Бастаан куолуһуттар диэнтэн өһүргэнимэн. Куолулааһын диэн өйдөөх дьоннор олох уонна эҥин араас туһунан санаа атастаһалларын этэллэр.
Бу олунньу 24 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ Ытык Сүбэтин уонна Общественнай палататын тэрийиилэринэн куйаар ситиминэн ыытыллыбыт улахан муннььахха кытынным. Бу сырыыга ол уонна онтон тоҕо астымматаҕым туһунан суруйуум.
Мунньахха мин дириҥник ытыктыыр, сүгүрүйэр киһим, маҥнайгы президеммит М.Е.Николаев быйыл эппит, нууччалыы уһун баҕайы ааттааҕын иһин, быһаччы эттэххэ, норуоту харыстааһын, элбэтии, уопсайынан тыа сирин салгыы сайыннарыы проблемаларын, мин саныахпар, олус наадалаах, сытыы боппуруос дьүүллэһиллиннэ. Мунньахха Ытык Сүбэ, Общественнай палаата чилиэннэрэ, т/хаһ-н, урбаан сайдыытын миниистирдэрэ, республика кылаабынай архитектора, улуустар баһылыктара уо.д.а салаалар бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Барыта 200-тэн тахса киһи холбонно диэтилэр. Онон-улахан түмсүү.
Тэрээһини Ытык Сүбэ салайааччыта, уруккута Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин президиумун председателэ, мин олус убаастыы саныыр Л.Н.Григорьева кылгас киирии тылынан аста.
Сүрүн дакылааты Ытык Сүбэ солбуйааччыта Аммосов И.Н оҥордо. Ол кэнниттэн тылы эбии дакылааччыттар диэн 4-5 киһиэхэ 10-нуу мүнүүтэ регламеннаан биэрдилэр. Ону сорохторо бэлэм суруйбут тиэкистэрин ааҕан, сорохтор бэлэмнээбит сыыппараларын туһанан элбэҕи кэпсээтилэр.
Ол кэнниттэн эрдэ оҥоһуллубут сынаарыйынан, эрдэттэн сэрэтиллибит, бэлэмнэммит улуус баһылыктара, араас испэсэлиистэр 5-тии мүнүүтэ регламеҥҥа батар-баппат, арааһа, дакылааччыктардыын холбоон, 20-тэн тахса киһи эттилэр – тыыннылар аххан. Бары даҕаны, этэргэ дылы, саҥаран баран кэлээр диэбит дьонноро. Кутан-симэн сүрдээхтэр.
Ол эрээри мин ити дьон бары тыа сирин проблемаларын: тыаттан тоҕо дьон наһаа көһөрүн, тыа дьонун үлэнэн хааччыйыы, тыа хаһаайыстыбата тоҕо наһаа таҥнары түһэн иһэр төрүөттэрин, саха ахсаанын хайдах элбэтэр, төрүт тылбытын сайыннарыы, эминэн-томунан хааччыйыы уо.д.а кыһалҕаларын уонна олору хайдах туоратыы туһунан кэпсэтии буолуо дии санаабытым.
Онтукам, хомойуох иһин, олор тустарынан төрүт кэриэтэ таарыллыбата. Ордук тыа хаһаайыстыбатын, сүөһү үлэтин, хайдах гынан сылгыны-ынаҕы, эти-үүтү элбэтии, тыа дьонун үлэнэн хааччыйыы туһунан олох кэриэтэ ахтыллыбата.
Бары кэриэтэ үксэ кыайыы-хотуу, оройуоннарыгар, тэрилтэлэригэр туох үлэни ыыппыттарын туһунан оччуоттаан таҕыстылар. Мунньах 3 чаастан саҕаланан, 6 чааска түмүктүөхпүт диэбиттэрэ. Ол курдук 2 чаас 40 мүнүүтэ тохтоло суох «оччуот» буолла. 6 чаас буолуо 20 мүн. буолуута ыксаан илиибин ууна сатаан, тыл көрдөөбүппэр, биир уочараттаах араатар тута холбоммокко, син биэрдилэр.
Мин мунньахха Михаил Ефимович «народосбережение» диэн тыа сирин проблемаларын туһунан этиитин отчуокка кубулуппакка, тыа сиригэр дьону хайдах олохсутууга, үлэ миэстэтин таһаарыы туһунан барыахтаах этэ. Саамай сүрүн суолтаны т/х-та, сүөһү иитиитэ ылар. Онтон сүөһү көҕүрүүр сүрүн төрүөтэ үбүлээһин кыччаан иһиитэ уонна бородууксуйа тутуллар сыаната кырата диэн дакаастыы сатаатым. Холобур В.А.Штыров саҕана т/х-гар уопсай бюджет 13,4 % бэриллэр этэ. Билигин 5%-ҥа диэри таҥнары түһэрдигит. Быйыл үүт субсидиятын 2,8 млд-н, 4,0 млд. дылы улаатыннардыбыт диэн кэпсээтэргит да5аны, уопсай үбүлээһини 10,6 млд-н 10,2 млд. диэри таҥнары түһэрдигит. Киилэ үүт бэйэҕэ турар ороскуота 59 солк. дии туран 5(!) сылы быһа 45 солк. эрэ тутан хайдах сайдыахпытый диэн уубар-хаарбар киирэн этэн истэхпинэ: -Иван Петрович, ити этиилэргин мунньах резолюциятыгар киллэриэхпит – диэн баран тохтотон кэбистилэр. Кыһыыбар, күүспүнэн кэриэтэ, «мин санааларбын «Кыым» хаһыакка «Арай, мин миниистир эбитим буоллар» — диэн ыстатыйабар ааҕаарын диэн баран бүттэҕим дии». Атын кими даҕаны, ол иһигэр регламены ааспыттары тохтоппотулар. Арай мин соҕотох испииһэккэ киирбэтэх оҕонньору, «туһата суоҕу кэпсиир» диэтэхтэрэ буолуо, быһан кэбистилэр.
Мин кэннибиттэн биир улуус баһылыга, арааһа, 7-8 мүнүүтэ эмиэ үксэ улууһун кыайыыларын туһунан оччуоттаата. Кини кэнниттэн хас да испииһэктээх, эрдэттэн бэлэмнэммит дьон эттилэр. Хата олортон икки саха ходуоһунньуктара Хаҥалас Тиит Арыытыгар, биир куорат дьахтара Амма Болугурун таһыгар сир ылан, кыра дьиэ туттан олорорун, тыа сиригэр олорор үчүгэйин туһунан этиилэрин сэргээн иһиттим. Маладьыастар! Оо, итинник тыа сиригэр көһөн тахсар дьону көҕүлүүр, көмөлөһөр буоллар ньии!
Ити курдук мунньахпыт уһаан-тэнийэн 7 чаас буолуо 5 мүн. иннигэр, эһиги этиилэргитин түмэн резолюцияҕа киллэриэхпит диэнинэн, соччо быһаарыыта суох түмүктэннэ. Онон барыта 3 чаас 55 мүнүүтэ (235 мүн.) устата сынньалаҥа суох куолулааһын буолла.
Түмүгэр бу мунньахтан миэхэ туох санаалар үөскээтилэр?
Дьиҥэр бу мунньах хамсык кэмигэр зуумунан ыытыллыбыта сөптөөх. Үчүгэйэ диэн элбэх киһини хабар уонна ороскуота быдан аҕыйах эбит. Холобур ити 200 киһини Халыма, Бүлүү, Өлүөхүмэ түгэҕиттэн тиийэ Дьокууйкайга аҕаллахха төһөлөөх күн-дьыл хаалыа, транспорт сүүрүө, көрүүчэй ороскуоттаныа этэй? Онон хамсык да кэнниттэн маннык мунньахтары ыытыахха сөп эбит. Ахсааннарын аҕыйатан туран.
Онтон бу зуумунан мунньахтары хайдах ыытыахха? Онуоха мин санааларым манныктар.
Чуолаан бу мунньахха эттэххэ, дьиҥэр Михаил Ефимович ити этиитэ сүрдээх дириҥ ис хоһоонноохтор. Сүрүн туһаайыыта тыа сирин сайыннарыыга үбү элбэтии, төрүт омуктар дьылҕаларын бары өттүнэн хабар дириҥ ис хоһоонноох этии этэ. Бу этии бэчээккэ тахсыбатаҕа. Ону ити мунньах кыттыылаахтара бары интерниэтинэн аахпыттара, үөрэппиттэрэ буолуо дуо? Саарбах. Ол кэннэ аахпатах, истибэтэх, билбэт дьыалан туһунан киһи тугу этиэн сөбүй? Этии ис хоһоонун билбэккэ эрэ хайдах дьүүллэһиэххэ сөбүй? Ол иһин үгүстэр киирии тылларыгар «Уважаемый Михаил Ефимович» (барыта нууччалыы барар, мин эрэ сахалыы эттим) дииллэр даҕаны биир даҕаны киһи этиитигэр «Михаил Ефимович» диэн тылы туттубата, кини маннык эппитэ диэн тыл быһаҕаһа да кыбыллыбата.
Ол иһин мунньах саҕаланыытыгар маҥнайгы президеммит бу чыыһылаҕа, ханнык мунньахха туох туһунан эппитин, туох проблемалары туруорбутун туһунан кылгастык билиһиннэриэххэ баар этэ. Дьэ, ол эрэ кэнниттэн сүрүннээн ол проблемалары хайдах туоратар, туох үлэлэри ыытар туһунан кэпсэтии барыан сөп этэ. Онно эрдэттэн наһаа элбэх киһини тыл эттэрбэккэ, холобур нэһилиэнньэ (сахалар ахсааннарын) хайдах элбэтэбит, т/х-н хайдах сайыннарабыт диэх курдук боппуруостары туруоран, ким баҕалаахха тыл биэрэн, аһаҕас кэпсэтиини ыытыахха сөп этэ. Онуоха бу ханнык даҕаны официальнай мунньах буолбатаҕа, көннөрү общественнай тэрилтэлэр ыытар түмсүүлэрэ буолара итинник аһаҕас кэпсэтиини ыытарга саамай тоҕоостоох этэ.
Бу мунньах кэнниттэн миэхэ Улуу Өктөөп трибуна, биллиилээх поэт В.Маяковскай «Прозаседавшиеся» диэн хоһоонун уонна «Я бы выгрыз бюрократизм…» тыллара өйбөр киирэн кэлбиттэрэ. Ону тэҥэ «Время – деньги!» диэн этии курдук, дьон бириэмэтин харыстыахха баара.
Бу суруйуубуттан өһүргэммэккитигэр уонна «кырдьаҕас оҕонньор лахсыыра, лэбээрэ» диэбэккэ, сахалыы «кырдьаҕастан – сүбэтин, эдэртэн — эйэтин» диэн этии баарыгар дылы, болҕомтоҕо ыларгытыгар баҕарабын.
Бүтэһигэр, бу мунньах төрүт туһата суох ааста диэн ончу эппэппин. Син элбэҕи биллим, иһиттим. Киһи куһаҕантан эмиэ үөрэнэр.
Онтон саамай түмүгэр “эн – бэккин, мин – бэппин”, «эн соххор, мин соххор» дэһиспэккэ, бары биир өйгө-санааҕа киирэ сатаан, Михаил Ефимович “народосбережение” дииринии, норуоппут, дойдубут туһа диэн бары ис сүрэхтэн кыһалларбыт буоллар диэнинэн бу суруйуубун түмүктүүбүн.
Уйбаан Пономарев
Чурапчы.
«Туймаада «хаь.
(04.03.21.)