Кэлиҥҥи сылларга саха дьоно мүөттээх тигээйини иитиинэн дьарыктанар буолла. Өктөм нэһилиэгэр Светлана уонна Владислав Ксенофонтовтар 2018 сыллаахтан мүөттээх ыҥырыаны иитэн саҕалаабыттара.
Ыҥырыалар бастаан ыраах айаны тулуйан, Саха сиригэр олохсуйаары, эмтээх мүөттэринэн биһигини хааччыйаары Амур, Уһук Илинтэн кэлэллэр. Светлана уонна Владислав бэйэлэрэ эмиэ мүөт аһылыгы олус сөбүлээн сииллэр эбит. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр үксүн «средне-русскай» уонна «дальне-восточнай» ыҥырыа боруодаларын иитэллэр. Ыҥырыаны кыстатарга анал дьиэ-уот тутан, үчүгэйдик кэтээн, көрөн-истэн тымныы кыһыммытын туораталлар.
— Кыһын кинилэр олох утуйан хаалбаттар, кыралаан дыыгынаһаллар, уйаларын истэригэр хамсыыллар, син биир аһыыллар. Анаан сайыҥҥы мүөттэн ордорон кыстык астарыгар диэн сироп оҥорон хаалларабыт. Маны таһынан, ханнык баҕар харамай курдук, битэмиин биэрэбит. Ону сии-сии сылдьаллар, – диэн Светлана кэпсиир. — Дьиҥэр, барытын маны Владислав саҕалаабыта. Кини Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар «Пчеловодство» испэсэлииһэ диэн анал үөрэҕи бүтэрбит буолан биһиги уопсай дьыалабытыгар өҥөтө элбэх. Өктөмтөн икки буолан бүтэрбиттэрэ. Бастакынан бу нэһилиэккэ мүөттээх ыҥырыаны иитиини Петр Саввич Федотов саҕалаабыта, онтон биһиги.
«Тигээйи курдук үлэһит» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Уйаларын иһигэр баар суоталары тигээйилэр олус түргэнник мүөтүнэн толороллор. Онон хомуйаргын эрэ кыайан истэххинэ, Сахабыт сирин кылгас сайыныгар балай да мүөтү оҥорон таһаарыахха сөп. Уйаларыгар төһө элбээбиттэрин, ахсааннарын киһи кыайан аахпат. Төрүөҕэ ыҥырыа ийэтиттэн олус тутулуктаах. Биирдии дьааһыкка биирдии ийэлээхтэр уонна онтон төрүү-ууһуу олороллор. Ксенофонтовтарга билигин сэттэ дьааһыктаахтар. Онтон саамай үлэһиттэрэ, хас да этээстэринэн биллэр. Ханнык баҕар ыҥырыа бэйэтин эрэ дьиэтигэр киирэр идэлээх, тастан ким да киирэн олохсуйбат.
— Тигээйи буоската эмиэ эмтээх, – салгыы Светлана уйаларын иһин көрдөрө-көрдөрө билиһиннэрэр. – Маны дьиэҕэ чүмэчи курдук уматтаххына олус үчүгэй ыраастыыр сыт таһаарар. Биһи дьиэ кэргэн мүөтү олус сөбүлээн сиибит. Күннээҕи аспытыгар десерт оннугар буолар. Мин бэйэм, чэйбин мүөтэ суох испэппин, саахар оннугар куттабын.
— Биһиги оҥорон таһаарар мүөтпүт сибэккилээх хонуу гиэнэ диэн ааттанар, эбэтэр ходуһа мүөтэ. Уопсайынан, бу уйаларын ханна туруораҕын да, онтон мүөт суорда тутулуктаах, – диэн Владислав анал испэсэлиис быһыытынан салгыыр. — Сорох дьон подсолнухтаах хонууга, кучу чэй сибэккитин хонуутугар туруораллар, онтон мүөт амтана, уопсай эттигэ эмиэ уларыйа сылдьар. Холобур, аммалар бурдук үүнэр сиргэ туруораллар, ол эмиэ олох ураты састааптаах, сырдык өҥнөөх мүөт буолар. Биһиги оҥорон таһаарар бородууксуйабыт билигин сыллааҕы былаана суох. Саха мүөтүн ырыынагын чинчийии кэрдииһигэр сылдьабыт уонна таарыйа оҕолорбутугар анаан иитэ сатыыбыт.
Ксенофонтовтар инники былааннара киэҥ. Манна тигээйини элбэтии эрэ киирбэт, мүөт көрүҥүн эмиэ элбэтэр баҕа санаалаахтар. Эмтээх оттору үүннэрэн, үөрэтэн онно уйалары туруортаан, мүөт эттигин уларытарга соруналлар. Светланалаах Владислав өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр элбэх иитийэх оҕолоох дьиэ кэргэн буолаллар. Онон, мантан ураты, тоҕус оҕону иитии, үөрэтии, ас-үөл, атын үлэ-хамнас, хаһаайыстыба киэҥ. Светлана бэйэтэ Мохсоҕолооххо тулаайах оҕолор дьиэлэригэр психолог. Владислав дьиэ-кэргэн тутаах киһитэ, оҕо-уруу, хаһаайыстыба үлэтэ барыта кинитэ суох табыллыбат.
Саха биир бастыҥ мааны ыалыгар истиҥ эйгэҕит сылаас сыһыана үйэлэргэ холобур буола турарыгар баҕарабын!
Татьяна Владимирова
«Хаҥалас» хаһыат сайтыттан: https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/article/89884