Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрбитинэн, кэлэр 2023 сылга тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар бүддьүөттэн көрүллэр үбүлээһин кээмэйэ улаатыаҕа. Ол курдук, бырабыыталыстыба 11 млрд 543 мөл. солк. көрбүт эбит буоллаҕына, бу суума өссө 2 млрд 600 мөл. солк. улаатыаҕа. Тыа хаһаайыстыбатынан утумнаахтык дьарыктанар дьон бу маннык өйөбүлү үөрэ, сэҥээрэ иһиттилэр.
1 Күүлэт нэһилиэгэр олорор, сылгы, сүөһү көрүүтүнэн дьарыктанар, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аҕата Руслан Тутукаров санаатын үллэстэр:
— Мин сылгы иитиитинэн дьарыктаммытым 15 сыл буолла. Билигин үс үөрү көрөбүн, 11 ынах сүөһүлээхпин. Бородуукта сыаната үрдүү турар кэмигэр, бэйэ хаһаайыстыбалаахпыт олус үчүгэй. Сибиэһэй үүт, үрүҥ ас, эт куруук баар.
Ол эрээри билиҥҥи кэмҥэ тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныы кэккэ уустуктардаах. Улуус кииниттэн ыраах сытар буоламмыт, ГСМ, саппаас чаас сыаната ыарахан, буларга
да уустук. Суол алдьаныан иннинэ элбэҕи ылынан, хаһаана сатыыбыт. Маныаха субсидия харчыта улаатара төһүү күүс буолуо этэ. Өрөспүүбүлүкэбит салалтата тыа дьонугар туһуламмыт дьаһала өйөбүл буоларыгар эрэнэбин.
Галина Долгунова
«Олох суола» хаһыат сайтыттан: https://xn--80avakbauqq.xn--p1ai/article/80856