Биһиги кылгас сайыммытыгар хортуоппуйу биирдэ эрэ олордон буолбакка, иккитэ олордон ылыахха сөбүн Эмис нэһилиэгин Тимофеевтар дьиэ кэргэттэрэ дакаастаан тураллар. Дьэ ол хайдах диэн үгүскүт ыйытыаххыт. Биһиги эмиэ итинник боппуруостаах Тимофеевтарга ыалдьыттаатыбыт. Ол туһунан бүгүн оҕуруотчут уонна садовод күнүгэр кэпсиибит.
Ыал далбар хотуна Матрена Николаевналыын теплицатыгар ааһабыт.
Оһоҕо суох эбит да, хата сылаас бөҕө. Хаһаайка букатын да сиэх быһаҕас былааччыйалаах сылдьар. Иһирдьэ хайыы үйэ улааппыт күөх уктаах рассадалар иһиттэргэ угуллан кэчигирээн, букатын да сайын кэлбитин санатар курдук хартыынаны биэрэллэр.
Хаар уута бэйэтэ туспа эмтээх буолар диэн этэллэр. Онон оҕуруот рассадата тахсан олороругар буор илийэн, күн уотугар сылыйан бэлэм буолар.
“Бу теплица тоҕо сылааһын кистэлэҥин этэбин дуо? Дьыала барыта хара муостатыгар. Полистирол тэлгэтиилээх. Онон төһө да оһоҕо суох буоллар, көрөргүт курдук сып сылаас”, — диэн хаһаайын Авдей Данилович күлэ-үөрэ быһаарар.
-Матрена Николаевна, дьэ кылгастык хортуоппуйу хайдах рассадалыыр туһунан сырдат эрэ. Эһиги бу курдук олордубуккут хас да сыл буолла дии.
Кылгас сайыҥҥа хортуоппуйу иккитэ олордон үүнүүнү ылыы диэн бээ мээнэ дьыала буолбатах ээ…
-Ханнык баҕарар дьыалаттан түмүгү ылыаххын баҕарар буоллаххына, утумнаах үлэ наада. Биһиги маннык хортуоппуйу рассадалаан олордубуппут син хас да сыл буолла. Уопуппутун дьоҥҥо тарҕатан, нэһилиэкпитигэр эмиэ олордоллор.
Олордор суордум “розара” диэн. Олунньу ыйга омуһахтан таһааран чуолаан сырдык сиргэ хоруопкаларга тэлгэтэ ууран кэбиһэбин.
Дьиэҥ сылаас, салгына кураанах буоллаҕына, бириэммэттэн бириэмэҕэ мүлүккэй уунан ыстара сылдьаҕын.
Маныаха саамай кылаабынайа сырдык сир буолуон наада. Оччотугар бэртээхэй кытаанах күөх сэбирдэхтэр тахсаллар. Хараҥа сиргэ турар буоллаҕына, уга маҥан уһун буола үүнэр. Дьэ бу тахсыбыт күөх уктаах араскылаах хортуоппуйу, кулун тутар-муус устар ыйга буордаах иһиттэргэ көһөрөбүт, уга көстүбэт гына буорунан сабабыт.
Буорун сииктээх гынабыт, онон ууну олох куппаппыт. Рассадалана турар кэмигэр олох кыратык кутабыт. Помидордарга курдук ууну сотору –сотору куттахха, ото эрэ уһаан хаалар. Хортуоппуй рассадаларын бэс ыйын саҥатыгар олордобун. Олордуом иннинэ эбии аһатабыт. Онно мин сымыыт хаҕын мэлиллибитин, пакеттаах эргэ чэйдэри мунньубуппун кутабын.
Бастакы үүнүүнү окко киириигэ, от ыйын саҥатыгар ылабыт. Онно наһаа бөдөҥ да буолбатар, сииргэ сөрү сөп гына ситэр.
Онтон дьэ иккис үүнүүнү хаалбыт, арыый кэнники олордубут рассадаларбын хостообут хортуоппуйум оннугар олордон кэбиһэбин.
Ол балаҕан ыйыгар хомуйарга оруобуна ситэр. Өссө бу үүнүүбүттэн кэлэр сылга олордор сиэмэбин хаалларабын, — диэн Матрена Николаевна кылгастык боппуруоспар эппиэттиир.
Хортуоппуйдарын Тимофеевтар хас даҕаны МТЗ тыраахтыр көлүөһэлэригэр олордоллор. Биир көлүөһэҕэ 7 ук киирэр.
Онно олордорго уга төһө уһунуттан тутулуга суох, олох төбөтө көстөр эрэ гына олордуллар эбит. Олордон баран бастакы хаһыҥнартан хайаатар да харыстыыр наада. Онон хордуон дьааһыктарынан, анал сабар таҥаһынан бүрүйэн кэбиһэллэр.
Дьэ маннык дьаһаннахха, хортуоппуйу эрдэ сиэххэ, өссө иккистээн үүннэриэххэ сөп. Матрена Николаевна бэйэтэ бэлиэтииринэн, хортуоппуйу атын оҕуруот аһын курдук рассаданан үүннэрэр ньыманы сир хойутаан ирэр сиригэр, холобура хоту улуустарга, ону сэргэ олордор сирдэрэ хойукка диэри бадараан буолан турар сирдээх дьоннор туһаналлара буоллар, улахан көдьүүстээх буолуо этэ.
Матрена Николаевнаны кытта кэпсэтиини телеграм каналбытыгар киирэн көрөөрүн.
«Амма олоҕо» хаһыат «Улус Медия» сайтыгар: https://xn--80aaaambpp4b1d.xn--p1ai/article/54584