Репост с «Улус Медия» https://ulus.media/2021/02/16/hara-agroklasterygar-gavrilevtar-b-ge-darygyn-sajynnarallar/

Хара нэһилиэгэр быраҕыллыбыт Дыыдаа бааһынатыгар, нэһилиэк баһылыга Дария Назарова идиэйэтинэн, көҕүлээһининэн, сүөһү иитии агрокластера тэриллэн, бааһынай хаһаайыстыбалар хотон, күрүө-хаһаа туттаннар, манна Марковтар, Адамовтар, Николаевтар, Петровтар, Егоровтар, Гаврильевтар сүөһү иитэр буолбуттара бэһис кыһыннара. Трансформатор туруоруллан, электроуот ситимэ тардыллан, үлэлэрэ-хамнастара өссө таһаарыылаах буолбута.

Нэһилиэк биир бүгүрү үлэһит ыччата Николай Гаврильев агрокластер резиденэ буолан, 2016 сыллаахха 1,5 мөлүйүөн солкуобай грант үбүн ылан, хотон туттар, эргэ «МТЗ» тыраахтар, саҥа кун, от мунньар, охсор ылынар. Бастаан туттарыгар 8 да 17,5 миэтэрэ туоралаах-усталаах хотону туталлар. Былырыын сайын 10 миэтэрэ уһатан биэрбит. Туората арыый кыараҕас курдук диир. Ампаардыы бэрэбинэ эркиннэрдээх, профлиис кырыыһалаах, ханапаакылаах хотон.

«Чыычаахтар кэлэннэр муоҕун дэлби орууллар», ‒ диэн күлэр. Хотонун 30 сүөһүгэ суоттаан туттар. Бэйэлэригэр 21 сүөһүлээхтэринэн саҕалыыллар. Аһары киэҥ буолуо диэн хотоннорун кээмэйин тардына соҕус туттубуттар. Гранын усулуобуйатынан, биэс сыл устата 50-ҥа сүөһүлэрин ахсаанын тиэрдиэхтээх эбит буоллаҕына, билигин 55 сүөһүлээх. Отчуоттуур биэс сыла быйылгынан түмүктэнэр. Иккис хотон туттан баран, онтукатын ситэрэ илик эбит. Ол иһин, кыстыкка кыайан батарбат буолан, уонча сүөһүнү туттарга күһэллибит.

«Дьиҥинэн, саҥа хотону ситэрбит буоллар, айахпар улааппыта 3-4 төбөнү туттуом эбитэ буолуо», ‒ диир Николай Павлович. Бииргэ төрөөбүттэр бары кининэн Дыыдааҕа биир хаһаайыстыба буолаллар. Эттэрин, үүттэрин киниттэн ыла сылдьаллар. Ынахтара төрүү иликтэринэн, ыаммакка тураллар. Биир эрэ ыанар. Ыылларыгар соһуллар ыыр аппарааты тутталлар. Ыанар аҕыйаҕар илиилэринэн да ыыллар.

Былырыын сайын 25 ынаҕы ыы сырыттаҕына, биир ынах сүөһү сүтүктэммит. Быйыл сайын да оччону ыырбыт буолуо диэн эрэнэр. Кырдьаҕас ынахтарын көҕүрэппит. Быһа холоон, тыһаҕастар эмиэ уулаахтар быһыылаах диэн сэрэйэр. Сайынын пандемия мэһэйдээн, аҕыйах үүтү туттарбыт. Иллэрээ сыл туттарбыт үүтүн кээмэйэ 30-ча туонна буолбут. Ходуһа түүлэһэн, 40-ча туонна курдук оту оттообуттар.

Үп-харчы өртүнэн чэбдигирдии бырагырааматыгар киирсэри ситиһэн, ол харчытынан бурдук, от эбии атыыласпыт. 100-тэн тахса тыһыынчаны ылбыт. Отторун кэбиһэллэр.

Хотоҥҥо кыһын устата үһүө буолан үлэлииллэр. Ийэтин өртүнэн аймах быраата Иван Никитин уонна аҕатын өртүнэн аймах убайа Эдуард Бурнашев бааллар. Иван уоппускатын кэмигэр кэлэн көмөлөһөр. Бииргэ төрөөбүт быраата Павел үлэлэһэр. Үлэһит олорор 4 да 5 туоралаах-усталаах дьиэтин хаһаайыстыба тэринэригэр тута туттар. Быр курдук дьиэ, уота-күөһэ баар, тэлэбиисэрдээх, араадьыйалаах.

Дьиэҕэ Эдуард Николаевич иллэрээ сылтан үрдүттэн олорон үлэлиир. Отун барытын кыбыытыгар аҕалбыт. Тоҕус ото баар. Сылгыларын аҕалан хаайбыта далга хоочугураһа сылдьаллара. Түөрт биэ, биир тый уонна биир убаһа. Сылгылара ииппит аҕатын, биллэр сылгыһыт Иннокентий Плотников гиэннэрэ эбиттэр. Сылгылары Николай ахсааннарын соччо-бачча элбэтэр санаата суоҕун этэр. «Уопсайынан, үлэлээх баҕайы, ‒ диэн көрүүлэрин-истиилэрин сыаналыыр. ‒ Дьылыттан эмиэ улахан тутулуктаах».

Николайы ынах сүөһүгэ сыһыарбыт киһинэн ийэтэ, сопхуос ыанньыксыта Светлана Семеновна буолар. Гранын болдьоҕо бүттэҕинэ, баҕар, дьиэ кэргэн граныгар аны киирсэрим дуу диэн толкуйдуу сылдьарын быктарбыта. Ыанар ынахха субсидия көрүллэр буолбутун биһирээбит, сөптөөх дьаһал диэн сыаналыырын этэр. Ити субсидияҕа тиксэргэ сананнаҕына, бааһынай хаһаайыстыба статуһун тохтоторум буолуо диэбитэ.

Ол түгэнигэр, үүттэрэ бэйэлэригэр хаалар. Сайынын хонууга торбостору эмтэрэ да ыытыахтарын сөп. «Үүт туттарбат дьоҥҥо табыгастаах үчүгэй баҕайы бырагыраама, ‒ диир. ‒ Сыл аайы бэриллэрэ кэрэхсэбиллээх. Ыанар ынахтаргын оччоҕуна туттубаккын». Хара агрокластерын биир эдэр хаһаайына Николай Гаврильев өбүгэлэрбит төрүт үгэстэрин салҕаан, ити курдук үлэлии-хамсыы сылдьар. Саха боруодата сүөһүнү кэрэхсии көрөр. «Баҕар, олору эмиэ иитэрим дуу диэн санаалаахпын, ‒ диэбитэ. ‒ Ииттэххэ, ыраас хааннаахтары иитэн көрүллүө этэ». Майаттан, Хараттан чугас былыргы Мутукча сайылыгын сөргүтэр былааннаах. Быйыл сайын онно тутуу үлэтин саҕалыыр баҕалаах.

Аркадий ИННОКЕНТЬЕВ

От adminNB

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *