Быйыл кыһын хаһыаттарга, куйаар ситимигэр сахалар омук быһыытынан сайдар суолбут тыа сириттэн куораттарга күүскэ көһүү, сүөһү иитиититтэн тэйии буолар диэн мөккүөр буола сылдьыбытын өйдүүр буолуохтааххыт. Кинилэри ааттыы барбаппын.
Билигин даҕаны сорохтор сүөһү иитиитигэр олус элбэх киһи үлэлиир диэн өйдөбүллээхтэр. Дьиҥ иһигэр балаһыанньа хайдаҕый?
Хотон-хонуу үлэһитэ төһөнүй?
Ааҕыыга киириэх иннинэ бастаан хотон-хонуу үлэһитэ диэн кимнээҕи ааттыырбытын быһаарсыаҕыҥ. Мин кинилэргэ сүрүн дохуоттара, хамнастара үксэ ынах-сылгы иитиититтэн, хонуу үлэтиттэн киирэр, соцпакеттара, үлэлэрин ыстааһа ааҕыллар дьону киллэрэбин. Оттон бастайааннай үлэлээх-хамнастаах бүддьүөт, атын да тэрилтэлэр үлэһиттэрэ эбэтэр үлэтэ суох биэнсийэлээхтэр көмө хаһаайыстыба курдук сүөһү-сылгы ииттэр буоллахтарына, кинилэри хотон-хонуу, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэринэн ааҕар сыыһа.
Холобур, учуутал, эмчит, тэрилтэ оробуочуйа, остуорас, харабыл, суоппар уо.д.а. тэрилтэ үлэһиттэрэ аҕыйахтыы сүөһүлээх-сылгылаах түгэннэригэр хотон-хонуу үлэһиттэринэн ааҕыллыбаттара чахчы.
Дьэ, онон дьиҥ хотон-хонуу үлэһитэ төһө баарын, уопсай нэһилиэнньэбит хас %-нын ыларын көрүөҕүҥ.
Ыһыллыы кэмин иннинэ Саха сирэ 438 тыһ. ынах сүөһүлээҕэ. Билигин кумааҕыга сурулларынан, 183 тыһ. баар дэнэр. Ону хабаатыннаран, өйдүүргэ ордук буоллун диэн, 180 тыһ. ылыаҕыҥ. Итинтэн аҥаарын – 90 тыһ. сүөһүнү – кэтэх ыаллар, ити этэр бэйэлэрэ тэрилтэлээх, хамнастаах, үлэтэ суох биэнсийэлээхтэр көрөллөр. Олору ыстатыыстыкаҕа тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэринэн аахпаттара буолуо. Кинилэр элбэх тойоҥҥо-хотуҥҥа төрүт наадыйбаттар. Төһө сүөһүнү иитэллэрин, оттуулларын-мастыылларын бэйэлэрэ эрэ быһаараллар.
Хаалбыт 90 тыһ. ынах сүөһү аҥаарын, ол эбэтэр 45тыһ. сүөһүнү бааһынайдар (пиэрмэрдэр) иитэллэр эбит.
Бу дьылга киириигэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ТХМ-ҥа отчуоттаабыт 2440 бааһынай (пиэрмэр) хаһаайыстыба баара биллибит. Оччотугар ити 45 тыһ. сүөһүнү бааһынай ахсааныгар түҥэттэххэ, биир пиэрмэргэ 18,4 эрэ сүөһү тиксэр курдук. Олус аҕыйах. Ол эрээри син орто сүнньүнэн сөп буолуо. Тоҕо диэтэххэ, ити 2440 бааһынайтан баһыйар үгүстэрэ сүөһүлэрин ыалынан көмөлөөн көрбүттэрин да иһин, бааһынай быһыытынан биир киһи, үксүгэр ыал аҕалара суруллаллар. Биһиги диэки пиэрмэрдэр ойохторо үксүлэрэ — бүддьүөт үлэһиттэрэ.
Оттон соцпакеттарын төлүүр элбэх үлэһиттээх улахан бааһынай хаһаайыстыбалар, этэргэ дылы, тарбахха баттаналлара буолуо. Онон, мин суоттуурбунан, аҥаардас тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар бааһынайдар ахсааннара 5 тыһ. киһиттэн орпото, тиийбэтэ да буолуо.
Аны, учуокка турарынан, 274 араас кэпэрэтиип баар эбит. Олортон 146-та – потребительскай, ол аата өҥөнү оҥорор кэпэрэтииптэр. Балар истэригэр астааччылар (переработчикгар) эмиэ киирсэллэр эбит. Оччотугар т/х-тын бородууксуйатын оҥорон таһаарыынан 125 кэпэрэтиип дьарыктанар курдук. Кинилэртэн 100 ынахтан элбэх сүөһүлээх чэбдигирдиллэр, мааныланар, үгүөрү үп угуллар 65 кэпэрэтиип баар. Олорго салалтаттан ураты, ортотунан, 30-туу илиинэн үлэлээччи баара буолуо. Ол аата — 3900 үлэһит. Ордубут 60 кэпэрэтиип эмиэ ортотунан ыллахха, соцпакеттара төлөнөр 20-лии киһи үлэлиир диэн суоттаатахха, 1800 үлэһиттэн элбээбэт.
Оччотугар барыта холбоон дьиҥнээхтик харытынан үлэлээн сүөһү-сылгы көрөр, хонуу үлэһитэ, биһигини олохтоох аһынан-үөлүнэн хааччыйар 9700 киһи эрэ баар эбит. Ону хабаатыннаран, 10 тыһ. диэн ааҕыаҕыҥ.
Оттон 3 сыллааҕыта ыытыллыбыт биэрэпис түмүгүнэн өрүспүүбүлүкэбит нэһилиэнньэтэ 996 тыһ. киһиэхэ тиийбит. Оччотугар уопсай нэһилиэнньэ баара эрэ 0,1 (!) %-на тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар эбит. Оттон сайдыылаах дойдуларга уопсай нэһилиэнньэ 3-5 %-на тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарын суруйаллар. Сымыйа буолбата ини?
Онон ити көрдөрүүнэн сахалар эмиэ, этэргэ дылы, «впереди планеты всей» сылдьар курдукпут. Ол үрдүнэн сорохтор “сүөһүбүтүн өссө аҕыйаттахпытына, тыаттан күүскэ көстөхпүтүнэ сайдыахпыт, хотон-хонуу үлэһитэ олус элбэх, тыа хаһаайыстыбата курдук эргиччи ночооттоох салааҕа тоҕо элбэх үбү кутуохпутуй?” дииллэрин төрүт өйдөөбөппүн, ылыммаппын.
Оттон тойот-хотут төһөнүй?
Аны, ити 10 тыһ. хотон-хонуу дьиҥ үлэһитин хас тойот-хотут, исписэлиис салайар эбитий? Ааҕыаҕыҥ.
Ол иннинэ иллэрээ сыл мин «Кыым» хаһыат нөҥүө ТХМ миниистирэ А.П. Атласовтан 9 ыйытыы биэрбиппиттэн бастакыта «тыа хаһаайыстыбатын салайыыга барыта төһө киһи үлэлиирий?» диэн эбитин санатыым.
Онно Александр Павлович маннык хоруйдаабыта: “ТХМ-ҥа 4 миниистир солбуйааччыта, 11 дэпэртээмэн уонна отдел салайааччыта баар. Барыта 86 киһи үлэлиир. Министиэристибэ иһинэн 361 үлэһиттээх 6 тэрилтэ баар. Барыта 34 улууска уонна Дьокуускай куоракка 34 ТХУ (дэпэртээмэннэр) үлэлииллэр, олорго 571 киһи үлэлиир”.
Ол аата ТХМ иһинэн бүддьүөттэн үбүлэнэр 1018 хонтуора үлэһитэ, исписэлиис киирсэр диэххэ сөп. Оннук буолбатах дуо?
Аны, ити ТХМ аппараатыгар, 6 дэпэртээмэҥҥэ, улуустар ТХМ-гар хамнастарыгар барыта 1,11млд. солк көрүллүбүтэ этиллибит этэ. Арааһа, өссө ити дьон ахсааныгар техүлэһиттэр – суоппардар, харабыллар, остуорастар – киирбиттэрэ буолуо.
Арба, ити салайааччылар ахсааннарыгар ити эппит 125 оҥорон таһаарар (производственнай) улахан кэпэрэтииптэр салалталарыгар, ортотунан, кырата 5 киһи (дириэктэр, туох эрэ исписэлииһэ, буҕаалтыр, хассыыр, суоппар…) үлэлиир буолуохтаах. Оччотугар ити кэпэрэтиип дьиҥ хотоҥҥо-хонууга үлэлиир дьонуттан ураты салайааччылыын 625 киһи үлэлиир буолуон сөп.
Мин ааҕарбынан, ити ТХМ тэрилтэлэригэр үлэлиир 1018 киһини эптэххэ, салалтаҕа барыта 1643 киһи сыралаһар курдук.
Итини таһынан өссө «Туймаада» холдинг баар. Эмиэ хаһыат нөҥүө ыйыталаһан көрбүтүм да — харда мэлигир. Биир билэр киһим этэринэн, 3 этээстээх обургу дьиэ толору салайааччы, исписэлиис үһү.
Холдинг иһинэн уруккуттан үлэлиир «Туймаада» ¥АПК диэн баара биллэр. Кинилэргэ быйыл тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллүбүт үптэн 500 мөл.солк. бэриллибитин аахпытым. ФАПК-ны таһынан урут, В.Н. Филиппов саҕана, кыаҕыран испит, онтон эстэн иһэн билигин син «тыыннаах» хоту улуустары оҕуруот аһынан хааччыйар «Туймаада» агроснабка хас салайааччы баарын эмиэ билбэппин.
Хата, миниистир суруйарынан, бүддьүөт көмөтө суох кыайан үлэлээбэтэх «Сахазернопродукт», «Таба» «ИТЦ АПК» тэрилтэлэр сабыллыбыттар. “Туймаада лизинг” уонна “Сахаплемобъединение” дьарыктарын тосту уларыппыттар диэбит этэ.
Чэ, доҕоттор, оччотугар ТХМ-ҥа салайыах систиэмэлэр ити этиллибит 1018 киһиэхэ 125 кэпэрэтиип 625 салайааччытын, онуоха ити холдинг, араас эбии тэрилтэлэр салалталарын, техүлэһиттэрин холбуу аахтахха, барыта 2 (!) тыһ. курдук киһи тахсара буолуо. Оччотугар букатын 5(!) хотон-хонуу үлэһитигэр биирдии тойон-хотун, олору хааччыйааччылар тиксэр курдуктар буолбаат?!
Кинилэр ыйдааҕы орто хамнастарын соцпакеттарын 75 тыһ. солк аахтахха, сылга 1.5 (!) млрд солк төлөнөр буолуон сөп. Онуоха өссө бу 2 тыһ. киһи үлэлиир хонтуораларын арыандатын, өрөмүөнүн, уотун-ититиитин төлөбүрүн, тутууларын көрүүтүн-истиитин, аата-ахсаана биллибэт элбэх техсириэстибэлэрин, олор уматыктарын, оҕунуохтарын, саппаас чаастарын уо.д.а. ороскуоттарын аахтахха, хас сүүс мөлүйүөн төлөнөрүн киһи кыайан билбэт. Мин саныахпар, барыта ТХМ салалтатын систиэмэтигэр 2.0 млрд солк ороскуоттанар буолуон сөп. Ол аата, быйыл тыа хаһаайыстыбатыгар 12.5 млрд солк. көрүллүбүт буоллаҕына, кинилэр уопсай үбүлээһин 15(!) %-нын ылаллар.
Мин манна өссө 1000-тан тахса үлэһиттээх ТХМ-тан туспа үбүлэнэр бэтэринээр салаатын киллэрбэтим.
Салалталара олус аҕыйах эбит
Мантан салгыы бу сыыппаралары атын дойдулар тыа хаһаайыстыбаларын салайыыга төһө киһи үлэлиирин кытта тэҥнээн көрдүм.
Бастаан Сахабыт сирин уруккутун ылыаҕыҥ. Ыраахтааҕы саҕана, £ктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинэ, сахалар 496 (!) тыһ. ынах сүөһүлээхпит суруллар. Итиччэ элбэх сүөһүнү биир даҕаны тойоно-хотуна суох ииттэхтэрэ. Ол тоҕото биллэр. Ити сүөһүлэр барылара биирдиилээн ыал кэтэх, чааһынай бас билиитэ буоллахтара. Ол кэннэ туох салалтаҕа наадыйыахтарай?
Оттон билигин ол кэмтэн 3 төгүл курдук аҕыйаабыт ынахпыт-сылгыбыт 80%-нын эмиэ чааһынай бас билиилээх кэтэх ыаллар уонна бааһынайдар көрөллөр, иитэллэр. Суруйбутум курдук, кинилэр эмиэ элбэх тойоҥҥо-хотуҥҥа наадыйбаттар. Сүрүннээн, үүттэрин субсидиятын, ынах төбөтүгэр бэриллэр 35 тыһ. солк ыллылар да, бүттэ.
Аны, атын дойдулары ылыаҕыҥ. Баҕар, сымыйа буолуо эрээри, улуу Кытай тыа хаһаайыстыбатын үрдүкү салалтатыгар 15 эрэ киһи үлэлиир үһү диэн истибитим. Кытайга тыа хаһаайыстыбата барыта эмиэ биирдиилээн ыалынан уонна дьоҕус пиэрмэринэн олус диэн сайдан олороллорун суруйаллар. Төһө кырдьыга эбитэ буолла? Кинилэргэ 30 мөл. бытархай пиэрмэр үлэлиир дииллэр.
3,5 мөл. нэһилиэннэлээх Монголия барыта 70 (!) мөлүйүөн ынаҕы, сылгыны, хойу, барааны иитэр. Биһиги дьоммут, онно көрө тиийэн баран, кинилэргэ тыа хаһаайыстыбатын үрдүкү салалтатыгар баара- суоҕа 24 киһи үлэлиирин истэн, саҥата суох барбыттар үһү диэни аахпыттаахпын.
Соторутааҕыта “Кыымҥа” таһаартарбыт «Саха сирин Грудинина» диэн ыстатыйабар Г.Е. Платонов «Кэскили түстээбит дириэктэр» кинигэтигэр манныгы суруйбут. Кини биирдэ, дэлээгээссийэҕэ киирсэн, Германия Эрфурт куоратыгар 10 хонуктаах стажировкаҕа үөрэнэн кэлбит. Германия барыта 6 провинцияҕа арахсар эбит. Эрфурт куорат Тюрингия провинциятын киинин т/х-тын үрдүкү салалтатыгар (биһигинэн ТХМ) баара-суоҕа 6 киһи үлэлиир эбит диэбит. Ону биһиэнин кытта тэҥнээн көрүҥ.
Түмүк.
Мин, биллэн турар, бу суруйуубунан тыа хаһаайыстыбатыгар салайааччы суох буолуохтаах диэн төрүт эппэппин. Аһара элбэхтэр диибин. Суруйбутум курдук, дьиҥ хамнастанан-дохуоттанан, үлэтин ыстааһа ааҕыллар хас 10 хотон-хонуу үлэһитигэр биирдии салайааччы тиксэр. Өссө техүлэһиттэри, атын эбии тэрилтэлэри эптэххэ, хас 5 үлэһит аайы 1 киһи тиксэр курдук. Онон тыа хаһаайыстыбатыгар салайааччы элбэҕинэн, эмиэ Гиннес рекордугар киирсиэхтэрин сөп курдук.
Салайааччы аһара элбэҕэр чопчу ким эрэ буруйдаах, сыыһалаах да диэбэппин. Үөһэттэн саҕалаан, бүтүн систиэмэбит оннук буоллаҕа. Бүрүкүрээтийэ ханна даҕаны сүрдэннэ. Онон бу балаһыанньаны көннөрө охсор уустук буолуо. Ол эрээри, ылыстахха, балачча аҕыйатыахха сөп ини?
Өйдөөҥ эрэ: 3 сыллааҕыта дьоҥҥо саамай олус туһалаах, наадалаах доруобуйа харыстабылын тиһигэр үлэһиттэри сарбыйыы (оптимизация) баран, 1800 штат (киһи) үлэтиттэн тохтообутун туһунан ханна эрэ аахпытым. Холобур, Чурапчыга 16 нэһилиэккэ сытан эрэ эмтэнэр балыыһалар бары сабыллан, быраас амбылатыарыйатыгар (ФАП курдук) кубулуйдулар. Ол төһө бэрдий, үчүгэйий?
Онон тыа хаһаайыстыбатын салалтатын аҥаарынан да аччатар тоҕо кыаллыбат буолуой? Эбэтэр салалтаны аҕыйаттахпытына, букатын мөлтүүр баҕайыбыт дуу? Маннык сарбыйыы Москубата, Кириэмилэ да суох сатанар дьыала дии саныыбын.
Манна биири өйдүөхтээхпит: итиччэ үлүгэр элбэх салайааччы, исписэлиис, кинилэри хааччыйар техүлэһиттэр хамнастара, туох баар атын ороскуоттарын үгүс өттө тустаах хайысхаҕа быһаччы үлэлии сылдьар хотон-хонуу үлэһитигэр тиийиэхтээх үп-харчы буолар эбээт!
Түмүгэр бу суруйуум, суоттааһыным сыыһатын-табатын ыйан, хаһыатынан, бассаабынан бэйэҕит тус көрүүгүтүн үллэстэргит буоллар диэн баҕалаахпын.
Чурапчыттан Уйбаан Пономарев,
Чурапчы.
11.06.2022