Бурдуктаах буолактардаах “Амма” АУО генеральнай дириэктэрэ Роман Спасьев билиһиннэрбитинэн, бэйэ бурдугун үүннэрэн, онтон сиэмэтин ылан, хаһаайыстыба тастан сиэмэ атыыласпакка, 9 мөл. солк курдугу кэмчилээбит
“Биһиги хаһаайыстыбабыт быйылгы сыллаах ыһыыта барыта бэйэбит сиэмэбит. Ол курдук 1000 тонна бурдук сиэмэтин ыраастаан ылан бэйэбитигэр уонна улууспут хаһаайыстыбаларыгар атыылаабыппыт. Тастан атыыласпатыбыт. Барыта оройуоннаммыт бэйэбит сиэмэбит. Онон да быйылгы үүнүүнү долгуйа күүтэбит. Бааһыналары көрдөххө, тахсыы куһаҕана суох. Төһө да саас уһаан, хойутаан ыстарбыт, бэйэбит усулуобуйабытыгар сөп түбэһэр сиэмэлэр буолан, кылгас сайыммытыгар ситэллэр. Урут Тюменьскай уобаластан, биһиэхэ сөп түбэһэр климаттаах диэн онтон ылар этибит. Онно биллэн туран үп-харчы ороскуоттанара. Уопсайа 300 тонна сиэмэ бурдук атыылаһыытыгар диэн 9 мөл. солк. ороскуоттанара. Биир киилэтин 40-тан тахса солкуобайга атыылаһар этибит. Онтон билигин бэйэбит улууспут хаһаайыстыбалара биһигиттэн 20-тэн тахса солкуобайга атыыластылар. Көрөргүт курдук икки төгүл чэпчэки. Онон мантан ыла барыта этэҥҥэ буоллаҕына, бэйэбитин эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ атын бурдугу үүннэрэр хаһаайыстыбаларыгар атыылаан, сиэмэ бурдугу үүннэрэр, анал хаһаайыстыба буолуохпутун баҕарабыт.
Онно усулуобуйа барыта баар.
Аны маны сэргэ комбикорманы тастан ылбат буолбуппут иккис сыла буолла. Ол курдук бэйэбитигэр үүммүт сэлиэһинэйи уонна нэчимиэни булкуйан, онно араас битэмииннээх уоҕурдуулары эбэн, комбикорма оҥорон таһаарабыт, чэпчэки сыанаҕа хаһаайыстыбалар, чааһынай да сүөһүлээх дьон ылаллар. Бу билиҥҥи экономическэй санкциялар кэмнэригэр олус суолталаах.
Инникитин ынахха эрэ буолбакка, кууруссаҕа, сибиинньэҕэ эмиэ барсар гына оҥорон таһаараары гынабыт. Бу икки сыл устатыгар комбикорма оҥоһуутугар көрүллэр субсидия олус көмөлөөх буолбута. Инникитин бу көмө салгыы баар буолара наада.
Атахпытыгар тирэхтээхтик турарбытыгар өйөбүл-тирэх буолуо этэ. Билигин биһигиттэн ирдэнэр сорук диэн ыһыыбыт иэнин өссө кэҥэтэн, урукку сылларбытыгар тиийиэхтээхпит. Холобура ааспыт үйэ 80-90 сылларыгар манна баар бааһыналартан эрэ 5000 тонна бурдук хомуллара. Билигин биһиги онтон аҥаарын, 2500 тоннаны хомуйабыт. Онон баар бааһыналарбытын туһанан, технологиялары тупсаран, үрдүк үүнүүлэри ыларга улахан соруктаахпыт”, — диэн Роман Сергеевич санаатын үллэһиннэ.
Кылаабынай агроном Назар Черкашины кытта оройуоннаммыт “Приленская-19” уонна “Туймаада” диэн сортаах сэлиэһинэй бурдук бааһынатын көрдүлэр. Онно бэлиэтээбиттэринэн, быйылгы курдук кураан сайыҥҥа тахсыы куһаҕана суох. Онтон бурдук үүннүүтэ үчүгэй буолан, сиэмэ бурдук ылыллан, комбинированнай аһылык оҥоһуллан, сүөһүттэн ылыллар бородууксуйа үрдүөхтээх. Этэргэ диэри
“сүөһү аһа — тылыгар”. Ол эбэтэр тотоойутук аһыыр сүөһү биэрэр аһа-үөлэ, этэ да хаачыстыбалаах буолар. Онон маннык бэйэ бородууксуйатын оҥорууга ыллыктаахтык ылсыбыт хаһаайыстыбаҕа өрөспүүбүлүкэттэн көмө көрүллэрэ буоллар, кини биэрэр көдьүүһэ өссө үрдүк буолуо.
Амма олоҕо: https://ulus.media/article/66692