Үлэ бөҕөнү ыытан сыыһарыттан саллыбакка, таба өттүн тутуһан сыал-сорук туруорунан саҥа суоллары көрдүүр, сайдар туһугар тугу баҕарар умнан туран үлэлиир киһинэн Сергей Латышевы ааҕабын. Тыабыт сиригэр маннык туруу дьоннор баар буоллахтарына, алаас-сыһыы аайытын ынах маҥырыа, атыыр оҕус айаатыа, дьөһөгөй оҕото кистээн дьырылата сылдьыахтара буоллаҕа.
Фермер Сергей Латышевы 2015 сыл олунньу ыйыттан билэбин. Кини онно тыа хаһаайыстыбатыгар сонун көрүүлээх, саҥалыы санаалардаах, улахан былааннардаах Мохсоҕоллоохтооҕу «Хаҥалас-Ас» ТХПК толорооччу дириэктэрэ этэ. Улуус дьонугар-сэргэтигэр үүт астан оҥоһуллар астарын атыыга, киэҥ эйгэҕэ таһаарарыгар «Иэдьэгэй нэдиэлэтин» аахсыйатын биллэрэн турар. Аахсыйа кэмигэр биир туонна иэдьэгэйи улуус олохтоохторугар, маҕаһыыннар нөҥүө босхо тарҕаппыта. Ити курдук ураты дьаһаллары ылынан атыылаһааччыларыгар бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйаларын аһын-үөлүн хамаҕатык атыылаан барбыта. Сотору кэминэн Дьокуускай куоракка маҕаһыыннарын арыйбыта. «Хаҥалас-Ас» ТХПК атаҕар туруорбута.
Салгыы туспа суолу тобулар баҕаттан, 2018 сылтан фермер быһыытынан үлэлии-хамсыы сылдьар. Төрөөбүт-үөскээбит дойдутугар үтүө-мааны сиргэ, Үөдэйгэ хороҕор муостааҕы, ынах сүөһүнү иитиинэн сатабыллаахтык дьарыктанар. Биллэн турар, сэбиэскэй саҕанааҕы эргэ хотону сөргүтэн оҥостон сүөһүлэрин туруораллара, үлэлииргэ уустуктардаах. Манна управляющайынан бэтэринээр идэлээх Григорий Аммосовы үлэҕэ ылбыта. Маны таһынан фермаҕа быһаччы Марфа Соломонова уонна Егор Павлов үлэлииллэр. Кинилэр барыта 78 төбө сүөһүнү, ол иһигэр 51 ыанар ынаҕы көрөллөр. Бу күннэргэ 3 ньирэй төрөөбүт. Ыанар үүттэрин Мохсоҕоллоохтооҕу үүт собуотугар «Хаҥалас-Ас» ТХПК туттараллар.
Ил Дархаммыт Айсен Николаев Анал этиитигэр, «2022 сылга Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар 12,4 млрд солк көрүллүө, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн — 11,9 млрд солк, федеральнай бүддьүөттэн — 650 мөл солк. кэриҥэ. Ону тэҥэ 1 млрд солкуобайы хотоннору, сайылыктары, сылгы баазаларын тутууга ыытыахтара», — диэн эппитин, иитэр сүөһүтүн төбөтүн ахсаанын элбэтэр туһугар үлэлэһэр, дьулуһар фермер Сергей Латышев үөрэ истибитэ. 120 төбө ыанньык сүөһү турар аныгылыы тииптээх улахан хотону туттар баҕалаах билигин бырайыагын оҥотторо сылдьар.
Инники былааннарыттан эттэххэ, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын «Дьиэ кэргэн фермата» куонкуруска кыттарга докумуон хомуйсар, бэлэмниир. Манна үчүгэйдик кытыннаҕына 15 мөл солк диэри грант ылыан сөп. Оччотугар хотонун бырайыагын оҥотторорго итини сэргэ, тыа хаһаайыстыбатын анал тиэхиниьикэлэрин: биир МТЗ-82 Беларусь тыраахтары уонна икки дьоҕус тыраахтардары ыларга суоттанар. Сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ анаан 60 гаа иэннээх бааһына сиригэр докумуон оҥостор. Онно горох, эбиэс үүннэрэр, сенаж бэлэмниир баҕа санаалаах.
Иккис хайысхата оҕуруот аһын үүннэриитэ буолар. Ааспыт сайын II Дьөппөн нэһилиэгин өлгөм үүнүүнү биэрэр бааһыналарыгар хортуоппуйу уонна хаппыыстаны олордубута. Хортуоппуйу «Гала», «Вармас» уонна «Розара» суортары 20 гааҕа уонна хаппыыстаны «Слава» уонна «Мегатон» диэн суортары 8 гектарга олордон орто көрдөрүү үүнүүнү ылбыттара. Дьокуускай куорат олохтоохторугар хортуоппуйун бэрт сатабыллаахтык атыылыыр, батарар. Ити үбүнэн, ураа муостаахтарын көрөр үлэһиттэрин хамнастыыр.
Сергей Петрович улууспутугар соҕотуопкалыыр тэрилтэни тэрийэргэ, эппитэ-тыыммыта туруорсубута ыраатта. Ол былаанын олоххо киллэрэн былырыын күһүн, Хоточчуттан уопуттаах оҕуруоччут Владимир Яндреевы кытта тэрилтэ тэрийбиттэрэ. Соҕотуопкалыыр тэрилтэлэргэ быйылгы 2022 сылтан, төһө үүнүүнү ылбыттарынан субсидия көрүллэр буолла.
Сүрүн кыһалҕата оттуур сирэ өрүс арыытыгар буолан, кыһыҥҥы суол арыллыар диэри сүөһүтэ сиир отун эрдэттэн хааччыныыта буолар. Ол быһыытынан Кытыл Дьура олохтооҕуттан Николай Христофоровтан 100 туонна оту атыылаһан, дуогабар баттаһан олорор.
Түмүктээн кэриэтэ эттэххэ, атыыга-эргиэҥҥэ курдук тыа хаһаайыстыбатыгар ыллыҥ да барыта сатанан табыллан испэт. Барыта былааннаах дьүккүөрдээх үлэттэн, үгүс түбүктэн-садьыктан, күнтэн-дьылтан кытта ситимнэнэн ситиһиллэр. Сүрэхтээх үлэһит хас биирдии күҥҥэ эрэл кыымнаах үүммүт күнү көрсөр. Олоххо киллэриэхтээх ыра-баҕа санаата инники былаана элбэх, күннээҕи кыһарыйар кыһалҕата да баһаам. Ону быһаарарга күннэтэ күннүүн сырсар.
Уйбаан Уйгуурап
на сайте газеты «Хангалас»: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/article/40129