На сайте «Сахалайф» 20.08.2022 года вышло обращение общественников! На встрече с министром сельского хозяйства РС (Я) Александром Аталсовым приняла участие член Общественной Палаты Ольга Григорьева!
Обращение Айыл Дьулур5а: поможем фермерам в беде!
Дорогие земляки!
Мы все любим кушать местную продукцию, которая для нас особенно ценна и полезна. Фермерам приходится работать в поте лица, вложить любовь, энергию, деньги и время. Благодарим их за это! Ко мне обратились фермеры Горного улуса. Затопило сенокосные угодья в Горном, Намском, Кобяйском, Вилюйском, Верхневилюйском и Верхоянском улусах. В Чурапчинском засуха. Глава республики обратился к муниципальным образованиям и к Минсельхозу о необходимости помочь фермерам с заготовкой сена. Реальна угроза сокращения поголовья скота. Это не только проблема фермеров, а вопрос продбезопасности для жителей республики.
Встретились с министром сельского хозяйства РС(Я) А.П. Атласовым . Он подтвердил серьезность создавшейся ситуации. В начале следующей недели мы получим конкретную цифру потребности фермеров в помощниках.
Призываем жителей республики поддержать наших кормильцев!
Если Вы имеете опыт сенокосной работы, мы просим связаться с нами по указанному телефону.+7 914 110-39-12
Айыл Дьулур5а
Телеграм-канал Минсельхоза Якутии сообщает, что министр Александр Атласов встретился с активистами Айыл Дьулурха по вопросу сложившейся ситуации кормозаготовительной кампании в ряде улусов из-за неблагоприятных погодных условий.
Рабочее совещание прошло на парковочной территории здания министерства (на безопасном расстоянии), пока «Росгвардия» и МЧС РС (Я) вели свою работу по эвакуации людей из-за сообщений о минировании здания, впоследствии оказавшиеся ложными.
В ходе встречи министр подтвердил серьезность ситуации. И чтобы не допустить реальной угрозы сокращения поголовий КРС, было принято решение организовать дополнительные мобильные бригады, которые отправятся на помощь нуждающимся в ускорении кормозаготовительных работ фермерским хозяйствам, в Горный район. В связи с этим, всех наших неравнодушных и сильных боотуров, желающих поддержать фермеров в ускорении выполнения их плана по кормозаготовке, просим связаться по номеру: +7 914 110-39-12.
Вчера состоялся прямой эфир министра сельского хозяйства РС (Я) А.Атласова:
Сегодня 25.08.2022 года на сайте газеты «Улэ кууһэ»
Үлэ барарыгар, көмө оҥоһулларыгар сорук турар
Соторутааҕыта Горнайга СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко үлэлээтэ. Андрей Тарасенко салайааччылаах делегация Одуну нэһилиэгэр кэлэн, ууга барбыт оттуур ходуһалары миэстэтигэр тиийэн көрдө, хаһаайыстыбалаах дьону көрсөн кэпсэттэ. СӨ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Артем Александров, улуус баһылыга Никита Андреев, Одуну нэһилиэгин баһылыга Владимир Текеянов балаһыанньаны миэстэтигэр билиһиннэрдилэр.
Отторо ууга барбыт хаһаайыстыбалаах дьоҥҥо быйыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны кыстыгы туоруулларыгар уустук балаһыанньа үөскээтэ. Атырдьах ыйын ортото буолла да, ардах тохтообокко түһэр. Андрей Владимирович маннык кыһалҕа биһиэхэ эрэ буолбакка, бүтүн регион үрдүнэн баарын бэлиэтээтэ. Онно төрүөтүнэн ирбэт тоҥ ириэриитин түмүгэр ардах түһүүтэ, былырыыҥҥы ойуур баһаарын содула эмиэ буолуон сөбүн эттэ.
Никита Андреев, улуус баһылыга:
– Элбэх оттуур ходуһа ууга былдьанан сытар. Андрей Тарасенко ааспыт сылга баһаарга эмсэҕэлээбит шлюз регуляторы чөлүгэр түһэрэргэ эттэ. Манна туох көмө оҥоһуллуон сөбүн көрөн, этиилэргитин киллэриҥ диэн сорудахтаата.
Улуус үрдүнэн мобильнай биригээдэлэр тэриллэн үлэлэрин саҕалаабыттара. Кинилэр былаан быһыытынан 1800-1900 тн оттуохтара диэн сабаҕалыыбыт. Сыллааҕы былааммытын толорорго уустук балаһыанньа үөскээтэ. Манна СӨ Бырабыыталыстыбата, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин өттүттэн сөптөөх көмө көрүллүө диэн эрэнэбит. Ол да буоллар, төһө кыалларынан хойукка диэри бэйэбит күүспүтүнэн оттуохпутун наада. Быйылгы сылга окко наадыйааччы элбэх, онон от атыылааччы хаһаайыстыбалары көрдүүбүт, атыылаһарга бэлэммит.
Андрей Тарасенко, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ:
– Быйыл уу чахчы олус элбэх. Тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар төһө кыалларынан оттообуттар. Бу ардахтарга от барыта ууга сытар. Бырабыыталыстыба өттүттэн кыстык оту бэлэмнээһиҥҥэ үлэ барарыгар, көмө оҥоһулларыгар сорук турар.
Нэһилиэк олохтоохторо сүбэ мунньахха маннык балаһыанньаҕа хайдах сүөһүнү кыстатар туһунан, оттуур ходуһаларга тиэхиньикэ сылдьыбат буолбутун этиннилэр. Баһаары сэрэтэр туһугар оҥоһуу ардаҕы түһэрэллэрин утаралларын биллэрдилэр. Ынах, сылгы аһын аҕалыыны, тастан от кэлиитин хааччыйалларыгар баҕа санааларын этэн, мунньахха көхтөөхтүк кытыннылар.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ кэпсэтии кэмигэр киирбит туруорсуулары өйүүрүн эттэ, Горнайга оҥоһуу ардахтар түспэтэхтэрэ диэн бигэргэттэ. Сүрүн болҕомто оттуур ходуһа сирдэрин оҥорууга, уу мустар сирдэрин босхолооһуҥҥа, мобильнай биригээдэлэри элбэтэр наадалааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Түмүккэ Андрей Тарасенко тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччытыгар Артем Александровка, улуус баһылыгар Никита Андреевка бэйэлэрин этиилэрин киллэрэллэригэр эттэ.
Бырабыыталыстыба саппаас фондатыттан кураантан, ууттан эмсэҕэлээбит улуустарга үп-харчы көрүллэн мобильнай биригээдэлэр тэриллэн учаастактарынан оттууллар. Горнайга билиҥҥитэ 22 мобильнай биригээдэ үлэлиир. Төһө даҕаны уһун ардахтаах буоллар былааны 54,7 % толордулар. Бэрдьигэстээх, Кировскай, Маҥаны нэһилиэктэрэ былааны 75 % тириэртилэр. Сайыҥҥы биир күн дьылы аһатар диэн этии баар. Күн-дьыл турдар эрэ, үлэ балай да кыайтарыа этэ.
Үлэ күүһэ хаһыат сайтыттан: https://ulus.media/article/68966
Требуется помощь общественности!
Обращайтесь на контактный телефон Айыла Дьулурха: +7 914 110-39-12!
Поступила заявка от фермера на помощь в уборке картофельного урожая.
СХПК «Саныяхтахский» предлагает следующие условия оплаты труда за сбор картофеля в селе Малыкан, Саныяхтах Олекминского Района (Планируемый объём уборки 500 тонн):
1 вариант оплаты : 65 руб — 1сетка (Проезд,проживание ,питание за счёт СХПК «Саныяхтахский»)
2 вариант оплаты : Каждая 10-ая сетка ваша (Проезд, проживание — СХПК «Саныяхтахский», питание за ваш счёт )
Примечание: 1 сетка — 29-30 кг.
Записаться можно по тел.: 8 914 110-39-12