Сиинэҕэ хаалыктаах хаамыыны сэҥээрээччилэр утумнаахтык дьарыктаммыттара кэлэр сайын номнуо 10 сылын туолар. Хаалыктаах хаамыы эдэриттэн кырдьаҕаһыгар дылы саастаах дьоҥҥо сөптөөх спорт көрүҥэ буолан олус диэн сэҥээриллэр буолла. Сибиэһэй салгын, кэрэ көстүү, айылҕалыын алтыһыы, ама, ким сүрэҕин, кутун-сүрүн туппат буолуой? Бары мустан араас тэрээһиннэри айылҕаҕа ыытабыт, кэпсэтэн, оонньоон аралдьыйабыт.
Биһиги испитигэр дьыл кэмиттэн тутулуктаммакка, айылҕалыын алтыһар, күннэтэ хаамар 82 саастаах дьоһун-мааны кырдьаҕаспытын, 6 оҕо амарах ийэтин, 11 сиэн эйэҕэс эбээтин, 16 минньигэс оҕо хос эбээтин Ефросинья Николаевна Асекритова туһунан кэпсиэхпин баҕардым.
Ефросинья Николаевна 1939 с. Орджоникидзевскай оройуон Ой Мураан дэриэбинэтигэр төрөөбүтэ. Аҕата Аҕа дойду сэриититтэн төннүбэтэҕэ. Оҕо сааһа ыарахан кэмҥэ, кырыымчык олоххо ааспыта. Уон сааһыттан холкуос араас үлэлэригэр саастыылаахтарын кытта үлэлээн улааппыта.
Тапталлаах кэргэнинээн Семён Афанасьевичтыын 62 сыл дьоллоох олоҕу олорбуттара. Семён Афанасьевич связист-линейщик, «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээл хаһаайына этэ, хомойуох иһин, ыарахан ыарыыттан былырыын олохтон күрэммитэ.
Олох ханнык да түгэннэригэр саппаҕырбат санаалаах, кэрэни кэрэхсиир, барыны бары сатыыр, сайаҕас-үөрүнньэҥ майгылаах, минньигэс астаах, ыраас дьиэлээх Ефросинья Николаевна биир дьикти дьарыктаах — араас сибэккини үүннэрэр. Кэргэнинээн дьоһун саастарыгар дэриэбинэ үөһэ уулуссатыгар саҥа улахан дьиэ туттубуттара. Сайынын араас өҥнөөх сибэккилэринэн тиэргэннэрин киэргэтэллэрэ көрүөххэ кэрэ көстүү.
Ефросинья Николаевна эдэр эрдэҕиттэн сөбүлээн үүннэрэр астра сибэккитин араас көрүҥэ киниэхэ баар. Хайдах үүннэрэрин туһунан кылгастык билиһиннэрбитэ. Ол курдук, астра көпсөркөй буору сөбүлүүр буолан оҕуруот буоруттан ылан, кумаҕы, киини тэҥ өлүүлээн булкуйаҕын эбит. Итии ууну кутан, ол кэннэ биир ыстакаан күлү биэдэрэ ууга булкуйан уоҕурдар үчүгэй. Таһырдьа олордоругар буоругар марганцовкалаах ууну кутар, онтон 2 см дириҥнээх суол оҥорон олордон баран өлгөм-нүк уу кутабын, сабан баран, быган үүнүөр дылы уу кутааччым суох диир. Бу курдук уруккуттан үөрэнэн хаалбыт ньыматынан үүнээйилэрин олордор.
Маны таһынан Ефросинья Николаевна оҕуруот аһын бары көрүҥүн үүннэрэр, сибиэһэй битэмииннээх аһынан дьонун хааччыйар. Бу барыта сыралаах үлэттэн тахсарын билэбит. Күммүт уһаан, сылааһа күүһүрэн иһэр, сотору оҕуруотчуттар үлэлэрэ саҕа-ланыа. Ефросинья Николаевна биир хоһо толору арассааданан туолааччы.
Үтүө-мааны киһибит Ефросинья Николаевна, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ мэлдьи үөрдэ турдуннар, өссө да өр сылдьарга кэрэ сэбэрэҕин ыһыктыбакка, үйэлээҕи кэрэхсии, айа-тута сырыт!
Хойуу үүттээх чэйгинэн, минньигэс күөрчэххинэн күндүлүү тур, чэгиэн-чэбдик сырыт!
Лариса Леверьева, Сиинэ с.
«Хаҥалас» хаһыат: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/article/44890