Кэнники кэмҥэ Саха сиригэр козаны иитэр ыал ахсаана элбээтэ. Өскөтүн хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи өбүгэ саҕаттан омукпут төрүкү билэр дьарыга буоллаҕына, саха дьоно козаны иитии ымпыгын-чымпыгын соччо-бачча билбэт. Бу дьиэ кыылын иитии туох уратылааҕын туһунан Чурапчы улууһун Чакыр нэһилиэгэр олорор Виктория Егороваттан ыйыталастыбыт.
– Виктория Павловна, бэйэҕин уонна дьиэ кэргэҥҥин кытта билиһиннэрэ түс эрэ…
– Мин экэнэмиис идэлээхпин. Олохтоох дьаһалтаҕа уһуннук буҕаалтырынан, экэнэмииһинэн үлэлээбитим. Онтон тохтоон былырыыҥҥыттан уһуйааҥҥа иитээччи көмөлөһөөччүтүнэн үлэлии сылдьабын. Кэргэним Виктор Викторович үөрэҕинэн физкультура учуутала. Урут уһуйааҥҥа физкультура чааһын биэрэрэ. Кэлин сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Билигин оскуола-саад дириэктэрин солбуйааччы дуоһунастаах.
Биэс оҕолоохпут. Улахаммыт быйыл устудьуон буолла. Үс оскуола саастаах оҕолоохпут. Кырабыт уһуйааҥҥа сылдьар. Кыргыттарбыт Күннэй, Күөрэгэй, Күөгэйэ диэннэр. Кыра уолбут Валера диэн ааттаах.
Биһиги дьиэ кэргэн уопсастыбаннай олоххо уонна успуорка көхтөөх буола сатыыбыт. Кэргэним Виктор Викторович уола Янныын аҕа күрэҕэр улууска чөмпүйүөннээбиттэрэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ баран эмиэ кыттыбыттара. 2020 сыллаахха улуус иһинээҕи “Байылыат тиэргэн” диэн куонкуруска иккис миэстэ буолбуппут. 2021 сыл түмүгүнэн нэһилиэкпитигэр “Бастыҥ дьиэ кэргэн” анал ааты ылбыппыт. Дьонум аны бары спортсменнар. Онон элбэх күрэхтэһиигэ кытталлар. Уолбут тустуук. Уһук Илин федеральнай уокуругар хас да төгүллээх призер. Кыыспыт – хайыһардьыт. Кэргэним мас тардыһар. Улуус уонна өрөспүүбүлүкэ таһымыгар элбэхтик кыттыбыта.
– Козаны иитэр санаа хайдах киирбитэй?
– Улахан оҕолорбут кыра эрдэхтэринэ мантулара мэлдьи улахан буолара. Онно дьон коза үүтэ туһалаах дииллэрин сэргии истибиппит. Онон коза иитэ ылбыппыт. 2011 сыллаахха икки коза оҕотун Мархаттан нуучча эмээхсиниттэн баран атыылаһан аҕалбыппыт. Боруодаларын туһунан ыйыппыппытыгар, “эбэлэрэ нуучча этэ” диэбитэ. Онтон сылыктаатахха, “Русская белая” буолуохтарын сөп. Ити үүттээх боруода. Оҕолорум коза үүтүн иһиэхтэриттэн ыла доруобуйалара биллэ тупсубута. Мантулара көрдөрбөт буолбута. Оччолорго бэйэбит туспа хотоммут суоҕа. Онон хас да сыл дьоммут сүөһүлэрин кытта дьукаахтаһан турбуттара. Сайынын эрэ бэйэбитигэр ыларбыт.
Коза үүтэ олус минньигэс. Ол эрээри аҕыйах. Ол да буоллар, мунньан-тараан күөрчэхтиир, эрийэр этим. Уһуннук аһыйбатынан үчүгэй. Урут мэлдьи үлэ үөһүгэр сылдьарбыт. Онон остуолу оҕолорбут хомуйаллара. Ардыгар үүтү умнан кэбиһэн халадыынньыкка укпатах буолаллара. Оччоҕуна ынах үүтүн курдук иирэн, аһыйан хаалбат. Сайынын итиигэ да остуолга биир-икки хонноҕуна, туох да буолбат.
Коза үүтэ олус уһуннук аһыйбакка туруон сөп. Сайын остуолга биир-икки хонноҕуна туох да буолбат.
— Козаны иитии, дьэ, хайдах эбитий?
– 2016 сыллаахха Чурапчыга Хакасияттан боруода тиҥэһэлэри аҕалан, “Үйэлээх сүөһү” (“Длинная корова”) диэн анал бырагырааманан кэтэх хаһаайыстыбаларга түҥэппиттэрэ. Онно икки тиҥэһэҕэ тиксибиппит. Аны ити сыл социальнай хантараагынан 30 тыс. солк. көмө ылбыппыт. Онон козаларбытыгар уонна сүөһүлэрбитигэр 5х6 м иэннээх саҥа хотон туттубуппут. Онтон ыла хаһаайыстыбабытын бэйэбит көрөбүт.
Коза туох да уһулуччу көрүүнү-истиини эрэйбэт сүөһү. Ынах курдук бааллан туруон сөп. Аччыгый аһылыктаах. Сүрүнэ диэн, аһын ыспатын-тохпотун курдук кыараҕас долборуктаах буолуохтаах. Бастаан киэҥ долборуктаан кэбиһэн эрэйдэммиппит. Астарын, отторун дэлби ыһан сордообуттара. Кэлин уопутуран, албаһын таба сылдьабыт.
— Коза төһө ыраас кыылый? Иигэ-сааҕа элбэх дуо?
– Коза сөптөөхтүк көрүлүннэҕинэ чэнчис кыыл. Сааҕа хайдах эрэ куобах киэнигэр майгынныыр. Бытархай, төкүнүк, хоччоххой, кытаанах буолар. Онон муостаттан холкутук сиппийэн, харбаан кэбиһэҕин. Аны түргэн баҕайытык ноһуом, хара буор буолан хаалар. Ынах киэнин курдук уһуннук сыппат.
Коза сылга иккилии, үстүү оҕону төрөтөр кыахтаах. Оҕото дөбөҥнүк ситэр. Балтараа сааһыттан синньээн барар. үүтэ киһи куртаҕар чэпчэкитик киирэр.
– Коза сылга хаста төрүүрүй?
– Бастакы козам икки оҕону төрөппүтэ. Онтон ууһаан-тэнийэн билигин түөрт ыанньыктаахпыт. Дьиҥинэн, коза сылга иккитэ иккилии-үстүү оҕону төрөтөр кыахтаах. Ардыгар түөртүү да оҕону төрөтүөн сөп. Ол эрээри мин биирдэ төрөтөбүн. Ол барыта тыһы буолан испитэ буоллар, билигин номнуо дьоҕус пиэрмэлээх буолуо этибит диэн күлсэбит.
Дьиҥэр, коза төрөөбөккө да ыатыан сөп. Балтараа сааһыттан синньэ ситэр. Ону кыра кыралаан тардыалыы сырыттаххына, устунан үүт киирэр. Мин икки козабын оннук ыабытым. Бэйэм атыыры ииппэппин. Атыыр төрөөтөҕүнэ тута аттыыбын эбэтэр кыратыгар атыылыыбын. Онон атыыр аҕалан буоһаттарар уустук.
Кыһын төрөтөр эрэйдээх. Хотон тымныы буоллаҕына, түүн төрөөбүт тоҥон өлөрө элбэх. Онон саас халлаан сылыйдаҕына төрөтөр быдан ордук. Көрүүтэ да кыра буолар.
– Эт-үүт өттүнэн төһө барыстааҕый?
– Үүтэ, эппитим курдук, кыра. Күҥҥэ ортотунан 3 киилэни биэрэр. Сайын көҥүл мэччийэ таҕыстаҕына үүтэ эбиллэр. Сорох дьон 4-5 киилэни ыыллар үһү. Биир сыл байтаһын тыһы козаны идэһэлээбиппит. Иһэ-үөһэ бүтүннүү ап-араҕас, эп-эмис сыа этэ. Этэ “мрамор” курдук, быыһа сыалаах. Онон аһара сыалааҕын иһин атын эти кытта булкуйан сиэбиппит. Ис сыатын сөтөлгө, бааска туттуом диэн хаһааммытым. Ону син өр туттубуппут.
Ардыгар дьон “этэ хайдах амтаннааҕый?” диэн ыйыталлар. Кыыл-сүөл барыта тус туһунан амтаннаах, сыттаах эттээх. Холобур, убаһа этин ынах этиттэн холкутук араарабыт дии. Ол курдук, коза этэ эмиэ кыра уратылаах.
Үүтэ киһи куртаҕар чэпчэкитик киирэр, дьайар. Холобур, ынах үүтүгэр киһи иһэ үллүөн, быһыта тыытыан сөп. Оттон коза үүтэ чэпчэкитик киирэр. Учуонайдар састаабынан ийэ үүтүгэр майгынныыр диэн суруйаллар. Мин оҕолорум олох кыраларыттан үүт, суорат сииллэр. Суората хоп-хойуу, йогурт курдук буолар.
Үүтэ кэмчи буолан, кыайан атыылаабаппыт. Бэйэбит айахпытын эрэ хааччынабыт. Этин атыылаан киһи дуоннаах харчыны эмиэ ылбат. Ол оннугар киһи бэйэ аһыырыгар, көрүүтэ-истиитэ судургутунан, аһылыга кэмчитинэн олус табыгастаах.
– Төһө өйдөөх кыылларый? Хайдах майгылаахтарый?
– Коза сүрдээх өйдөөх сүөһү. Хаһаайынын үчүгэйдик билэр, тылын истэр. Оттон майгылара киһи курдук араастаһар. Бастакылар олох холкулар этэ. Арааһа, аһара маанылаабыппыт быһыылааҕа. Кэлин сүөһүбүт элбээн, болҕомтобут кыччаабыта. Көрүүлэрэ-истиилэрэ судургутуйбута. Ыырбар эрэ тахсарым.
Бу олус дьиэмсэх, иччимсэх сүөһү. Хайдах сыһыаннаһаҕын да, хардата оннук буолар. Сүрүн өстөөхтөрө – дьэллик ыттар. Онон хараххын быраҕа сылдьыахтааххын. Бүтэй хааччахха тураллара ордук. Биир сыл сиэккэҕэ турар козаларбын киирэн туппуттара. Биирдэ түөрдү суох оҥорбуттара.
Судургутук эттэххэ, маанылаан көрө-истэ сырыттахха, наһаа үчүгэй кыыллар. Биһиги курдук улахан хаһаайыстыбаҕа 2-3 ыанар коза сөп буолар.
Коза биир туонна отунан холкутук сыл тахсар. Эбии аһылык биэриэххэ сөп эрээри, булгуччулаах буолбатах. үчүгэй хаачыстыбалаах отунан да туруон сөп.
– Туох эмэ ыарыыга ыллаттарыахтарын сөп дуо?
– Үчүгэй көрүүгэ коза мээнэ ыалдьыбат. Арай биир кырдьаҕас ыанньыгым кыһын эрдэ төрөөн тымныйан эмиийэ ыалдьа (маститтыы) сылдьыбыта. Онон саас эрдэ төрөтө сатыыбын. Коза ичигэһи сөбүлүүр. Сылааска, кураанахха сырыттаҕына, этэҥҥэ кыстыыр.
– Эбии аһылыгы эрэйэр дуо?
– Биир коза биир туоннанан холкутук сыл тахсар. Биһиги оппут алаас ото буолан, бэйэтэ элбэх битэмииннээх. Онон эбии битэмиини мэлдьи биэрбэппит. Ыанар кэмнэригэр уотурба (комбикорм) ууран аһатабыт.
– Сүөһүнү кытта биир хотоҥҥо туруон сөп дуо?
– Сүөһүнү кытта дьукаахтаһыан сөп. Ол гынан баран, турар сирэ кураанах, ичигэс буолуон наада. Эппитим курдук, кыараҕас долборукка аһатар ордук табыгастаах.
— Козаны иитиэн баҕарар дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Боруобалаан иитэн көрүөхтэрин сөп. Этигэр улаханнык барыһырбаккын. Ол гынан баран, үүтэ доруобуйаҕа, оҕоҕо олус туһалаах. Көрүүтэ-истиитэ судургу, үлэтэ сүөһүтээҕэр биллэ аҕыйах. Онон ыал бэйэтин сибиэһэй аһынан-үөлүнэн хааччынарыгар барыстаах.
– Быйыл “Агростартап” куонкуруһугар кыттан граҥҥа тиксибиккит. Маннык куонкурус баарын туһунан хантан билбиккитий?
– “Агростартапка” козанан киирсибэтэхпит. Сүөһүгэ ыллыбыт. Балаһыанньатын былырыыҥҥыттан үөрэтэн саҕалаабытым. Полина Николаева диэн суруналыыстан истибитим. Былырыын сайаапка киллэрбитим да, бастакы түһүмэҕи кыайан ааспатаҕым. Быйыл эрдэттэн бэлэмнэнэн киирсэн ситиһиилэннибит.
– Биисинэс былаан хайдах суруйбуккунуй?
– Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ биисинэс-былаан оҥорорго босхо көмөлөһөр. Онно сайаапка биэрэн, сүбэлэттэрэн, оҥорбутум. Былааным быһыытынан хотон туттуохтаахпын, 25 субай сүөһүнү иитиэхтээхпин. Эһиил эт туттаран саҕалыахтаахпын. Билиҥҥитэ үлэ былааннаахтык бара турар. Тыа сирин ыалларыгар маннык өйөбүлү сэҥээрэллэригэр сүбэлиибин. Киһи бэйэтин кыаҕын ааҕынан-суоттанан баран грант көмөтүнэн үлэлээн-хамсаан көрүөн сөп.
– Виктория Павловна, хаһаайыстыбаҥ үлэтин-хамнаһын сиһилии сырдаппыккар барҕа махтал! Торумнаабытыҥ барыта олоххо киирэ турдун!
Илья ОКОНЕШНИКОВ.
СӨ ТХМ https://minsel.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3332610