Интернет хаартыската

Саха омуга инники сайдыыта тыа сириттэн күүскэ көһүү, ынах сүөһүнү көҕүрэтии (эһии) диэн саныыр дьоннор, арааһа, тыа дьоно өй-санаа, уопсай сайдыы өттүнэн куораттартан быдан хаалаллар, олохторун таһыма, усулуобуйата ырааҕынан итэҕэс дии саныыр буолуохтаахтар. Бу сырыыга олорго хоруйдаан көрүүм.

  • * *
    Дьон тоҕо куораттарга, киин сирдэргэ талаһаллаларый?
    Нэһилиэнньэ киин сирдэргэ көһүүтэ Аан дойду үрдүнэн баар көстүү. Ол сүрүн төрүөтүнэн дьон тыа сиригэр олорор усулуобуйара ыараханыттан, суол-иис мөлтөҕүттэн, культунай хааччыйыы, өҥөнү оҥоруу (сервис) намыһаҕыттан уонна саамай сүнньэ, мин саныахпар, сөптөөх хамнастаах үлэ көстөн биэрбэтэ буолар дии саныыбын.
    Онтон чопчу сахабыт сирин ыллахха тыа сиригэр маныаха диэри сүрүн кыһалҕанан дьиэни-уоту сылытыы уонна благоустройство, толору хааччыллыы аҕыйаҕа буолара саарбаҕа суох. Быһаччы эттэххэ тыа ыаллара оһоххо хамначчыт буолан 8 ый устата тыаттан кураанах мас кэрдэн киллэрэн, эрбээн, хайытан, кыстаан, кырата күҥҥэ 2-тэ – 3-тэ оттон, оһоҕу кэтээн аһан-сабан, эбэтэр таас чох атыылаһан оттон элбэх бириэмэлэрин ыыталлара, оһоххо хам бааллан хаалаллара.
    Кырдьык, тыа сиригэр олорор дьиэни, техника гарааһын итиинэн хааччыйыы саамай сүрүн кыһалҕа, түбүктээх үлэ этэ. Маны таһынан ордук сытар, кырыы нэһилиэктэргэ суол мөлтөҕө, ордук сааһын-сайынын барыы-кэлии моһуоктара кырата суох кыһалҕаны үөскэтэрэ баар суол.
    Онтон хотулар тустарынан киһи этэ да барбат. Аҥардас Дьокуускайга диэри бырайыастарын сыанатын иһиттэххэ киһи саллар. Онон мин сүрүннээн, хотулар этэллэринии, «дойду-дайды» дьонун, киин улуустар балаһыанньаларын туһунан куораты кытта тэҥнээн суруйуум.
    Онтон ити мин үөһэ ахтыбыт кыһалҕаларым билигин…
    Хайдах быһаарыллан иһэллэрий?

  • Кырдьыгынан быһаччы этиим. Мин билигин уоруу-хоруупсуйа олус бүрүүкээбит, баай-дьадаҥы икки арда аһара барбыт билиҥҥи былааһы хайҕаабаппын. Ол эрээри төһө даҕаны үөһэлэри үөхтэрбит, араастаан саҥардарбыт, ордук кэнники 10-ча сылга, тыа сирэ балачча сайынна. Онно билэрдии бэйэм Чурапчым улууһун холобурдуум.
    Олортон саамай хайгыырым бары 17 нэһилиэктэрбит кииннэрэ, 8 кыра учаастактарбыт олорор дьиэлэрэ үксүлэрэ, үгүс сирдэр 100%*-н кииннэммит хочуолунайтан уонна гааһынан сылытыллар буоллулар. Соҕуруу сытар Чакыр, Хайахсыт, Хадаар, Дириҥ, Одьулуун бөһүөлэктэрэ уонна 11 тыһ киһи олорор Чурапчы сэлиэнньэтэ бүтүннүү гаас оттукка киирэн эрэллэр. Ити улууспут 20 тыһ арыый ордук нэһилиэнньэтиттэн 15 тыһынчаттан тахсатын ылар. Онон улууспутугар былыргылыы оһох оттон сылытынар ыал ахсааннаах хаалан иһэр. Ол түмүгэр куораттыы толору хааччыллыылаах дьиэлээх ыаллар элбээн иһэллэр.
    Улууспутугар дьиэ-уот тутуута, суол оҥоһуута күүскэ барар. Бу сылларга аҥардас ИЖС программатынан эдэр ыалларга, специалистарга 164 саҥа дьиэлэр тутулуннулар. Хаарбах дьиэттэн көһүү программатынан улууспут киинигэр 80-ҥа тиийэ кыбартыыралаах, 4-5 этээстээх хас да таас дьиэлэр тутулуннулар, нэһилиэктэргэ да тутуу балачча барар.
    Холобур киинтэн 5 көс ыраах сытар Кытаанахпар мин тыыннаахпар таас суол тиийиэ суоҕа диирим, 2 сыллааҕыта оҥоһуллан, кыһыннары-сайыннары биир чааһынан, арыый ордугунан көҥүл сылдьар буоллулар. Быйыл хаарбах дьиэттэн көһөрүү чэрчитинэн 3 этээстээх 18 кыбартыыралаах саҥа таас дьиэ үлэҕэ киирбитэ. Бу күннэргэ 2 этээстээх 90\60 оҕоҕо анаммыт саҥа оскуола саад аһыллаары турар. Аҕыйах сыллааҕыта саҥа кулууп тутуллубута. Мантан да атын тутуулар, ис суоллары оҥоруу, хараҥа уулуссалары куорат курдук барытын сырдатыы, сквердэри, биллиилээх дьоҥҥо өйдөбүнньүктэри туруоруу, түргэн интернети киллэрии уо.д.а үлэлэр ыытылыннылар. Бу үлэлэри ыытыыга урут үөрэппит уолум, билигин 3-с болдьоҕор нэһилиэк баһылыгынан үлэлиир Потапов Е.Н. улахан оруоллааҕын бэлиэтээн ааһар тоҕоостоох.
    Маннык үлэлэр улууспут атын да нэһилиэктэригэр, улуустарга ордук куорат таһынааҕыларга барар бөҕө буоллахтара. Биир тылынан, уруккуга холоотоххо, тыа сиригэр тутуу бөҕө барар, суол тутуллар, сайдыы барар.
    Бээ эрэ, ону үрдүнэн тыаттан киин сирдэргэ көһүү тоҕо тохтообот? Ол сүрүн төрүөтэ туохханый? Мин саныахпар…
    Сөптөөх хамнастаах үлэ көстүбэтэ
    Ити тыаҕа сүөһүнү эһиэххитин диир уо.д.а үгүс дьон тыа сиригэр үлэ элбэх, сүрэхтээх киһи мас кэрдэн, ону маны уһанан, тутууга үлэлээн, сүөһү-сылгы көрөн талбыт үлэни булуохтарын сөп бөҕө диэн саныыллара, этэллэрэ, суруйаллара баар суол. Онно хоруйум судургу. Тыаҕа хамнастаах соҕус үлэни булар букатын уустук буолла. Тоҕо? Ол…
    Маҥнайгыта. Урут сопхуостар саҕана элбэх киһи т/х-гар сүөһү-сылгы, сир үлэтинэн дьарыктаналлара. Билигин сүөһүбүт букатын аҕыйаан, эстэн иһэр. Урукку ахсаанын кыра аҥара эрэ хаалла. Ону үрдүнэн ынах сүөһүбүтүн төрүт эһиэххэйин диир сахалар баалларыттан киһи хомойор.

  • Иккиһэ. Эмиэ урут диэххэ. Билигин омук араас табаара, аһа-үөлэ саба халыйан киирбит кэмигэр, уруккута син элбэх дьон үлэлиир тэрилтэлэрэ эһиннилэр. Холобур биһиэхэ, атын да сирдэргэ буолуо, араас дьиэ миэбэлиттэн киһи хоруобар тиийэ оҥорор промкомбинат, иистэнэртэн саҕалаан элбэх араас өҥөлөрү оҥорор быткомбинат эстибиттэрэ ыраатта. Олорго синэ суох элбэх киһи үлэлиирэ.
    Аны туран дэриэбинэ аайы маҕаһыыннардаах, бэкээринэлээх «Холбос» систиэмэтэ этэргэ дылы, биһиэхэ саккырыыр тыына эрэ ордон үлэлээбитэ буолар. Сорох сирдэргэ эстибитэ дииллэр.
    Сопхуостар саҕана мин Кытаанахпар фермалары аахтахха 7 хочуолунай үлэлиирэ. Олорго хачыгаардары таһынан үтүмэн элбэх маһы тыаттан кэрдэн, состорон киллэрэн, эрбэтэн бэлэмниир дьоннордуун 20-тэн тахса эр дьон үлэлииллэрэ. Билигин бүтүн дэриэбинэни 5-6 үлэһиттээх биир хочуолунай хааччыйар. Онон хачыгаар үлэтэ ханнык да үрдүк үөрэххэ киирэрдээҕэр куонкурустаах курдук буолла.
    Аҕыйах сыллаахха диэри элбэх киһи кыһынын тыаттан тутуу, оттук маһы бэлэмнээн хамнастаналлара. Билигин бүтүн улуус тутууга наадыйар араас кээмэйдээх буруус, кырыыламмыт хаптаһын маүынан биир, соҕотох ИП Иркутскайтан хайа курдук элбэҕи аҕалан толору хааччыйар. Онон, үөһээ суруйбутум курдук, оһох оттор ыал, тутуу маһынан дьарыктанар ахсааннаах хаалан иһэр. Онон киэн тайҕабыт, күөх дуолбут кэрдиллиитэ быдан аҕыйаата.
    Иллэрээ сылтан дьон доруобуйатыгар «кыһаллан», доруобуйа харыстабылын «тупсарабыт» (оптимизация) диэн ааттаан нэһилиэктэр балыыһаларын барыларын кэриэтэ сабан, үлэһиттэрин аҥарынан аччатан, ФАП-ка кубулуттулар. Онно төһөлөөх киһи үлэтэ суох хаалбыттарын ааҕар уустук.
    Чэ, ити курдук, тыа сиригэр үлэлиир миэстэ сарбыллыыта, эбии харчылаһар үлэ аҕыйааһына сир аайы баар көстүү. Холобур, кыратыттан ыллахха, аҕыйах сыллаахха диэри сорох оҕонньоттор атырдьах, кыраабыл, талах минньик, сүгэ, күрдьэх уга, күөрчэх ытыга, хаар күрдьэр күрдьэх эҥин оҥорон уһанан харчыланаллара. Олор билигин, үксэ плассмассанан оҥоһуллубут, маҕаһыын аайы дэлэйдилэр.
    Аны биири умнубуппун. Иннигэр ахтыбытым курдук, тыа сиригэр тутуу, ордук таас тутуу балайда барар буолла. Олорго үксүгэр кэлии омуктар үлэлииллэрэ сир аайы баар. Оннуга туттарааччыларга быдан ордуга, барыстааҕа биллэр суол. Биир тылынан тыа сиригэр сөптөөх хамнастаах, соцпакетын төлөнөр, үлэн ыстааһа ааҕыллар тэрилтэлээх үлэни буларын олус уустугурда. Ол түмүгэр тыаттан киин сирдэргэ көһүү тохтообот, үлэтэ суох киһи ахсаана элбиир.
    Ол эрээри «үлэ суох» диэн баран сылы быһа тиэрэ түһэн сытааччы киһи суоҕун тэҥэ. Тоҕо диэтэххэ элбэх киһи үгүс ИП-ларга, кыра чааһынай тэрилтэлэргэ, фермердэргэ быстах дуогабардаһан туох да соцпакета суох, кыра хамнаска продавеһынан, оробуочайынан, хачыгаарынан, суоппарынан, сүөһү көрөөччүнэн… үлэлээччилэр ахсааннарын киһи ааҕан сиппэтэ буолуо. Бука, элбэх буолуохтара.
    Киһи кинилэри аһына саныыр. Бу дьоҥҥо үлэлэрин ыстааһа ааҕыллыбат, кэлин пенсияҕа сатаан тахсыбат, ыарыйдахтарына бүлэтиэн төлөммөт, уоппуска-өрөбүл диэни билбэт, 2 сылга биирдэ босхо бырайыаһынан туһаммат, санаторий, курорт туһунан санаан да көрбөт дьиҥнээх ол хаһаайыттарын, судаарыстыба хамначчыттара буолаллар диэтэххэ өһүргэс буолбат.
    Балары таһынан ханнык да ИП-га, тэрилтэҕэ үлэлээбэт эрээри, ИП буолбакка эрэ, бэйэлэрин чааһынай массыыналарынан суоппардаан, таксилаан (индрайвердаан), быстах тутууга үлэлээн, дьоҥҥо өҥөнү оҥорон… айахтарын булунааччылар эмиэ аҕыйаҕа суохтар. Ол эрээри кинилэр, эмиэ туох да чэпчэтиинэн туһаммат хамначчыт курдук буолаллар.
    Маннык тэрилтэтэ суох, сир-халлаан икки ардыгар хаалбыт дьон тыа сиригэр, куоракка даҕаны олус элбээбиттэрэ туспа проблемаҕа кубулуйда.
    Бээ, эмиэ наһаа уһаатым. Онон түмүктүөххэ.

  • Түмүк
    Тоҕо мин итини барытын ыатаран суруйдум. Тоҕо диэтэххэ ити сахалар ынах сүөһүнү эстэхпитинэ, күүскэ көстөхпүтүнэ эрэ сайдыахпыт диир дьонтон кыһыйан. Онуоха эбэн үрдүкү салалтабыт т/х-гар улахан суолта биэрбэтиттэн, үбүлээһини аччатан иһэриттэн, тыа дьонун дохуотун үрдэтэбит диэн ааттаан кэтэхтэртэн үүтү туппакка, ынах төбөтүгэр 35-тии тыһ солк биэрэн, переработка ситимин мөлтөтөн, дьону бэлэмҥэ, босхоҕо үөрэтэн, дьиэттэн быһа атыылатан сокуону кэһэргэ күһүйэн, саамай сүрүн табаар – ынах арыытын оҥорууну кыра аҥарын аччатыыны утаран, өйдөтө сатаан суруйабын. Ону тэҥэ сүөһүнү эстэхпитинэ тыа сиригэр, куоракка даҕаны дьону барытын, саҥа технологияны баһылатан, хамнастаах үлэнэн хааччыйыахха сөп диир дьону итэҕэйбэппин.
    Доҕоттоор! Мин туруорсарым, этэрим биир. Ону сүүстэ хатылыам. Биир биллэр киһи «сүөһү эһиннэҕинэ – саха эстэр» диэн эппитинии, кырдьык төрүт дьарыкпытын – сүөһүбүтүн эһэн үксүбүт көстөҕүнэ тыа сирэ, саха омуга, тыла эстэн барара чуолкай. Ол кэннэ сорохтор тоҕо сүөһүнү эһэргэ тааллара кырыыланарын, үрдүкү салалтабыт ситэ суолта биэрбэтин төрүт өйдөөбөппүн. Мин манан бары, үксүбүт сүөһүтэ иитиэҕин диэн төрүт эппэппин. Үнүр суруйбутум курдук уопсай нэһилиэнньэбит 1 %-на эрэ сүөһү ииттэн хамнастанан, аһаан-таҥнан олорор ээ. Урукку сүөһүбүт улахан аҥара эһиннэ. Ону үрдүнэн өссө аҕыйатаары туруорсуу бөҕө.
    Онтон сүөһүбүт ахсаанын муҥ саатар билигиҥҥи таһымҥа хаалларарга, үбүлээһини арыый эбии суотугар киилэ үүт сыанатын, биһиги туруорсарбыт курдук, 80-100 солк оҥорор киһи сөп буолуо этэ. Ити оҥоһуллар ороскуотугар эрэ тэҥ ээ. Кыһалыннахха итиччэ оҥоруохха сөп бөҕө. Ону эһиги туох дии саныыгыт?
    Аны икки суолга кылгастык тохтуум. Сорохтор тыа сиригэр дьон бүүттэлэнэн, культура, өй-санаа, сайдыы өттүнэн куораттартан хаалаллар диэн өйдөбүллээхтэрэ баар суол. Төрүт онно сөбүлэспэппин. Билигин сибээс, интернет күүскэ сайдыбыт, суол-иис тупсан иһэр кэмигэр тыа дьоно билии-көрүү өттүнэн куораттартан төрүт хаалбат, өссө үгүстэртэн ордук буолуохтара диибин. Онуоха биир ыйытыыга хоруйдуургутугар көрдөһөбүн.
    «Саха саарыннара бары тахсыбыттара тыа сириттэн» диэн этии баар. Дьэ эһиги куоракка төрөөбүт, үөрэммит, улааппыт сахалартан биир эмэ аатырбыт учуонай, суруйааччы, артыыс, улахан салайааччы… ааттарын ааттаан эрэ. Саарбах буолуо. Тоҕо оннук буолуой?
    Ону бэйэҕит толкуйдаан. Манан мин куораттары түһэрэн эппэппин. Баар чахчыны, тыам сирин көмүскэһэн, тыаттан күүскэ көһүн диэни утаран суруйабын.
    Оо! Билигин тыа сирэ барахсаҥҥа киһи тоҕо олорбот буолуой? Урукку буолбатах. Оһоххо хамначчыт буолбаккын. Этэргэ дылы, хардыын аайы маҕаһыын, талбыт табаарын, аһын-үөлүн ыһылла сытар. Өҥөнү оҥоруу куораттан итэҕэһэ суох. Эрийдин даҕаны такси начаас кэлэн ханна баҕарар тиэрдэр. Остолобуой, кафе дэлэй. Сыбаайбаҕа, үбүлүөйгэ, бэлиэ күҥҥэ сакаастаа да бэлэмҥэ аһаан кэлэҕин. Баҕардаххына сорох аскын, бэлэхтиир сибэккигин, иһэр муускун… сакаастаа даҕаны дьиэҕэр аҕалан, оннооҕор кыра хортуоскан сирин хоруттаран биэрэллэр уо.д.а элбэх өҥөнү оҥороллор. Манна эбэн тыа ыалын үксүгэр талбыт массыына, тыраахтар дэлэйдэ.
    Ол кэннэ, тыа сиригэр салгына ырааһа, наһаа да буолбатар булда-алда аҕыйаҕа суоҕа, айылҕата үчүгэйэ, киэнэ-куона, тоҕо киһи тыа сиригэр олорбот буолуой?
    Маны мин тоҕо барытын лэбийдим. Ол, өссө төгүл этэбин, тыа сириттэн күүскэ көһүн, сүөһүнү эһин диэни утаран. Түмүгэр бу проблема тула бэйэҕит санааҕытын суруйаргыт, этэргит буоллар диэн көрдөһөбүн.
  • Уйбаан Пономарев.
    Чурапчы.

От adminNB

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *