Сылгы — хотоҥҥо бэлэм окко турар сүөһү буолбатах. Куһаҕан дьылга охсуллубут оттуу имири эстиэн сөп. Кыстык устатыгар сылгыга үс быстарыктаах кэм баар: маҥнайгы тымныылар (-13… -27 кыраадыс); кыһыҥҥы улахан тымныылар (-45… -50 кыраадыс); кулун тутар, муус устар ыйдарга күүстээх уһун тыал түһэн, хаар аһара чиҥиир. Ити быстарыктаах кэмнэргэ хаһыы сылгыта быһа түспэтин диэн эбии аһатыы тэрийиллэр.
Сылгы хаһыытын чинчилээһин
М.Г. Сафронов аатынан Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын билимин чинчийэр институтун учуонайдара кылгас сайыннаах, уһун тымныы кыһыннаах дойдуга сылы эргиччи аһаҕас халлаан анныгар сылдьан, атаҕынан хаһан аһаан айаҕын булунар сылгы баайбытын өр сылларга утумнаахтык үөрэтэн-чинчийэн кэллилэр. Кинилэртэн биирдэстэрэ, биология билимин дуоктара, профессор Алексей Федорович Абрамов сылгы кыстыгын тэрийиигэ маннык боччумнаах сүбэлэри биэрэр:
— Сылгы хаһан аһыыр кэмигэр хаар кытаатара, олус халыҥыыра сэрэхтээх. Ол курдук, саха сылгыта ходуһа чыыбаайытын 40 см диэри халыҥнаах хаарга үчүгэйдик хаһар, онтон хотоол сирдэргэ, уу кытыыларыгар охсуллубакка, күөхтүү турар оту уонна кэнчээрини 50-60 см диэри хаһан аһыыр. Хаар олус эрдэ халыҥнык түһэрэ эмиэ бэрдэ суох: сылгы кыһыны быһа кыайан хаспат, ырар, аһылыкка эрдэ киирэр. Онон хаһыы усулуобуйатын чинчилииргэ хаар хаһан төһө халыҥнык түспүтэ аахсыллыахтаах. Сылгы тохтоон, хаһан аһыыр сиригэр тыал үрэр күүһэ сөкүүндэҕэ 15 миэтэрэттэн тахсыа суохтаах. Итинтэн күүстээх буоллаҕына, сылгы хаххалаах сирдэринэн сылдьарын тэрийиллэр.
Хаһыы сүрүн аһа — күөл кытыытыгар, инчэҕэй уонна бадарааннаах сиргэ үүммүт кылыс, туораахтаах от уонна ол кэнчээритэ, боруу, ходуһа чыыбаайыта. Үчүгэй хаһыылаах дьыл саха сылгыта хаһыы үүнүүтүттэн кыһын устата 40-60 бырыһыан туһанар. Барыллаан ааҕыынан, күһүн хаһыыга киирии саҕана сууккаҕа атыыр 23-26, биэ 21-23, ыччат сылгы 15-18 киилэ аһылыгы сиир. Онтон хаар халыҥаан, кытаатан истэҕин аайы сылгы хаһан сиирэ аҕыйыыр.
Хаһыы отун хаачыстыбата хаар анныгар төһө күөхтүү, мууһурбакка, аһыйбакка, кураанах киирэриттэн быһаччы тутулуктаах. Кэнчээри, чыыбаайы 30-50 бырыһыан күөхтүү хаар анныгар киирбит буоллаҕына, үчүгэйинэн ааҕыллар. Хаачыстыбатын бэтэринээрийэ лабораторията аһылык единицатын таһааран, төһө фосфор уонна каротин баарыгар олоҕуран быһаарар. Үчүгэй хаһыылаах дьылга хаһыы аһылыгын иҥэмтэтэ кураанах маассатыгар 0,4-0,5 аһылык единицатыгар тэҥнэһэр, 7-8 бырыһыантан итэҕэһэ суох протеиннаах, 0,18 бырыһыан фосфордаах, 1 киилэтигэр 7-8 кыраам каротиннаах буолуохтаах.
Хаһыы туругун сылгы уойуутуттан көрөн эмиэ быһаарыллар. Ситэ уойбатах сылгы кыһын хаһыыга киирэн баран, эрдэ ырар, сэтинньиттэн аһатыыга наадыйар. Итини аахсан, ол кэмҥэ үчүгэй мэччирэҥнээх сирдэринэн сырытыннарыллар. Биллэн турар, сыччах сылгы уойуутуттан көрөн, этигэр-хааныгар туох уларыйыы баран эрэрин, мэччирэҥ-хаһыы аһылыга сылгы этин-хаанын иҥэмтэлээх эттиктэринэн төһө хааччыйарын эбэтэр ситэ хаачыйбатын кыайан быһаарбаккын. Ити сылгы ыран эрдэҕинэ эрэ биллэр.
Сылгы хаһыытын усулуобуйатын эрдэттэн билгэлииргэ биир көдьүүстээх ньыма — сылгы хаанын биохимическэй састаабын үөрэтии. Сылгы этэ-хаана туһалаах эттиктэринэн хааччыллар буоллаҕына, хаанын сывороткатыгар 8,5 кыраамтан итэҕэһэ суох белок, 3,5 милли-кыраамтан итэҕэһэ суох фосфор баар буолуохтаахтар. Куһаҕан дьылга эбэтэр хаһыыта суох сиргэ сылгы хаанын сывороткатыгар ити көрдөрүүлэр сыыйа намтаан бараллар.
Сылгы хаһан аһыыр маршрута күһүн хаар түһүөн иннинэ чинчилэнэн оҥоһуллар. Онтон иккистээн алтынньы бүтүүтүгэр, сэтинньи саҥатыгар халлаан сылыйара, ириэрэрэ бүтэн, туруктаммытын кэнниттэн чуолкайданар. Онтон кыһыҥҥы ыйдарга сылгы туругуттан, хаар халыҥыырыттан, кытаатарыттан, хаһаайыстыбаҕа аһылык хасааһа төһө баарыттан көрөн, өссө төгүл саҥардыллар. Ити курдук эрдэттэн дьаһанан, бары өттүнэн сиһилии былааннанар буоллахха, ханнык баҕарар дьылга сылгы кыстыгын тэрээһинин кыайа-хото тутуохха сөп.
Кулуннааһыны таһаарбат туһуттан биэлэри саастарынан арааран, аһылыкка кэмигэр киллэрии улахан суолталаах. Сорох сылгыһыттар эдэр уонна кырдьаҕас биэлэргэ сөптөөх усулуобуйаны тэрийбэттэр, сиппит-хоппут, орто саастаах биэлэри кытта үөргэ тэҥҥэ туталлара сыыһа. Чулуу сылгыһыттар урут эдэр биэлэри атыыр үөрүттэн эрдэ арааран, туспа үөрдүүллэрэ итиэннэ сэтинньи, ахсынньы ыйдартан аһылыкка киллэрэллэрэ. Оччотугар кулуннааһын лаппа аҕыйыыр.
Биэлэри саастарынан көрөн аһылыкка киллэрии табыгастаах болдьоҕо маннык буолар: 4-5 саастаахтары уонна 15 саастарын ааспыттары сэтинньи, ахсынньы ыйдарга, 6-15 саастаахтары олунньу, кулун тутар ыйдарга. Аһылыкка киллэрии болдьоҕо уонна төһө өр аһатыллара биэ туругуттан уонна хаһыы хайдаҕыттан тутулуктаах.
Булгуччу эбии аһатыллыахтаах
Саха сирин чулуу сылгыһы-тын, Арассыыйа тыатын хаһаа-йыстыбатын үтүөлээх үлэһитин, икки Үлэ Кыһыл знамятын уордьанын кавалерын, Амма улууһун ытык киһитин Гаврил Михайлович Семеновы сылгыны иитиигэ сыһыаннаах дьон бары билэллэр. Кини «сылгыны булгуччу эбии аһатыллыахтаах» диэн халбаҥ-наабат бигэ санаалааҕа итиэннэ сылдьарын тухары эдэр сылгыһыттарга маннык сүбэлиирэ:
— Сылгы аһылыгын бэйэтэ булунарын, хаһан аһыырын таһынан хайаан даҕаны эбии аһылыктаах буолуохтаах. Тоҕо диэтэххэ, биһиги сылгыга кыһыннары-сайыннары тото-хана аһыырыгар толору эппиэттиир мэччирэҥ сирин оҥорон биэрэр кыахпыт суох итиэннэ, дьиҥин эттэххэ, онно табыгастаах сир-уот даҕаны кыараҕас. Онон сылгыга анаан туораах бурдук уонна от мэлдьи баар буоларын хааччыйыахтаахпыт.
Сылгы аһылыкка мээнэ киирбэт. Ол дьылыттан тутулуктаах. Кураан, хаһыы мөлтөх дьылыгар сылгы эрдэ аһылыкка киирэр. Оччоҕуна от дэлэйдик оттоммотох, бурдук үүммэтэх буоллаҕына, сылгыны иитиигэ улаханнык оҕустарыахха сөп. Биһиги бэлэмниир сүрүн аһылыкпыт — от уонна бурдук эрэ. Дулҕаны, талаҕы кырбаан, ону аска кубулутан, сылгыны аһатар диэни билбэт дьоммут.
Куһаҕан дьыл буоллар эрэ уулаах, сааһырбыт биэлэр улаханнык ырыганныыллар. Онон сылгы букатын быһа түһэ илигинэ аһылыкка киллэриллиэхтээх. Быһа ырбыт сылгыны аһылыкка киллэрэн, төһөлөөх даҕаны аһаппытыҥ иһин, көнөн-өрүттэн барааччыта суох. Этэргэ дылы, арыынан аһатан даҕаны абыраабаккын. Онон сылгыны куҥнаах эрдэҕинэ аһылыкка киллэрэр сөп.
Ордук тиҥэһэ сылгы хотторумтуо. Сылгы тиҥэһэтигэр тииһиир. Онон тииһиир кэмигэр улаханнык оҕустарар, атын бөлөх сылгылардааҕар дөбөҥнүк ырыганныыр, аһылыкка наадыйар. Улахан тымныылар саҕана сылгы иккилии нэдиэлэ кэриҥэ хайаан даҕаны аһыахтааҕын туһунан учуонайдар даҕаны суруйаллар, кырдьаҕас сылгыһыттар даҕаны сүбэлиир буолаллара. Уһун сыллаах үлэм үөрүйэҕэр олоҕуран эттэхпинэ, ол саамай сөптөөх эбит.
Биллэрин курдук, ханнык баҕарар дьылга сылгы муус устартан аһылыкка киирбитинэн барар. Биэ ыам ыйыгар күргүөм-нээн төрүүр. Кулун тутарга, муус устарга төрөөччү аҕыйах. Төрүөх кылгас кэмҥэ түмүктэнэр. Сорох үөргэ күҥҥэ үстүү-түөртүү биэ төрүүр. Кулун тутартан саҕалаан ыам ыйыгар тиийэ соһон-сыһан төрүүр биэлэрдээх үөр эмиэ баар буолааччы. Ол атыыр хатылыырыттан уонна көҕүйэриттэн тутулуктаах.
Түмүктээн эттэххэ, сылгыны аһылыкка туруоруу булгуччулаах. Ханнык баҕарар сылгы наар хаһыынан дуу, мэччирэҥинэн дуу муҥурданыа суохтаах. Эбии аһылыктаах сылгы туруга хаһан баҕарар үчүгэй буолар. Оттон туруктаах буолла даҕаны — төрүөх баар, ол аата Дьөһөгөй оҕото уутуйан үөскүүр кыахтанар.
«Хаҥалас» хаһыат сайтыгар: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/article/90407