Бастаан биир сыыппарата өйдөтүүм. Ааспыт үйэ 30-с сылларыгар, сэрии иннигэр Саха сиригэр 496(!) тыһ. саха сүөһүтэ баара бэлиэтэммит.
Оччолорго Саха ахсаана 240-ча тыһ. киһи эрэ буолан биир дууһаҕа 2 сүөһү тиксэр эбит. Былыр бурдук үүннэрбэт, оҕуруот аһа олордубат сахтарга, сүүһүнэн сылларга төрүттэрбит сүрүн аһылыктара ынах этэ, үүтэ буоллахтара. Ол иһин сахалар ынаҕы таҥараҕа тэҥнээн Мылахсын хотун айыылаах дииллэр эбит. Ыал кыаҕа, баайа ынах-сүөһүтүн ахсаанынан быһаарыллара үһү.
Дьэ итинник сахалары үйэлэргэ тыыннаах ордорон аҕалбыт «манньатыгар» сахабыт ынаҕа барахсаны, этэ-үүтэ аҕыйах диэн сэнээн, үөһээттэн күүстээх ыгыы-түүрүү, аҕытаассыйа түмүгэр букатын боруода быһыытынан эспиттэрэ. Аан дойдуга ханнык даҕаны сүөһү туспа боруода быһыытынан ааҕылларыгар 1000 ыанар ынах баар буолуохтаах эбит.
Онтон 2019c. түмүгүнэн Саха сирин үрдүнэн барыта холбоон баара-суоҕа 2019 сүөһү ордубут. Ол иһиттэн ынаҕа 820-чэ төбө үһү. 2020с. кыратык эбиллибит буолуон сеп.
Ол эрээри букатын эстиэҕин В.А.Штыров «О мерях по сохранению генофонда якутского скота» диэн анал 536 №-х укаас таһаарбыт (07.10.02.). Онтон сиэттэрэн 2004с. “Тускул” диэн анал кыра ГБУ тэриллэн син үлэлээн испитэ. Ону кэлиҥҥи салалталар туспа тэрилтэ быһыытынан эһэн «Сахаагроплем» иһгинэн кыра салаа эрэ оҥорон күттүөннээх үлэ барбатаҕа.
Онтон саҥа Ил Дархаммыт А.С.Николаев 2018 сыл ахсынньы 11 күнүнээҕи 232 нүөмэрдээх «СӨ т/х-н сайдыытын стратегическай хайысхаларын туһунан» укааһын биир пуунунан 2024 сылга диэри саха ыанар ынаҕын ахсаанын 1000 төбөҕө тиэрдэргэ диэн сорук туруорбута.
Ити укааска олоҕуран бырабыыталыстыба 2019 с. ахсынньы 3 күнүгэр “Якутский скот” («Саха сүөһүтэ») диэн хааһына тэрилтэтин тэрийэргэ уураах ылыммыта.
Тэрилтэ дириэктэринэн Саха сиригэр киэҥник биллэр, уһун кэмҥэ Аммаҕа улуус баһылыгынан, кэлин СӨ т/х-н миниистиринэн үлэлээбит, уопуттаах салайааччы А.Е.Артемьев ананан биир сыл иһигэр баһаам үлэ барбытыттан киһи үөрэр.
Ол курдук ааспыт сылга Нам Таастааҕар, Мииринэй Сүлдьүкээригэр, Ньурба Аканатыгар улахан, аныгылыы хотоннор, Горнай Кылыһыгар, Амма Күллэгитигэр саҥа сайылыктар тутуллуннулар. Кыһалҕалаах үлэлээх, ол эрээри саха сүөһүтэ төрүт эстибэтэҕэр сүдү үтүөлээх «Бытантай» ГУП былырыын күһүн, ити «Саха сүөһүтэ» тэрилтэҕэ холбоммут. Онон төрүт сүөһүбүтүн чөлүгэр түһэриигэ биир кэлим холбоһук, салайыы үөскээбитэ улахан эрэли үөскэтэр. Онуоха эбэн ааспыт сайын Кылыска саха сүөһүтүгэр саҥа сайылык аһыллыытыгар Айсен Сергеевич бэйэтинэн тиийэн кыттыбытын тэлэбиисэргэ көрөн, улахан салалта ылсан, суолта биэрэн эрэриттэн эгди буолбутум.
Аны саха ынаҕын туһунан ырыа оҥотторор санаа миэхэ хаһан, хайдах киирбитэй? Ол маннык этэ.
Эрдэ суруйбутум курдук, 2018 с. тохсунньу 13, бэчээт күнүгэр сылдьан СӨ бастыҥ уопсастыбаннай кэрэспэдиэнэ аатын ылан, лауреат буолбутум.
Ол сарсыҥҥы күнүгэр ити быйыл Англия Кембридж университетыгар философия дуоктарын аатын көмүскээбит, букатын сиэним курдук саныыр буолан эрэр, Намтан төрүттээх, саха кыыһа Зоя Тарасованы кытта саха сүөһүтүн иитэр Нам Таастааҕар барбытым. Онно дуобат гроссмейстэрэ А.Азаров убайа Ыстапаан, Надежда Азаровтар диэн бэртээхэй ыалларга икки хоммутум. Онуоха хаһаайка сип-сибиэһэй саха ынаҕын сүөгэйин сиэппитин минньигэһин баччааҥҥы диэри умнубаппын. Ол кэннэ, оо, оҕолорбутун-сиэннэрбитин маннык үтүө үүтүнэн, сүөгэйинэн аһаппыт, сахабыт сүөһүтүн өссө дэлэппит киһи баар ини диэн санаам өссө күүһүрбүтэ.
Хаһаайка Надежда кыралаан хоһоон суруйар эбит. Онно «Таастаахха саха ынаҕа» диэн хоһоонун ааҕан баран, саха ынаҕын туһунан ырыа суруттарыахха баар эбит диэн санаа маҥнай онно үөскээбитэ.
Дьиэбэр кэлээт бастаан бэйэм суруйан көрбүтүм даҕаны кыаллыбатаҕа. Онтон төлөпүөнүнэн Омук Уолуттан (Нохтоҕонтон) көрдөспүтүм. Киһим сарсыҥҥы күнүгэр тута суруйан ыыппыта. Онтон Чурапчы Арыылааҕыттан Айылҕаана (А.Барашкова) «Саха ынаҕа» диэн хоһоонун булбутум. Ол эрээри барылара хайдах эрэ ырыаҕа барсыа суох курдуктара. Ол иһин Дьааҥыттан төрүттээх Чурапчы кийиитэ, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, хас да хоһоон куонкурустарын кыайыылааҕа Корякина Римма Иннокентьевнаттан – Хотуунаттан көрдөһөн суруйтарбытым.
Ол эрээри бэйэм санаам туһэн диэххэ дуу, икки сыл кэриҥэ бу идиэйэбин тохтотон кэбиспитим. Туохтан диэ? «5 ынахтаан Бэйбэрикээн эмээхсин», «Куоратчыт» эҥин диэн сахалыы киинэлэргэ улахан баҕайы сэмэнтээл боруода оҕустары көлүйэ, ынахтары ыы сылдьалларын көрөн, тускул ГБУ-ну эспиттэриттэн саха ынаҕын туһунан ыллыахха буолбакка, ытыахха сөп курдук курус өйтөн тохтоон хаалбытым.
Онтон ити, суруйбутум курдук, былырыыҥҥыттан хамсааһын тахсан эрэриттэн эрдийэн хоһоонньукпар Хотуунаҕа бэйэм этэн, хаста да көннөттөрөн, эрэдээксийэлээн бу хоһоон тиэкиһин таһаарабын.

Сахабыт ынаҕа барахсан.

Өбүгэ үгэһин утумнаан
Хороҕор муостааҕы иитэбит,
Төрүппүт сүөһүтүн маанылаан
Сахабыт ынаҕын туойабыт.

Хос ырыата

Сайаҕас Мылахсын Айыылаах
Сүтүөхчэ-сүппэтэх дьылҕалаах,
Төрүппүт ынаҕа барахсан
Туругур үйэни уҥуордаан.

Хос ырыата

Алааска айаатыыр оҕустаах
Хойуу үүт, эмис эт быйаҥнаах,
Саханы аһатан аҕалбыт
Сахабыт ынаҕа барахсан.

Хос ырыата

Саадьаҕай, эбирдэх ойуулаах
Сытыары, сымнаҕас майгылаах,
Кыһыҥҥы тымныыга тулуурдаах
Сахабыт ынаҕа барахсан.

Хос ырыата

Маанылаах сахабыт ынаҕа
Бу тыйыс дойдуга эрэ баар,
Тэнийэ, барҕара, үксүү тур
Сахабыт ынаҕа барахсан.

Хос ырыата

Түмүгэр бу хоһооҥҥо мелодистар уонна ким баҕалаах матыып айан ырыа оҥороргут буоллар диэн көрдөһөбүн. Онно мин ырыаттан-тойуктан ыраах оҕонньор, бу ырыа тэтимэ наһаа түргэн, эбэтэр олус бытаан буолбакка, хайдах эрэ өрө көтөҕүллүүлээх, саха ынаҕа элбииригэр ис сүрэхтэн баҕарар истин дорҕоонноох буолуоҕун баҕарабын.
Онтон ырыа айааччылар өйдөөтүнэр, ис уйулҕаларыгар киирдин диэн саха ынаҕын суолтатын, дьылҕатын туһунан кэҥэтэн суруйбуппун баалааман.
Өссө аһара баран бу ырыа матыыбыгар «Саха ынаҕа» хааһына, «Төрүт баай» уопсастыбаннай тэрилтэлэр хамыыһыйа тэрийэн, куонкурус биллэрэн бириис олохтуурбут буоллар үчүгэй буолуо этэ диибин.
Бу ырыаҕа килиип устан, хит буолан, сахалар төрүт баайбыт, саха ынаҕа күүскэ тэнийэригэр төһүү буоллар диэн баҕалаахпын.
Кытаатын! Ырыа айааччылар бу хоһооҥҥо үчүгэй матыып айарга ылсын эрэ! Кэтэһэ күүтэбин.
Уйбаан Пономарев
Чурапчы

«Кыым» (18.02.21)

От adminNB

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *