалистара даҕаны, проектнай салайыы, грантовай үлэ, “биир түннүк” диэни бэйэлэрэ да билбэттэр быһыылаах. Кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон этэринэн, биир нэһилиэккэ саҥа тыа хаһаайыстыбатын өйүүр миэрэлэри быһаара кэлбит улуус тыатын хаһаайыстыбатын исписэлииһэ дьон өйдөөбөт тиэрминнэринэн кутан-симэн баран, дьэ өй-төй булан ыйыталаһыах курдук буолан истэҕинэ, хойутаатаҕа аатыран, хомунан баран хаалбыт. Былыр даҕаны, быйыл даҕаны тыа киһитэ олохтоохтук дьаһанар уонна билбэт эйгэтигэр киирэртэн туттунар.
Онон дьаһалтабытыттан көрдөһүөҕү баҕарыллар: Саха сиригэр олорор кыаммат-түгэммэт дьоммутун үөрэҕэ суох, түҥкэтэх дьону бүөбэйдиир курдук үөрэтэн-такайан, саҥа үлэ көрүҥнэрин, сокуон уларыйыыларын ыстаан-илдьиритэн, ыал аайы, түөлбэ ахсын кэпсэтиилэри ыытан, дьону түмэн, “алларааттан” этиилэри хомуйуохха, дьон тылын-өһүн истиэххэ баара диэн. Билигин телевидениенэн, араадьыйанан, интернетинэн үксүн сатабыллаах, булар-талар, барар-кэлэр, этэргэ дылы, киирбит-тахсыбыт дьон туһунан кэпсээн наһаа элбээн эрэр. Ону дириҥэтэр Агростартап, “Молодой фермер” программа, социальнай контракка кыттыы, саҥа үлэ миэстэтин таһаарыы, ол-бу саҥа үүнээйини олордуу, ыҥырыа тутан мүөт оҥоруута, куурусса, сибиинньэ иитиитин, о.д.а. хайысхалар тустарынан этэргэ дылы, үөрэҕэ суох, нэһилиэгин иһигэр бүгэн олорор ыалларга ыстаан, илдьиритэн, быһааран биэрэр, кинилэри кытта биир тылынан кэпсэтэр, наада буоллаҕына, үөрэтэн-такайан биэрэр күүстээх методологическай матырыйаалынан хааччыллыбыт Үлэ дуу, Үөрэх дуу министиэристибэлэрин иһинэн тыа сирин сайдыытыгар үлэлэһэр анал тэрилтэ үлэлиирэ буоллар.
Саха Сирин “Орто сэниэ ыал дойдута” оҥорорго Аан Дойду улахан омуктарын ситиһиилэрин хайаан да туһаннахпытына сатанара буолуо. Ол курдук соторутааҕыта Китай компартиятын бэрэсэдээтэлэ Си Цзинпин – «Китай 770 мөлүйүөн киһитин дьадаҥы олохтон өрөһүйдүбүт” — диэбитэ. Кэлэр өттүгэр 2035 сылга дылы Китай дьонун олоҕун орто сайдыылаах дойдуларга олорор дьон олоҕун таһымыгар тэҥниир үлэни ыыталларын туһунан эппитэ. 1912 сыллаахха Өксөкүлээх «Саха интеллигенциятыгар сурук» диэн айымньытыгар Китай саҥа сирдэри баһылыан сөбүн эппитэ. Ол этиитэ 1978 сылга туолан Ден Сяопин «Аан дойдуга аһыллыы уонна реформа” бэлиитикэтин биллэрэн сүрүн соругунан «Сяокан — общество среднего достатка» диэн ааттаабыт дьадаҥыта суох общество баар буоларын ситиһиини туруорбута. Дьигинэн ити этии биһиги Сахабыт Сирин конституциятыгар судаарыстыбабыт сүрүн соругун быһыытынан эмиэ ыйылла сылдьар. Оччотугар Китай курдук балтараа милиардка чугаһыыр нэһилиэнньэлээх дойду ити сөҕүмэр кыайыыны хайдах ситиспитин, биһиги онтон тугу туһаныахпытын сөбүн, үөрэтэн көрүөх тустаахпыт.
ООН Китай дьадаҥы олоҕу суох гынарга анаммыт үлэтин Аан Дойду сөҕүмэр ситиһиитин быһыытынан билинэр. Кини опытын сайдан эрэр дойдуларга тарҕатар үлэни ыытар. Ону ааһан Китай 166 сайдыыта суох дойдуга быһаччы көмө оҥорор уонна билиитин, сатабылын үллэстэр. Китай билигин Аан Дойдуга Америка кэнниттэн иккис улахан экономика буолла уонна өссө да экономиката улаата турар. Китайдар бэйэлэрэ этэллэринэн өссө даҕаны дьадаҥы олоҕу ситэри суох гына иликтэр. Ол эрээри чахчы үлэлиир уонна олоххо киирэр кыахтаах дьадаҥы олоҕу суох гынар ньыманы булбуттарын туһунан этэллэр, ол этиигэ бары сөбүлэһэллэр. Дьэ ол туох эбитий, уонна биһиэхэ туох көдьүүстээх буолун сөбүй?
Дьадаҥы буолууну суох гынарга анаммыт национальнай программаны, Китай судаарыстыбаннай сүбэтин иһинэн үлэлиир дьадаҥы буолууну утары охсуһар комитет салайар. Аҥаардас бүтэһик биэс сыл иһигэр быстар дьадаҥы олохтон 68 мөлүйүөн киһи быыһаммыт. Ити кэмҥэ Китай тыатын сиригэр олорор дьон дохуота сыл аайы 10.4% үрдээн иһэр. Дьадаҥы буолууну утары охсуһарга анаммыт программа сүрүн өрүттэрин кылгастык эттэххэ манныктар.
Хас биирдии дьадаҥы киһиэхэ сөптөөх, чопчу уонна тустаах көмө оҥорор иһин Китайга олорор дьадаҥы киһини барытын хабар анал карточка оҥоһуллар. Онно киһи дьадаҥы буолбут төрүөтэ, киниэхэ тугунан көмөлөһүөххэ сөбө уонна бу киһини байылыат олоххо тириэрдэргэ туох оҥоһуллуохтааҕа ыйыллар. Дойду салалтата, провинция, куорат уонна нэһилиэк салалтата дьон олоҕун тупсарарга үлэлиирин туһунан анал андаҕар биэрэр уонна салалта үлэтин таһаарыыта дьадаҥы олоҕу суох гынарга тугу үлэлээбитинэн уонна тугу ситиспитинэн эмиэ сыаналанар. Бастатан туран хас дьадаҥы киһи баара, дьадаҥы буоларын төрүөтэ биллэр буолан Китай салалтата чопчу, үлэлиир уонна дьайыылаах ньыма булара чэпчээн биэрэр. Холобур, 2030 сылга дылы промышленнос көмөтүнэн 30 мөлүйүөн киһи дьадаҥы буолартан босхолонуо.
Дьадаҥы олоҕу утары охсуһуу биргэ үлэлээһин, кооперация уонна хардарыта көмөлөсүһүүгэ олоҕуран ыттыллар. Ол курдук сайдыылаах илиҥҥи регионнар, сайдыыта суох архааҥҥы регионнарга көмөлөһөллөр. Ону таһынан Китайга үэлиир улахан компаниялар «10 тыһынча тэрилтэ 10 тыһынча нэһилиэккэ көмөлөһүө» диэн программа чэрчитинэн уһук сытар дьадаҥы нэһилиэктэргэ көмө оҥороллор. Ити программа иһинэн Алибаба платформа Taoбао диэн ааттаан уһук сытар нэһилиэк олохтоохторо бэйэлэрин оҥоһуктарын интернет нөҥүө Аан Дойдуга атыылыыр ситимнэрин оҥорбут. Билигин ол ситимҥэ 4310 нэһилиэк кыттан хас биирдии нэһилиэк өлөрөр харчыта сылга балтараа мөлүйүөн долларга тиийэр буолбут. Бу көмө аҥаардас үбүлээһин эрэ быһыытынан барбат. Үөрэтии, суол иис оҥоруута, уу-хаар тардыыта барыта киирэр. Алибаба курдук көмө үлэтигэр Кытай үрдүнэн 60 тыһынча тэрилтэ кыттар. Манна эбии киэҥ общественность бу үлэҕэ эмиэ кыттар. Дьадаҥы буолууну кытта охсуһуу фондата, дьадаҥы буолууну кытта охсуһуу волонтердарын сулууспата, дьадаҥы буолууну кытта охсуһууга кыттыы портала уонна да атын дьадаҥы буолууну кытта охсуһууга кыттыан баҕалаах дьоҥҥо үлэлэрин чэпчэтэр платформалар бааллар, бу үлэҕэ кыттыбыт дьоҥҥо нолуок кээмэйин кыччатыы, социальнай балл ылыы, уот, уу төлөбүрүн кыччатыы курдук үтүөлэр көрүллэллэр. Дьадаҥы буолууну утары охсуһууга анаммыт үбү сөпкө туттуу, ыйыллыбыт сорудахтары толоруу, көмөнү кэмигэр уонна толору оҥороруу туһунан ким баҕарар ыйытар да этэр да «12317» нүөмэрдээх хонтуруол сулууспата үлэлиир.
Дьадаҥы буолууну утары охсуһуу сайдыы ситиһиилэригэр олоҕуран ыытыллар. Үгэс буолбут дьарыктары сайыннаран онтон ылыллар үбү элбэтиини кытта саҥа үлэ көрүҥнэрин киллэрэн, тыа сиригэр дьоҕус промышленность тэрилтэлэрин арыйан дьону цифровой эйгэни, интернет атыытын туһанарга үөрэтэн, дьон бэйэтин кыаҕын сайыннаран дьадаҥы олохтон тахсалларын ситиһэргэ улахан болҕомто ыытыллар. Ол инниттэн улахан болҕомто үөрэхтээһиҥҥэ урууллар. Үөрэх дьыссаат саастаах оҕолортон саҕаланар буолан оҕо оскуоланы бүтэрэригэр уопсайа 13 сыл үөрэнэр уонна оскуоланы бүтэрэригэр билиитин таһыма университет маннайгы, иккис курсун студеныгар тэҥнээх буолар. 70 сыл аннараа өттүгэр дьонун 80% үөрэҕэ суох дойдуга бу сөҕүмэр ситиһии. Билигин Китай үөрэҕириитин таһыма сайдыылах дойдулартан итэҕэһэ суох, Аан дойду 100 бастыҥ университеттарын иһигэр түөт китай университета киирэр, биһиги МГУ-бут хомойуох иһин 108 миэстэҕэ сылдьар. Билиҥҥи сорук үөрэҕириини, сайдыыны туһанан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ утумнаан баран испит дьадаҥы буолуу төрүөтүн суох гыныы буолар. Ол курдук былыр былыргаттан дьадаҥытык олорбут 105 000 нэһилиэк дьоно билигин дохуодтара үрдээн аны бэйэлэрэ атын дьоҥҥо көмөлөһөр турукка кэлбиттэр. Китай бырабыытыластыбата мэктиэлииринэн, аныгыскы сорук 2015 сылга 14.42 мөлүйүөн киһини дьадаҥы олохтон таһаарбытын курдук уонна 2016 сылтан саҕалаан ортотунан сылга 10 мөлүйүөн киһини дьадаҥы олохтон босхолоон 832 дьадаҥы провинцияҕа баар 128 тыһынча дьадаҥы нэһилиэккэ олорор 55,75 мөлүйүөн киһини дьадаҥы олохтон таһаарыы буолар, иннэ гыннаҕына аныгыскы сорукка көһөн аны орто сэниэ ыал обществотын оҥоруохтаах.
Китайга дьадаҥы буолууну аҥаардас үп-харчы тиийбэтин кытта ситимнээбэттэр. Олорор условие, суол-иис, доруобуйа харыстабыла уо.д.а киһи олоҕун араас өрүттэрин холбуу тутан көрөллөр. Ол курдук олорор сиригэр хайдах дааҕаны дьадаҥы буолан бүтүө суох, медицина, үөрэх өҥөлөрүгэр тиксибэт, аһа-үөлэ хайдах даҕаны тупсуо суох буоллаҕына киһихэ атын сиргэ көһөрүгэр көмөһөллөр, атын сиргэ дьиэнэн уонна үлэнэн хаччыйаллар, биитэр атын сиргэ баран үлэлиир кэмигэр дьиэтин уотун көрөргө-харайарга көмөлөһөллөр, ыраах сылдьан үлэлиир кэмигэр оҕолорун көрөр аймахтарыгар эбэтэр анал тэрилтэлэргэ харчынан көмөлөһөллөр. Бу программа үлэлиэҕиттэн уопсайа 10 мөлүйүөн киһиэхэ оннук көмө оҥоһуллубут. Олох хайдах даҕаны үлэ көстүө суох буоллаҕына судаарыстыба дьадаҥы киһи оннугар ханнык эрэ тэрилтэҕэ үп биэрэр уонна ол киһини тэрилтэҕэ сыһыаран тэрилтэ доходуттан үп ыларын ситиһэр. Холобур, 2020 сылга 35 000 тыһынча нэһилиэккэ олорор икки мөлүйүөн кэриҥэ киһини солнечнай панель оҥорор тэрилтэлэри Китай судааарыстыбата үбүлээн кинилэргэ доляҕа киллэрбит, билигин ол дьон хас атыыланар солнечнай панельтан бэйэлэригэр үп киллэрэн иһэллэр. Бу хамсааһын, биһиги алмаас хостонор улуустарбытыгар Алроса хампаанньа акциятын биэрээһиҥҥэ майгынныыр. Өссө биир үлэнэн хааччыйыы ньыматынан улахан таһымнаах айылханы харыстааһын хамсааһыныгар үлэтэ суох дьону кытаннарыы буолар. Мас олордуута, курааны кытта охсуһуу уонна да атын национальнай бырайыактарга элбэх киһини кытыннаран, үөрэтэн биир өттүнэн дьону үбүлүүллэр иккис өттүнэн барарга-кэлэргэ, саҥа үлэ көрүҥнэрин баһылыырга үөрэтэллэр.
Быһатын эттэххэ Китай дьадаҥытык олорор дьонугар көмөтө аҥаардас дотация, субсидия эрэ буолбакка киһи олоҕун туох баар өрүтүн барытын хабар. Ону ааһан туох баар үлэ былааннаахтык, аһаҕастык уонна чопчу оҥоһуллар. Кинилэр сүүһүнэн мөлүйүөн киһини барытын ааҕан, дьадаҥы буолар төрүөтүн онтон хайдах быыыһыахха сөбүн билэр буоллахтарына Саха Сиригэр олорор 200 тыһынча дьадаҥы киһини билэр, чопчу көмө программатын оҥорор кыаллар курдук көстөр. Биир үчүгэй, уонна биһиэхэ даҕаны кыаллар холобурунан буолар билиилээх, уопуттаах, үчүгэй салайааччылары элбэх кыаммат ыал баар нэһилиэктэригэр үлэҕэ ыытыы буолар. Китайга 188 тыһынча сатабыллаах салайааччы, 128 тыһынча рабочай этэрээт и 530 тыһ. алын сүһүөх специалистара уһук сытар нэһилиэктэргэ баран үлэлии сылдьаллар. Хомойуох иһин билигин биһиги төттөрүтүн, билэр-көрөр, үөрэхтээх дьоммутун Дьокуускайга ыҥыран ылан үлэлэтэбит.
Биһиэхэ улуус, нэһилиэк баһылыктара дьадаҥы дьонун ахсаанын чопчу билбэт түгэннэрэ эмиэ бааллар. Хас дьадаҥы ыал, дьадаҥы ыалга олорор оҕо баарый диэтэххэ быһа холуйан этэллэр. Дьигинэн нэһилиэккэ даҕаны, улууска даҕаны социальнай көмүскэл тэрилтэлэрэ бааллар эрээри биир үксүн тэрилтэлэрэ ыйыытынан-кэрдиитинэн, онно сөп түбэһэр информацияны ылаллар-биэрэллэр. Үксүн киһи бэйэтэ оҕо дотациятын ыла кэллэҕинэ, биитэр туох эмэ кыһалхаҕа кыһарыйтардаҕына анал докумуон толорон бу ыал үбэ прожиточнай минимумтан аллараа буоларын быһаараллар. Хомойуох иһин, атын ньыма суох. Үлэ уонна социальнай көмө министерствота, үлэлээх буолууну хааччыйар комитет, статистика тэрилтэтэ үксүн Федеральнай һокуон уонна норматив чэрчитинэн үлэлиир буолан баҕарбыттарын да иһин дьадаҥы дьону ааҕар, кинилэри туспа тутан үөрэтэр кыахтара хааччахтаах. Бу хайысхаҕа Саха Сирэ бэйэтэ туспа сокуон ылынан Китайга баарын курдук хас биирдии дьадаҥы киһиэхэ туспа карточка арыйан, анал архыып оҥорон чопчу киһини кытта үлэлээн, кини олоҕо тупсуор дылы көмөлөһөн, салайсан, ыйан-кэрдэн биэриэ этэ. Нэһилиэк, улуус баһылыктарын үлэтин хас дьадаҥы киһиэхэ көмөлөһөн, кинини үптээх-харчылаан, үлэлээн-хамнастаан олоҕун тупсарбытынан сыана быһыллыа этэ. Билигин нэһилиэк, улуус баһылыгын үлэтэ биир үксүн нэһилиэккэ туох тутуллубутунан быһаарыллар курдук буолла.
Биһиэхэ улуус улуус, нэһилиэк нэһилиэк аайы түспа үп хаччы баара, промышленнай районнар атыттартан ураты элбэх дохуоттаахтара биллэр суол. Биир улуустан сарбыйан, атын улууска үбү биэрии бука сыыһа буолуо эрээри биһиэхэ 90-с сылларга ыытыллыбыт үлэни дириҥэтэр, кэҥэтэр уолдьаста. Бары билэрбит курдук Өлүөхүмэҕэ, Хаҥаласка Тыа хаһаайыстыбатын академиятын филиаллара, Нерюнгрига, Мирнэйгэ СГУ филиаллара, Чурапчыга физкультура института арыллыбыттара, Бүлүүгэ, Намҥа педколледжтар кэҥээн биэрбиттэрэ, Сунтаарга гранильнай собуот арыллыбыта уонна да атын улуустарга саҥа үлэ миэстэтин таһаарар тэрилтэлэр үөскээбиттэрэ. Ити саҕалааһыны кэҥэтэн, тыа сиригэр олорор дьоҥҥо саҥа үлэ миэстэтин таһаарар, аҥаардас тыа хаһаайыстыбатын эрэ өйөөбөккө атын оҥорон таһаарыы көрүҥнэрин, культура, наука, үөрэх тэрилтэлэрин арыйыах баара. Билигин интернет ситимэ Республикаҕа барытыгар баар, республика нэһилиэнньэтин 86% түргэн оптоволокно нөҥүө холбонор интернеттаах, 2021 сылга өссө 2000 км оптоволокно тардыллыахтаах. Биһиги сонумсахпытынан, саҥаны ылынан иһэрбитинэн аатырабыт. Ил Дархан Айсен Сергеевич эппитинэн ааспыт сылга пандемия кэмигэр 15 000 телемедицина консультацията оҥоһуллубут, үөрэхпит тэрилтэлэрэ, атын да тэрилтэлэр ыраахтан үөрэх, үлэ көрүҥнэрин толору туһаналларын көрдөрдүлэр.
Онон билигин итини саҥа таһымҥа таһааран, улахан Алроса, Сахатранснефтегаз, Якутэнерго, Водоканал курдук тэрилтэлэри, ону таһынан улахан промышленнай тэрилтэлэри бастаан уһук сытар нэһилиэктэргэ сыһыаран, онно олорор дьоҥҥо аҥаардас үбүнэн-аһынан эрэ буолбакка үөрэтэн, тэрийэн оҥорон таһаарбыттарын батарарга көмөлөһөллөрүн ситиһиэх баара.
Таатта улууһугар Мосоркин Константин, Мосоркин Станислав, Капитонов Вячеслав, Никонова Наталья диэн Уолба олохтоохторун кытта кэпсэппиппэр, сылгынан, сүөһүнэн олорор дьон Минсельхоз линитятынан барар саҥа уларыйыылары сүгүн-саҕын өйдүү иликтэрин эппиттэрэ. Үлэлиир баҕа да, кыах да баар ол эрээри сокуон өттүгэр, саҥа көмө программаларын билиигэ, ону туһаныыга күчүмэҕэйдэр баалларын бэлиэтээбиттэрэ. Ити көстүү аҥаардас Уолбаҕа эрэ баар буолбатах. Уус Алдан Чараҥыгар, Таатта Чөркөөҕүгэр, Өлүөхүмэ Кыыллааҕар, Ленскэйгэ эмиэ дьон наар билэр эрэ ньымаларынан үлэлииллэрин, саҥа үлэ көрүҥүн, интернет нөҥүө оҥорон таһаарбыттарын батарыы туһунан үчүгэйдик билбэттэрин, ону баһылыы иликтэрин эппиттэрэ.
Билигин саха ыччаттара мобильнай сыһыарыы, компьютернай оонньуу, программа оҥорон Аан дойдуга атыылыы олороллор. Ол гынан баран үөрэхтээҕи үөрэтии тэнийэн хаалла. Оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммит, билиилээх-көрүүлээх киһи эрэ үрдүк, орто анал үөрэххэ киирэр. Этэргэ дылы үөрэххэ киирээри киһи үөрэхтэнэн хаалар үйэтэ кэллэ. Онон өссө биир куттал үөскүүр, Өксөкүлээх «Төрүү илигиттэн түҥнэри төлкөлөөх» диэн поэматын уларытан эттэххэ төрүөҕүттэн дьадаҥы буолар утумнаах дьон баар буолан эрэр. Ити куһаҕан утуму тохтоторго хайысхаларынан көрөн «Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин дьадаҥыттан босхолооһун», «Үөрэх кыһатыгар дьадаҥы суох буолуута» уо д.а. программалары оҥоруохха баара. Иннэ гынан тустаах министерстволар эмиэ кыттыа этилэр. Китай курдук улахан дойду 2030 сылга дьадаҥы киһи хаалыа суоҕа диир буоллаҕына биһиги тыйыс айылхалаах, аҕыйах киһи олорор ыраах сытар нэһилиэктэрбитигэр даҕаны сөпкө дьаһаннахпытына биир да дьадаҥы киһи хаалбатын ситиһиэхпитин сөп курдук көстөр.
Биһиги Ил Дархаммыт Айсен Николаев 2020-2030 сылларга дьадаҥы буолуу төрүөтүн кытта охсуһар программатыгар «система социального сопровождения малоимущих семей» диэн анал хайысха баар. Ол хайысха чэрчитинэн хас биирдии киһиэхэ социальнай карта диэни арыйан көмөнү чопчу биирдиилээн киһиэхэ аныахха, биирдиилээн ыалга дьадаҥы олохтон тахсар суолу ыйыахха наада.
Ил Дархан былырыын Чурапчы улууһугар сылдьан “дьиэ кэргэн экэниэмикэтин” хамсааһынын Өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник тэнитиэххэ наадатын эппитигэр олоҕуран, “дьиэ кэргэн экэниэмикэтин” хабаанын кэҥэтэргэ уонна тыа сиригэр дьиэ кэргэн таһымыгар кыаллар үлэ ахсаанын элбэтэргэ кэм кэллэ.
Сергей Попов, СӨ Бастакы Президенын, СӨ судаарыстыбаннай сүбэһитин М.Е.Николаев көмөлөһөөччүтэ.