Кыстык саҕаланна. Ынах сүөһү хотоҥҥо хорҕойдо. Ону кытта үүт ыама эмиэ намырыы быһыытыйар. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр түмүллэр сыыппаралар көрдөрөллөрүнэн, алтынньы 13 күнүнээҕи туругунан, 54 410,9 туонна үүт соҕотуопкаланан, сыллааҕы былаан 87,8 бырыһыана туолла. Көрдөрүү былырыын баччаҕа тутуллубут кээмэйтэн (53 499 туонна этэ) 900 туоннанан ордук.
Улуустар тыа хаһаайыстыбатын боломуочуйатын толороллоругар анаан үүт соҕотуопкатыгар олохтоох бүддьүөттэргэ 2 943 425,9 тыһ. солкуобай тиксэрилиннэ. Бу үүккэ көрүллүбүт субвенция 94,9 бырыһыаныгар тэҥнэһэр.
Тэҥнээн көрдөххө, соҕотох соҕотуопсуктаах Уус Маайа улууһа 215 туонна үүтү тутан, былаанын 100 бырыһыан толордо. Уоннааҕылар тиийэ иликтэр эрээри, Таатта 93,9, Үөһээ Бүлүү 93,7, Кэбээйи 93,3, Томпо 93,1, Нам 92,8, Бүлүү 91,8, Уус Алдан 91,3, Сунтаар 90,4 бырыһыаннарын ситиһэннэр, өрөспүүбүлүкэ орто көрдөрүүтүттэн үөһэ сылдьаллар. Адьас мөлтөх суох. Улуустар бары 80-наах кирбиини аһардылар.
Биирдиилээн соҕотуопсуктар ортолоругар уһулуччу көрдөрүүлээхтэр бааллар. Ол курдук, “Мүрү-Ас” ТХПК (Уус Алдан) 139,3, “Мастаах-Агро” ТХПК (Бүлүү) 104,1, “Үрдэл” ТХПК (Сунтаар) 103,2 бырыһыаннаах инники сылдьаллар.
Былырыын барыта 62 523,8 туонна үүт соҕотуопкаламмыта. Быйылгы былаан – 62 тыһ. туонна. Министиэристибэ алтынньы ыйга 56 233,6 туонна үүтү тутарга былаанныыр. Уопсайынан, былаан толоруллар кыахтаах эрээри, кэтэхтэртэн үүтү тутуу кээмэйэ былырыыҥҥыга даҕаны тиийбэтэ ытырыктатар. Үүт соҕотуопката, сүрүннээн, тэрээһиннээхтэр суоттарыгар эрэ ыытыллар.
Василий Никифоров.
«Улус Медия» 14.10.2022 г.: https://ulus.media/article/75122