Эһиги болҕомтоҕутугар «Хаҥалас» хаһыакка тахсыбыт ыстатыйа уонна рассада сыаната суруллубут постка ссылка.
Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет Өктөмнөөҕү филиала араас үүнээйи арассаадатын атыылыырын сыл аайы дьон-сэргэ бары күүтэр. Быйыл эмиэ, үтүө үгэс быһыытынан, устудьуоннар араас оҕуруот аһын уонна сибэкки арассаадаларын бэлэмнээн, бүөбэйдээн атыылаһааччылары күүтэллэр.
Икки тэпилииссэ сэргэстэһэ турарыттан биирдэригэр киирбитим сарсыардаттан үлэ-хамнас ырааппыт эбит. Дьэ, этэргэ дылы, арассаада арааһа — оҕурсуну, помидору, кабачогу, биэрэһи аахпатахха, хаппыыста, тыква, дьэдьэн, баклажан уо.д.а. үүнээйилэр бааллар. Манна АГАТУ бастакы кууруһун устудьуоннарын кытта, бэйэтэ эмиэ бу үөрэх кыһатыгар үөрэнэн агроном идэтин баһылаабыт, Өктөм олохтооҕо Мария Васильева үлэлии сылдьаллар.
Тэпилииссэлэргэ уопсайа 2 тыһыынча арассаада үүнэр эбит. Манна араас сэдэх суортаах сонун сибэккилэр эмиэ бааллар.
— Бары үлэҕэ устудьуоннар улахан күүс-көмө буолаллар, кинилэр манна сылдьан элбэххэ үөрэнэллэр. Уопсайынан, үүнээйини көрүү-харайыы, бэрийии уйулҕаҕа эмиэ туһалаах диэн идэлээхтэр быһаараллар. Онон, эдэр ыччат сиргэ чугас буолара бэйэлэригэр үчүгэй. Бу тэпилииссэбититтэн Дьокуускай, Покровскай куораттартан, улахан бөһүөлэктэртэн тэрилтэлэр кэлэн ландшафтнай дизайнҥа анаан сибэкки ылааччылар, — диэн Мария кэпсээтэ.
Маны таһынан, филиал үлэһиттэрэ аадырыска диэри илдьэн уонна өссө олордон биэрэр өҥөнү эмиэ толороллор. Онон нэһилиэнньэттэн сакаас ылаллар, элбэҕи ылааччыларга чэпчэтии көрүллэр. Атыылара куруутун бэс ыйын бүтүүтүгэр диэри барааччы. Онон, күндү ааҕааччылар, Ыһыах иннинэ ыһыы үлэтэ бүтэрин курдук бу күннэри баттаһа тиэтэйиҥ, бэйэ, иҥэмтиэлээх аһынан аһааҥ, кылгас сайыҥҥа харах-сүрэх үөрэрин курдук тэлгэһэҕитин киэргэтиҥ!
Татьяна Владимирова
Хаҥалас хаһыат сайтыгар: https://ханаласгазета.рф/article/97829
Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет Өктөмнөөҕү филиала араас үүнээйи арассаадатын атыылыыр сыаната:
Сезон рассады овощных и цветочных культур – 2023 г. Филиал АГАТУ в с. Октемцы!