Тэтэркэй сардаана сибэккилэрдээх, кытархай дьэдьэннээх, кылыгырас дьэҥкир уулаах Эбэлээх, бурдуктаах Аммаҕа аны соҕуруу дойду отоно, дьаабылыка, үүнэр үһү диэн сураҕы бастаан утаа итэҕэйбэтэҕим.
Ким көрдүүр, ол булар
Биһиги томороон тымныылаах, ирбэт тоҥноох сирбитигэр дьаабылыка хайдах ситиэй, үүнүөй диэн киһи сапсыйан эрэ кэбиһиэн сөп курдук. Онтон билэр дьоммуттан сураһан, бу кэпсээн дьиҥ чахчытын билбитим. Дьэ, үүнэр эбит, буолаары буолан, итии дойдулар отоннорунааҕар итэҕэһэ суох бөдөҥ уонна мип-минньигэс амтаннаах.
Дьаабылыка үүннэрээччи кимин элбэх киһиттэн сураспытым. Үгүстэр Аммаҕа дьаабылыка үүннэрэллэрин билэллэр эрээри, чопчу кимнээх итинэн дьарыктаналларын билбэттэрэ. Ким көрдүүр, ол булар. Амма улууһун Покровка бөһүөлэгин олохтооҕо Галина Пилипейнина дьаабылыка үүннэрэр эбит.
Сытыы-хотуу кыыс трактористаабыта
Галина киинэ түспүт сирэ — Амма. Орто оскуоланы эмиэ манна үөрэнэн бүтэрбитэ. Амарах аҕата Смоленскайтан, иһирэх ийэтэ Пермь куораттан төрүттээхтэр.
Сытыы-хотуу, хара үлэттэн иҥнэн-толлон турбат кыысчаан оскуола кэнниттэн Алтаннааҕы СПТУ-га тракторист идэтигэр үөрэнэ киирбитэ. Икки сыл устата талбыт идэтинэн үлэлээбитэ. Уйаара-кэйээрэ көстүбэт Амма киэҥ бааһыналарын тиэртэрбитэ. Кэрэ аҥаар талбат идэтин да ылбыта, үгүһү этэр дии саныыбын.
Ол кэнниттэн Галина Альбертовна Дьокуускайдааҕы салайар кадрдары бэлэмниир техникумҥа үөрэнэ киирбитэ. Манна үөрэнэн, агроном идэтин баһылаабыта. 1981 сыллаахха төрөөбүт-үөскээбит Покровкатыгар төннөн кэлэн, агрономунан үлэлээбитэ. Аммаҕа бурдугу үүннэриинэн дьарыктаммыта. Улуус кылаабынай агрономугар тиийэ үүммүтэ.
Билиигэ-көрүүгэ тардыһыылаах Галина үөрэҕин үрдэтинээри Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар кэтэхтэн үөрэнэ киирбитэ. Үрдүк үөрэх кыһатын үөрэнэн бүтэрэн баран, оскуолаҕа үлэлии кэлбитэ.
Крым ыалын тиэргэниттэн итэҕэһэ суох
Сайынын Галина Альбертовна тэлгэһэтэ, этэргэ дылы, Крым ыалларын тиэргэннэриттэн итэҕэһэ суох кэрэ буоларын, үгүстэр бэлиэтии көрөллөр. Сатабыллаах хаһаайка тиэргэнигэр үөһэ этэн аһарбытым курдук, соҕуруу дойду отоно дьаабылыка, оннооҕор вишня, рябина, арбуз, дыня, малина, клубника, моонньоҕон, хаптаҕас силигилии үүнэллэр. Хаппыыста, оҕурсу, помидор туһунан этэ да барыллыбат.
Билигин куйаар ситимэ сайдыбыт үйэтигэр киһи барыта хаартыска түһүүнэн дьарыктанар буолбутун ким мэлдьэһиэй? Аммалар Галина тэлгэһэтигэр кэлэннэр, хаартыскаҕа түһэн бараллар. Көрүөхтэн эриэккэс, сиэдэрэй көстүүнү көрөннөр оҕолуу үөрэллэр, сүргэлэрэ көтөҕүллэр.
Оскуола үөрэнээччилэрэ кэлэннэр, эмиэ интэриэһиргээн көрөллөр-истэллэр. «Шаг в будущее» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска кытталларыгар Галина уопутун туһаналлар, кэтээн көрөллөр.
Үүнүүнү 3 сыл кэнниттэн эрэ
2009 сыллаахха Галина Альбертовнаҕа эмискэ дьаабылыка олордон, боруобалаан көрбүт киһи диэн санаа төбөтүгэр көтөн түспүтэ. Свердловка диэн суорт сиэмэтин булан олордубута. Күммүт-дьылбыт уратыта мэһэйдээн, кэтэспит курдук, үүнүү түргэнник кэлбэтэҕэ. Тулуура суох киһи кэтэһэ сатаан баран, этэргэ дылы, дьаабылыка мастарын туура тардан ылан, киэр элитиэх этэ.
Оттон талан ылбыт идэтин ис сүрэҕиттэн сөбүлүүр Галина, яблонятын кытта бодьуустаһарын, көрөрүн-харайарын тохтоппотоҕо. Үс сыл кэнниттэн эрэ күүтүүлээх-кэтэһиилээх бастакы үүнүүтүн хомуйбута. Дьаабылыкатын ыйааһына 2 кг 800 гр тэҥнэспитэ. Үлэ түмүгэ көстүбүтүттэн, Галина үөрүүтэ муҥура суоҕа. Нөҥүө сылыгар итинтэн арыый кыра үүнүүнү хомуйбута.
2017 сылга Галина дьаабылыката өлгөмнүк үүммүтэ. Ол курдук, аҕыс киилэ курдук үүнүүнү хомуйбута. 2018 сыл сайын үүнүү уон киилэҕэ тэҥнэспитэ. Бу күһүн эмиэ өлгөм үүнүүнү хомуйда.
Билигин Галина Альбертовна «Бухатыыр» диэн дьаабылыка суордун Новосибирскайтан атыылаһан, хаһыс да сылын үүннэрэр. Билиҥҥитэ бу суорт отонун биэрэ илик. Галина санаатын түһэрбэт, эрэнэ кэтэһэр. Кыһыннары-сайыннары яблоняларын кыһыл оҕолуу бүөбэйдиир, көрөр-истэр.
Маны таһынан Галина кэтэх хаһаайыстыбатыгар сибиинньэ, куурусса тутар. Кини былаана киэҥ. Галина Альбертовна саҥаттан саҥа үүнээйилэри үүннэрэн, Покровка олохтоохторун өссө да үөрдэ, санааларын көтөҕө турар ыра санаалаах.
Людмила Ноговицына
«Забота-Арчы» хаһыат, «Саха Бэчээт» сайта: https://sakha-pechat.ru/burduktaakh-amma%D2%95a-any-daabylyka-%D2%AF%D2%AFn/