Ааспыт сайын курааннаан уонна ардах халаанын содулугар сүөһү аһылыгынан ситэ хааччымматах улуустары салгыырга былааннаммыт оттон, бу дьыл ахсынньы 22 күнүнээҕи туругунан, 22 бырыһыана тиэйилиннэ. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сиртэн үүнүүнү ылыыга, мэлэрээссийэҕэ уонна матырыйаалынай-тэхиньиичэскэй хааччыйыыга департаменын салайааччытын солбуйааччы Василий Бессонов иһитиннэрэринэн, саҥа сылга диэри эбии аһылыктыын былааннаммыт кээмэйтэн аҥаара кыбыыны булуоҕа.
Өссө төгүл, саната таарыйа, суруйдахха, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин Андрей Тарасенко “Ынах сүөһү уонна сылгы 2022 – 2023 сс. бигэ кыстыгын тэрийиигэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн олохтоох бүддьүөттэргэ атын бүддьүөттэр икки ардыларынааҕы үбү тыырыы туһунан” 1186-с №-дээх дьаһала ахсынньы 13 күнүгэр тахсыбыта. Ити дьаһалга олоҕуран, айылҕа содулуттан эмсэҕэлээбит улуустарга 135,5 мөл. солкуобай кээмэйдээх көмө чопчу оҥоһулларыгар үлэ ыытыллар.
Көмө үпкэ барыта 11 улуус (Кэбээйи, Бүлүү, Куорунай, Чурапчы, Эбээн Бытантай, Үөһээ Дьааҥы, Өлүөхүмэ, Өлөөн, Үөһээ Бүлүү, Нам, Таатта) тиксиэҕэ. Министиэристибэ улуустартан киирбит сайаапкаларынан көрөн тыырбытынан, 135,5 мөлүйүөнтэн 12,5 мөл. солкуобайа от атыытын уонна 47,6 мөл. солкуобайа оту
тиэйии-таһыы ороскуотун толуйууга, 75,3 мөл. солкуобайа эбии аһылык (уотурба, бытарытыллыбыт от, эбиэс) атыытыгар тиэйиитин кытта туттуллуоҕа. Департамеҥҥа суоттуулларынан, итиччэ көмөнөн туһанан ыйыллыбыт улуустары барыта 9 тыһ. туонна отунан уонна 5 тыһ. туонна эбии аһылыгынан хааччыйыы кыһалҕата быһаарыллыахтаах.
Оттон улуустартан киирбит сайаапкаларынан сирдэтэн, билиҥҥитэ (сыыппара хамныы турар) 25792,05 туонна от уонна 5002 туонна эбии аһылык тиэйиллэрэ былааннанар. Быйылгы кыстыкка судаарыстыба өйөбүлэ икки түһүмэхтээн оҥоһулларын санатабын. Ити 135,5 мөл. солкуобай – бу сыллааҕы бүддьүөт ыстатыйаларыттан кырыйан-көһөрөн булуллубут үп. Онтон кэлэр 2023 сыллааҕы бүддьүөккэ Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан бу сыалга эбии 250 мөл. солкуобай угулунна. Онон сүөһүлээх-сылгылаах ыаллар, хаһаайыстыбалар “сүгэлэнэргэ-быһахтанарга” тиэтэйиэ суохтаахтар.
Ол гынан баран, көмө үп эмсэҕэлээбит 11 улууска тараах тииһин курдук биир халыыбынан тиийэр буолбатах. Бырабыыталыстыба дьаһала тахсыбытын кэнниттэн сааһыламмыт испииһэгинэн, оту тиэйиигэ ороскуот сорҕотун толуйуу 10 улууска (Өлүөхүмэттэн, Үөһээ Дьааҥыттан ураты) оҥоһуллуо. Онус улууһунан Эдьигээн киирэн биэрбит, онно 25 туонна оту тиэрдии былааннанар. Ааспыкка суруйарым саҕана, дьаһал сыһыарыытыгар үбү тыырыыга көмө оҥоруу “оту тиэйии” диэн көрүҥэр Эбээн Бытантай уонна Өлөөн улуустара суохтар этэ. Билигин былааҥҥа турарынан, саха сүөһүлээх хотугу улууска 134 уонна Өлөөн ынах сүөһүлээх соҕотох нэһилиэгэр, Ээйиккэ, 135 туонна от тиэйиллиэхтээх.
Эбии аһылыгы атыылаһыыга уонна тиэйтэриигэ өйөбүл испииһэгэр 8 улуус (Үөһээ Бүлүүттэн, Намтан, Тааттаттан уратылар) киллэриллибит. Манна сыһыаран суруйдахха, Үөһээ Бүлүү улууһа оту тиэйиини таһынан от атыытын толуйууга 3 улуус хапсыбытын иһигэр Кэбээйи уонна Бүлүү улуустарын кытта биир кэккэҕэ турар. Бүлүү өрүс уонна үрэхтэр уһун ардах содулугар хааларыттан тахсаннар, кэбиһиилээх отторун уонна оттуур ходуһаларын былдьаппыт
улуус нэһилиэктэрэ 979 туонна окко сайаапкалаахтар. Үөһээ Бүлүүгэ барыта 6,6 мөл. солкуобайдаах көмө оҥоһулларыттан от атыытын сорох ороскуотун толуйууга 2,9 мөлүйүөнэ туттуллуо.
Бу үөһэ өйөбүл бастакы түһүмэҕэр эрэ сыһыаннааҕы таарыйдым. Баҕар, сорох дьон “халаантан саамай обургутук эмсэҕэлээбит үөһээ дьааҥыларга от тиэйиигэ көмө оҥоһуллубатын” дьиктиргиэхтэрэ. Бу хотугу улууска кыһыҥҥы суоллара тохсунньуга-олунньуга арылларынан, саҥа сылга диэри оту тиэйэргэ торумнаммыт былааҥҥа суохтар эрээри, оту тиэйиигэ 5,9 мөл., эбии аһылыгы атыылаһыыга, тиэйиигэ 5,6 мөл. солкуобай көрүллэн сытар. Оттон иккис түһүмэххэ кимиэхэ төһө-хачча үп тиийиэн этэргэ эрдэ. Мантан кыһын-саас кыстык хайдах хаамарыттан тутулуктаах буолара чахчы. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллэр 250 мөл. солкуобай суумалаах үбү барытын биир кыстык кыһалҕатын бүөлүүргэ суоттаныллыа суохтаах. Аны сайын күн-дьыл тугу тосхойуон бэйэтэ эрэ билэн турдаҕа. Быйылгы курдук, айылҕа икки көстүүтэ – кураан уонна угут Саха сирин киэҥник хабан хатыланыахтара суоҕа ким даҕаны мэктиэлээбэт.
Отчуоттанар кэмҥэ оту тиэйиигэ Бүлүү улууһа бастыҥ көрдөрүүлээх: ол курдук, 1020,5 туонна оту улуус таһыттан атыылаһан тиэнэргэ былааннаабытын 870 туоннатын (85 бырыһыанын) таста. Куорунайдар 2966,8 туоннаны тиэйиэхтээхтэриттэн 1811,50 туоннатын (53 бырыһыанын), ол иһигэр атын улуустартан 757,70, нэһилиэктэн нэһилиэккэ 187,90 уонна мобильнай биригээдэлэрэ бэлэмнээбит 629 туонна отторун, анаммыт сирин буллардылар. Кэбээйилэр тастан 2578 уонна улуус иһиттэн 399 туонна оту таһыахтаахтарыттан атын улуустартан 1235 туоннатын аҕаллылар (туолуута – 41%). Чурапчы улууһа саамай элбэх кээмэйдээҕи тиэйиэхтээҕиттэн барыта бэйэлэрин мобильнайдара оттообуттарын таһаллар: 8344,5 туонна оттон 1813 туоннатын кыбыыга сүөкээтилэр (22%). Таатта 1, Нам 9 %-наахтар. Үс хотугу улууһу кытта үөһээ бүлүүлэр туруна иликтэр.
Эбии аһылыкка 8 улуус киирсэриттэн суоллара арылла илик Үөһээ Дьааҥыттан, Өлөөнтөн, Эбээн Бытантайтан уратыларга холбоон 1211 туонна уотурба, 400 туонна эбиэс, 134 туонна бытарытыллыбыт от аналлаах сирдэригэр тиийдилэр. Барыларыттан чурапчылар чорбойдулар: 1034 туоннаны, ол иһигэр 500 туонна уотурбаны, 400 туонна эбиэһи, 134 туонна бытарытыллыбыт оту сайаапкалаахтарга тиксэрдилэр. Василий Бессонов этэринэн, эбии аһылыгынан хааччыйыыга эппиэттээх оператор-тэрилтэ “Якутопторг” АУо кыһыҥҥы айан суола арылыннаҕына, тохсунньу 15 күнүттэн, тиэйии-таһыы үлэтигэр күүскэ турунуоҕа. Оператор улуустар кииннэригэр тиэрдэр, эбии төлөбүргэ нэһилиэктэргэ илдьэн биэриэн сөп. Эбии аһылык атыылаһыллыбыт сыанатыттан аҥаарын кэриҥэ толуйуллар. Үчүгэйэ диэн хоту буоллун, киин буоллун – биир тэҥ сыананы олохтообуттар.
“Быйылгы кыстык былырыыҥҥытааҕар аматык, сымнаҕастык баран иһэр”, – диир Василий Петрович. Оннук эрэ буоллун!
Василий Никифоров
«Улус Медия» сайтыгар: https://ulus.media/article/84188