Баччаларга оҕуруокка туох дьаһалы тэрийэр туһунан биһиги ааҕааччыларбытыгар Ньурба улууһун Антоновкатын олохтооҕо Агафья Тарасова маннык сүбэлиир.

Сөрүүҥҥэ үөрэтии

 —Олус сылаас дьиэҕэ үүммүт үүнээйилэр, арассаадалар бэрт уйаҕас буолаллар. Ити иһин, таһырдьа таһаардахха тымныырҕатан ыалдьыбаттарын, онтон сылтаан үүнүүлэрэ бытаарбатын туһугар, кинилэри эрдэттэн эрчийэн, тулуурдаах оҥоруохтаахпыт. 

Бастаан күнүс, аҕыйах мүнүүтэттэн саҕалаан, бордууһаны арыйан, сөрүүн салгыҥҥа үөрэтэбит. Уу кутуутун аҕыйатыллар эрээри, олус куурдуллубат. Ордук помидор, баклажан уонна биэрэс буордара хаттаҕына, сибэккилэрин чопчута (бутоннара) түһэр кутталлаах. Онуоха биири өйдүүр наада: помидор арассаадата тахсыбыта икки-үс нэдиэлэтигэр бытааннык үүнэр, онтон сыыйа түргэтиир, аны сылааска уһаан хаалар. Ити иһин олус улааппатын диэн, дьиэҕэ турар кэмигэр салгын оонньуур сиригэр туруоруллар.

фото 2

Ыам ыйын ортотуттан, халлаан үчүгэйдик сылыйар буоллаҕына, арассаадалары таһырдьа таһаарыахха сөп. Бастаан күүлэҕэ биитэр тыал үрбэт сиригэр, итиэннэ күн уотугар оҕустарбатын наадатыгар, күлүккэ тутабыт.

Маҥнайгы күннэргэ күнүс эрэ таһаарыллар. Сыыйа бириэмэтин уһатан, халлаан лаппа сылыйыыта сарсыарда тоҕус чаастан киэһэ түөртүүргэ диэри туруоруохха сөп. Күн уотугар эмиэ сыыйа үөрэтэбит. Оттон дьиэ сөбүгэр сөрүүн уонна салгыннаах буоллаҕына, таһаарымыахха да син эрээри, өстүөкүлэ нөҥүө тыгар күн уотун сыралыттан харыстыыр хайаан да наада.

Үчүгэй оҥоһуулаах тэпилииссэҕэ арассаадалары арыый эрдэ  таһаарыахха сөп. Холобур, мин дьэдьэннэрбин, клубникаларбын Пиэрибэй Маайга таһаарабын. Тэпилииссэм буорун сахсатан баран, алларааттан тымныы үргүйбэтин диэн, хортуон тэлгэтэбин уонна үүнээйилэрбин пенопласт дьааһыкка туруорабын. Киэһэ тоҕус чаас саҕана бүрүйэн хонноробун.

Сибэкки силигириирин туһугар    

—Сайын сибэкки барахсан үчүгэйдик силигилиирин  билиҥҥиттэн хааччыйыахтаахпыт. Көннөрү кирээдэҕэ олортоххо, силиһин сайыннара сатаан, сэбирдэҕэ эрэ улаатар, төрүт сибэккилээбэт, аны наһаа «аһаттахха», сэбирдэххэ былдьатар. Ити иһин сибэккини сөбүгэр дьоҕус иһиккэ олордуллар, кыһын кэлиитэ дьиэҕэ кыстата киллэрэргэ ити бэрт табыгастаах.

Шток-роза арассаадатын биир сүрүн үнүгэһинэн эрэ үүннэрэн, хоннох лабаатын туурдахха, саҥа лабааҕа күүһүн бараабат, сибэккилиир кыаҕа түргэнник сайдар.

Лобелияны үрдүү түспүтүн кэннэ, астраны, георгины, петунияны төрдүс сэбирдэхтэрин кэнниттэн быстахха, аллараттан ойоҕос лабаалар тахсаннар, хойдо үүнэллэр. Дьиэҕэ турар кэмигэр астраны кырата иккитэ көһөрүллэр. Кини  уратыта диэн, кунуһа суох буору сөбүлүүр, көннөрү буорга олорор, төһө да бэйэлээх улааппыт астра кунустаах буорга силиһиттэн сытыйан өлөр. Салгыны таптыырын быһыытынан, буорун мэлдьи көбүтэн биэриллэр уонна кураанах күлүнэн аһатыллар.

Өйдөөҥ:

1. Салгыҥҥа үөрэммит, сөрүүнү-итиини тулуйар, чэгиэн арассаада олус уһуна суох, бөҕө умнастаах, сөбүгэр суон төрдүлээх уонна хараҥатыҥы от  күөҕэ дьүһүннээх буолар.

Хаппыыста арассаадатын сэбирдэхтэрэ буосканан сотуллубут курдук буоларын дьиктиргээмэҥ, ити кини көмүскэнэр араҥата.

 Кыстаабыт луук бытыгырыы үүнүүтэ

—Хаар ууллуута таһырдьа кыстаабыт элбэх сыллаах батун луук  бытыгыраан тахсар. Дьэ, бу кэмҥэ бастакы дьаһалын оҥорор наада, ол аата – кирээдэтин буорун сахсатан биэриллэр. Итинэн буора аһыйарын тохтотобут.

Ону таһынан хаппыт, уһун, кураанах, мастыйбыт астарын сэрэнэн быһан ылан быраҕабыт. Үүнэригэр табыгастаах усулуобуйаны тэрийэн, лутрасилынан эбэтэр плёнканан сабабыт.

Кур сэбирдэхтэри, от сыыһын уматыы

—Сир куурда да, тиэргэҥҥэ баар сэппэрээктэр, мастар кур сэбирдэхтэрин, сыыс оту харбаан уматыахтаахпыт. Ити сэбирдэхтэри кытта тэллэй, бурдуктуҥу сиик курдук ыарыылар уонна тилээ үөн үөскэҕэ хаалбыт буолуохтарын сөп, ол иһин барытын дьаһайан, суох оҥорор ордук.

Ити кэнниттэн фитоспориннаах суурадаһынынан ыстаран эмтиибит.  Маннык дьаһаллары кэмигэр тэрийдэххэ, күөх үүнээйи да, мас да ыарыыга дэбигис ылларыахтара суоҕа. 

Буор  барытын быһаарар

—Үүнээйи хайдах үүнэрэ буор састаабыттан улахан тутулуктаах. Сир сиртэн уратыта элбэх буолар: сорох сир кумаҕа элбэх, сорох туойа баһыйар. Ити иһин, оҕуруотчут үүнээйини (оҕуруот аһын, сибэккини) олордоругар буорун туох тиийбэтинэн ситэрэн, байытан биэриэхтээх.

Туойдаах буору кумаҕы уонна кунуһу (перегной) биитэр хара буору эбэн тупсарыллар. Маннык оҥоһуллубут буор сиигин өр тутар. Кумах ууну курдары аһардар, сииги туппат кумахха туой буору, кунуһу, хара буору, торфаны булкуйуллар. Оттон хара буорга, торфаҕа, чуолаан күөл уолбатын буоругар кунуһу уонна кумаҕы эбэр ордук.

Хортуоппуйу уонна аһаҕас буорга үүнэр оҕуруот аһын олордор бааһына буора мөлтөөтөҕүнэ, хаппыт сылгы сааҕар булкуллубут кур мас көөбүлүн кутан баран хоруттахха, быдан тупсар. Бааһынаҕа кыһын тоҥ балбааҕы аһары элбэҕи куттахха, сыыс от элбиир уонна хортуоппуй парша ыарыыга ылларар. Сибиэһэй балбааҕы биир сиргэ чөмөхтөөн, үс-түөрт сыл устата сытыаран “уматтахха”, бэртээхэй кунус буолан тахсар.

Буор хаачыстыбатын маннык бэлиэнэн эмиэ быһаарыахха сөп: үчүгэй оҥоһуулаах, өҥ буорга улахан ардах кэнниттэн чалбах үөскээбэт, оттон ардах кэнниттэн күн көрдө да, хайа хатар буор састааба итэҕэһин, ноһуому эбэр наадатын этэр.

Күөл түгэҕэр баар былыыктаах ньамах (сапропель) айылҕа бэйэтэ уунан биэрэр уоҕурдуута буолар. Ону кирээдэлэр быыстарынан буорга эбиэххэ сөп, ону таһынан ууга суурайан кутар үчүгэй.

     Төрдүгэр астаахтар        

—Ыам ыйын иккис аҥаарыттан саҕалаан, төрдүгэр астаах култууралары  олордобут. Бу бары тымныыны тулуйумтуо, көрүүгэ даҕаны, буорга даҕаны хаппырыыһа суох үүнээйилэр.

фото 1 1

Петрушканы, укуруобу, батун луугу сир улаханнык ирэн сылыйа илигинэ ыстахха, үчүгэйдик тахсаллар. Батун луугу кыстатарга былаанныыр буоллахха, элбэх сыллааҕы ыһыллар, кирээдэтин икки эрээтинэн ыытаҕын.

Оттон халлаан сылааһа күнүс +15°С тиийбитин, буор +7-8°С сылыйбытын кэнниттэн моркуоп уонна сүбүөкүлэ уочараттара кэлэр. Бу икки үүнээйини сэргэстэһиннэрэ олортоххо, бэрт төрөлкөй буола үүнэллэр. Олордорго моркуоп «Королева осени» суорда үчүгэй. Аһа бөдөҥ буолар, силиһэ дириҥник үүнэр, ону таһынан харайарга даҕаны табыгастаах. Күһүҥҥү тымныыга өссө силигилиир, отун быһан, үрдүгэр саба быраҕыахха сөп.

Наһаа сырдыкка, сылааска эрэдьиискэ үүнэр күүһэ сэбирдэҕэр барар, оттон күлүк сиргэ олортоххо, минньигэс амтаннанар. Биэрэһи уонна баклажаны олохтоох сирдэригэр көһөрөргө буору наһаа дириҥник хаһыллыбат, араассаданан үүммүттэрин саҕа дириҥҥэ олордуллар, оччотугар кинилэр ыалдьыбаттар, кэмигэр ситэн-сайдан, модьураан, түргэнник сибэккилээн, астарын биэрэллэр.

     Сиэмэни ыһыы

—Бэйэтэ туһунан сатабыллаах. Ол курдук, бастатан туран, кирээдэ буорун кыратык хаһан баран, илиини уган көрөҕүн. Буор илиигэ сыстар буолла да, сиэмэни ууну куппакка олордоҕун, оттон буор кураанах түбэлтэтигэр, кыратык уу кутан, сиигирдэ түһүллэр.

фото 3

Сиэмэни хаатыттан мээнэ таммалаппакка, ытыска сүөкээн ылан, ыксаабакка, тэйиччи-тэйиччи соҕус ыһыллар. Бытархай сиэмэни кураанах кумахха булкуйан ыһан баран, буорунан тарыйан, сэрэнэн уу кутаҕын. Бөдөҥ  сиэмэлэри иккилиинэн олордоҕун, хайата ордук күүстээҕэ хаалыаҕа, мөлтөҕө тууруллуо. Даҕатан эттэххэ, сиэмэни ыһарга дьөлөҕөстөөх пластмасса иһит ордук, мас дьааһык барсыбат, тоҕо диэтэххэ, уутун иҥэринэн, түргэнник түүнүгүрэр.

       Раиса СИБИРЯКОВА

Саха парламент сайтыттан: https://www.sakhaparliament.ru/obshchestvo/11135-2022-05-10-10-04-36#.Yno_qUx81Og.whatsapp

От adminNB

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *