Саас кэлэн тиэргэн иһигэр үлэ үксээтэ. Эмис нэһилиэгин биир тумус туттар ыалынан Матрена уонна Авдей Тимофеевтар буолаллар. Бу күннэргэ дьиэ хаһаайката бастакы бэйэлэрин оҕурсуларын быһан дьонун күндүлээтэ, сотору кэминэн ситэр эт боруода чоппуускаларын инкубатортан таһаартаата.
Матрена Николаевна чахчы да сатабыллаах хаһаайка. Кэргэнинээн Авдей Даниловичтыын тиэргэннэрин хаһан да чуҥкуппаттар. Кинилэр хортуопуйдарын рассадалаан үүннэрэн, окко киириигэ бастакы хортуоппуйдарын сииллэр. Онтон бу күннрэгэ хаһаайка
түннүккэ үүннэрбит бастакы оҕурсуларын ылан
дьоннорун күндүлээтэ.
“Балконнай диэн суорт. Бэрт хаппырыыһа суох үчүгэй. Маннык түннүккэ олордорго табыгастаах. Кулун тутар 12 күнүгэр рассадалаабытым. Быһан сиэн эрэбит”, — диэн этэр Матрена Николаевна.
Дьэ бу курдук билигин туох баар аспыт ыарыы турар кэмигэр, Тимофеевтар бэйэлэрин тиэргэннэриттэн бэйэ сибиэһэй аһынан хааччына олороллорун көрөн элбэх ыал холобур ылыан сөп.
Амма олоҕо: https://ulus.media/article/52832