Улахан Ааҥҥа бара сылдьан Елаҥкаҕа саха боруода ынахтардаах Саргылаана Соломоноваҕа уонна Анатолий Ивановтарга тиийбиппит. Сэтинньи саҥатыгар бу сүөһүлэр хотоҥҥо киирэ иликтэрин сөҕөн турабын.

— Ынахтарбытын кыстыкка киирэргэ бэлэмнээн от быраҕан биэрэбит. Сорохторо олох да кэлэ иликтэр, — дии көрсүбүтэ Саргылаана Иннокентьевна уонна саха боруода ынаҕа үүтэ хойуутун, этэ эмиһин, элбэх аһылыкка наадыйбатын эппитэ. Хотонугар ороһу тарбыйахтар хоноллорун көрдөрбүтэ. Дьикти сүөһүлэр — түүлэрэ будьурхай, сүүстэрэ кэтит, атахтара кылгас, көрө үөрэммит холмогор боруодабытыгар холоотоххо…

Аҕыйах хонуктааҕыта кыстык хайдах баран иһэрин туһунан сурастым, Ил Дархаммыт Үлэ сылын биллэрбитин, үлэ дьоно өйөбүллээх буолар буолтарын эттим. — Кыстык этэҥҥэ. Сөп буолар оппутун буллубут. Хаһаайыстыбабыт саха ынаҕар базовай диэн ааттанарынан маннык боруода ынаҕы тэнитэргэ ылсар фермердарга сүөһү биэриэхтээхпит этэ. 20 тыһаҕаһы, аһыннарбыт даҕаны, Ньурба Аканатыгар ыыттыбыт, бэйэбит искуственнайдык сиэмэлээн, — кэпсиир Саргылаана. — Ылбыттара эмиэ даҕаны үчүгэй, кыаллыбат буолуох курдукпут, саас ылан. Бэйэбитигэр турбут соругу син толордубут дии саныыбыт. Өссө 5-6 сылынан эмиэ атын сиргэ ыытарбыт буолуо. Базовай хаһаайыстыба буолан сылга биирдэ ынах төбөтүгэр тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн 35 тыһ. солк. кэлэр. Билигин 20 бөдөҥ, 20 кыра сүөһүлээхпит, бэйэбит Улахан Ааҥҥа олоробут, Еланкабытыгар үлэһиттэрдээхпит, кэлэ-бара дьаһайабыт, көрөбүт, — диэтэ.

Саргылааналаах сүөһү иитиитигэр олохторун анаан кэлбит дьон буолаллар. Покровскайдааҕы орто оскуола физика-математика кылаастарын бүтэрэн баран тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар киирбитигэр соһуйбут элбэх этэ. Оттон үөрэнэ сырыттахтарына өссө Саргылаана дэриэбинэҕэ үлэлии тахсыа суоҕа, ыллыы барыа диэбиттэрэ эмиэ баара. Куолас мааныта киһи буоллаҕа. Баҕар барыа эбитэ буолуо даҕаны ийэтэ аах ахсарбатахтара, үлэ курдук үлэни баһылаа диэн. Онон ырыаны аргыс оҥостон күн бүгүҥҥэ дылы сырыттаҕа, дьүөгэтинээн Зоя Тимофеевалыын дуэттаан фестиваль, көрүү бөҕөтүгэр кыттан сценаттан түһэ иликтэр, араас тэрээһиннэргэ ыҥырыыга сылдьаллар.

— Оччоҕо бырааһынньыктарга ыллыыр буоллаххыт, Саҥа дьылга кытары… — диибин.

— Ыллыыбыт. Репетиция эҥин бөҕө буолааччыбыт…

— Онтон бэйэҕит кэнниттэн дьыалаҕытын түөрт ыччаттаргытыттан ким салгыах курдугуй?, — диэн ыйыттым.

— Быһаарылла илик боппуруос. Эрэнэр уолбут үчүгэй үлэлээх, оҕолордоох, куорат киһитэ. Биир кыыспыт ылсыах курдук даҕаны… Биирбит идэтинэн соҕуруу Долгопруднайга үлэлии барбыта, сиэммитин аҕалан көрөбүт, сотору төннүөхтээх. Көстөн иһиэ, доруобуйа кыайдаҕына, син барбахтаһар инибит, — диир хаһаайка.

Бу ыал уол сиэнинэн баай эбит, 11 оҕоттон аҕыһа уол. Сотору кэминэн тыыллан-хабыллан туруохтара буоллаҕа. Биир эмэ баҕар эһэтин-эбэтин суолун батыһыа, олох көрдөрүө. Быйыл күһүн Приморьеҕа баран биир массыынаны, хаһаайыстыбаҕа туттуллар японскай дьоҕус тыраахтары аҕалан кэлбиттэр, аҕалара уолунаан. Онон санаалара бөҕөхсүйэн сылдьаллар. Техниката суох хаайтараҕын буоллаҕа, от-мас тиэйиитэ атахтанар. Аны айылҕа харыстабылын үлэһиттэрэ мунньуллубут сүөһү сааҕын ыраастааҥ диэбиттэр, ону оннун булларыахха наада. Уопсайынан сүөһү үлэтэ өрөбүлэ суох.

Хата Саргылаана бэйэтэ син үтүө соҕус. «Ынахтарбыт үүттэрэ, эттэрэ абыраата буолуо» диир. Битэмиин бөҕөлөөҕүн этэллэрэ кырдьык эбитин бэлиэтиир. Саргылаана уруккута Улахан Аан хаһаайыстыбатыгар бэтэринээрдии сылдьыбыт буолан олохтоох фермердэри кытары сибээһин тутар, бары биир кыһалҕалаах дьон бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн олороллор буоллаҕа.

Бастаан 2015 сыллаахха туспа баран саҕалыырга ыарахан соҕус этэ да буоллар, син атахтарыгар турдулар. Оччолорго тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин гранын ылан бастакы ынахтарын, анал бырагыраамаҕа хапсан, атыыласпыттара…

Саха ынаҕын боруодатын алдьатымаары Еланкаҕа, атын фермалартан тэйиччи туталлар. Ынахтар үүттэрэ сыата үрдүк буолан ньирэйдэр түргэнник төлөһүйэллэр эбит. Билигин бу сүөһүнү сэргээччи үксээн эрэрэ үөрдэр. Онно Саргылааналаах Анатолий кылааттара баара астык. Бастаан саҕалааччыларга өрүү чэпчэкитэ суох буолааччы. Кыах тиийдэҕинэ дьоммут агротуризм да хайысхатынан эбии дьарыктаныахтарын син буоллаҕа. Үлэ сылынан, үлэ дьоно!

Людмила МОРДОВСКАЯ

«Хаҥалас» хаһыат сайтыгар 2023 с. тохсунньу 9 к.: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/article/85429

От adminNB

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *