Сыл бүтэн, түмүктэри таһаарар эппиэттээх кэм кэллэ. Тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтин үбүн-аһын түмүгэ табаары оҥорооччу үп-экэниэмикэ өттүнэн туругун туһунан отчуотугар тыктарыллар. Туһааннаах министиэристибэ маны суһалсытар, судургутутар ньыманы тобулбута олоххо сыыйа киирэр.
“Хас биирдии муниципальнай оройуон улууһу бүтүннүү хабан түмүллүбүт отчуоту министиэристибэҕэ кэмигэр киллэрэр эбээһинэстээх, итинтэн биһиги Арассыыйа Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр өрөспүүбүлүкэ түмүллүбүт отчуотун уталыппакка тиксэрэрбит тутулуктанар, – диир тыа хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Петр Попов. – Отчуоту туттарар эбэһээтэлистибэ министиэристибэ муниципальнай оройуоннары уонна куораттардааҕы уокуруктары кытта түһэрсэр сөбүлэһиилэригэр олоҕурар. Ону тэҥэ субсидияны биэрии туһунан бэрээдэккэ үксүгэр АПК табаар оҥорооччулара отчуоттарын министиэристибэҕэ туттарбыттара ирдэниллэр”.
Петр Иванович эппитин курдук, ыйыллыбыт болдьоҕу кэһэр түбэлтэҕэ өрөспүүбүлүкэ түмүллүбүт отчуотун федеральнай министиэристибэҕэ кэмигэр тиэрдии тардыллар. Ол туох содуллааҕый? РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэ тустаах салаа туһунан отчуотун дааннайдарыгар олоҕуран, судаарыстыба өйөбүлүн көдьүүһүн дириҥник ырытар, ол инникитин АПК-ы сайыннарыыга бэриллэр федеральнай үп кээмэйигэр сабыдыаллыыр. Холобур, былырыын 2021 сыл түмүгүнэн министиэристибэ 2638 тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччу, ол иһиттэн 157 тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтин, 1682 бааһынай хаһаайыстыба уонна 558 урбаанньыт, отчуотун ылыммыта.
Министиэристибэ отчуот хаачыстыбатын тупсарар уонна АПК-ы сайыннарыыга үөһэттэн көдьүүстээх быһаарыы ылылларын ситиһэр туһуттан бухучуоту сааһылааһыҥҥа уонна автоматизациялааһыҥҥа үлэни ыытар итиэннэ “былыттаах” технологияны туһанан, тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр 1C бырагырааманы киллэрэр. Билигин олох бары эйгэтигэр сыыппара технология балысханнык киирэ турар. Ил Дархан А.С. Николаев бигэргэппит Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2022 – 2024 сс. кэмҥэ экэниэмикэ, социальнай эйгэ салааларын уонна судаарыстыбаны салайыыны сыыппараҕа көһөрүү стратегиятын “Тыа хаһаайыстыбата” салаатыгар 8 бырайыак киллэриллибититтэн биирдэстэрэ – “Тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ бухучуокка “былыттаах” технологияны туһанан, учуот, былааннааһын уонна салайыы автоматизированнай тиһигин баһылааһыннара” эрэгийиэн бырайыага.
Былаан быһыытынан, “былыттаах” технологиянан 2030 сылга диэри 150 тэрилтэ туһанар буолуохтаах. Маннык үлэ 2019 сылтан саҕаламмыта. Билиҥҥи туругунан, 65 тэрилтэҕэ (2020 с. – Амма улууһуттан 10 пилотнай тэрилтэ, 2021 с. – Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыттан 20 хаһаайыстыба, 2022 с. – 35 тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтэ) “былыттаах” технологияны баһылааһын үлэтэ ыытыллар. Петр Попов бэлиэтииринэн, ити 65 тэрилтэттэн 1С бырагыраамаҕа бухучуотун күн аайы 28 тэрилтэ ыытар уонна бухотчуотун таһаарар. Олор истэригэр Амматтан 9, Бүлүүттэн 6, Мэҥэ Хаҥаластан 3, Анаабыртан, Булуҥтан, Кэбээйиттэн, Ленскэйтэн, Ньурбаттан, Сунтаартан, Өймөкөөнтөн, Орто Халыматтан, Хаҥаластан уонна Дьокуускайтан 1-дии тэрилтэ бааллар. Буҕаалтыр суоҕуттан, каадыр уларыйбытыттан, тиэхиньикэттэн уонна киһиттэн тутулуктаах кыһалҕалар эмиэ бааллар эбит. Ол курдук, Мэҥэ Хаҥаласка 6, Тааттаҕа 4, Алдаҥҥа, Бүлүүгэ 2-лии, Аммаҕа, Намҥа 1-дии хаһаайыстыба “буксуйбуттар”.
“Саҥаны баһылааһыны сүрүннээри уонна хонтуруоллаары оробуочай бөлөххө улуустардааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениеларын кылаабынай буҕаалтырдарын киллэрдибит. АПК тэриллиилэрэ бухучуоту уонна эпэрээссийэлэри тэрийэн ыытыыга “былыттаах” технологияны үлэлэригэр туһаналларын күннэтэ харахпыт далыгар тутуохпут”, – диир тыа хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы. Министиэристибэ бу үүммүт 2023 сылга учуот уонна былааннааһын биир кэлим автоматизированнай тиһигэр эбии 35 хаһаайыстыбаны киллэрэргэ былаанныыр.
Саҥа технологияны киллэриини уонна баһылааһыны өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ уйунар. Хаһаайыстыба бырагыраамалары уонна информацияны харыстыыр тэриллэри атыылаһарыгар ороскуотурар эрээри, сорох ороскуот үбүнэн чэбдигирдиигэ бэриллэр субсидия үбүнэн толуйуллар. Маннык өйөбүлгэ бөдөҥ бааһынай хаһаайыстыбалар эмиэ тиксиэхтэрин сөп. “Туттарыллыбыт отчуоттар көрдөрүүлэринэн сирдэттэххэ, тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччулар үлэлэрин түмүгэ уонна судаарыстыба өйөбүлүн туһаныы көдьүүһэ көстөр”, – диэн түмүктээтэ Петр Попов.
Василий Никифоров
ТХМ сайтыттан: https://minsel.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3341505