Warning: Undefined variable $ub in /var/www/u1242105/data/www/usadbaykt.ru/wp-content/plugins/advanced-page-visit-counter/public/class-advanced-page-visit-counter-public.php on line 148

Warning: Undefined variable $ub in /var/www/u1242105/data/www/usadbaykt.ru/wp-content/plugins/advanced-page-visit-counter/public/class-advanced-page-visit-counter-public.php on line 160
Саха сиригэр кыстык от толору кээмэйинэн баар - Усадебное хозяйство в Якутии

Саха сиригэр кыстыкка сүөһү уонна сылгы аһыгар 443,1 тыһ. туонна баар, ол иһигэр от — 397,7 тыһ туонна, сиилэс — 28,5 тыһ туонна уонна сенаж — 16,9 тыһ туонна.

Барыллаан суоттааһынынан, бэлэмнэниллибит от өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэр, атын регионтан от атыылаһыыта былааннаммат, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр этилиннэ.

Ахсынньы 1 күнүнээҕи туругунан, сүөһү ахсаана бары хаһаайыстыбаларга 201 115 төбө, ол иһигэр ынаҕа – 77 348. Сылгы 213 305 төбө, ол иһигэр биэтэ – 119 991.

Аһатыыга 1083 сылгы киирдэ, бу уопсай ахсаантан 0,5%. Былырыын баччаларга бу көрдөрүү 2949 (1,4%) сылгыга тэҥэ.

ЯСИА сахалыы сайтыттан: https://sakha.ysia.ru/saha-siriger-kystyk-ot-toloru-keemejinen-baar/

От adminNB

2 комментария для “Саха сиригэр кыстык от толору кээмэйинэн баар”

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *