Саха сиригэр бааһыналарга хомуур үлэтэ түмүктэнэ илик. Быйыл саас тыа хаһаайыстыбатын култуурата 48,5 тыһ. гектар иэннээх сиргэ ыһыллыбыта. Мантан туораахтаах култуурата – 10,9 тыһ., сүөһү аһылыгар аналлааҕа – 29,4 тыһ., хортуоппуйа – 6,7 тыһ., аһаҕастыы олордуллар оҕуруот аһа – 1,3 тыһ.
Билиҥҥи туругунан 8 515 гектартан 7 829 туонна
бурдук,
ол иһигэр 1 248 туонна сэлиэһинэй, 1 919 туонна нэчимиэн, 4 598 эбиэс, быһылынна. Барытын холбоон былааннаах кээмэй 62 бырыһыаныгар тэҥнэстэ. Амма, Мэҥэ Хаҥалас уонна Чурапчы улуустарыгар бурдук хомуурун түмүктээтилэр.
Хортуоппуй хомуура, сүнньүнэн, бүттэ. Ленскэй уонна Бүлүү улуустарыгар эрэ иликтэр. Өрөспүүбүлүкэ хаһаайыстыбалара билигин үүнүүлэрин ааҕаллар. Барыта 6 672,2 гектартан хомуйулунна эбэтэр ыһыллыбыт иэн 99,4 бырыһыана хостонно. Ыйааһыҥҥа уурдахха, былааннаммыттан 95 бырыһыана туолла, ол эбэтэр 66 683 туонна. Былырыын баччаҕа 62 891 туонна баара. Онон быйыл үүнүү түмүгэ ордук буолла.
Киэҥ ыһыылаах хаһаайыстыбалар хаппыысталарын быһа-хомуйа сылдьаллар. Аһаҕастык олордуллар оҕуруот аһа (хаппыыста, моркуоп, сүбүөкүлэ, о.д.а.) ыһыы иэниттэн 86 бырыһыана хомуйуллан 16 872,3 туонна кэллэ. Тэпилииссэҕэ үүннэриллэри кытта холбоон барыта 25 934,5 туонна оҕуруот аһа ылыллан былаан 85 бырыһыана туолан иһэр. Былырыын баччаҕа 21 416 туонна этэ.
Оҕуруот аһын былаанын Ньурба 128, Таатта 126, Сунтаар 110, Амма 107, Дьокуускай 106, Алдан, Өймөкөөн уонна Томпо 100-түү бырыһыан толордулар. Уус Алдаҥҥа, Бүлүүгэ, Абыйга 90 бырыһыантан таһаардылар. Саамай мөлтөөбүт Орто Халыма буолла: 25 туонна былааннааҕыттан 2 туонна хаппыыстаны эрэ хомуйда.
Василий Никифоров
«Улус Медия» сайтыттан: https://ulus.media/article/73803