Хачыкаат нэһилиэгин олохтооҕо Валерий Ефремов бааһынай хаһаайыстыба тэринэн үлэлээбитэ уонтан тахса сыл буолла. Улахан оҕолоро икки кыыһа кыра эрдэхтэриттэн тиэргэн, хаһаайыстыба үлэтигэр толору кытталлара, күүс көмө буолаллара. Билигин студеннар, сайынын кэлэн көмөлөһөн бараллар. Аттыларыгар өрүү баар кыра уоллара, VII кылаас үөрэнээччитэ Ефрем Ефремов төһүү күүс буолар.
— Бааһынай хаһаайыстыба тэриммитим 11 сыл буолла. 2020 сыллаахха 100 төбө сүөһүгэ анаан хотон туттан үлэҕэ киллэрбитим. Быйылгы кыстык этэҥҥэ баран иһэр. Хотоммор барыта 93 төбө сүөһү кыстаан турар, ол иһигэр 45 ыанар ынах баар. Тохсунньу ыйга биир ньирэй төрөөбүтэ, маассабай төрүөх сотору саҕаланыа, чугаһаан тураллар. Кыстыгы туоруур отум баар, үчүгэй. Хороҕор муостаах сүөһүлэрбин көрөр хамнастаах үс үлэһиттээхпин, балтым Марианна Ефремова ыанньыксыт, Бүлүүттэн сылдьар Семен Васильев бостууктуур, үлэлээбитэ 5-6-с сыла буолла. Онтон Уус Алдантан төрүттээх Александр Ушницкай үлэлээбитэ ыраатта. Ыаммыт үүппүтүн «Хаҥалас-Ас» ТХПК кытта дуогабардаһан туттарабыт. Бу хаһаайыстыбабар оттуурбар-мастыырбар икки улахан МТЗ-82 Беларусь уонна икки кыра дьоппуон уонна кытай тыраахтардара бааллар. Элбэх сүөһүнү иитэргэ сүрүн кыһалҕата аһылыга буоллаҕа. Оттуур ходуһам аҕыйах, ол да буоллар нэһилиэгим баһылыга Ирина Оболкина хайа кыалларынан наар көмөлөһө сатыыр. Атын да сирдэргэ курдук, биһиэхэ эмиэ сүөһүтэ суох дьоннор бэйэлэрэ оттообот ходуһаларын биэрбэттэр, ити сүрүн кыһалҕанан буолар. Эккэ, окко мэнэйдэһэллэр. Мин атырдьах ыйын ортотун күүтэммин, «Көҥүл хотуур» кэмигэр оттуубун. Бу кэмҥэ биллэн турар, от хаачыстыбата мөлтөх буолар. Биһиги бааһынай хаһаайыстыбалар ороскуоппутун уонна дохуоппутун күннэтэ ааҕынан үлэлиир дьон буоллахпыт дии. Сүөһү аһылыгын быһаарарга өр сыллаах оту «күөх үүнээйини» үүннэрэргэ 20 гаа бааһына сирин ыларга былааннанабын. Бу өттүбэр нэһилиэгим дьаһалтата эмиэ өйүүр, онон кыаллар кыахха киирэн эрэр. Былааммын салгыы билиһиннэрэр буоллахха, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тэрийэн ыытар дьиэ кэргэн пиэрмэтин сайыннарыы федеральнай бырагыраамма куонкурсугар кыттан грант ылан сайылык туттар баҕалаахпыт. Манна кыттарга, докумуоннары бэлэмнииргэ Хачыкаат нэһилиэгин дьаһалтатын тыа хаһаайыстыбатыгар исписэлииһэ Игорь Скрыбыкин көмөлөһөр, сүбэ биэрэр.
Биһиги үлэһиттэрбит сайынын уоппускаҕа бараллар, күһүн кыстык саҕаланыыта кэлэллэр. Сайынын музыка оскуолатын учуутала кэргэмминээн Анисия Ивановналыын уонна оҕолорбутунаан бары көмөлөөн ынахтарбытын ыыбыт, үүппүтүн туттарабыт, көрөбүт-истэбит уонна оттуубут, — диир дьиэ кэргэн аҕа баһылыга.
Бааһынай хаһаайыстыбалаах Валерий Ефремов дьону хамнастаан үлэлэтэн, сүрүн соругунан дьон-сэргэ аска-үөлгэ наадыйыытын хааччыйыы буолар. Билигин ынахтара маассабай төрөөһүннэригэр бэлэмнэнэ, ньирэй сиир отун чугаһата, турар сирдэрин оҥорор түбүктэригэр сылдьар. Тыа сирин ыалын сүрүн дьарыга сүөһүнү иитии буоллаҕа.
Уйбаан Уйгуурап
«Хаҥалас» хаһыат: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/article/40947